420
09 февраля 2018 в 15:02
Төрөөбүт тылы үөрэтэргэ кыах бэриллэр
Төрөөбүт тылбытын орто оскуолаҕа үөрэтиини билиҥҥитэ РФ Конституцията эрэ мэктиэлиир курдук. “РФ-ҕа үөрэхтээһин туһунан” федеральнай сокуоҥҥа төрөөбүт тылы үөрэтэргэ усулуобуйа эрэ оҥоһулларын туһунан этиллэр.
Былырыын Президент Владимир Путин Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга Сэбиэт мунньаҕар этиитэ, чуолаан национальнай оскуолаларга нуучча тылын уруогун чааһын аҕыйатыа суохтаахтарын, оскуола салалтата оҕоттон төрөөбүт тыла буолбатах тылыгар үөрэнэрин ирдиэ суохтааҕын туһунан этиитэ дьүүллэһиини таһаарбыта. 2017 сыл күһүнүгэр Владимир Путин сорудаҕынан үөрэхтээһини хонтуруоллуур федеральнай сулууспа (Рособрнадзор) национальнай оскуолаларга “РФ-ҕа үөрэхтээһин туһунан” сокуон тутуһулларын, чуолаан үөрэнээччи төрөөбүт тылын бэйэ баҕатынан үөрэтэр усулуобуйатын оҥороллорун, суоҕун бэрэбиэркэлээбитэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн РФ прокуратуратыттан Ил Дархан Егор Борисов аатыгар Дьокуускайдааҕы национальнай гимназияҕа, Саха политехническай лицейыгар, Саха гимназиятыгар уонна 38 №дээх орто оскуолаҕа саха тылын билбэт оҕолор билии ылалларыгар хааччахтааһын баарын, төрөппүттэргэ талар быраап бэриллибэтэҕин, төрөөбүт тыл учебниктара федеральнай үөрэхтээһин систиэмэтигэр эппиэттээбэттэрин уонна да атын кэһиилэр тустарынан сурук кэлбит.
Ил Түмэҥҥэ Төрөөбүт тыл декадатын иһинэн “Төрөөбүт тылы үөрэтии: билиҥҥи туруга уонна кэскилэ” диэн “төгүрүк остуол” буолла. Тэрээһини Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, культураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин чилиэнэ, депутат Иван Шамаев салайан ыытта. Төрөөбүт тыл дьылҕатыгар долгуйар уопсастыбанньыктар, үөрэх кыһатын үлэһиттэрэ, туһааннаах министиэристибэ, биэдэмистибэ бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.
Иван Шамаев киирии тылыгар ааспыт сыл сэтинньитигэр Рособрнадзор бэрэбиэркэтин түмүгүнэн РФ прокуратуратын суругун уонна норуот депутата көҕүлээн киллэрбит “СӨ-гэр үөрэхтээһин туһунан” СӨ сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан сокуон барылын дьүүллэһэргэ ыҥырда. “Сокуон барыла уопсастыбанньыктар, учууталлар, ис сүрэхтэринэн төрөөбүт тылбыт кэскилигэр долгуйар дьон тэрийбит көрсүһүүлэрин кэнниттэн оҥоһулунна. Бу – уопсастыбанньыктар бэйэлэрэ оҥорбут сокуоннарын барыла диэххэ сөп. Дьиҥэр, “РФ норуоттарын тылларын туһунан”, “РФ-ҕа үөрэхтээһин туһунан” РФ сокуоннарыгар национальнай тыллары үөрэтии туһунан чопчу этиллибэт. Оттон РФ Конституцията дойду гражданиныгар ханнык тылы үөрэтэрин таларыгар быраап биэрэр – ол курдук, “Республики вправе устанавливать свои государственные языки” диэн 68 ыстатыйаҕа суруллар. Бу ыстатыйа үһүс чааһыгар “Российская Федерация гарантирует всем ее народам право на сохранение родного языка, создание условий для его изучения и развития” дэнэр.
Онон “СӨ-гэр үөрэхтээһин туһунан” сокуон ыстатыйаларыгар уларытыылары киллэрэр туһунан сокуону ылыннахпытына, саха тылын үөрэтэр оскуолалар бырааптара көмүскэниэҕэ.
Норуот депутата, өрөспүүбүлүкэҕэ Национальнай концепция ааптара Егор Жирков:
— Бэрэбиэркэ түмүгэ саха тылын үөрэппэт оҕолор интэриэстэрин өттүттэн оҥоһуллубут. Ол гынан баран, манна саха тылын үөрэтэр оскуоланы суох гына сатаан үлэ ыытыллыбыт диэбэппит. Дьиҥэр, саха оскуолата тиийбэт, ону бэйэбит туруорсуохтаахпыт. Сахалыы үөрэҕи көмүскүүр өйдөбүл национальнай концепцияҕа баар, үрдүк таһымҥа бигэргэммитэ. Онон сахалыы үөрэҕи туруорсар бырааптаахпыт. Билигин икки сменанан үөрэниини суох оҥорор үлэ барар. Дьокуускайга 30 оскуола тутулуннаҕына ол сатанар. Оччотугар хас үһүс оскуола сахалыы оскуола буоларын туруорсуохха.
Ульяна Винокурова, социологическай наука доктора:
— Саха сиригэр тыл политиката сөптөөх хайысханан ыытыллар. Төрөөбүт тылбытын соҥнообоппут, бэйэ баҕатынан үөрэтэллэр. Оҕолор олорор сирдэринэн булгуччу оскуолаҕа киириэхтээхтэр диэн ирдэбил киһи быраабын кэһэр дии саныыбын. Оччотугар кинилэргэ талар бырааптарын былдьыыллар. Итиэннэ сахалыы тыллаах үөрэх кыһатын анал статустуохха наада.
Светлана Семенова, СӨ Национальнай оскуолаларын научнай-чинчийэр институтун директора:
— Төрөөбүт тылынан үөрэтии уонна үөрэнии диэн өйдөбүлү быһаарыахха наада. Сокуон хараҕынан көрдөххө, төрөөбүт тылынан үөрэнии хааччахтаммат. Өскөтүн төрөппүт сөбүлэһэр буоллаҕына. Оҕо төрөөбүт тылынан үөрэнэригэр төрөппүт санаата суолталааҕын өйдөөн, “Айылгы” диэн төрөппүттэр, учууталлар, учуонайдар түмсүүлэрин тэрийбиппит. Төрөппүттэр оҕолоро ханнык тылынан үөрэнэрин талаллар. Маныаха олорор сиринэн сыһыарыллан оскуолаҕа киирии кыһалҕаны үөскэтэр. Ол иһин төрөөбүт тылы үөрэтэр оскуолалары маассабай оскуолалар истэриттэн таһааран, куорат ханнык баҕарар муннугар олорор оҕону үөрэтэ ылар оскуоланан оҥоруохха наада. Иккис проблеманан сахалыы тылы, литератураны, култуураны үөрэтэр аныгы учебниктар суохтара буолар. Дириҥ научнай чинчийии эрэ кэнниттэн маннык учебниктары суруйуохтаахпыт.
Февронья Шишигина, “Олоҥхо” өрөспүүбүлүкэтээҕи ассоциация салайааччыта:
— Дойдуга үөрэхтээһин туһунан сокуон ис хоһооно киэҥ. Бу докумуон субъектарга төрөөбүт тылынан үөрэтии бырагырааматын оҥорорго боломуочуйа биэрэр. Бэйэбит бырааппытынан үчүгэйдик туһаммакка сылдьабыт дии саныыбын.
Жанна Барашкова, саха тылын уонна литературатын учууталларын өрөспүүбүлүкэтээҕи Ассоциациятын салайааччыта, Чурапчы орто оскуолатын учуутала:
— Мин ыйытыылаах кэлэн олоробун. Бүлүү орто оскуолаларыгар саха тылын уруогун тиэмэтин сурунаалга нууччалыы суруйар туһунан ирдэбил тахсыбыт. Бу төһө сөптөөҕүй? Саха тылын чааһа аҕыйаан иһэр, дьиҥэр, саха тыла атын предметтэр чаастарын былдьаабыта суох ээ. Атына буоллар, саха тылын, литературатын, култууратын уруоктара сүрүн уруоктарынан буолуох этилэр.
Туяра Абрамова, СӨ үөрэх уонна наука министиэристибэтин тыл политикатыгар отделын салайааччыта:
— Сурунаалга саха тылын уруогун тиэмэтин нууччалыы суруйуу туһунан ыйытыыга хоруйдуом. Төрөөбүт тылы харыстааһын, сайыннарыы боппуруостарыгар улахан тэрээһиннэр — сийиэстэр, конференциялар буолбуттара. Дьиҥэр, сурунаалга уруок тиэмэтин аата булгуччу нууччалыы суруллуохтаах диэн ханнык да нормативнай докумуонунан бигэргэтиллибэтэх. Билигин юристары тардан, сурунаалга сахалыы уруок тиэмэтэ сахалыы толорулларын ыйан-кэрдэн биэрэр методическай мэктиэлээһин докумуонун бэлэмнии сылдьабыт. Сотору оскуолаларга тарҕатыахпыт.
Мария Птицына, Сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолорго уонна ыччакка туһаайыллыбыт сокуон туоларын көрүүгэ СӨ прокурорун көмөлөһөөччүтэ, юстиция сүбэһитэ:
— Рособрнадзор бэрэбиэркэтин түмүгүнэн Ил Дархан Егор Борисов аатыгар сурукка саха тылын үөрэтэр оскуолалары хааччахтааһын туһунан этиллибэт. Маныаха сокуон хараҕынан төрөппүт бырааба төһө тутуһулларын бэрэбиэркэлээбиттэрэ. Оскуола бэйэтин иһигэр ханнык тылынан үөрэтэригэр нормативнай докумуон оҥорор бырааптаах. Ол инниттэн үөрэнээччилэргэ мониторинг ыытыахтаах. Маны таһынан оскуола төрөөбүт тылы үөрэтэргэ бары усулуобуйаны оҥоруохтаах. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн хас да оскуолаларга мониторинг оҥоһуллубатаҕа, оҕоҕо сөптөөх билиини биэрэр учебниктар суохтара биллибитэ. Рособрнадзор ирдэбилигэр, ол эбэтэр сокуоҥҥа эппиэттиир ирдэбиллэри тутуһар төрөөбүт тылы үөрэтэр оскуола аҕыйах. Онон сөптөөх бырагыраама оҥоһуллан, учебниктар киирдэхтэринэ, чинчийии ыытылыннаҕына, төрөппүттэр истэригэр мониторинг оҥоһулуннаҕына, төрөөбүт тылы үөрэтэр оскуолалар элбиэхтэрэ.
Ити курдук, “төгүрүк остуол” кыттыылаахтара РФ Конституциятынан бэриллибит быраабы, ол эбэтэр төрөөбүт тылы үөрэтиигэ быраабы сөптөөх сокуонунан уонна нормативнай акталарынан мэктиэлиир булгуччулааҕын, ол инниттэн “СӨ-гэр үөрэхтээһин туһунан” өрөспүүбүлүкэ сокуонугар уларытыылар тустарынан” сокуон барыла олоххо киирэрэ тоҕоостооҕун бэлиэтээтилэр.