777

15 января 2018 в 15:22

Таайыҥ эрэ, бу кимий?

Киһи олоҕун суола, дьылҕата оҕо саастан төрүттээх диил­лэр. Кини туох эйгэҕэ улаап­пыта, ту­лалыыр дьоно, төрөп­пүттэрэ кэнэҕэс туох-ханнык идэ­лээх, сололоох, хайдах бы­­һыылаах-майгылаах киһи буо­­ла улаатарыгар быһаарар оруоллаахтар.

Ил Түмэн депутаттара эмиэ оҕо саас­тарыгар төрөөбүт түөлбэлэригэр ийэ-аҕа тапталыгар бигэнэн, тулалыыр эйгэлэрин кэрэхсээн, үтүөҕэ, сырдыкка тардыһан улааттахтара. Оттон кинилэр оҕо эрдэҕинээҕи мөссүөннэрин көрөн олорон, кэнэҕэс өрөспүүбүлүкэ үрдүкү бэрэстэбиитэллээх уорганыгар — Ил Түмэҥҥэ депутат буолуохтарын бэйэлэрэ да таайан көрбөтөхтөрө буолуо дии саныыбыт.
Куонкурус кыайыылааҕа быһаарыл­лыбатаҕынан Эһиги болҕом­тоҕутугар хас да норуот депутатын оҕо эрдэҕинээҕи хаартыскатын иккиһин таһаарабыт. Бу кырачаан оҕолор хаартыскаларыттан кимнээхтэрин нүөмэр­дэринэн уонна ааттарынан таайыҥ. (Д.В. Саввин, М.С. Филиппова, Е.И. Михайлова, А.Н. Атласова, А.И. Еремеев, И.Ю. Григорьев, И.И. Шамаев, А.В. Сусоев, С.С. Иванов, Е.Х. Голомарева). Кыайыылааҕы бириис күүтэр.

Таайыы түмүгүн 2018 сыл олунньу ый 15 күнүгэр диэри хаһыат редакциятыгар маннык төлөпүөнүнэн биллэриҥ: 89245961349.

 

Поделиться