625
19 апреля 2019 в 21:19
Александр Жирков Күлүмнүүр “Манчаары” драматыгар анаммыт кинигэтэ сүрэхтэннэ
Муус устар 15 күнүгэр Уус-Алдан улууһун Дүпсүнүгэр Оҕо технопааркатын киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) спикерин бастакы солбуйааччы Александр Жирков «В.В.Никифоров – Күлүмнүүр «Манчаары» драмата» диэн научнай-чинчийэр, уус-уран историческай кинигэтин сүрэхтэниитин дьоһун тэрээһинэ буолан ааста.
Кинигэ саха уус-уран литэрэтиирэтэ үөскүүрүгэр сардаҥалаах аартыгы арыйбыт аан бастакы «Манчаары» драмаҕа уонна кини ааптара, XIX үйэ бүтүүтүн, ХХ үйэ саҕаланыытын бастакы көлүөнэ саха национальнай интеллигенциятын уһулуччулаах сырдатааччыта, уопсастыбаннай-судаарыстыбаннай диэйэтэлэ В.В.Никифоров – Күлүмнүүр араас кэмнээҕи политическай литературнай кириитикэҕэ сыанабылыгар итиэннэ архыып саҥа докумуоннарыгар олоҕурбут.
Үөрүүлээх тэрээһин чэрчитинэн күн бастакы аҥарыгар «В.В.Никифоров – Күлүмнүүр аатынан Дүпсүннээҕи оҕо технопааркатын сайыннарыы кэскиллэрэ уонна Уус Алдан улууһугар IT инфраструктурата» диэн тиэмэлээх “төгүрүк остуол” тэрилиннэ.
Манна Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева, СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирин солбуйааччы Чокуур Гаврильев, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ инновация Арктикатааҕы киинин дириэктэрэ Дмитрий Попов, СӨ үөрэхтээһиҥҥэ уонна наукаҕа министиэристибэтин иитэр үлэҕэ уонна эбии үөрэхтээһиҥҥэ салайааччытын солбуйааччы Татьяна Иванова кыттыыны ыллылар.
Маны таһынан улуус дьаһалтатын баһылыга Алексей Федотов, баһылык бастакы солбуйааччыта Петр Попов, баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Михаил Борисов, үөрэх салаатын начальнига Ирина Тарская, култуура салаатын начальнига Иннокентий Аммосов, Дүпсүн нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Ивамар Соловьев, кэккэ нэһилиэктэр баһылыктара, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ, Кулантай аатынан литературнай уонна оройуон устуоруйатын мусуойдарын үлэһиттэрэ, нэһилиэк олохтоохторо кэпсэтиигэ кытыннылар.
Кинигэ сүрэхтэниитин С.С.Васильев – Борогонскай аатынан улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин үлэһиттэрэ ис хоһоонун, тутулун билиһиннэрэр киирии тылынан ситимнээн иилээн-саҕалаан ыыттылар. Бастакынан саха норуотун национальнай дьоруойа Василий Федоровка – Манчаары Баһылайга уонна Күлүмнүүргэ аналлаах кинигэ быыстапкатын матырыйаалларынан библиограф Марианна Борисова киэҥ ырытыылаах иһитиннэрии оҥордо.
Салгыы ааптар Александр Жирков В.В.Никифоров – Күлүмнүүр 1906 сыллаахха хаайыыга сытан суруйбут «Манчаары» драмата сахалыы уус-уран литэрэтиирэ устуоруйатыгар аан бастакы драматическай айымньы буолан туран, саха литэрэтиирэтэ, сахалыы литературнай тыл олохтонуутугар, сахалыы драматическай ускуустуба итиэннэ национальнай тыйаатыр үөскээһинигэр суолу аспытынан, уһулуччу миэстэни ыларын эттэ.
Онон Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр саха литэрэтиирэтин, тыйаатырын, бэчээтин, бастакы сахалыы хаһыаттары, сурунаалы төрүттээччи буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Драма дьоруойа Манчаары Баһылай араас сылларга идеология соҥнооһунунан соруйан сиргэ-буорга тэпсиллэ эбэтэр аһара күүркэтиллэ сылдьыбыт түгэннэрдээҕин иһин, киниэхэ норуот таптала хаһан да сөҕүрүйбэтэх, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ национальнай дьоруой быһыытынан бэриллэн испит феномена умнуллубатах. Драма ааптара тус бэйэтин бэлитиичэскэй итэҕэлинэн мэлдьи туора көрүллэн, ыраахтааҕы былааһыгар икки төгүл, сэбиэскэй кэмҥэ икки төгүл түрмэҕэ сыппытын, икки төгүл ытылларга ууруллубутун ааһан, буржуазнай националист, колчаковец, норуот өстөөҕө диэн сымыйанан балыллан, олоҕо 62 сааһыгар түрмэҕэ быстар ыар дьылҕаламмыта.
Ону ааһан, кини үтүө аатын, дьоһун олоҕун, төрөөбүт норуотугар муҥура суох бэриниилээх үлэтин тилиннэрии унньуктаах уһун сыл устата нуучча ньургун кыыһа Ираида Клиорина, Күлүмнүүр сиэн, хос сиэн аймахтарын булгуруйбат модьун дьулуурдарынан 1992 сыллаахха эрэ ситиһиллэн, кырдьык кыайбытын эбэн этэр тоҕоостоох.
Александр Николаевич кинигэни билиһиннэрэригэр сүрүн матырыйаалларын өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр эмтэнэ сытар кылгас кэмигэр бэлэмнээбитин итиэннэ кинигэ сыһыарыытыгар киллэриллибит «Манчаары» драма сахалыы уонна нууччалыы тиэкистэрин оччолорго хайдах суруллан бэчээккэ тахсыбыт оригиналларын уларыппакка киллэрбитин, сыһыарыыга “Манчаары” драмаҕа сыана биэрэр элбэх ыстатыйалар, ырытыылар баалларын туһунан кэпсээн, быһааран биэрдэ. Ону мустубут дьон улахан кэрэхсэбилинэн иһиттилэр.
Кинигэ сүрэхтэниитигэр “Уолан” гимназия, Кулантай аатынан литературнай мусуой-комплекс үлэһиттэрэ, СӨ суруналыыстарын уонна суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ, учууталлар санааларын үллэһиннилэр.
Кинигэ литературнай кириитикэ сайдыытыгар кылаата, дьоһун суолтата бэлиэтэннэ. Кэпсэтии кыттыылаахтара айымньыга үрдүк сыанабылы биэрдилэр, ааптар аадырыһыгар махтал истиҥ тылларын эттилэр, киэҥ өрүттээх уопсастыбаннай, айар-литературнай, научнай-чинчийэр үлэтигэр ситиһиилэри баҕардылар.
Кулантай аатынан литературнай мусуой дириэктэрэ Зоя Мигалкина кинигэ электроннай барыйаанын биир тыынынан умсугуйан, кэрэхсээн аахпытын бэлиэтээн туран, Александр Жиркову уһулуччулаах сэбиэскэй суруйааччы Чингиз Айтматов “Муора кытылынан сүүрэр күөрт ыт” диэн сүдү айымньытын “уу тэстибэт” гына сахалыы саҥардыбыт талааннаах тылбаасчыт быһыытынан үрдүктүк сыаналаата.
СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бэчээтин туйгуна Иннокентий Сыроватскай саха национальнай интеллигенциятын сүөгэйэ-сөлөгөйө, сэбиэскэй былааһы олохтоспут партийнай элита үрдүнэн ыардык үктэнэн ааспыт үс түһүмэхтээх хааннаах репрессия таҥнары дапсыйарыгар бэйэбит дьоммут “уокка арыыны кутан биэрбит” холобурдарын аҕынна. Кини Александр Николаевич кинигэтигэр оччотооҕу кэм кылаассабай тыынынан саха бастакы көлүөнэ суруйааччыларыгар литературнай кириитикэҕэ сыһыан хайдах уларыйан испитин, ол иһигэр сорох ис сүрэҕиттэн ылынан, сорох идеологическай ыгыы күүһүнэн аһара түһүүлээх кириитикэлэрин аныгы кэм таһымынан ылыннарыылаахтык, харыстабыллаахтык ырытан ааҕааччыга тиэрдибитин итиэннэ ону кинигэ сыһыарыытыгар архыып уонна хаһыакка тахсыбыт матырыйаалларынан бигэргэтэн билиигэ-көрүүгэ таһаарбытын бэлиэтээтэ.
Улуус дьаһалтатын баһылыга Алексей Федотов Александр Николаевич саха норуотун уһулуччуллаах уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй диэйэтэлин, бэйэтин кэмигэр норуот бүттүүнэ сүгүрүйбүт лиидэрин үрдүк аатын үйэтитиигэ, билиигэ-билиниигэ таһаарыыга киэҥ үгүс өрүттээх тэрээһиннэри ыыппытын тоһоҕолоон эттэ. Кини Ил Түмэн иннигэр Күлүмнүүр пааматынньыгыттан саҕалаан, Дүпсүҥҥэ оҕону эбии үөрэхтээһин киинэ – тыа сиригэр ханна да суох таас дьиэлээх-уоттаах технопаарканы тэрийии, улуус киинигэр тутулла турар Күлүмнүүр аатын сүгэр Култуура, духуобунай сайдыы дыбарыаһа баар буолуутугар, улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрэр сыаната биллибэт сүҥкэн кылаатын бэлиэтээн, өйгө-сүрэххэ хатанар ылыннарыылаах тылы эттэ.
Ил Түмэн спикерин солбуйааччы Антонина Григорьева Александр Николаевиһы парламент алта ыҥырыытын тухары дьокутааттаабыт соҕотох киһинэн ааттаата. Кинини парламентаризм сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрсибит баай уопуттаах, араас ыҥырыылаах дьокутааттар дириҥ ытыктабылларын ылбыт, саҥа ыҥырыы эдэр дьокутааттара холобур оҥостор киэҥ билиилээх, далааһыннаах тэрээһиннээх диэйэтэл быһыытынан сыаналаата.
ХИФУ инновацияҕа Арктикатааҕы киинин дириэктэрэ Дмитрий Попов 2022 сылга Саха АССР 100 сыла бэлиэтэнэр диэн баран, саха судаарыстыбаннаһа олохсуйуутун түһүмэхтэринэн араартаата, билигин инновационнай, цифровой, технологическай сайдыы үйэтигэр үктэннибит диэн бэлиэ тылы эттэ.
А.Н. Жиркову кытта биир кэмҥэ университет кыһатыгар үөрэммит үөлээннээҕэ Акулина Сокольникова демократия, бэйэ санаатын аһаҕастык биллэрии, элбэх партияланыы көҥүл барбыт дьалхааннаах 80-ус сылларга оччотооҕу устудьуон Александр Жирков ыччат хамсааһынын лиидэрэ буолбутун, оччолортон бэлиитикэҕэ буһан-хатан, норуот итэҕэллээҕэр, парламент V ыҥырыытын спикеригэр тиийэ үүнэн өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын бары хайысхалара сокуонунан көмүскэллээх буолуутун Госдумаҕа тиийэ туруулаһар улахан кылаатын бэлиэтээтэ. Кини Уус Алдан гиэрбэтигэр ойууламмыт оҕуур түспэтэх, үүн-тэһиин кэппэтэх ахсым олоҥхо үүт кэрэ атын түөрт түөрэм туйаҕар ханыылыы харысхал бэлиэни туттарыыта ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.
Александр Николаевич түмүк тылыгар кинигэ сүрэхтэниитигэр кыттыыны ылбыт Дүпсүн сирин олохтоохторугар, ырытыыга санааларын үллэстибиттэргэ истиҥник махтанна. В.В.Никифоров – Күлүмнүүр кэриэс суругар хаалларбыт ытык ыра санаатын хоту төрөөбүт Дүпсүнүн киинигэр оҕо технопаарката, бибилэтиэкэ тэриллибитин бэлиэтээтэ.
Күлүмнүүр “Мин литературнай-научнай үлэлэрбин кинигэнэн бэчээттээн, онтон киирэр үбү бибилэтиэкэни хаҥатыыга бэриллиэхтээх” диэн кэриэһинэн “В.В.Никифоров – Күлүмнүүр “Манчаары” драмата” кинигэҕэ бэриллибит гонорары Дүпсүн бибилэтиэкэтигэр туттарда уонна Күлүмнүүргэ сыһыаннаах таһаарыылар ааптардарыгар кини бачыымын өйөөн, кылааттарын киллэрэллэригэр ыҥырда.
Түмүктээн эттэххэ, “В.В.Никифоров – Күлүмнүүр “Манчаары” драмата” диэн Александр Жирков дириҥ ырытыылаах киэҥ ааҕааччыга анаммыт научнай-популярнай кинигэтин сүрэхтээһин үрдүк тэрээһиннээхтик ааста.
Ил Түмэн официальнай сайтыттан