2070

03 марта 2017 в 12:48

Галина Васильева: “Дьахтар алаһа дьиэтинэн дьоллоох”

Сылын ахсын буолар «Далбар Хотун» өрөспүүбүлүкэтээҔи куонкурус алаһа дьиэлэрин аал уотун араҥаччылыыр, оҔолорун киһи-хара оҥорбут, иитэр сүөһүлэрин күрүөлээбит, дьоҥҥо-сэргэҔэ холобур буолар Сахабыт сирин араас муннугар үтүөкэн да мааны хаһаайкалар олороллорун туоһулуур. Быйыл олунньуга ыытыллыбыт «Далбар Хотун» куонкурус кыайыылааҔынан уран тарбахтаах, күөрэгэйдии кэрэ куоластаах Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Суола нэһилиэгин маанылаах далбара Туйаара Егорова буолла.

Иэйии хотун

«Сэргэлээх уоттара» култуура киинин сыанатын киэргэппит кэрэ-мааны саха дьахталлара барылара даҔаны дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылаллар. СыанаҔа тахсан талба талааннарын көрдөрбүт, көрүөхтэн кэрэ сахалыы таҥастарынан сөхтөрбүт дьахталлартан, Ньурбаттан сылдьар Галина Васильева саха бастакы дьахтар бэйиэтэ Варвара Потапова «Учүгэйиэн бу сиргэ» хоһоонун хомуһунан доҔуһуоллаан аахпытын олус долгуйа иһиттим. Кини бэйэни билиһиннэрии түһүмэҔэр дьиэ кэргэнин, оҔо иитиитигэр сыһыанын, үүнүүгэ-сайдыыга көрүүтүн туһунан иһитиннэриитин истэн баран, холобур буолуон сөптөөх саха дьахтарын туһунан дьоҥҥо-сэргэҔэ кэпсиэхпин баҔардым. Түөрт кыталык кыыс ийэтин, икки сиэн амарах эбээтин Галина Егоровнаны кытары көрсөн, бэрт ис хоһоонноохтук кэпсэттибит.

Галина Егоровна – Ньурба улууһун Антоновка орто оскуолатыгар эбии үөрэхтээһиҥҥэ технология учуутала. Ынах сүөһүнүиитэр туспа хаһаайыстыбалаах, оҔуруот аһыттан дьэдьэҥҥэ тиийэ үүннэрэр. Иллэҥ кэмигэр иистэнэр, баайар, умсугуйан туран кинигэ ааҔар, түүлээхтэн бэргэһэ тигэр, бурдук аһын, ордук торду астаан нэһилиэгин дьонун бырааһынньыктааҔы остуолун киэргэтэр. «Далбар Хотун-2016» улуустааҔы куонкурус кыайыылааҔа.

Галина Егоровна куонкуруска «Иэйии Хотун» номинация хаһаайката буолла. «Бу номинация эйиэхэ олус да барсар эбит» диэн дьүөгэлэрим үөрэллэр», — диэн геройум мичээрдии-мичээрдии этэр. Галина кэпсээнин истэн баран, мин эмиэ оннук санааҔа кэлэбин.

Былыта суох халлаан анныгар улааппытым

Дьахтар оҔолорунан, кэргэнинэн дьоллоох. Галина дьоллоох дьахтар буолара дьиҥ чахчы көстөр. Кини кэргэнин Евгенийи кытта өйдөһөн-өйөһөн олорбуттара отуттан тахса сыл буолбут. Түөрт талба-мааны кыргыттары күн сирин көрдөрөн, бэйэлэрин курдук туругас-олоругас, сатабыллаах, үтүө майгылаах гына иитэн таһаарбыттар. Мин Галина Егоровнаттан «Дьахтар дьоло туохха сытарый?» — диэн ыйытыыбар, кини: «Биллэн турар, алаһа дьиэтин сылаас салгыныгар», — диэтэ.

Галина үлэттэн чаҔыйбакка, олох улахан суолугар үктэммитигэр төрөппүттэригэр махтанар. «Мин дьоллоох оҔо саас диэн тугун билэн улааппытым. Бииргэ төрөөбүт Ивановтар – алта кыыспыт, бырааппыт саахалга түбэһэн эрдэ суох буолбута. АҔам Егор Николаевич Иванов, ийэм Мария Тимофеевна урукку сиэринэн үлэни өрө туппут дьон этилэр. Ийэм теплицаҔа үлэлиирэ. Биһиги дьоммутугар көмөлөһөн үлэҔэ миккиллэн улааппыппыт. ДэлэҔэ да доҔотторбут оонньуу илдьэ бараары, биһиги күннээҔи үлэбитин үмүрүтэрбитин кэтэһэ олорон, «эһиги мэлдьи үлэлээн тахсаҔыт» диэн хомуруйаллара. Ол эрээри, биһиэхэ күннээҔи эбээһинэспитин толорор ыарахана суоҔа. Барытын сып-сап бүтэрэн, оонньоон-көрүлээн да ылааччыбыт. Ол онтон мин бириэмэбин туһалаахха ыытарга үөрэммиппин.

«ОҔо сааскар үлэҔэ, тас эйгэҔэ, дьоҥҥо-сэргэҔэ, билиигэ хайдах сыһыан олохтоммутунан  олоҔуҥ салаллар», — диэн санаалаах Галина. Кинигэни утаппыттыы ааҔара, уопсастыбаннай олоххо көхтөөҔө, үлэлии үөрэммитэ – бу барыта кини алаһа дьиэтигэр сылаас тыыны саҔарыгар көмөлөспүтэ.

ОҔо – төрөппүт сиэркилэтэ

Галина Егоровналаах дьиэлэригэр бириэмэни халтайга атаарар киһи суох. «Биһиги дьиэбитигэр эмискэ киирэн кэлбит киһи сөҔүөн сөп. Биир да киһи таах телевизор иннигэр олорбот. Булгуччу тугу эрэ гынар», — диир. Галина үлэтиттэн кэлэн баран ииһин үрдүгэр түһэр, эбэтэр торт астыыр. Кыргыттар ким уруогун ааҔар, ким сөбүлүүр дьыалатынан дьарыктанар. «Улахан кыыс Виктория ыал буолбута, икки оҔолоох. Валерия Ньурба лицейин ситиһиилээхтик бүтэрэн, үрдүк бааллаах ХИФУ прикладной математика салаатыгар туттарсан киирбитэ, үһүс кыыс Валентина бэйэм курдук, иистэнэрин олус сөбүлүүр. Онус кылааска үөрэнэр. Иистэнэр массыына ылан биэрбиппит. Уустук киэбинэн тигэр. Аны баҔаран туран оҔуруону тиһии куруһуогар сылдьар, олус кэрэ киэргэллэри оҥорор. ТүүлээҔинэн бэргэһэ тигэргэ холонор. Мин көрдөрөн биэрэрбин түргэнник ылынар. Улуус быыстапкатыгар бэлиэтэммитэ. Валентина ону таһынан иккис разрядтаах дуобатчыт. Кыратыттан сөбүлүүр дьарыга. Түөрт-биэс чаас үлүһүйэн олорон дуобаттааччы. Кыра кыыс Евгения эмиэ барытыгар көхтөөх, эдьиийдэрэ сатыылларын барытын батыһан оҥорор. Асчыт бэрдэ. Миигиттэн астыырга үөрэнэн, олус минньигэс тортары буһарар», — диэн ийэ сырдаан олорон кэпсиир.

«Кэргэним – дурдам-хаххам»

Галина кэргэнигэр Евгенийгэ махтала улахан. АҔалара – хайыһардьыт, сүүрүүк. Биэс сыллааҔыта 20 км күрэхтэһиигэ спорт маастарын толорбут. Хайыһарга бастакы разрядтаах. Кыргыттар атахтарыгар бигэтик турар буолуохтарыттан хайыһардыыллар. АҔалара бастаан тиэргэҥҥэ дьарыктаннарара, онтон киэҥ элгээннэринэн илдьэ барара. Онон саас салгына билиннэ да, оҔолор хайыһардарын көрүнэн, бэринэн бараллар. Улууска дьоһун ситиһиилэрдээхтэр.

Кыргыттар бириэмэлэрин ыпсарарга үөрэммиттэрин киһи сөҔөр. «Валерия сабы хатыынан дьарыктаммыта. Бастаан аналлаах массыына ылан биэрбиппит. Ону тугун эрэ сөбүлээбэккэ, маһынан бэйэтэ оҥостубута. Киһим уруогун ааҔа олорон, эмискэ остуолун таһыгар турар ол маһыгар эргиллэн баран, сабынан хатан киирэн барар. Кэлин билбитим, оҔом оннук гынан өйүн сынньатар эбит», — диэн күлэр.

Галина Егоровна үгүс сыллар тухары кинигэ ааҔар, ордук хоһооннор умсугуталлар. Ону таһынан психологияҔа, оҔону иитиигэ литератураны эмиэ сөбүлээн ааҔар. «ОҔо тарбахтарынан дьарыктанара үчүгэйи эрэ аҔалар, үөрэҔи ылыналларыгар көмөлөһөр. Кыра эрдэхтэринэ бииргэ олорон дьарыктанар этим, билигин бэйэлэрэ иистэнэ, айа-тута сылдьаллар», — диир.

Сүөһүлээх дьон буолалларын быһыытынан, от үлэтигэр тиритэн-хорутан, сир астаан, сынньалаҥнарыгар айылҔаҔа тахсан күүлэйдээн, эбэлэригэр киирэн балыктаан, тымныы тыаллаах күһүн кэллэҔинэ сайыннарын сайыһа атаараллар. «Биһиги күннээҔи остуолбутугар сүөгэй, иэдьэгэй, суорат мэлдьи баар. Отоммутун, хаптаҔаспытын, моонньоҔоммутун барыанньалаан эрэ буолбакка, иэдьэгэйгэ, суоракка булкуйан сиибит. ОҔолор төрүт астарын тото сии сылдьар буоланнар, чэгиэннэр», — диир Галина.

Саха дьахтара сатаабатаҔа диэн суох. Кини үлэнэн эрэ олорбот. Ис туругун сааһылаан, байытан, тас эйгэни кытта истиҥник алтыһан, ис-иһиттэн күүстээх санааны саҔар кэрэ киһинэн буолар. Галина Егоровна ол курдук саха мааны далбар хотуна буолан, тулалыыр дьонугар сырдыгы, кэрэни эрэ тарҔата сылдьар.

Поделиться