629

12 декабря 2019 в 21:18

Дурда-хахха буолар докумуоммут туһунан

 

1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр дойдубут сүрүн докумуона – Конституцията ылыныллыбыта.  Дойду Конституцията диэн тугуй? Бу – дойду олохтооҕун быраабын, көҥүлүн түстүүр уонна мэктиэлиир судаарыстыба сүрүн сокуона. Маны таһынан Конституция судаарыстыба тутулун, салайыы көрүҥүн, сирин-уотун тутулун уонна гербэтин, былааҕын, гимнин сүрүннүүр.

 

Конституция туһунан суолталаах чахчылар

◀ 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр норуот референдума буолбута, 58,2 мөл. дойду олохтооҕо РФ Конституциятын ылынарга сөбүлэспитэ. Кон­сти­туция тиэкиһин 3,5 сыл устата тыһыынчаттан тахса киһи бэлэмнээбитэ. Референдум буолуон биир ый иннинэ тиэкис барылыгар оччотооҕу Президент Борис Ельцин илии баттаабыта. Бу барыл судаарыстыбаннай хаһыаттарга бэчээттэммитэ, ол иһин дьон-сэргэ Конституция ис хоһоонун кытта билсэр кыахтаммыта. Референдум буолбут сылын эһиилигэр бу күнү сүрүн судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан официальнайдык биллэрбиттэрэ.

◀ ССРС Конституциятын 1936 сыллаахха ылыммыттара уонна 1977 сыллаахха диэри ахсынньы 5 күнүгэр бэлиэтэнэр этэ. 1977 сыллаахха, дойдуну Брежнев салайар кэмигэр, Конституцияны уларыппыттара уонна бэлиэтиир күнүнэн алтынньы 7 күнэ буолбута.

◀  РФ Конституцията киирии тылтан, икки разделтан уонна 9 бастан, 137 ыстатыйаттан уонна 9 параграфтан турар.  Конституция тиэкиһигэр атын  омук тылыттан киирбит бэлиитикэ өйдөбүлүн биэрэр тыллар суохтар. Холобур, “парламент”, “импичмент”, “сенатор” уо.д.а. тыллар.

◀  Конституцияны дойду Президенэ мэктиэлиир. Ол курдук Президент инаугурациятын тиэкиһэ Конституцияҕа сурулла сылдьар уонна дойду баһылыктара бу сиэргэ-туомҥа ананан оҥоһуллубут Конституция кинигэтигэр илиилэрин даҕайан туран андаҕайаллар.

◀  Кэнники сылларга РФ Конституциятыгар уларытыылар киирбиттэрэ. Онтон саамай суолталаах уларытыыларынан Президент салайар болдьоҕун улаатыннарыы – түөрт сылтан алта сылга диэри уһатыы уонна Крым, Севастополь РФ састаабыгар киирэллэрин туһунан буолбуттара.  Оттон 1991 сылтан 1992 сыл ахсынньытыгар диэри Конституцияҕа 400 көннөрүү киллэриллибит.

◀  Ахсынньы 12 күнэ өрөбүл күнүнэн буолар дуо? Конституцияны ылыммыт күнтэн 12 сыл устата ахсынньы 12 күнэ өрөбүл күнүнэн буолара. Онтон 2005 сылтан бу күнү үлэ күнүнэн биллэрбиттэрэ. 2004 сыллаахха 201№-дээх федеральнай сокуонунан бу даата судаарыстыбаннай бырааһынньыктар испииһэктэриттэн таһаарыллы­быт уонна судаарыстыба өйдөбүнньүк даататынан оҥор­буттар. Онон бу күн үлэ күнүнэн буолар.

◀  Конституция күнүгэр араас тэрээһиннэр дойду үрдүнэн буолаллар. Биир үтүө үгэһинэн 14 саастарын туолбут Арассыыйа олохтоохторугар пааспардарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарыы буолар.

◀  Конституция кинигэтин экземплярын иккитэ космоска  илдьэ сылдьыбыттар. 1999 сыллаахха “Мир” станцияҕа космонавт Сергей Авдеев юридическай үөрэххэ киирэригэр бэлэмнэнээри илдьэ барбыт. 2005 сыллаахха норуоттар икки ардыларынааҕы космическай станцияҕа (МКС) символ быһыытынан илдьэ барбыттар.


Уустук кэмҥэ судаарыстыбаҕа сомоҕолоһууну аҕалбыта

Ил Түмэн судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев:
— 1993 сыллаахха ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа Конституциятын барылын но­руот дьүүлүгэр таһаарбыттара, ылынабыт дуу, ылыммаппыт дуу диэн референдум ыыппыттара. Арассыыйа үрдүнэн дьон үксэ куоластаан Конституция ылыныллыбыта. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит туһунан этэр буоллахха, нэһилиэнньэ 70%-на куоластаабыта. Ол саҕана дойдубутугар общественнай-политическай балаһыанньа сүрдээх уустук этэ. Балачча элбэх киһи Конституция докумуонун утараллара. Ол да буоллар, правовой судаарыстыбаны тутар буоллахпытына, Төрүт сокуон баар буолуохтаах диэн санааны хас киһи долоҕойугар тохтоторо. Ол Төрүт сокуоммутугар олоҕураммыт са­ҥа Арассыыйабытын, саҥа сокуоннары оҥо­руохтаахпыт диэн өйдөөн дьон куолаһын биэрбитэ. Манна диэн эттэххэ, сорох субъектар референдуму ыыппатахтара, аккаастаммыттара, холобур, Чечня, Татарстан өрөспүүбүлүкэлэрэ.
Оттон Конституция биһиэхэ, дойду олох­тоохторугар туох туһалааҕый, тугу ситистибит диир буоллахха, бастатан туран, Арассыыйа судаарыстыбатыгар маҥнайгынан киһи уонна гражданин бырааба чопчуланан бу Конституцияҕа киирэн турар. Киһи бырааба уонна гражданин бырааба өрө тутуллуохтаах диэн. Иккиһинэн, биһиги судаа­рыстыбабыт федеративнай буоларын туоһулаабыта. Феде­ративнай туоһулааһыҥҥа бу былаас федеральнай кииҥҥэ уонна субъектарга үллэһиллэр, боломуочуйаларын холбоон үлэлииргэ диэн чуо­лаан Кон­ституция 71,72 ыстаты­йаларыгар суруллар. Үсүһүнэн, өрөс­пүүбү­лүкэлэр судаарыстыба бы­һыы­тынан РФ састаабыгар билинил­либиттэрэ, ол туһунан Консти­туцияҕа суруллар. Төрдүһүнэн, Арас­сыыйа сас­таа­быгар 21 национальнай өрөспүүбүлүкэ киирэр, олорго икки судаарыс­тыбаннай тыл баар буоларыгар көҥүл бэриллэн турар. Ол улахан кыайыы буолбута. Ол курдук, Арассыыйа ити саҕана сүрдээх ыарахан общественнай-политическай балаһыанньалаах олордоҕуна, дойдуну түмэр, сомоҕолуур уонна судаарыстыба буоларын ситиһэр докумуон – РФ Конституцията ылыныллыбыта. Бу туһунан дьон-сэргэ, ыччат билэрэ Конституция суолтатын дириҥник өйдүүрэ наадалаах.


Кэлэр кэнчээрилэрбит санаалара

Женя Тимофеева, 10 кылаас үөрэ­нээччитэ, С.Ф.Гоголев аатынан Хампа орто оскуолата, Бүлүү улууһа: «Бииртэн биир саҥа сокуон олоххо киирэн норуот туһугар үлэ, сайдыы күөстүү оргуйар. Дьон интэриэһин көмүскүүр, хаһаайыстыбаны тэнитэр, олоҕу, доруобуйаны тупсарар сыаллаах араас өрүттээх үлэ барар. Ахсаан өттүнэн саха норуота элбиирин туһугар үгүс өрүттээх көмө оҥоһуллар. Кэнчээри ыччат, оҕо аймах сайдарын туһугар билиҥҥи олоххо бары усулуобуйа тэрилиннэ дии саныыбын. Араас омуктары кытта тэҥҥэ күөн көрсөр, туруулаһар саха ыччата өйдүүн-санаалыын сайдан, билиигэ-көрүүгэ тардыһар кыахтанна.
Саха сирэ, норуота инникитин олох араас эйгэтигэр сокуон өттүнэн үгүс көмүскэллээх буолуута ирдэнэрэ өйдөнөр. Ол курдук, төрөөбүт тылбыт – саха тыла үчүгэй көмүскэллээх буолуон наада. Үйэттэн үйэҕэ бэриллэн кэлбит төрөөбүт тылбыт сүтэр, симэлийэр анала суох! Оҕону кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылыгар, төрөөбүт эйгэтигэр күүскэ иитиэххэ, уһуйуохха наада. Өрөспүүбүлүкэбит иһигэр тастан киирии дьоҥҥо төрөөбүт тылбытыгар сыһыаннаах саҥа ирдэбиллэри толкуйдуохха. Тыл баарын эрэ тухары – норуот баар!
Арассыыйа биир уһук муннугар Саха сиригэр олох бары эйгэтэ, хайысхата аныгы олохтон хаалбакка сайда туруо диэн эрэллээхпин. Ол курдук, туризм да эйгэтэ, аныгы технология да эйгэтэ, о.д.а., ол быыһыгар өбүгэ төрүт дьарыга умнуллуо суохтаах. Эдэр ыччат дойдубут, Сахабыт сирэ сайдарын туһугар сүрэҕин иминэн салайтаран, ситиһиилээхтик олоро сатыахтаах диэн санаабын этэбин».

Сардаана Безносова, 10 кылаас үөрэнээччитэ, Л.Н. Харитонов аатынан Маҕарас орто оскуолата, Горнай улууһа:
«Саха сирэ — мин дойдум. Урут-уруккаттан мин өбүгэлэрим төрөөн-ууһаан олорбут сирдэрэ. Онон мин төрөөбүт дойдубар, киһи буолан кэлбит сирбэр ытык иэстээхпин дии саныыбын. Билигин биһиги олохпутугар туох буола турарый? Сайдабыт, араас салааҕа уларыйыы киирэр. Олох сайдыытын батыһа биһиги, сахалар, иннибит диэки дьулуһан иһиэхтээхпит. Хас биирдии киһи сахатын билинэн туран норуотун туһугар кыһаллыахтаах. Кыра норуот өлөр-сүтэр биричиинэтэ элбэх: арыгы, табах, наркотик, айылҕаны харыстаабат буолуу, сиэри-туому кэһии, араас буруйу оҥоруу, бар дьону убаастаабат буолуу. Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит сайдарын туһугар саха дьоно бары биир сомоҕо буолан, күүскэ турунан иннибит диэки хардыылыахтаахпыт. Ол иһин сомоҕолоһуу диэн баар. Ол аата демократия дьиҥ сайдыыта. Ыччат, олох мөкү өттүн батыспат өйдөөх-санаалаах буоларга дьулус!».

 

Сардаана КУЗЬМИНА

Поделиться