338

07 марта 2019 в 10:40

Анна Зверева: Уус-уран оҥоһуктарбытын харыстыыр — ытык иэспит

Айар-тутар аналлаахтар дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэх­сэнэр айымньылары халлараллара — бу кинилэр ытык иэстэрэ.

 

 

Биир оннук талаанынан омугун үгэс култууратын үйэтитээччи — Саха Республикатын народнай худуоһунньуга Анна Зверева буолар. Кини айар үлэтин хайысхата сүрдээх киэҥ, ордук чорботон, художник уустук кыбытык ньыманан оҥорбут оһуордаах-бичиктээх  дириҥ ис хоһоонноох көбүөрдэрин  бүтүн дойду, тас дойдулар — Франция, Япония, Англия, Италия искусствотын идэлээхтэрэ  билиннилэр. Анна Николаевна тикпит сахалыы таҥастара, көбүөрдэрэ, паннолара тас дойдулар араас таһымнаах быыстапкаларыгар турдулар. Бу сайдыылаах дойдулар анаан-минээн ыҥыран Анна Зверева тус быыстапкатын тэрийэн, аан дойду түһүлгэтигэр саха омук ойуулуур, киэргэтэр искусствотын көрдөрөр кыаҕы ылбыта — биһиги биир киэн туттуубут.

Анна Зверева айар үлэтин биир дьоһуннаах ситиһиитинэн АХШ Естественнэй историяҕа музейа кини икки оҥоһугун – кыыс оҕо хаппахчытын ааныгар ыйанар чуораанчыктардаах сабыытын уонна чаппарааҕын атыылаһан бэйэтин коллекциятыгар киллэрбитэ буолар. Манна даҕатан бэлиэтээтэххэ, бу аатырбыт музейга үгүстэр оҥоһуктарын бэлэхтииллэрэ үрдүк чиэс.  Оттон музей бэйэтэ атыылаһан ылара сэдэх көстүү, ол аата оҥоһук улахан хамыыһыйаны ааһан, кырдьык, үйэлэри уҥуордуур историческай суолталааҕа дакаастаммытын туоһулуур. Ол курдук, кэлиҥҥи 100 сыл устата музей Азия дойдуларыттан икки эрэ экспонаты атыыласпыта биллэр. Японияттан станогу уонна биһиги киэн туттар уус-уран маастарбыт Анна Зверева оҥоһуктарын.

Аан дойду дьахталларын күнүн иннинэ биһиги Анна Николаевналыын көрсөн үлэтин-хамнаһын, ону сэргэ сахалыы уус-уран оҥоһуктар искусстволарын бүгүҥҥү балаһыанньатын туһунан кэпсэттибит.

 

Уус-уран оҥоһуктарга тулхадыйбат ирдэбил

— Мин тас дойдуга тахсан төрөөбүт норуотум култууратын көрдөрүөхпүн баҕарар буоллахпына, былыр-былыргыттан олохтонон кэлбит канону олохтоохтук тутуһарым — айар үлэм сүрүн ирдэбилэ. Биһиги, сахалар, аан дойдуга уратыбытын, норуоппут муудараһын илдьэ сылдьарбытынан биллэбит. Кини дорҕоонноох тойуга, эрчимнээх оһуохайа, амтаннаах, иҥэмтэлээх аһа-үөлэ онно көмөлөһөр. Ураты миэстэни алгыс хайдах толоруллуута ылар. Холобур, 2018 сыллаахха Англияҕа Великобритания Бирмингем быыстапкалыыр киинигэр Россия делегациятын аатыттан биһиги кыттар чиэскэ тиксибиппит. Манна филологическай наука доктора, дьикти кэрэ куоластаах Людмила Степановна Ефимова алгыс сиэрин- туомун толоруута, кини тойугун эҥсиллэр дуораана киэҥ саалаҕа мустан олорор омуктарга сүдүтүк  иһиллибитэ.

Ол курдук, биһиги тас дойдуларга тахсан норуот төрүт искусствотын кини дьонугар-сэргэтигэр көрдөрөр буоллахпытына, ону дьоһуннаахтык, кэлтэй сыҥалаабакка, сиэрдээхтик тиэрдэр, туһааннаах үрдүкү турар тэрилтэлэр дьаһалларынан  сибээһи олохтуур — ытык иэспит.

 

Олоҥхо ЮНЕСКО-нан уус-уран тылга барҕа баайбыт быһыытынан билиниллибитэ. Оттон Олоҥхо тулалыыр эйгэтин уустаан-ураннаан айан таһаарааччылар уустар буолаллар. Ол курдук үйэлэргэ олохсуйбут төрүт өйдөбүллэри сүрэхтэригэр-быардарыгар, өйдөрүгэр-санааларыгар илдьэ сылдьан айар-тутар уустары, олоҥхоһуттары кытта тэҥҥэ тутары наадалааҕынан ааҕабын.

 

Сахалыы  киэргэлгэ

— Омук быһыытынан уратыбытын (салгыы самобытность. авт.) сахалыы киэргэллэр кэрэһэлииллэр. Киһи хараҕа үөрүөх араас кэрэ оҥоһуктары уран тарбахтаах тимир уустарбыт оҥороллор.  Биһиги көс омук буоларбыт быһыытынан, историческай суолталаах храмнарбыт, пааматынньыктарбыт, дьиэбит-уоппут суох.  Биһиги уус-уран баайбыт-дуолбут – сахалыы таҥаспыт, Дьөһөгөй оҕотун уһулуччу кэрэ сиэдэрэй киэргэлэ, туттар тэриллэрбит, көмүс киэргэллэрбит.

Бүгүҥҥү сахалыы киэргэл – куруһуба курдук чараас көмүс ытарҕалар, тимир ньаалбаан илин-кэлин кэбиһэрдэр. Былыргылыы кутуу ытарҕалар умнууга баран эрэллэр. Тоҕо диэтэххэ, дьиҥнээх саха ытарҕатыгар элбэх көмүс туттуллар.  Элбэх чэпчэки сыаналаах табаары эккирэтии барда.  Дьэ, ол иһин Кытайга оҥоһуллубут аҕыйах сылынан бөххө быраҕыллар сахалыы киэргэллэр киэҥ эйгэҕэ тарҕаналлар. Үгэс култуураны симэлиппэт туһугар үлэлэһэр уустар өйөнүллүбэт түгэннэригэр ситим быстар куттала үөскүүр.

Билигин 200-тэн тахса норуот маастара баар диибит. Холобура,  мас, муос оҥоһуктарга уһулуччулаах маастар Федор Марков, көмүс ууһа Иван Захаров, чороон оҥорооччу Афанасий Лопатин курдуктар тарбахха баттаналлар.

Күн бүгүн, хомойуох иһин, бу баайбытын харахпыт харатын курдук харыстаан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр ураты дьоҕурдаах, баҕалаах, кыахтаах дьоммут күнтэн күн аҕыйыыр, кинилэр кураанах баҕаларынан, бэйэлэрин идэлэригэр бэриниилэринэн салайтаран үлэлии сылдьаллар.

 

Олорор маскын кэрдимэ

 

— Норуокка сүрдээх бэргэн этии баар — “Олорор маскын кэрдимэ” дииллэр. Былыр-былыргыттан саха дьахтарын киэргэлин, киэргэтиигэ туттуллар бүлтэгирдэри, араас салбырҕастары уустар бэйэлэрэ оҥороллоро.  Үлэ миэстэтэ тахсар биир хайысхата – иитэн-үөрэтэн таһаарар орто, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр итиннэ болҕомтолорун уурдахтарына. Оччотугар үйэлээх,  киһи кыбыстыбакка кэтэр киэргэллэр оҥоһуллан тахсыахтара.

Омук быһыытынан бэйэни сана­ныыбыт күүстээх, омук туруктаах  буолар кыаҕын ыларыгар ураты суолталаах оҥоһуктарбытын харайар кэскиллээх үлэни ыытар музейдарбыт кэнники сүүрбэттэн тахса сылга бу хайысхаҕа үлэлэрэ тохтоон турар.

Өрөспүүбүлүкэ сүрүн музейдарыгар Саха сирин омуктарын культуратын көрдөрөр туһуттан систиэмэлээх үлэ ирдэнэр. Ол  туһуттан экспонаттары атыылаһыыга диэн анаан үп көрүллэрэ күүстээх  өйөбүл буолуо этэ.

Мин киэн туттуум

 

– Мин биир улахан сорукпунан өйбөр, илиибэр тута сылдьар билиибин эдэр көлүөнэҕэ тиэрдии буолар. “Анна Зверева авторскай оскуолата” регионнааҕы уопсастыбаннай тэрилтэм иһинэн элбэх норуот маастардара иитиллэн таҕыстылар. Үөрэнээччилэрбин, сахалыы таҥас тигии канонун баһылаабыт маастардарбын киэн тутта ааттыыбын: Намтан М.П. Сыромятникова, Мирнэйтэн У.Е. Миронова, Чурапчыттан А.С. Дьячковская,  Тааттаттан Большакова А.Н. уо.д.а.  Кинилэр бэйэлэрэ салайар студиялаахтар. Маны сэргэ үгүстэр араас таһымнаах Россия уус-уран оҥоһуктары көрүү күрэхтэригэр ситиһиилэрэ үөрдэр. Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын бүтэрбиттэр: М.Корякина (Нам), Т. Никифорова (Мэҥэ Хаҥалас), М.Игнатьева (Дьокуускай) уо.д.а.  Россия эдэр идэтийбит художниктарын быыстапкатыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттара ситим салҕаныытын туоһута.  Дьиҥэ, оҕо дьоҕура кыра эрдэҕиттэн биллэр. Холобур, Япония аатырбыт, саамай ытыктанар, аан дойдуга биллибит маастара Хейко Оно быйыл сайын Суздаль куоракка биһиги кырачаан, саҥа иистэнэн эрэр кыысчааммытын Уйгуунаны таба көрөн маастар-кылаас биэрбитэ. Кыыспыт үс чаастан ордук кыһаллан, учуутала тугу көрдөрөрүн тута оҥорон сөхтөрбүтэ.  Суздальга  норуоттар икки ардыларынааҕы “Душа России” фестивальга кыттарбытыгар, кыра оҕолорбутун илдьэ барбыппыт. Оҕолорбут барахсаттар тикпит кыбытыы көбүөрдэрин, панноларын уопсай хаамыыга төһөлөөх киэн тутта тутан иһэллэрин көрүө этигит.

Быйыл эдэр талааннары көрдүүр сыаллаах Ыччат ыһыаҕар төрүт оҥоһуктарга көрдөрүүлээх конкурс ыытыллыаҕа.

Түмүкпэр

 

– Мин үгүс сыллаах үлэм бу мин төрөөбүт норуотум кэскилэ сырдык буоларыгар ананар. Киэҥ Россияҕа ханнык да муннугар тиийдэрбин, кини тас өттүгэр да бардарбын, бэйэбин ханнык да элбэх ахсааннаах омуктан итэҕэс санаммаппын, киэн туттабын. Россия Президенэ В.В.Путин тоһоҕолоон бэлиэтээбит, сорук туруорбут хайысхатын олоххо киллэрэн,  омук быһыытынан ураты тыыммытын кэми-кэрдиини кытары аахсыбакка, туруктаах буоларбыт туһугар баар кыахтары туһанан баайбытын бэйэбит сайыннарар — тирээн турар сорукпут.

 

Сардаана КУЗЬМИНА

 

Поделиться