940
07 октября 2016 в 13:33
Биэнсийэлээхтэргэ — биэстии тыһыынча
Госдума үлэҕэ, социальнай политикаҕа уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтэ VII ыҥырыы маҥнайгы мунньаҕар биэнсийэлээхтэргэ биир кэмнээх төлөбүр туһунан сокуон барылын бастакы ааҕыыга ылынарга сүбэлээтэ.
РФ парламенын хаһыата иһитиннэрбитинэн, күһүҥҥү сессияҕа көрүллүөхтээх биир сүрүн докумуонунан биэнсийэлээхтэргэ 5 тыһ. кээмэйдээх толуйар төлөбүрү олохтуур сокуон барыла буолуоҕа. Биэнсийэлээхтэр ити биир кэмнээх төлөбүрү 2017 сыл тохсунньу ыйыгар ылыахтара.
Итинник төлөбүрү Россия 43 мөл. тахса биэнсийэлээҕэ, ол иһигэр үлэлиир, байыаннай уонна социальнай биэнсийэни ылар дьон тутуохтара.
Быһаарыы сурукка этиллэринэн, «Биэнсийэлээхтэргэ биир кэмнээх төлөбүр туһунан» сокуон барыла 2016 сылга экономикаҕа уонна социальнай эйгэҕэ тахсыбыт балаһыанньалары учуоттаан, биэнсийэлээхтэри материальнай өттүнэн өйүүр сыалтан оҥоһуллубут.
РФ үлэҕэ уонна социальнай харалтаҕа миниистирэ Андрей Пудов этэринэн, «биир кэмнээх төлөбүрү Россия сиригэр-уотугар олохсуйан олорор уонна 2016 сыл ахсынньы 31 күнүгэр Пенсионнай пуондаттан биэнсийэ ылар бырааптаах дьон ылыаҕа. Ити төлөбүр федеральнай бюджет үбүн суотугар оҥоһуллар».
«Биһиги «Россия почтатын», Үп министиэристибэтин уонна Пенсионнай пуонданы кытта бары сөбүлэһиннэрэр үлэни ыыттыбыт, бары биэнсийэлээхтэр ити төлөбүрү тохсунньуга ылар бэрээдэктэрин быһаардыбыт», – диэн түмүктээтэ Пудов.
Санатар эбит буоллахха, биир кэмнээх төлөбүр туһунан быһаарыыны РФ бырабыыталыстыбата быйыл атырдьах ыйыгар ылыммыта. Биир кэмнээх төлөбүр 2016 сыл иккис аҥаарыгар биэнсийэ индексациятын солбуйуоҕа. Биир кэмнээх төлөбүрү оҥорууга 200 миллиард солк. наада буолуоҕа.
Сокуон барыла алтынньы 7 күнүгэр пленарнай мунньахха көрүллүөҕэ.
