842
17 ноября 2017 в 16:36
Ыччат сайдыытыгар аҕалыы кыһанар
Михаил Ефимович 1937 сыллаахха сэтинньи 13 күнүгэр оччотооҕуга Орджоникидзе оройуонун Өктөмүгэр күн сирин көрбүтэ. 1961 сыллаахха Омскайдааҕы государственнай ветеринарнай институту бүтэрэн Эдьигээн оройуонугар үлэтин ветеринарынан саҕалаабыта.
Активнай позициялаах, тэрийэр дьоҕурдаах эдэр киһи бастаан оройуон комсомольскай тэрилтэтигэр, кэлин комсомол обкомугар, онтон Дьокуускай куорат комсомольскай тэрилтэтин секретарынан тахсыылаахтык үлэлиир. 1971 с. ССКП КК Үрдүкү партийнай оскуолатын бүтэрэн, үрдүкү дуоһунастарга партия обкомун секретарынан, Үрдүкү Сэбиэт председателинэн киэҥ далааһыннаахтык үлэлиир. Ол да иһин, 1991 сыллаахха ахсынньы 20 күнүгэр быыбардааччы 76,7 бырыһыан куолаһын ылан, Саха сирин бастакы Президенинэн талыллан, буккуурдаах кэмҥэ Саха сирин государственноһын сайыннарыыга, «АЛРОСА», газ промышленноһын, тимир суол тутуутун курдук салаалары тутан хаалан, эстииттэн быыһаабыт өҥөтүн, ама, ким мэлдьэһиэй? Араас улахан бырайыактары норуот хаһаайыстыбатын бары салаатыгар, медицинэҕэ, культураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, спорка киллэрбитин, тутуу бөҕөнү ыыппытын, уонунан аан дойду араас государстволарын президеннэрин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэн, ЮНЕСКО-ҕа, ХНТ-га тиийэ үлэлэһэн, Сахатын сирин кэскилин түстэһэн аан дойду таһымыгар таһаарбыта. Саха оҕолорун аан дойдунан үөрэттэрэ ыыппыта, талааннаах дьонунан хатыламмат саха культуратын көрдөрөн сөхтөрбүтэ. Михаил Ефимович туһунан биһиэхэ, тус бэйэбитигэр, ансаамбылым үлэтигэр сыһыаран, кини дьаһаллара Саха сирин хас биирдии олохтооҕор, оҕотугар тиийэ суолталааҕын сырдатан кэпсиэм.
Ол курдук, аҥаардас норуот доруобуйатын харыстыыр, үйэбитин уһатар сыаллаах медицинэ Национальнай киинин туттарбыта төһөлөөх киһи үрүҥ тыынын өрүһүйбүтэ буолуой! Аны, кини тэрийбит музыка Үрдүкү оскуолатыгар үөрэммит саха оҕолоро аан дойдуну сөхтөрө сылдьаллар. Ити оскуоланы сүһүөҕэр туруорууну биһиги биир дойдулаахпыт, өр сылларга культура министрин солбуйааччынан үлэлээбит В.А.Босиковка итэҕэйбитэ. Аны «Азия оҕолорун оонньууларын» тэрийэн, ол алтыс төгүлүн ыытыллан, тыһыынчанан оҕо спорка уһуйулунна, аҥаардас Уус-Алдантан хас эмэ тыһыынчанан оҕо культурнай тэрээһинигэр кыттыһан кэрэ эйгэтигэр сыһынна. «Кэнчээри» ансаамбыл бу оонньуулар гимнэрин толорбута аан дойдуга тарҕанна. Бу гимни мин тэрийбит мелодистарым түмсүүтүн чилиэнэ С.Н.Луковцев олохтоох автор Г.Н.Иванова тылыгар айбытын, уонунан тыһыынчанан көрөөччүлэри, омук спортсменнарын, СР, РФ үрдүкү дуоһунастаах дьонун сырыы аайы сүһүөхтэригэр туруоран ыллаабыппыт. Михаил Ефимович «Кэнчээри» ансаамбылга аҕалыы сыһыанын ахтыбат буолар сатаммат. Көрдөһүүбүн быһа гыммакка, «КАВЗ» автобус бэлэхтээбитэ, 23 сылы быһа анал хоһо да, дьиэтэ да суох олорон саха оҕотун дэгиттэр талаанын аан дойдунан көрдөрө сылдьарбытын сыаналаан, «Кэнчээригэ» анаан икки этээстээх таас дьиэ туттарбыта, ама, тугунан кэмнэнэн сыаналаныай?! Аны 1992 сыллаахха саха оҕолоруттан аан бастаан Туниска норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга ыыппыта оҕолорго, ансаамбылга улахан сыанабыл бэлэх буолар. Тохсунньу торулас тымныыта түһэн турдаҕына, остуоруйаҕа кэпсэнэрин курдук, итии дойдуга баар буола түспүппүт, Средиземнай муораҕа, отель бассейныгар сөтүөлээн, шведскэй остуолга тото-хана фруктанан аһаан, историческай, кэрэ миэстэлэринэн дуоһуйа сынньанан, Саҥа дьылы бэлиэтээн кэлии оҕо аймах өйүгэр төһөлөөх кэрэ өйдөбүлү хаалларбыта буолуой! Дэлэҕэ Туниска РФ Генеральнай консула Б.А.Чигорин: «Мин саха омугун аан бастаан көрөбүн. Манна аан дойдуттан араас үчүгэй коллективтар кэлэн талааннарын көрдөрөллөр. Ол гынан баран, наар биир жанрга оонньууллар. Оттон эһиги, омос көрдөххө сэмэй, оргууй аҕай сылдьар курдук эрээригит, концергытыгар тыыллан-хабыллан туран фольклортан саҕалаан аан дойду классикатыгар тиийэ үрдүк таһымнаахтык көрдөрөн сөхтөрдүгүт! Маннык талааннаах оҕолордоох норуот улахан талааннаах норуот буоларын итэҕэйдим!… Оттон оҕолорун бачча ыраах тэрийэн ыытар Президеҥҥит олус муударай киһи буоларын көрдөрдө!» – диэн астынан, этика быһыытынан государственнай деятеллэргэ эрэ прием оҥоруохтааҕын кэһэн туран, боростуой учуутал дьоҥҥо прием оҥорон ас маанытынан күндүлүө дуо?
Михаил Ефимович Россия үрдүкү органын — Федерация Сэбиэтин Председателин солбуйааччынан үлэлээбитэ – саха норуотун киэн туттуута. Биирдэ Суотту «Доҕордоһуу» музейыгар Федерация Сэбиэтин делегациятын салайан кэлбитэ. Онно көрдөххө, биһиги Мэхээлэбит бу Россия ааттаахтарын салайа сылдьара биһиэхэ төһөлөөх киэн туттуу иэйиитин сахпытын көрбүт эрэ дьон сыаналыахтарын сөп. Михаил Ефимович туттара-хаптара, тыла-өһө дьоһуна, харизмата, таһыма үрдүгэ, Россия ааттаахтарын салайыан салайа сылдьарын көрө үөрэҕин!
Ансаамбылым 40 сыллаах үбүлүөйүгэр хантан эрэ истэн, Москваттан көтөн иһэн самолеттан: «Василий Степанович үс оҕотун наҕараадаҕа түһэрдин», – диэн илдьитин биһиги хайыы-үйэ Суотту суолугар айаннаан истэхпитинэ тиэрдэллэр. Киэһэ концербытыгар тиийэн кэлэн, сылайбытын аахсыбакка, бүтүөр диэри көрөн баран, үс иитиллээччибэр академик В.П.Ларионов Кыһыл көмүс мэтээлин, бэйэбэр түөскэ кэтэр «Во славу и пользу республики» диэн улахан мэтээли туттаран соһутан да, сөхтөрөн да турар!
«Музыка барыбытыгар» бырайыагы олохтоон оҕо аймаҕы кэрэ эйгэтигэр киллэрэн, ыччат культурнай, духуобунай сайдыытыгар революционнай суолталаах үлэтэ киэҥ биһирэбили ылла. «Кэнчээрини» норуоттар икки ардыларынааҕы иккис конгресска ыҥыран операбытын көрдөттөрөн, Аан дойдутааҕы музыкальнай үөрэхтээһин Президенэ Ш.Вудворд: «Я восхищена одаренностью и гениальностью этих детей!» – диэн үрдүк сыанабылын ыларбытын түстээбитэ.
Дьэ, итинник, сахатын норуотун хас биирдии оҕотугар, дьонугар, коллективыгар аҕалыы кыһамньылаах – биһиги Мэхээлэбит!
Василий ПАРНИКОВ,
РФ, САССР культураларын үтүөлээх үлэһитэ,
Россия үтүөлээх, образцовай «Кэнчээри» оҕо народнай
ансаамбылын уус-уран
салайааччыта.