1018

08 ноября 2019 в 10:23

Бастакы депутакка уонна механизаторга — пааматынньык

 

Бу күһүн хаһыаппар Уус-Алдан улууһун Бэйдиҥэ бөһүөлэгэр Уус-Алдан улууһун Өлтөх нэһилиэгэр олорон, үлэлээн-хамсаан ааспыт Үлэ Кыһыл Знамята, «Бочуот знага» уордьаннар кавалердара, ССРС тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Николай Николаевич Сивцевкэ чугас дьоно бюст оҥотторбуттарын туһунан суруйан турабын.

Ити кэниттэн бу улуустан эмиэ биир үтүө сонун тигинээн кэллэ. Ол курдук, алтынньыга Мүрү нэһилиэгин Мындааба бөһүөлэгэр «Кинилэр кыайыыны уһансыбыттара» диэн скверигэр эмиэ үлэни өрө туппут тыыл бэтэрээнигэр, улуус бастакы механизаторыгар, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бастакы ыҥырыытын депутата Роман Николаевич Дьяконовка анаммыт пааматынньыгы аһыы тэрээһинэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыбыта. Ыраахтан-чугастан дьон бөҕө тоҕуоруһа мустубута.

Чугас   дьоно кыттыбыттара хайҕаллаах

 

Ааҕааччым, пааматынньык оҥоһуллуута үгүс үбү-харчыны эрэйэрин бэркэ диэн билэҕин. Тустаах өйдөбүнньүккэ суолтатын өйдөөннөр, Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата көрбүт үбүн таһынан, Роман Дьяконов чугас дьоно, оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара кыттыспыттарын бэлиэтиибин. Онон бу пааматынньыгы туруорууну норуот хамсааһыныгар киллэрэри сөптөөҕүнэн ааҕабын.

Биллэрин курдук, аҕыйах сыл анараа өттүгэр Саха сиригэр, миэстэтигэр пааматынньыгы кыайан оҥорбот этибит. Скульптордарбыт ол туһуттан атын соҕуруу куораттарга айанныыллара. Онон өрөспүүбүлүкэбитигэр искусство бу көрүҥэ тэтимнээхтик сайдарыгар ити улахан харгыһынан буолар этэ.

2007 сыллаахха скульптор Виктор Федоров сүүрэн-көтөн, туруорсан, санаата кыайан, академик Владимир Ларионов пааматынньыгын миэстэтигэр аан бастаан бронзаттан кутан оҥорбуттара. Онон бу искусство көрүҥэ үүнүүтүгэр-сайдыытыгар өрөспүүбүлүкэбитигэр, этэргэ дылы, аан тэлэччи аһыллыбыта. Биллэрин курдук, билигин Сахабыт сирин араас улуустарыгар, куораттарыгар биллэр-көстөр биир дойдулаахтарбытыгар пааматынньыктар элбээн эрэллэр.

Уус-Алдан улууһун бастакы механизатора, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин депутата Роман Дьяконов пааматынньыгын биир дойдулааҕа, талааннаах скульптор Владислав Бурцев, Юлиан Павлов уонна Григорий Максимов эмиэ миэстэтигэр полимер-бетон матырыйаалтан оҥордулар уонна үрдүнэн бронзанан куттулар.

Мындааба бөһүөлэгэр ааспыт сыллаахха аһыллыбыт «Кинилэр кыайыыны уһансыбыттара» сквергэ ытык киһилэрин Роман Дьяконов аатын иҥэрбиттэрэ. Сквер аһыллыытыгар улуус механизатордарын күрэхтэһиилэрэ бэрт хатыһыылаахтык ыытыллыбыта. Мустубут дьон бу сонун күрэхтэһиини бэркэ диэн сэргээбиттэрэ. Онтон быйыл Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүн көрсө тыыл бэтэрээнигэр, кыайыыны уһансыбыт ытык киһилэригэр пааматынньык туруордулар. Мүрү нэһилиэгин дьаһалтата тустаах сквери өссө тупсарар былааннаах.

Элбэх   уолу-кыыһы уһуйбута

 

Роман Николаевич Дьяконов 1908 сыллаахха балаҕан ыйын 25 күнүгэр Уус-Алдан оройуонун Суотту нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Үлэни кыайа-хото тутар, тэрийэр дьоҕурдаах эдэр киһини 1939 сыллаахха хомуньуус партияҕа кандидатынан ылбыттара. Аҕа дойду сэриитэ эрэ буолуон иннинэ 1941 сыллаахха олунньуга партия кэккэтигэр киирбитэ.

1935 сыллаахха Роман Дьяконовы Өлтөх нэһилиэгэр трактористар курстарыгар үөрэтэ ыыппыттара. Ити сыл Уус-Алдан улууһугар маҥнайгы тыраахтардар аҕалыллыбыттара. Кини саҥа техниканы аҕалыыга салайааччы, биригэдьиир быһыытынан сылдьыбыта. Оччотооҕу суол-иис мөлтөҕүн үгүстэр билэр буолуохтааххыт. Оройуон олохтоохторо маҥнайгы тыраахтардары үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ.

1937 сыллаахха ХТЗ тыраахтардар аҕыс ыйдаах курстарыгар Дьокуускайга үөрэммитэ. Ити курсу үөрэнэн бүтэрбитин кэнниттэн кинини өрөмүөннүүр биригээдэ биригэдьииринэн анаабыттара.

Онон кини оройуонугар аан маҥнай тыраахтар уруулун тутан, ыһыы үлэтигэр кыттыыны ылбыта. Ити сыл Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бастакы ыҥырыытын депутатынан талыллар.

Кэлин кини механикка тиийэ үүнэр. Арамаан итинник үлэлии-хамсыы сырыттаҕына, Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланар. Бииргэ үлэлии сылдьар эдэр уолаттарын аармыйаҕа ылбыттара. Оттон Роман Николаевич тыылга биир тутаах киһинэн хаалбыта.

Тырахтарыыс уолаттар сэриигэ бараннар үлэһит илии, тырахтарыыс тиийбэт кыһалҕата үөскээбитэ. Роман Николаевиһы МТС-ка уолаттары уонна кыргыттары тырахтарыыс идэтигэр үөрэттэрбиттэрэ. Аҥаардас уоттаах сэрии саҕаламмыт 1941 сылыгар уон сэттэ ыччаты механизатор идэтигэр уһуйбута.

«Кыым» хаһыат 1942 сыл кулун тутар 21 күнүнээҕи нүөмэригэр кини туһунан бу курдук суруллубут: «Роман Николаевич сэрии бириэмэтигэр уһулуччу наадалаах трактористар саҥа кадрдарын иитиигэ улахан кыһамньытын уурар. Былырыын кини биир ыйдаах Курска 17 киһини үөрэтэн таһаарбыта, быйыл 16 киһини үөрэтэр. Табаарыс Дьяконов — оборона фронун хаҥатыыга активнай көмөлөһөөччү. Бэйэтэ сэрии саҕаланыаҕыттан оборонаҕа сыл ахсын 2 күннээҕи хамнаһын биэрэр. Итини таһынан 1300 солкуобайдаах заем облигациятын уонна икки сүөһү тириитин биэрбит. Тааҥкалар оҥоһуллууларыгар 100 солкуобай харчыны суруттаран төлөөбүт. Учаастак механизатордара сайыҥҥы бириэмэҕэ 4859 гаа оннугар 5180 гаа сымнаҕас хорутууну оҥорбуттара. Ону таһынан 8663 килограмм уматыгы кэмчилээбиттэр».

Роман Николаевич төһө да уоттаах сэриигэ кыттыыны ылбатаҕын иһин, тыылга хаалан, күүстээх үлэни көрсүбүтэ, кыайыыны уһансыбыта. Ойууру солооһуҥҥа, кырыс сирдэри тиэриигэ, бааһына сирдэрин оҥорууга күүһүн-уоҕун харыстаммакка үлэлээбитэ. Маҥнайгы тыраахтардар фараларын уота суоҕа. Онон Арамааннаах түүҥҥү сменаҕа кутаа уот оттон сырдатыналлара. Үөһэ этэн аһарбытым курдук, элбэх уолу уонна кыыһы механизатор идэтигэр уһуйбута. Тоҥор-хатар, аччыктыыр да алдьархайын билбитэ.

Хомойуох иһин, чугас дьоно кини наҕараадаларын улуус музейыгар туттарбыттара, умайан хаалбыта. Кэлин сиэнэ Айталина Дьяконова Национальнай архыыбы эҥин хасыһан, эһээтин туһунан син балачча матырыйаалы муспута хайҕаныан эрэ сөптөөх.

Дьяконовтар дьиэ кэргэттэрэ Мүрү нэһилиэгин биир ытыктанар сис ыалынан, аймаҕынан буолаллар. Роман Николаевич олоҕун аргыһынаан Евдокия Васильевна Бурцевалыын алта оҕону (икки кыыс, түөрт уол) төрөппүттэрэ. Уолаттара амарах аҕаларын туйаҕын хатараннар, механизатор идэтин талбыттара. Төрөөбүт-үөскээбит улуустара үүнэрин-сайдарын туһугар үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ-хамсаабыттара.

Роман Николаевич бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран, тиэргэнигэр мас олордуутунан дьарыктаммыта. Ол курдук, хатыҥ, харыйа, үөт, о.д.а. мастары оччотооҕуга олорпута, билигин ситэн-силигилээн аҕай тураллар, кэлэн-баран иһээччи хараҕын үөрдүөхтэрин үөрдэллэр.

Людмила НОГОВИЦЫНА

 

Уважаемые читатели!

  1. Покупая электронную версию Издания, вы осознаете, что покупаете ее исключительно для личного (семейного) пользования. Перепродажа или любая другая передача купленного вами номера газеты третьим лицам запрещается и может преследоваться по закону.
  2. Обязанности продавца, в качестве которого выступает Издание, считаются выполненными с момента отправки Покупателю ссылка на скачивание купленного и оплаченного им номера газеты.
  3. Стоимость газеты в розницу 30 руб.

ВАЖНО! Иногда, по независящим от Издания причинам, спам-фильтры Покупателя перебрасывают письмо с заказанной вами ссылкой в папку «Спам». Поэтому если вы не получили от нас автоматически сгенерированного письма со ссылкой, для начала проверьте папку «Спам». Если его нет и там — обращайтесь в нашу редакцию.

Поделиться