916
12 апреля 2019 в 17:05
«Бэҕэһээҥҥи, бүгүҥҥү, кэлэр кэм быстыбакка силбэһэн, сиэттиһэн сылдьыахтаах»
Ытык Таатта сирэ атын улуустартан сүрүн уратыта: улуу суруйааччылар уутуйан үөскээбит алаастарын, сиэрдэрин-туомнарын, айымньыларын, духуобунастарын олус харыстаан, бүөбэйдээн илдьэ кэлбиттэригэр сытар. Биир улууска ону кэрэһэлиир 75 мусуойдар, өйдөбүнньүктэр, араас пааматынньыктар бааллара, ону харахтарын харатын курдук харыстаан, бүөбэйдэһэн илдьэ кэлбиттэрэ улахан ытыктабылы үөскэтэр.
Куораттан айаннаан истэххинэ айан суолун батыһа Олоҥхоһут пааматынньыгыттан саҕалаан улуус историятын кэрэһэлиир монуменнар, өйдөбүнньүктэр, улуу суруйааччылар, улахан уустар, худуоһунньуктар улааппыт-үөскээбит алаастара, олорбут балаҕаннара, ааҕар дьиэлэрэ, былыргы охсуу ампаардара, таҥара дьиэлэрэ, мусуойдара барыта улуус ураты тыынын, дириҥ силиһин-мутугун көрдөрөллөр.
«Оҕо куйуурдуу турара», «Оҕустаах Улуу Хоро», «Кээрэкээн ойуун», «Көтөрдөр мунньахтара», «Дьулуруйар Ньургун Боотур» пааматынньыктара, сүүстэн тахса сыллааҕыта биир тоһоҕото суох тутуллубут Николаевскай таҥара дьиэтэ, репрессия сиэртибэлэригэр, бэл механизатордарга анаммыт сквер бу улуус улуу суруйааччыларыгар эрэ буолбакка, норуот номоҕо буолбут дьонноругар, ойууннарыгар эмиэ ытыктабыллаах сыһыаннааҕын туоһулууллар. Кээрэкээн ойуун туһунан Чөркөөх музейын директора Н.Е.Попов кэпсээбитин санаан кэллим: ойууннар былыр норуоттарын араҥаччылыыр, көмүскүүр, эмтиир, түмэр сүдү духуобунай күүс, бөлүһүөк буолаллара билигин да ситэ үөрэтиллэ, арылла илик. Хас улуус ахсын кинилэр тустарынан номохтору хомуйан, ааттарын сөргүтэн, үөрэтэн кэлэр көлүөнэҕэ хаалларарга суруйар идэлээх дьон ылсыҥ, хойутаары гынныбыт диэн бэйэтин санаатын тиэрдибитэ. Кини кэпсииринэн, 1836 сыллаахха Боотуруускай улууһугар 164 ойуун уонна 186 удаҕан баар буола сылдьыбыттар. Олортон дьиҥ олоххо баар буола сылдьыбыт Кээрэкээн ойуун туһунан үһүйээни Өксөкүлээх Өлөксөй суруйбут. Онно кини сырдык, ыллыктаах санаалаах ойуун буолара итэҕэтиилээхтик ойууланар.
Бу улуу суруйааччылар, биллэр уустар түөлбэлээн үөскээбит кырдьаҕас сирдэрэ биирдэ сырыттыҥ да киһини тардар дьикти эйгэлээх, ураты куттаах-сүрдээх, историята дириҥ силистээх-мутуктаах. «Таатта» хаһыат 80 сыллаах үбүлүөйүгэр ыҥырыллан Таатта ытык сиригэр үһүс төгүлүн аттанным.
Хаһыат — үйэлээх өйдөбүнньүк
Оройуон хаһыата — улуус олоҕун сиэркилэтэ, оройуон историятын, олоҕун-дьаһаҕын кытта ыкса сибээстээх.
Бу 80 сыл устата «Коммунист», кэлин «Таатта» хаһыат дьон олоҕун-дьаһаҕын, үөрүүтүн-хомолтотун, 1939 сылтан саҕалаан репрессия ыар тыынын, холкуостааһын уустук сылларын, сэрии кэмин сут-кураан дьылларын, «Барыта Кыайыы туһугар!» хам аччык дьон үлэҕэ күүрээнин, Улуу Кыайыы харах уулаах өрөгөй үөрүүтүн, бастакы пятилетка күүрээннээх сылларын, дьиҥ үлэ дьонун чиэстээһини, коммунизм суолунан үлэҕэ көҕүлээһин түмсүүлээх кэмнэрин, дьон-сэргэ олоххо дьулуурун, оройуон сайдар тосхоллорун, уларыта тутуу уустук сылларын, саҥа кэм саҕахтарын сырдатан күн бүгүҥҥэ дылы тиийэн кэллэҕэ. Саһарбыт хаартыскалар, суураллыбыт буукубалар, тиһиллибит сыыппаралар билигин да улуу суруйааччылар кэс тылларын, урукку кэм тыынын, духуобунаһын илдьэ сылдьарга, оргууй сипсийэн кэпсииргэ дылылар…
Суруллубут суоруллубат, ханнык баҕарар хаһыат — история кэрэһитэ. Уруккутун умнар норуот кэскилин сарбынар дииллэр. «Таатта» хаһыат үлэһиттэрэ редактордара Анна Посельская салалтатынан хаһыаты таһааралларын таһынан, сыллата талааннаах дьоннорун тустарынан дириҥ ис хоһоонноох кинигэлэри, улуу суруйааччыларын айымньыларын чинчийэр, тэнитэр сүҥкэн үлэни ыыталлар. Хас биирдии кинигэни редакцияларын эргэ дьиэтигэр бука бары саба түһэн илиилэринэн тигэн, килиэйдээн оҥороллор. Кинилэр улуустарын историятын, духуобунаһын, улуу дьоннорун «эрдэ турбут сэһэннэрин, хойут кэлбит хоһооннорун» киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга, үйэтитиигэ сүрдээх улахан үлэни ыыталлар. Биир дьоһун үлэлэрэ – Былатыан Ойуунускай 125 сылыгар анаммыт хоһооннорун хомуурунньуктарын таһаарыылара буолар. Бу кинигэҕэ 140 хоһоон уонна ыстатыйа киирбит. Бу кинигэҕэ урут ханна да бэчээттэммэтэх, Былатыан Ойуунускай түрмэҕэ сору-муҥу көрө сытар кэмигэр Гаврил Елисеев (Елисей Пророк) суруйбут хоһооно киирбит. «Таатта ытык дьоно», «Олоҕу хамнатар дьон» диэн сиэрийэлэринэн улуус ытык дьонун-сэргэтин үйэтитэр үлэни ыыталлар. Билигин Михаил Чашкин туһунан матырыйааллары хомуйаллар.
Хаһыат үлэһиттэрэ бу үбүлүөйдэрин Сомоҕолоһуу сылыгар, Өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарын сойууһа төрүттэммитэ 60 сылыгар уонна Тааттаҕа туризм сыла биллэриллибитигэр туһулаан ыыттылар.
Муҥха философията
«Таатта» хаһыат 80 сылыгар анаммыт үбүлүөй тэрээһинэ Чөркөөхтөн – Былатыан Ойуунускай төрөөбүт-үөскээбит алааһыттан саҕаланна. Улуу суруйааччы оҕо сааһа ааспыт Халамнаайы күөлүн кытылыгар куйуурдуу турар уолчаан өйдөбүнньүк бэлиэтэ өлбөт-сүппэт тыыннаах айымньытын үйэтитэн билигин да долгутар, харааһыннарар. Дууһаҕар оҕо сылдьан уйадыйа ааҕар хоһооммут кутуллан, урукку кэми санатан аһыныгас буолуу, гуманизм сырдык тыынын уһугуннаран улуу суруйааччы ааспыт үйэ саҥатыттан ыыппыт сырдык илдьитин сөргүтэргэ дылы. Суруйааччы кыратыгар аҕата оһолго өлөн, эрэйи эҥэринэн тэлэн улааппыта, сырдыкка, үөрэххэ тардыһыытын күүһэ куйуурдуу турар оҕо хараҕар билигин да көстөргө дылы…
Эбэкээм, үтэлээ – үөрэхтэн
матарым бу кэллэ
Ааттаһар ахсааннаах,
көрдөһөр күттүөннээх…
Чөркөөхтөр саары этэрбэстээх хатыҥыр уолчааны аҕалан былыргы куйуурунан урукку кэми санатар инсценировка оҥорбуттарын сэргээн көрдүбүт. Чөркөөх олохтооҕо Василий Гаврильевич куйууру көрдөрөн манныгы кэпсээтэ:
— Биһиги — таатталар Кээрэкээн ойуунтан төрүттээх дьоммут. Кини манна олохсуйа кэлэригэр улахан кыл муҥхалаах эбит. Ол иһин кинини Муҥхалаах Кээрэкээн диэн ааттаабыттар. Саха норуотун сукка-курааҥҥа, сэрии сылларыгар тыыннаах хааларыгар өллөйдөөбүт собо барахсан буолар. Куйуурдааһын диэн биһиэхэ — саха норуотугар эрэ баара буолуо. Бу курдук халыҥ мууһу алларан күөл түгэҕиттэн күөх боллох бэрсэрин өллөнөн олорор атын омук, арааһа, суоҕа буолуо. Улахан сылгы кутуругуттан биир куйуур тахсар. Былыр өбүгэлэрбит өссө сылгы сиэлинэн муҥха оҥороллор этэ. Ол муҥханы биир киһи үс-түөрт сыл устата сиэлинэн өрөн оҥорор эбит, дьэ ол муҥхалаах киһи бүтүн нэһилиэги аһатар. Былыргы сахаларга собо эт кэнниттэн иккис сүрүн аһылыктара буолара.
Чөркөөхтөр куйууртан ылбыт соболорун тутатына собо миинэ буһаран, быыппах кутан ыалдьыттары күндүлээтилэр.
«Оҕо куйуурдуу турара» хамсааһын тарҕаннар
Тааттаҕа меценатство курдук билигин умнуллан эрэр үтүө хамсааһын күүскэ тэнийбитэ улуус дьоно-сэргэтэ киэҥ-дириҥ санаалааҕын туоһулуур. Чөркөөххө «Оҕо куйуурдуу турара» диэн бырайыак үлэлиир эбит. Чөркөөхтөн төрүттээх медицина наукатын доктора Е.Е.Борисов бу бырайыага – кыаммат-түгэммэт ыаллар оҕолорун үөрэттэрэр уонна үлэнэн хааччыйар сыаллаах-соруктаах. Кини бу бырайыакка тус үбүн – 2 мөл. харчыны укпута саха дьиҥ интеллигенцията биирдиилээн дьонунан, гуманизмы өрө тутар сырдык санаатынан бүгүҥҥү хаҕыс үйэҕэ кытта салҕанарын туоһулуур уонна үөрдэр. Бу олох-дьаһах ыараабыт кэмигэр үп-харчы кырыымчык, кыаммат дьонноругар, кырдьык, оҕону үөрэттэрии, атаҕар туруоруу олус уустугурда. Улуу Ойуунускай «Оҕо куйуурдуу турара» өлбөт-сүппэт айымньыта аныгы кэми кытта ситимнээн билиҥҥээҥҥэ диэри дьон сүрэҕэр аһымал санааны үөскэтэн маннык үтүө санаа хамсааһынын тэнитэ турара – бу биир дойдулаахтарын холобур буолар дьиҥ патриоттуу, чопчу дьыаланан кэриэстэбилэ буолар.
Маны таһынан Баайаҕа нэһилиэгин аҕалара сүбэлэһэн бараннар «Баай аҕа» диэн хамсааһын тэрийэннэр эмиэ кыттыһан, фонда арыйаннар (манна Баайаҕаттан төрүттээх дьон бары киирэллэр) бэйэлэрин ыччаттарыгар көмөлөһөн үлэ миэстэтэ таһаараннар, атахтарыгар туралларыгар өйүүллэр, көмөлөһөллөр. Өссө «Эбээ, эһээ лааҕыра» баарын кэпсээтилэр. Манна саастаах дьон – кэргэнниилэр лааҕыр арыйаннар эмиэ кыаммат оҕолору үлэҕэ-хамнаска уһуйан, аһатан-сиэтэн сырытыннараллар эбит. Биллэр ырыаһыт Герман Хатылаев төрөөбүт-үөскээбит тэлгэһэтигэр талааннаах оҕолору уһуйар, үөрэтэр киини арыйбыта эмиэ уос номоҕо буолан киэн тутта кэпсэнэр. Хас биирдии нэһилиэк тутуһан илдьэ кэлбит үгэһинэн, бастатан туран, инники кэскилин оҥосторо, кэнчээри ыччатын сайыннарара, үөрэххэ алҕаан көтүтэрэ – онтон ордук махталлаах туох баар буолуой? Маннык үтүө холобурдар хас улуус, хас биирдии нэһилиэк ахсын тарҕаналлара буоллар төһөлөөх оҕо, ыччат дьылҕата кэскиллэниэ этэй?
Кэриэһим – кэннибэр хааларым
Салгыы улуус киинигэр Ытык Күөлгэ Ойуунускайга, Өксөкүлээххэ анаммыт сквердарга оскуола үөрэнээччилэрэ улуу өбүгэлэрин айымньыларын харахтарын уота умайан, өрө күүрүүлээхтик аахпыттара удьуор ситимэ салҕанарын, суруйааччы этэн хаалларбыт тыллара тыыннааҕын туоһулуурга дылылар:
Кэриэһим — кэннибэр хааларым,
Кэхтибэт кэрэкэ тылларым…
Улуус баһылыгын солбуйааччыта Изабелла Сивцева хаһыат үбүлүөйүн тэрээһинэ саха тылын, литературатын, сахалыы тыллаах хаһыаты төрүттээбит бастакы интеллигенция — улуу суруйааччылар түөлбэлэриттэн саҕаламмыта мээнэҕэ буолбатах. Хаһыат историята улуус олоҕун кытта ыкса ситимнээх диэн кэпсээтэ. Сибээс уонна информатизация миниистирин солбуйааччыта Чокуур Гаврильев хаһыат үбүлүөйүгэр өрөспүүбүлүкэ үгүс суруналыыстара кэлэн маннык дириҥ силистээх-мутуктаах тэрээһиҥҥэ кыттыылара хаһыат үбүлүөйүн эрэ сырдатыы буолбакка, улуус олоҕун көрүү-истии, улуу суруйааччылар ытык түөлбэлэригэр сылдьан духуобунай өйү-санааны тарҕатыы буолар диэн этиннэ.
Норуот депутата Михаил Гуляев эппитинэн, бу тэрээһин улуу суруйааччыларга сүгүрүйүүттэн, кинилэр айымньыларын сырдатыыттан саҕаламмыта дириҥ ис хоһоонноох. Бу ыччаты дойдуну таптыырга, духуобунай өйгө-санааҕа иитиигэ, историяларын үөрэтэллэригэр, көлүөнэлэр ситимнэрин салгыылларыгар олус улахан суолталаах диэн эттэ. Биллэр тустуук Павел Пинигин улуу суруйааччылар айымньыларыгар улааппытын, Таатта хаһыата инникигэ сирдиир оруола улаханын кэпсээтэ. Кини Тааттаҕа эрдэ кэлэн, Баайаҕаҕа олус ытыктыыр, сүгүрүйэр киһитигэр Мандар Ууска сылдьан, хонон-өрөөн, сэһэргэһэн, кини музейыгар сылдьан сөҕөн-махтайан кэлбитин кэпсээтэ. Кини ытык суолталаах туос ураһата быйыл сайын бүтэн турарыгар күүс-көмө буолуохпут, доруобуйатын туруга тубустун, норуотун түмэр, сүрүннүүр оруола тэнийэ туруохтун диэн баҕа санаатын тиэртэ.
Үйэлэри уҥуордаабыт ытык илдьит
Бу кэнниттэн Алексей Кулаковскай пааматынньыгар тиийэммит сибэкки дьөрбөтүн уурдубут. А.Е.Кулаковскай — Өксөкүлээх олоҕо, этнограф, чинчийээччи быһыытынан сылдьыбыт киэҥ сырыыта, кини айымньылара – билигин да ситэ үөрэтиллэ, чинчийиллэ иликтэр дии саныыбын. Икки үйэ кирбиитигэр үөскээн-олорон ааспыт сүдү суруйааччы олох бары көстүүлэрин олус дириҥник үөрэтэн, сыаналаан «Ойуун түүлэ» поэматыгар кини айымньыларын чыпчаала буолан аан дойдуну анааран көрүүтэ, сэрии алдьархайдарын ырытыыта, сир-уот алдьаныытын, сайдыыны кытта тэҥҥэ сир баайын былдьаһыытыгар кыра омук үтүрүйүллүүтүн, киһи киһиэхэ сыһыанын барытын үрүҥ ойуун уобараһынан арыйан көрдөрүүтэ – биһиэхэ барыбытыгар үйэлэри уҥуордаан кэлбит ытык этиитэ, сэрэтиитэ буолар. Бу поэма дириҥ ис хоһоонунан, инникини өтө көрүүтүнэн аан дойду таһымыгар икки атахтааҕы барытын сэрэтэр, анаарар сүдү күүстээх. Ону быһаарар, сэриини, аймалҕаны, айылҕа кэхтиитин тохтотор кини ыйбыт кистэлэҥ күлүүһүн — эдэр дьон бүгүҥҥү олоххо тэҥнии тутан, үөрэтэн, чинчийэн эйэни, сырдыгы түстүүр халҕаны арыйан саҥа олоххо эрэллээхтик үктэннэллэр…
Өксөкүлээх хоһооннорун ааҕа турар саҥа көлүөнэ эдэркээн уолаттар харахтарын уотун, ис тускуллара күүстээҕин көрөммүн бу ытык ситим хайаан да салҕаныа диэн эрэнэ санаатым. Мандар Уус эппитинии, «Бэҕэһээҥҥи, бүгүҥҥү, кэлэр кэм быстыбакка силбэһэн, сиэттиһэн сылдьыахтаах», оччоҕуна удьуор утума салҕанар.
Наталья Попова