534
01 марта 2019 в 18:24
Үүт ырыынагар албыннааһыны утары охсуһуу күүһүрүөҕэ
Эксперт кэпсиир
2019 сыл от ыйын 1 күнүттэн үүт бородууксуйатын оҥорооччулар бары бородууксуйаларын туһунан сибидиэнньэни маркировкаҕа киллэрэр эбээһинэстэниэхтэрэ. Онон састаабыгар үүттээх уонна үүт табаардар маҕаһыыҥҥа араас долбуурдарга ууруллуохтаахтар, диэтэ “Комсомольская правда” радио эфиригэр Россельхознадзор Приморскай кыраайга уонна Сахалин уобалаһыгар Управлениетын салайааччыны солбуйааччы Марина Ковтун.
Эксперт санаппытынан, номнуо быйылгы сылтан итинник табаардарга маркировка уларыйыаҕа — от ыйын 1 күнүттэн үүт састааптаах бородууксуйаҕа туһааннаах шрибинэн (3 мм) уонна атын өҥүнэн табаар састаабын туһунан сибидиэнньэлэр ыйыллыахтаахтар. Ону ааһан, эбиискэлэр уонна үүт маннык бородууксуйаҕа төһө баалларыттан тутулуктанан, маҕаһыыҥҥа араас долбуурдарга ууруохтаахтар. Итиниэхэ эппиэтинэһи Россельхознадзор бэрэстэбиитэллэрэ буолбакка, эргиэн тэрилтэлэрин кытта үлэлиир анал тэрилтэлэр сүгүөхтэрэ.
«Албыннааһыны утары охсуһуу күүһүрэр: маркировкаҕа булгуччулаах ирдэбиллэри киллэрии улахан эппиэтинэһи сабаҕалыырын оҥорон таһаарааччылар өйдүөх тустаахтар. Ол эбэтэр манна декларацияны тохтотуу туһунан буолбакка, административнай ирдэбил туһунан этиллэр», — диэн быһаарда Ковтун.
Бөдөҥ маҕаһыыннарга үүт састааптаах табаардар туспа стеллажтарга туруохтара, оттон арыый кыра маҕаһыыннарга – маннык бородууксуйа аттыгар иһитиннэрэр стендэлэр.