588

22 октября 2019 в 11:09

“Далбар Хотун” сылаас холумтаныгар бигэнэн

 

Быйыл саас Саха Өрөспүүбүлүкэтин дьахталларга аналлаах бастакы сурунаала 25 сылын туолла. Бу үөрүүлээх даататын “Далбар Хотун” сурунаал күндү ааҕааччыларын уонна урукку кэмҥэ үлэлээбит коллегаларын кытары   алтынньы 11 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр «Далбар Хотун сылаас холумтаныгар» диэн дьоро түһүлгэҕэ бэлиэтээтэ.

 

Бырааһынньык олус истиҥ эйгэҕэ ыытылынна. Сыанаҕа сурунаал тахсыытыгар быһаччы сибээстээх дьон, бастакы редактордар, үлэлэспит суруналыыстар, билигин үлэлии сылдьар кэлэктиип остуол тула олорон ааспыт сылларын санаан аастылар, эҕэрдэлэри иһиттилэр, эстрада сулустарын ырыаларыгар бигэннилэр.

Ол курдук ыҥырыылаах ыалдьыттарынан оччолорго “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай редакторын солбуйааччы, сурунаал бастакы редактора, СӨ норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева, СӨ Президенин иһинэн дьиэ кэргэн, дьахталлар проблемаларыгар уонна демография бэлиитикэтигэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Анастасия Божедонова,  уруккута өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, билигин “Барҕарыы” фондатын дириэктэрэ Альбина Поисеева уонна сурунаал аатын толкуйдуурга сүбэтин биэрбит СӨ норуодунай суруйааччыта Семен Попов — Сэмэн Тумат,  ону сэргэ сурунаал бастакы нүөмэриттэн үлэлэспит бары көлүөнэ суруналыыстар: Изабелла Антипина, Татьяна Маркова, Галина Нельбисова, Айталина Никифорова, Лена Иванова, Сардаана Баснаева, Саргылана Данилова, Татьяна Обулахова, Айта Платонова, Ираида Попова, Софья Протодьяконова, Ольга Сергеева, Галина Полускина уо.д.а. буоллулар.

СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) аатыттан вице-спикер Антонина Григорьева эҕэрдэлээтэ. Кини “Далбар Хотун” сурунаалга араас кэмҥэ үлэлээн ааспыт суруналыыстарга истиҥ эҕэрдэ тылын эттэ. “Биһиги өрөспүүбүлүкэбит далбар хотуттарынан баай. Киэҥ нэлэмэн төрөөбүт сирбит араас муннугар холобур буолар төһөлөөх үчүгэй ыал ийэлэрэ, эбээлэрэ, хоһуун дьахталлар олороллоро буолуой? Кинилэр олохторун, үлэлэрин сырдатар үтүө сурунаал буолаҕыт. Үлэҕит, бырайыактаргыт салгыы даҕаны туһалаах, ситиһиилээх буоллуннар. Саха мааны дьахтарын уобараһын киэҥник тарҕата сылдьыҥ диэн баҕарабын”, — диэтэ уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруналыыстыкатын эйгэтигэр кылааттарын иһин Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччытын махтал суругун сурунаал үлэһитигэр Анна Павловаҕа, Ил Түмэн үөрэххэ, наукаҕа, култуураҕа, көрдөрөр-иһитин­нэрэр средстволарга  уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бочуоттаах грамотатын сурунаал корреспонденыгар Юлия Пестряковаҕа туттарда.

Бу дьоро киэһэни Анна Дьячковская, Юрий Баишев, Клавдия, Герман Хатылаевтар, Варя Ларионова — Ый кыыһа, Саарын, Байбал Сэмэнэп, Виталий Очиров, Константин Степанов, Людмила Акимова, Варя Аманатова  уо.д.а. истиҥ-иһирэх ырыалара, “Ситим” уонна “Алгыстаах доҕордоһуу” үҥкүү бөлөхтөрүн толоруулара киэргэттэ. “Далбар Хотун сылаас холумтаныттан” көрөөччүлэр астынан-дуоһуйан бардылар.

Сардаана КУЗЬМИНА

 

Уважаемые читатели!

  1. Покупая электронную версию Издания, вы осознаете, что покупаете ее исключительно для личного (семейного) пользования. Перепродажа или любая другая передача купленного вами номера газеты третьим лицам запрещается и может преследоваться по закону.
  2. Обязанности продавца, в качестве которого выступает Издание, считаются выполненными с момента отправки Покупателю ссылка на скачивание купленного и оплаченного им номера газеты.
  3. Стоимость газеты в розницу 30 руб.

ВАЖНО! Иногда, по независящим от Издания причинам, спам-фильтры Покупателя перебрасывают письмо с заказанной вами ссылкой в папку «Спам». Поэтому если вы не получили от нас автоматически сгенерированного письма со ссылкой, для начала проверьте папку «Спам». Если его нет и там — обращайтесь в нашу редакцию.

Поделиться