194

22 февраля 2019 в 12:09

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Олунньу 23 күнэ – норуот бүттүүн бырааһынньыктыыр күнэ! Бу күн улуу дойдубут мөлүйүөнүнэн дьонун түмэр, эр санаалаах, бэриниилээх, чиэстээх буолуу бэлиэтэ буолар.
Арассыыйа баай историятынан киэн туттабыт, төрөөбүт дойдубут туһугар олохторун анаабыт дьоҥҥо дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Буойуннар бары көлүөнэлэрэ дойдубут көҥүлүн, тутулуга суох буолуутун туһугар турууласпыттара. Кинилэр күүстээх, эр-хоһуун санаалара, хорсун быһыылара, харса суох сырыылара, сатабыллара Арассыыйа дьылҕатын туппута – дойдубут төһө да ыар кэмнэргэ күүһү-күдэҕи түмпүтэ, эрэллээх модун держава аатын сүкпүтэ. Бу дойдуга куттал суох буолуутун мэктиэтэ, сайдыылаах, эрэллээх, эйэлээх олох кэрэһитэ буолар.
Бу күн дойдубут туһугар турууласпыт буойуннарбытын, көмүскүүр, көмүскүөх эр-хоһуун дьоммутун эҕэр­дэлиибит, барҕа махталбытын тиэрдэбит. Күндү бэтэрээннэрбит, эһиэхэ махталбыт муҥура суох, эһиги олоххут ыччакка үтүө холобур буолар. Байыаннай сулууспаны сүгэр, эйэлээх олоҕу тутар дьоммут – эһиги бука бары дойдуну сомоҕолуур, бар дьоммутун түмэр, кыраны-кыамматы харыстыыр, араҥаччылыыр дьон буолаҕыт.
Саха сирин парламена эһиэхэ чэгиэн туругу, эйэлээх олоҕу, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиини, дьолоох дьоһун олоҕу, бары үтүөнү баҕарар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин
Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ
Петр Гоголев

Поделиться