627

09 августа 2019 в 10:03

Эбэҥки норуотун историятын кэпсиир

Эдьигээн эбэҥкилэрин туһунан кинигэ таҕыста

Саха сирин киэҥ дуолугар үгүс омуктар ыаллаһан олороллор. Хас биирдиибит хатыламмат историялаах, култууралаах, үгэстэрдээх. Ол курдук, атырдьах ыйын бастакы күннэригэр Дьокуускайга буолбут регионнар икки ардыларынааҕы “Аюкта” эбэҥки фольклорун фестивала, ыччат Сугулаана уонна да атын Аан дойду Хоту сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын күнүн иһинэн араас тэрээһиннэр буоллулар.

Биир оннук үтүө түгэнинэн “Эдигэн сирин эбэҥкилэрин култуурунай үгэстэрэ” (“Культурные традиции эвенков земли Эдиген”) диэн кинигэ Национальнай библиотека историятын саалатыгар сүрэхтэннэ.

Кинигэ “Аюкта” эбэҥки фолклорун фестивалын чэрчитинэн Эдьигээн оройуонун “Синкэн” диэн коммерческайа суох уопсастыбаннай тэрилтэ өйөбүлүнэн тахсыбыт. Уопсастыбаннай тэрилтэ 2019 сыллаахха Арктика министиэристибэтин гранын сүүйбүт. Кинигэ ааптардарынан Ирина Алексеена Бурцева уонна Павел Николаевич Дьяконов буолаллар. Кинигэни билиһиннэрээччи бэлиэтээбитинэн, ааптардар Эдьигээҥҥэ олороллор, таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар. Маны таһынан кинигэ тахсарыгар филологическай наука кандидата Мария Петровна Дьяконова улахан өҥөлөөх, кинигэни Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай музей дириэктэрин солбуйааччы Нина Николаевна Иванова таһааттарбыт.

 

Эбэҥки норуотун туһунан сиһилии

 

“Эдигэн сирин эбэҥкилэрин култуурунай үгэстэрэ”  кинигэни кытта билсэ олус элбэх киһи кэлбит, саала иһэ толору. Билиһиннэрэллэригэр иһитин­нэрбиттэринэн, кинигэ сыл устата истиҥ сыһыанынан таҥыллан, суруллан оҥоһуллубут. Бу дьоһун таһаарыы туох соруктаах оҥоһуллубута биллэр – Эдьигээн эбэҥкилэрин хатыламмат историяларын уонна култуураларын  сөргүтэн көрдөрүү буолар.

Ол курдук кинигэ ис хоһоо­нугар тохтуур буоллахха, бу  — эбэҥки норуотун култуура­тын уонна үгэстэрин кэпсиир научнай-практическай таһаарыы. Кинигэҕэ болҕомто “Бакалдын” эбэҥки национальнай бырааһынньыгар, “Аюкта” фестивальга ууруллар. Бэчээт таһаарыыта 11 бастан турар, хас биирдии бас эбэҥки норуотун туһунан  — туттар малын-салын, үгэстэрин, култуураларын туһунан сиһилии кэпсиир. Холобур, итэҕэллэрин, хаһаайыстыбаннай малларын-салларын, дьиэлэрин-уоттарын, таҥастарын-саптарын, фольклордарын, муусука инструменнарын уонна да атын туһунан кэпсэнэр.

 

 

Ыспыраапка

Аан дойду аҕыйах ахсааннаах төрүт олохтоохторун күнэ сылын ахсын атырдьах ыйын 9 күнүгэр бэлиэтэнэрин туһунан быһаарыы 1994 сыллаахха ахсынньы 23 күнүгэр Холбоһуктаах Нациялар Тэрилтэлэрин генеральнай ассамблеятын мунньаҕар ылыныллыбыт. Бу күн аан дойдуга араас омуктар култуураларын уонна үгэстэрин сөргүтэр тэрээһиннэр буолаллар. Быйыл Саха сиригэр Сомоҕолоһуу сылынан уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын ассоциациятын 30 сылыгар, Төрүт норуоттар тылларын сылыгар анаан ыытыллар. Санатар буоллахха, Саха сиригэр “Аюкта” регионнар икки ардыларынааҕы эбэҥкилэр фольклордарын фестивала иккиһин ыытыллар. 2017 сыллаахха аан бастаан буолбут. Быйыл ыытыллыбыт фестиваль Эдьигээн оройуона “национальнай” статуһу ылбыта 10 сылыгар ананна. Дойду 5 регионуттан ыалдьыттар кэлбиттэр.

 

Истиҥ эҕэрдэ тыллар

 

Кинигэ сүрэхтэниитигэр элбэх киһи истиҥ тыллары эттэ. Кинигэ ааптардарыттан биирдэстэрэ Эдьигээн оройуонун култуураҕа салаатын начальнига Ирина Бурцева киирии тылыгар эттэ: “Биһиги оройуоммутугар эбэҥки култууратын уонна төрүт дьарыгын харыстыырга, сөргүтэргэ, сайыннарарга үлэ күүскэ ыытыллар. Ол эрээри ол үлэлэр систиэмэтэ суох бараллар, бэлиэтэммэттэр. Сорох матырыйааллар оройуоннааҕы библиотекаҕа, Эдьигээн историческай музейын фондатыгар харалла сыталлар. Биһиги култуурабыт, үгэспит туһунан чараас брошюралар эрэ бэчээттэнэн тахсыбыттара. Бастакы кинигэбит “Эдьигээн полярнай эргимтэтин оҕолоро уруһуйдууллар” диэн ааттаах, оттон бу соторутааҕыта киэн туттуубут, бу кинигэбит күн сирин көрдө. Биһиги сылы быһа бу кинигэҕэ учуонайдары, историктары кытары үлэлэспиппит, ол түмүгэр баай ис хоһоонноох Эдьигээн сирин эбэҥкилэрин туһунан дьоһун таһаарыы буолла”.

Кинигэ иккис рецензенэ, искусствоведение кандидата Парасковья Заболоцкая эмиэ бэйэтин санаатын эттэ: “Мин, бастатан туран, Эдьигээн оройуона тэтимнээхтик сайдан иһэр хотугу улуус буоларын бэлиэтиэм этэ. Үлэбинэн элбэхтэ сылдьан ыччат үөрэҕэр, култуурунай сайдыытыгар улахан болҕомто уурулларын, усулуобуйа оҥоһулларын көрбүтүм. Кинигэ туһунан этэр буоллахха, кини киэҥ эйгэҕэ туһалаах буолуоҕа – оскуола оҕотуттан саҕалаан култуура үлэһиттэригэр, педагогтарга, студеннарга тиийэ. Рецензент быһыытынан ааҕарбар олус элбэҕи биллим, интэриэһинэйи астым. Кинигэ ис хоһооно эбэҥки култууратын, үгэһин туһунан олус киэҥ өйдөбүлү биэрэр. Ааптар суруйуутугар улахан учуонай чинчийээччилэр үлэлэригэр сигэнэр. Өссө биир киһи кэрэхсииринэн оҕолор, учууталлар, музей үлэһиттэрэ  хонуу үлэтин, кырдьаҕас олохтоохтору кытта кэпсэтиилэрин түмүгүнэн суруйбут матырыйааллара киирбитэ буолар. Бу чинчийии кинигэни олус байытар”,  — диэтэ уонна мустан олорооччуларга “Бакалдын” эбэҥки бырааһынньыгын өрөспүүбүлүкэ хабааннаах быраа­һынньык оҥорорго этиини көтөҕөр наадалааҕын эттэ.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр дьоһун этиини учуонай, уопсастыбанньык Ульяна Винокурова оҥордо. Кини кинигэ өссө кумааҕыга тахса илигинэ, электроннай көрүҥҥэ сырыттаҕына аахпыт. “Эдьигээҥҥэ үлэһит, сайдыылаах дьон олорорун бэлиэтиибин, кинилэр бэйэлэрин түөрт нэһилиэктэрин туһунан кинигэ таһаарбыттара. Эдьигээн эбэҥки национальнай оройуонун энтузиастарыгар улахан махталбын биллэрэбин. Бу кинигэ өрөспүүбүлүкэҕэ олорор норуоттар култуураларын киэҥник биллэриэҕэ, бу олус суолталаах дии саныыбын. Маны таһынан кинигэни эбэҥки култууратын ис-иһиттэн билэр, тарҕатар дьон оҥорон таһаарбыттара олус үчүгэй. Ол аата бу кинигэ дириҥ суолталаах буолара саарбахтаммат. Онон Эдьигээн эбэҥкилэрин уопсай омук сайдыытыгар кылааттара улахан диэн бэлиэтиэм этэ”,  — диэн Ульяна Алексеевна олус долгуйан туран тыл эттэ.

Бу курдук “Эдигэн сирин эбэҥкилэрин култуурунай үгэс­тэрэ”  кинигэ сүрэхтэниитэ олус истиҥ эйгэҕэ ааста. Дьоро түгэни Бэстээх нэһилиэгин оскуолатын “Нагдачан” ансаамбыла, эдэр ырыаһыт Варвара Иванова ырыа­ларынан киэргэттилэр.

 

Сардаана КУЗЬМИНА

 

Поделиться