892
07 марта 2019 в 10:35
Продюсер кыргыттардаах буолан
Мин бастаан Сардана Саввинаны «Искусство», «Ыалдьыт» диэн рубрикаларга сыһыаран суруйаары гыммытым. Онтон толкуйдаан көрбүтүм, саҥардыыта арыйан үлэлэтэн эрэр «Норуот хамсааһына: бастыҥнары батыс» диэн рубрикам геройа, этэргэ дылы, бэйэтинэн сылдьарын эрдэ сэрэйбэтэхпиттэн сонньуйа санаабытым.
Бу геройум дьиҥ патриоттуу санаанан салайтаран, өр кэмҥэ иитиэхтээн сылдьыбыт ыра санаатын, бэйэтин күүһүнэн-кыаҕынан, сүрэҕин баҕатынан олоххо киллэрэн, сахатын норуотун, төрөөбүт дойдутун, киинэбитин киэҥ эйгэҕэ таһаарда уонна үгүс ситиһиилэннэ.
Ол эрээри диэхпин баҕарабын, кыайыылар, ситиһиилэр кэллэхтэринэ, сорох ардыгар дьиҥнээхтии сыратын биэрэн үлэлэспит, көмүс көлөһүннэрин тохпут дьоммутун күлүккэ хаалларан кэбиһэрбит, болҕомтобутун уурбаппыт, аатын ахтыбаппыт баар суол.
Саха киинэтэ киэҥ эйгэҕэ тахсыытыгар, ситиһиилэниитигэр продюсер Сардана Саввина аата хайаан да ааттаныллыахтаах, тумнуллуо суохтаах дии саныыбын. Норуоттар икки ардыларынааҕы араас фестивалларга «Дьөһөгөй Айыы» (С. Потапов), «Костер на ветру» (Д. Давыдов), «Кэрэл» (И. Портнягин, В. Макаров) уонна, биллэн турар, «Тойон Кыыл» (Э. Новиков) киинэлэрэ сүрүн бириистэри ылыыларыгар уонна бастыҥнар ортолоругар ааттаныыларыгар кини оҥорбут өҥөтө, үтүөтэ элбэҕин билиниэх уонна махтаныах эрэ тустаахпыт.
Кинини киинэ эйгэтин иһиттэн билэр ытыктыыр суруйааччыбыт, Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон уола Айсен Дойду Саха сирин киинэҕэ продюсердарын ортолоругар биир бастыҥ үлэлээҕинэн сыаналаабытын бэлиэтиибин.
Култуура эйгэтигэр сыстыы
— Сардана Револьевна, саха киинэтигэр интэриэс эйиэхэ аан бастаан хайдах үөскээбитэй?
— Уопсайынан, оҕо эрдэхпиттэн киинэни көрөрбүн сөбүлүүбүн. Кэлин «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа биэрэр сахалыы киинэлэрин интэриэһиргээн көрөр буолбутум. Ол көрө олорон «саха киинэтэ тоҕо улахан экраҥҥа тахсыбатый» диэн саныырым, толкуйдуурум.
Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтугар 13 сыл устата үлэлээбитим. Преподавательтэн үлэбин саҕалаан бараммын, кэлин норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаннаһыыларга отделын салайан үлэлэппитим. Бу үөрэх кыһатыгар үлэлээммин култуура уонна духуобунас эйгэтигэр сыстыбыппын билинэбин.
Үгүс ахсааннаах устудьуону тас дойдуларга үөрэттэрэ ыыппытым. Ол оҕолорум дойдуларыгар эргиллэн кэлэннэр, култуура эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Итинник үлэлиир-хамсыыр кэммэр бэйэм эмиэ элбэхтик араас дойдуларга сылдьар этим. Ол саҕана атын дойдулар култуураларын, искусстволарын киэҥ эйгэҕэ таһааралларын, имидж оҥороллорун сэҥээрэ көрөрүм. Биллэрин курдук, Саха театра киэҥ эйгэҕэ тахсыбытын билэбит, өрүү киэн туттабыт. Араас дойдуларга сылдьан «биһиги курдук дириҥ култууралаах, духуобунастаах, фольклордаах, үгэстэрдээх норуот өссө даҕаны араас өрүппүтүнэн аан дойдуга тахсыахпытын сөп буоллаҕа» диэн саныырым. Худуоһунньуктар быыстапкаларын тас дойдуларга тэрийэ сылдьыбытым. Араас бырайыагым элбэх этэ. Онтон саха киинэтигэр тохтообутум.
Киинэ оҕону, ыччаты иитиигэ сүҥкэн оруоллааҕын, сүдү күүстээҕин бары бэркэ диэн билэбит. Киһиэхэ духуобунай култуура олохтоноругар искусство ханнык да көрүҥүнээҕэр киинэ күүскэ дьайар кыахтаах. Аныгылыы термининэн медиа контены бэйэтигэр тардар, ылар искусство көрүҥүнэн буолар.
Сардана Саввинаны киинэ эйгэтин иһиттэн билэр ытыктыыр суруйааччыбыт Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон уола Айсен Дойду Саха сирин киинэҕэ продюсердарын ортолоругар биир бастыҥ үлэлээҕинэн сыаналаабытын бэлиэтиибин
Бэйэтэ туспа быраабылалаах
— Продюсердааһын биһиэхэ наһаа тэнийбэтэх дьарык, идэ буолар. Ити эйгэ туһунан ааҕааччыларга кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
— Киһи ылла да кыайан киирбэт эйгэтэ. Бэйэтэ туспа быраабылалардаах. Кэпсэтиини кыайыы, дьыалабыай суруктары сатаан суруйуу, дьону кытта түргэнник биир тылы булуу, билсии курдук хаачыстыбалар киһиттэн ирдэнэллэр. Оттон норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа — омук тылын билии. Сахабыт сиригэр киинэ продюсердара элбэҕэ суохпут, биэс тарбах иһинэн баттанабыт. Бары бэйэ-бэйэбитин билсэбит.
— Омук тылын билэр буоллаҕыҥ?
— СГУ-га омук тылын факультетыгар английскай салааҕа үөрэммитим. Дьиҥэ, биология учуутала буолуохпун баҕарарым. Ол эрээри кэлин идэбин сыыһа талбатахпын өйдөөтүм. Продюсер үлэтигэр английскай тылы билиим туһаттан атыны аҕалбата.
Бастаан Канада болҕомтотун уурбута
— Сардана Револьевна, саха киинэтин киэҥ эйгэҕэ таһаарар үлэҕин хайдах саҕалаабыккыный?
— Бастаан киинэ фестивалларын туһунан хасыһаммын дэлби үөрэппитим. Киинэлэрбин кыра фестивалларга кытыннарыыттан үлэбин саҕалаабытым. Этническэй контеннаах фестивалларга болҕомтобун хатаабытым. Аан бастаан канадалар сэргээбиттэрэ.
Онон продюсерскай үлэҕэ холонуум 2010 сылтан саҕаламмыта. Бастаан продюсергын диэтэхтэринэ, кыбыста саныыр этим. Оттон билигин үлэбинэн-хамнаспынан дакаастааммын, ити ааты толору сүгэр кыахтанным (күлэр).
Бастаан саҕалыырга, кырдьык, уустуктардаах этэ. Саха сирэ, саха омуга бу сир үрдүгэр баарын үгүстэр билбэттэрэ-көрбөттөрө. Ону кэпсээн-ипсээн билиһиннэрэрим. Сүрдээҕин интэриэһиргииллэрэ. Билигин Канадаҕа ыытыллар киинэ фестивала «саха» диэн тылы өрүү туттар. «Саха синема» диэн термин үөскээтэ. Ити фестивальга элбэхтик кыттыыны ылбыппыт. Мээнэ кыттан эрэ буолбатах, дьоһуннук кыттаммыт, итинниккэ тиийдэхпит. Ол курдук, үстэ улахан наҕараадаҕа тиксибиппит. Киинэ эрэ буолбакка, норуотуҥ, төрөөбүт-үөскээбит дойдуҥ аата ааттаныллар, киэҥ эйгэҕэ тахсар. Торонто куоракка муниципальнай театрга киинэлэри көрдөрөллөр. Киһи бөҕөтө кэлэн көрөр. Саха киинэтин билэллэр уонна кэтэһэллэр.
Түмүк баар буолуохтаах диэн
— Ааҕааччыларга ыытар үлэҕин-хамнаскын сиһилии билиһиннэр эрэ.
— Киэҥ эйгэҕэ биллибэт-көстүбэт дьон үлэлэрин таһаарарбын сөбүлүүбүн.
Россия иһинээҕи киинэ фестивалларыгар эмиэ элбэхтик кыттыыны ылбыппыт. Бэйэм иннибэр хара маҥнайгыттан үлэм хайаан да түмүктээх буолуохтаах диэн сыал-сорук туруоруммутум. Үлэни ыытан баран, умнан кэбиспэппин. Мэлдьи хонтуруолга тутабын, үгүстүк кэпсэтэбин, суруйсабын.
Билигин киинэ эйгэтигэр Россияҕа да, тас дойдуларга да миигин билэллэр. Ол — биир ситиһиим дии саныыбын.
Татарстааҥҥа киинэ фестивала тэрийэ сылдьыбыппыт. Онно татаардар биһиги өрөспүүбүлүкэбит киинэҕэ үлэтиттэн сөхпүттэрэ-махтайбыттара аҕай. Ол кэнниттэн ити эйгэҕэ үлэлэрин өссө күүһүрдүбүттэрин бэлиэтиибин. Тываҕа эмиэ бара сылдьыбыппыт.
Ол кэнниттэн норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсар сыалтан, Соҕуруу Кореяҕа Пусаннааҕы фестивальга кыттыыны ылбыппыт. Миигин кытта үс режиссер бара сылдьыбыта. Киинэлэрин көрдөрбүттэрэ. Онно көрөөччүлэр таһымнарыттан сөхпүтүм. Бэйэлэрэ экспердэр, кинокритиктар курдуктар. Олус элбэх ыйытыылары биэрбиттэрэ. Хайҕааһын да, кириитикэ да баара. «Эһиги киинэлэргитин көрөн сүрдээҕин сөхтүбүт. Тоҕо диэтэргит, эһиги менталитеккыт олус чугас, эмоцияҕытын туттунаргыт эҥин биһиэхэ майгынныыр эбит. Уруулуу норуоппут быһыылаах», — диэбиттэрэ. Кореецтар этиилэриттэн астынан, кынаттанан дойдубар эргиллибитим.
Дмитрий Давыдов «Костер на ветру» киинэтин ити фестивальга аспытым. Итиннэ элбэх да үлэни ыыппыппыт. Премьератыгар тас дойдулар прессалара улахан болҕомтолорун уурбуттара. Фестиваль дириэктэрэ бэйэтинэн кэлэн, илии тутуһан кэпсэппитэ. «Биир сылынан саха киинэтин туһунан бырагыраамата оҥор», — диэбитэ. Сыл диэн олус кылгас кэм эрээри, түгэни туһанан түһүнэн кэбиспиппит. Этэргэ дылы, түүннэри-күннэри үлэлээбиппит. Барыта 12 саха киинэтин таһаарбыппыт. Норуоттар икки ардыларынааҕы фестивальга уон икки киинэни таһаарыы диэн улахан кыайыы буолар. Хомойуох иһин, үгүстэр итини өйдөөбөттөр. Английскайдыы, кэриэйдии тылларынан саха киинэтин туһунан кинигэ бэчээттэппиппит. Ол кинигэни сахалыы уонна нууччалыы тылларынан таһаартарыахпын баҕарабын. Онно эмиэ, биллэн турар, үп-харчы наада.
Маны таһынан 2012 сыллаахха «Айыы уола» киинэ режиссера Любовь Борисовалыын «Киноклуб» диэн тэрийбиппит. Онно түмсэммит, урукку, саҥа тахсыбыт киинэлэри ааптардары кытта көрөөччүбүт уонна ырытыһааччыбыт. Дьиҥэ, саха киинэтин эйгэтигэр олус аҕыйахпыт ээ. Онно бэйэ-бэйэбитин кытта үчүгэйдик билсибиппит. Үгүс бырайыактар үөскээн тахсыбыттара. Онон ити «Киноклуб» саха киинэтин сайдыытыгар өҥөтө элбэх.
Маны таһынан ааҕааччыларга үүммүт 2019 сыл тохсунньу ыйыгар Финляндияҕа ыытыллыбыт киинэ фестивалыгар кыттыыбыт туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын. Итиннэ уон киинэбит кыттыыны ылла. Бу дойдуга саха киинэтин эмиэ олус сөбүлүүллэр. Инники үлэбитигэр эмиэ маннык хас да бырайыактаахпыт.
— Киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт бастакы киинэҥ ханнык этэй?
— Арктическай институкка бииргэ үлэлээбит коллегам Марина Калинина «По дороге к солнцу» диэн табаһыттар тустарынан документальнай киинэтин фестивальга кытыннарбытым. Киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт бастакы киинэм ити этэ. Дьиҥэ, документальнай киинэ диэн олус интэриэһинэй жанр.
Соҕуруу Кореяҕа Пусаннааҕы фестивальга кыттыыны ылбыппыт. Миигин кытта үс режиссер бара сылдьыбыта. Киинэлэрин көрдөрбүттэрэ. Онно көрөөччүлэр таһымнарыттан сөхпүтүм. Бэйэлэрэ экспердэр, кинокритиктар курдуктар.
Итиннэ хоруй — судургу
— Саха киинэтэ араас таһымнаах фестивалларга ситиһиилээхтик кыттарын төрдө туохха сытар дии саныыгыный?
— Итиннэ хоруй — судургу. Ситиһиибит төрдө култуурабытын, духуобунаспытын, фольклорбутун, үгэспитин, тылбытын, омук быһыытынан уратыбытын сүтэрбэккэ, күн бүгүҥҥэ диэри илдьэ кэлбиппитигэр сытар.
Ол гынан баран ити ситиһиилэр, кыайыылар улахан үлэттэн, үгүс көлөһүнү тоҕууттан кэлэллэр. Барытын үөрэтэн, ырытан көрөн чинчийэбин. Кылгастык эттэххэ, олус элбэх үлэ ыытыллар. Билигин дьоҥҥо киинэ фестивальга кытта барда да, хайаан да ситиһиилэниэхтээҕин, кыайыахтааҕын курдук өйдөбүл баар буолбут. Араас таһымнаах фестивалларга олус элбэх судаарыстыба кыттыыны ылар. Онно сүтэн-симэлийэн да хаалыахпытын сөптөөх буоллаҕа. Онон продюсердааһын оруола сүрдээх улаханын бэлиэтиибин.
Хаачыстыбаҕа түһүнүөхтээхпит
— Сардана Револьевна, саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыан сөптөөҕүй?
— Саха киинэтэ киэҥ эйгэҕэ таҕыста. Билигин хаачыстыбаҕа түһүнүөхпүтүн наада. Ол инниттэн өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн өйөбүл наада. Креативнай экономика биир салаата киинэ эйгэтэ буоллаҕа.
Биһиги норуот уос номоҕо буолбут үһүйээннэрэ, остуоруйалара, олоҥхолоро, классиктарбыт айымньылара олус элбэх. Үлэлиэх диэтэххэ, матырыйаал баһаам.
Билигин сайдыылаах дойдулар дьон-сэргэ болҕомтотун тардар, соһутар матырыйаал, тиэмэ көрдөөһүнүгэр сылдьаллар. Голливуду да ылан көрүөх. Биһиги матырыйаалларбытын кинилэр туһаныахтарын сөп. Мин итинтэн олус диэн куттанабын уонна сэрэхэдийэбин. Кинилэр төһө да хаачыстыбалаахтык устубуттарын иһин, биһиги олохпутун-дьаһахпытын, тыйыс усулуобуйабытын, үгэстэрбитин иһиттэн билбэт буоланнар атыннык оонньууллар, импровизациялыыллар.
Оттон биһиги бэйэбит дьоммут итини барытын эттэригэр-хааннарыгар иҥэриммит, айылҕалаах буоланнар көрөөччү ылынар, дууһатын таарыйар гына оонньууллар. Ити да иһин «Тойон Кыыл» киинэ кыайар, ааспыт 2018 сыллааҕы дойду уон бастыҥ киинэтин иһигэр ааттанар буоллаҕа дии. Ити киинэни көрөөт, ситиһиилэниэн сөптөөҕүн билбитим. «Сахафильм» продюсердаа диэн көрдөспүтүгэр, тута сөбүлэспитим. Ол эрээри, кистээбэккэ эттэххэ, кылаабынай бирииһи ылыахпыт эрэ дии санаабатаҕым.
Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, бөөлүүн түүн биир эмиэ үөрүүлээх сонун тигинээн кэллэ. Эдэр режиссер Петр Стручков «Күлүк хомус» диэн “ужас” жанрыгар уһуллубут киинэтин «Дух огня» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ фестивалыгар кытыннарбытым. Кини төлөпүөнүнэн ити фестивальга «Бастыҥ киинэ» сүрүн бирииһи ылбытын туһунан иһитиннэрдэ. Муус устар 11 күнүттэн Дьокуускай киинэ театрдарыгар ити киинэ көрөөччүлэр сыанабылларыгар тахсыаҕа.
Киинэни киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга, продюсерствоҕа эмиэ үп-харчы наада. Уонча сыл устата туох да өйөбүлэ суох бэйэм сүрэҕим баҕатынан ити эйгэҕэ сырыттым. Ханнык баҕарар үлэ уһун тыыннаныан баҕарар буоллахха, судаарыстыба өттүттэн өйөбүл хайаан да баар буолуохтаах.
Маны таһынан саха киинэтэ салгыы сайдарыгар сценаристар тиийбэттэрэ мэһэй буолар. Сценарийга ылсан үлэлиир дьон наадалар. Ол аата төрөөбүт тылга интэриэс баар буолуохтаах.
Билигин кыһалҕаттан режиссердар бэйэлэрэ киинэ сценарийын суруйа сатыыллар.
Саха киинэтэ киэҥ эйгэҕэ таҕыста. Билигин хаачыстыбаҕа түһүнүөхпүтүн наада. Ол инниттэн өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн өйөбүл наада. Креативнай экономика биир салаата киинэ эйгэтэ буоллаҕа.
Үрдүк үөрэх диплома да суох
— Сардана Револьевна, кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын билиһиннэр эрэ.
— Күн сирин Үөһээ Бүлүү улууһугар көрбүтүм. Исидор Барахов аатынан оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Ийэм Ксана Семеновна — учуутал, аҕам Реворий Григорьевич — быраас. Иккиэн наука кандидаттара. Ийэм Үөһээ Бүлүүттэн, аҕам Хаҥаластан төрүттээхтэр.
— Ханнык бүлүүдэлэри сөбүлүүгүн?
— Убаһа этиттэн оҥоһуллубут араас бүлүүдэлэри сөбүлүүбүн. Маны таһынан араас дойдуларга сылдьар буоламмын, онно боруобалаабыт бүлүүдэлэрбин бэйэм бэлэмнээн көрөөччүбүн.
Онно-манна тиийдим да, хайаан да национальнай бүлүүдэлэрин боруобалаан көрөрбүн астынабын. Оччоҕо олохтоох култуураҕа ордук чугаһыыр курдук буолаҕын. Ас диэн бэйэтэ туспа култуура буоллаҕа дии. Бэйэм ас астыырбын олус сөбүлүүбүн.
— Иллэҥ кэмҥэр тугунан дьарыктанаргын ордороҕун?
— Быыс буллахпына, ырыа истэрбин сөбүлүүбүн. Ордук сахалыы ырыалары. Ырыаһыттартан Екатерина уонна Алексей Егоровтары уонна кинилэр уолларын Өркөнү, Кит Джаны ордоробун.
Маны таһынан рок-музыканы таптыыбын. «Чолбон», «Байанай», «Амака», «103» бөлөхтөр ырыаларын мэлдьи истэбин. Дойдубар Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллыбыт тыа сирин спортивнай оонньууларыгар рок-фестиваль тэрийэн турардаахпын.
— Билиҥҥи ыччакка туох эмэ сүбэ биэриэҥ дуо?
— Билиҥҥи ыччат сайдарыгар үгүс кыах баар. Омук тылын билиэхтэрин наадалаах. Интернет үйэтигэр үрдүк үөрэх диплома да суох киһи өрө тахсыан сөп кэмэ үүннэ. Талаан уонна сыал-сорук эрэ баар буолуон наада. Маны таһынан өбүгэ өрө анньар күүһэ улаханыгар итэҕэйэбин. Онон төрөөбүт тылларыттан, үгэстэриттэн тэйиэ, умнуо суохтаахтар.
— Сардана Револьевна, интэриэһинэй кэпсээниҥ иһин махтанабын.