671

08 октября 2019 в 10:28

Чаҕылхай киһи аатынан уулусса баар буолла

 


Саха дьоно биир киэн туттар улуу киһилэринэн Михаил Васильевич Мегежекскэй-Ксенофонтов буолар. Кини төрөөбүт дойдута ыраахтааҕы былааһыттан сэбиэскэй социалистическай тутулга киирэригэр оҥорбут кылаата улаханын төрөөбүт улууһун биир кэмҥэ Мэҥэдьэк улууһунан ааттыы сылдьыбыттара туоһулуур. Биһиги хаһыаппытыгар Михаил Васильевич Мегежекскэй төрөөбүт күнүн көрсө кини аймахтарын кытары кэпсэтэн матырыйаал таһаарыахпыт. Оттон бу бүгүн биир үтүө тэрээһини сырдатабыт.

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаа­рыстыбаннаһын күнүгэр Дьокуускай куорат кытыытыгар турар “Сатал” микрооройуон биир уулуссатыгар саха чулуу уолун Михаил Васильевич Мегежекскэй аатын иҥэрии сиэрэ-туома буолла.

Сылаас сардаҥаларынан килбиктик сылытар күннээх күһүҥҥү күн туран биэрдэ. “Сатал” микрооройуонун үөс өттүгэр баар, дьиэлэрэ саҥа тутуллан эрэр “Севернай” диэн кыбартаал бастакы уулуссата Михаил Васильевич Мегежекскэй аатын сүгэр буолла. Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев, Ньурба оройуонун баһылыгын солбуйааччы Анна Уларова, Михаил Мегежекскэй хаан-уруу аймахтара уонна биһиги, Ньурбаттан төрүттээх суруналыыстар, уопсастыбанньыктар, устудьуоннар бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ кытынныбыт.

Михаил Васильевич Мегежекскэй аймах дьоно бу түгэҥҥэ үөрүүлэрэ муҥура суох. Хос сиэн быраата Владимир Мегежекскэй таайын аатын үйэтитиигэ үлэлэспит дьоннорго улахан махталын тиэрдэн: “Мин ийэм, Бүлүү бөлөх улуустарга биллэр адвокат Октябрина Ильинична Мегежекская уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Антонина Григорьева, Ньурба улууһун салайааччыларын көҕүлээһиннэринэн Сахабыт сирин биир кэрэ сирин уулуссата Михаил Васильевич Мегежекскэй аатын ылла. “Сатал” микрооройуон “Севернай” диэн кыбартаала элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит кыбартаал буолар. Бу олус суолталаах бэлиэ түгэн. Михаил Васильевич элбэх дьиэ кэргэҥҥэ бэһис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аймахтар ааттарыттан өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махталбытын тиэрдэбин”, — диэн эҕэрдэ тыл эттэ.

Ол курдук, бу үөрүүлээх түгэни салайан ыытааччы эппитинэн, балаҕан ыйын 27 күнүгэр улуу дьоннорбутун ахтан ааһар ытык иэспит. Платон Ойуунускайы, Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, Степан Аржакову, Степан Васильевы кытары бииргэ Саха сиригэр Сэбиэскэй былаас олохтонорун турууласпыт Михаил Мегежекскэй уос номоҕор сылдьыахтаах. “Ырыа буолар алгыстаах дойдубут Мэҥэдьэк аар саарга аатырбыт ыччата, аргыардаах кэмнэри ааһаҥҥын, ааттанныҥ эн бүгүн норуокка, Мэҥэдьэк саарына Мэхээлэ мэҥэ аат буолаҕын эн биһиэхэ!” – диэн дорҕоонноохтук этиллибит тыллар ыраахха диэри эҥсиллэн иһилиннилэр.

Ил Түмэн вице-спикерэ Антонина Григорьева быраа­һынньыгынан эҕэрдэлээтэ уонна улуу киһи олоҕун суолун туһунан быһа тардан билиһиннэрдэ: “Куорат биир кэскиллээх «Севернай» диэн микрооройуонун уулуссатыгар тумус туттар биир дойдулаахпыт Мегежекскэй Михаил Васильевич аата иҥэриллиитэ биһигини олус үөрдэр. Кини Дьокуускайдааҕы семинарияҕа кэлин өрөспүүбүлүкэ салайааччылара буолан тахсыбыт Максим Аммосовы, Исидор Бараховы, Дора Жиркованы, Степан Васильевы, Былатыан Ойуунускайы, Степан Аржакову к???? ?????? ?????????.?ытта бииргэ үөрэммитэ. Емельян Ярославскай, Серго Орджоникидзе төрүттээбит «Первый шаг» диэн куруһуоктарын чилиэнэ буолбута. 1925 сыллаахха кини БСК(б)П уобаластааҕы хонтуруоллуур хамыыһыйатын эппиэттиир сэкирэтээринэн уонна үлэһит-бааһынай инспекциятын наркомунан талыллан ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Сахаттан бастакынан уобластааҕы хонтуруоллуур хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ уонна БСК(б)П КХХ чилиэнэ буолар. Үрдүк үөрэҕи Москваҕа бүтэрбитэ. Сталин репрессиятын сылларын кэнниттэн кинини «норуот өстөөҕө» диэн ааттаабыттара. Михаил Васильевич Мегежекскэй үтүө аата партия ХХ съеһин эрэ кэнниттэн чөлүгэр түһэриллибитэ. Михаил Васильевич уонна кини кэргэнэ Евдокия Гаврильевна Габышева төрөппүт кыыстара Изабелла аҕата өлөрүгэр биир эрэ сааһын туолбута. Изабелла Михайловна 1951 сыллаахха В.И. Ленин аатынан Москватааҕы педагогическай институту ситиһиилээхтик бүтэрбитэ, өр сыллар усталарыгар Педагогическай институкка уонна СГУ-га үлэлээбитэ. Кини саха оскуолатыгар нуучча тылын уонна литературатын үөрэтии салаатын тэрийбит дьонтон биирдэстэрэ уонна СГУ филологическай факультетын доцена буолар. Кэргэнинээн Москванан, Германиянан үлэлээбиттэрэ, олорбуттара. Михаил Васильевич сырдык олоҕун аймахтара, сиэн бырааттара, балтылара өйдүү-саныы сылдьаллар. Бүгүн манна кэлбит аймахтара Ксенофонтовтар, Мегежекскэйдэр, Малыкайцевтар, Габышевтар уонна Ивановтар удьуордара билигин 200-һү куоһардылар. Кинилэр сиэннэрэ, хос сиэннэрэ Саха сиригэр эрэ буолбакка, Россия атын уобаластарыгар, кыраайдарыгар, Клайпеда куоракка, Крымҥа, Харьковка норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Удьуордара биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай-политическай деятель Михаил Мегежекскэй аатын үйэтитиигэ элбэх үлэни ыыталлар. Билигин кини аатын төрөөбүт нэһилиэгин Бордоҥ (Маалыкай сэлиэнньэтэ) орто оскуолата сүгэр. Мин Ньурбаҕа Михаил Мегежекскэй аатынан уулуссаҕа улааппытым, биһиги көлүөнэ кыра эрдэхпититтэн кини аатыгар сүгүрүйэн, холобур оҥостон улааппыппыт. Бу уулуссаҕа улааппыт ыччаттартан билигин араас эйгэҕэ ситиһиилээхтик үлэлиир элбэх биллэр-көстөр дьон, учуонайдар үүнэн тахсыбыттар эбит. Салгыы даҕаны Михаил Мегежекскэй аатын үйэтитэргэ араас үлэлэр ыытыллаллар», — диэтэ.

Ил Түмэн сир сыһыаннаһыы­ларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев Саха сирин дьылҕатыгар сүдү суолталаах үлэни ыыппыт дьон ортотугар Ньурбаттан төрүттээх үгүс киһи баарын бэлиэтээтэ. «Сахабыт сирин сарсыҥҥытын салайсар бастыҥ ыччат үөскүү, тахса турдун. Кинилэр төрөөбүт улуустарын, өрөспүүбүлүкэлэрин ааттата, өрө тута сырыттыннар», — диэтэ.

Ньурба оройуонун баһы­лыгын солбуйааччы Анна Уларова бэйэтин эҕэрдэтигэр былы­рыын уопсастыбаннай деятель төрөөбүтэ 120 сы­лын бэлиэтээһин үрдүк таһым­наахтык ааспытын били­һиннэрдэ, аны 125 сыллаах үбүлүөйүн киэҥ далааһыннаахтык ыытыахпыт диэн эттэ. Манна эбии, «Сатал» микрооройуонун кэнниттэн кэлэр Дьокуускай куорат саҥа «Севернай» кыбартаалын уулуссатыгар Михаил Васильевич үтүө аатын иҥэриигэ үлэлэспит норуот депутаттарыгар Антонина Григорьеваҕа уонна Владимир Прокопьевка махтанна.

Судаарыстыбаннай сулууспа бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык кыр­дьаҕастарын Сүбэтин Президиумун чилиэнэ Эдуард Данилов аймаҕын туһунан олус истиҥник санаан ааста: “Серго Орджоникидзе, Емельян Ярославскай чаҕылхай үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ Михаил Мегежекскэй саа-саадах тутан Сахатын сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтоспута. Мин Михаил Васильевич кыыһа Изабелла Михайловналыын үлэлээн, «Бичик» национальнай кинигэ кыһатыгар тахсар «Республика чулуу дьоно» диэн сериянан кинигэ бэчээттэппитим. Ол кинигэбэр Мегежекскэй олоҕун суола сиһилии суруллар. Кини саамай улахан дуоһунастарга үлэлээбитэ, Платон Ойуунускай кэнниттэн Саха сирин киин ситэриилээх кэмитиэтигэр бэрэссэдээтэлинэн, үгүс судаарыстыбаннай партийнай хонтуруоллуур дуоһунастарга үлэлээбитэ. Баара-суоҕа 30 сааһыгар олохтон туораабыта. Мин кини сүдү аатын туһунан Бордоҥ нэһилиэгин талааннаах бэйээтин Яков Тыасытов хоһоонунан хоһуйуохпун баҕарабын:

 

Хараҥа хам ылбыт кэмигэр

Хараҥа балаҕан иһигэр

Көмүлүөк сандаара түспүтэ,

Уол оҕо күн сирин көрбүтэ.

Ол оҕо уончатын туолуута,

Мархатын биэрэгэр киирэрэ,

Уу күүһэ муустары үтүрүйэрин

Олуһун кэрэхсии көрөрө.

Эдэркээн эр бэрдэ ааттанан

Эриирдээх суоллары тэлбитэ,

Ол оҕо санаатын ситэрэн

Охсуһуу толоонун булбута.

Күүрүүлээх киирсиилээх күннэргэ

Чаҕыйар диэн тугун умнара,

Күн сирин көҥүлүн туһугар

Күүс-сыра эстэрин билбитэ.

Эрчимнээх дууһаҕын, сүрэххин

Көҥүлгэ эн толук биэрбитиҥ,

Эн сырдык сыдьаайдаах олоххун

Бар дьоҥҥор утары ууммутуҥ.

Бу бүгүн дьонноруҥ мустаммыт

Бараммат махталы этэбит,

Төрөөбүт эн төрүт сиргиттэн

Төннүбэт төлкөнү түстүүбүт!

 

Бу курдук Саха сирин суда­а­­рыстыбаннаһын күнүгэр олус кэскиллээх тэрээһин буолан ааста. Аны аҕыйах сылынан Михаил Васильевич Мегежекскэй аатынан уулусса оҕо дьоллоох күлүүтүнэн туолуоҕа, алаһа дьиэлэр дьэндэйиэхтэрэ. Бу буоллаҕа, киһи аата үйэлэргэ умнуллубата: кини чаҕылхай олоҕо, суобастаах үлэтэ, дойдутун туһугар сырата.

 

 

Сардаана КУЗЬМИНА

 

Парламент хаhыата № 39 (2086) Алтынньы 4 күнэ, 2019 сыл

Поделиться