681
28 июня 2019 в 14:22
Кустуктар куустуннар алааспын
Саха норуодунай поэта Иван Мигалкин айымньыларынан оҕолорго аналлаах поэзия дьоро күнүттэн
Бэс ыйын 12 күнүгэр Уус-Алдаҥҥа биир бэлиэ литературнай тэрээһиҥҥэ сылдьан кэллибит. Бу күн Хоро нэһилиэгин Чараҥар саха норуодунай поэта Иван Мигалкин айар үлэтигэр аналлааах поэзия дьоро түһүлгэтэ улуус Василий Андреевич Протодьяконов – Кулантай аатынан литературнай музей-комплексыгар ыытылынна. Тэрээһин поэт быйыл 65 сааһын туолуутугар ананан, литературнай куонкурус чэрчитинэн барда. Тэрийээччинэн музей-комплекса, Уус-Алдан улууһун дьаһалтата буоллулар.
«Кустуктар куустуннар алааспын» диэн поэт хоһоонугар ханыылыы, бу күн бэйэтэ да сайыны уруйдуу көрсөрдүү – санаабытын поэзия ситимнии куустарда. Уус-Алдан киинэ Бороҕонтон, атын да нэһилиэктэриттэн дьыссаат оҕолоруттан саҕалаан, 80-наах кырдьаҕастарга тиийэ мустаннар, тэрээһин поэт хоһооннорун ааҕыынан, импровизацияларынан, дьүһүйүүлэринэн, ырыаларынан доҕуһуолланна. Аны поэт бэйэтинэн, өссө Дьокуускайтан ыалдьыттардаах кэлэн, кырдьыга да, бары өрө көтөҕүллэн кытынныбыт. Дьокуускайтан бэлиэ күҥҥэ ыалдьыттыы кэлбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрин, ааҕааччы киэҥ араҥатыгар биллэр, өрөспүүбүлүкэ общественнай олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар дьоһун дьону билиһиннэрдэххэ – Михаил Семенович Санников, Евдокия Семеновна Иринцеева – Огдо, Галина Алексеевна Фролова, Галина Ивановна Иванова – Айтыына Уран бары туспа айар суоллаах-иистээх суруйар дьон.
Үгэс курдук, тэрээһин саҕаланыытыгар да, куонкурус түмүгүн таһаарыыга да тэрийээччилэр – музей-комплекс салайааччыта Зоя Васильевна Мигалкина, Уус-Алдан улууһун баһылыгын солбуйааччыта Михаил Васильевич Борисов, Уус-Алдан улууһун культураҕа управлениетын начальнига Вера Семеновна Павлова уо.д.а. сүрүннүүр санааларын сайа этэн, Иван Васильевичка, кини айар үлэтигэр сүгүрүйэллэрин биллэрэн, махтал үтүө тылларын анаатылар. Холобурдаан эттэххэ, быйыл «Кэскил» оҕо издательствотын тэрийиитинэн өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай викторина-куонкуруска 24 боппуруостаах күрэххэ 82 оҕо кыттыбыт, кыайыылаахтары наҕараадалаабыттар. Уус-Алдан улууһун киин библиотекатын ситимин оҕо литературатыгар салаата тэрийэн ыыппыт интерактивнай ааҕыы куонкуруһугар эмиэ үгүс улуустан элбэх дьон кыттыбыт. Онно кыайыылаахтарынан Уус-Алдан Курбуһаҕыттан Барашковтар, Тумултан Черкашиннар, Чурапчыттан Листиковтар дьиэ кэргэттэрэ биллэриллибиттэр, Мындаабаттан Бочкаревтар, Готовцевтар биһирэммиттэр. Аны туран, поэт айымньыларынан остуол оонньууларын куонкуруһугар кыттааччылартан Уус-Алдантан Местниковтар, Семеновтар, Бояровтар, Заровняевтар, Бурцевтар дьиэ кэргэттэрин үлэлэрэ хайҕабылы ылбыттар. Маны тоҕо бэлиэтиигин диир буоллахха, быйыл поэт олоҕун бэлиэ дататыгар ситимнээн араас хабааннаах анал тэрээһиннэр ыытыллан, Чараҥҥа бастакы түһүмэҕи түмүктүүр түгэн буолла диэн көрдүм.
Аны салгыы, быйыл сайын, күһүн үбүлүөйү кытта сибээстээх иккис түһүмэх былааҥҥа турар. Бу ааспыт кыһын, саас Иван Васильевичка айар үлэтинэн бэрт үгүс түбүктээх, айан аргыстаах түгэннэр аастылар. Ыраах Анаабыртан саҕалаан, ортолуу Ньурбанан эргийэн, чугастыы Мэҥэнэн, Намынан сылдьан ааҕааччыларын кытта көрүстэ, элбэх тэрээһиннэргэ да кытынна. Поэт бэйэтэ билинэринэн, 13 сааһыттан хоһоону суруйууга холонон, поэзия умсулҕаннаах суолугар үктэммит. Билигин 51-с кинигэтэ тахсыбыт, ол эрэн, эдэр сааһыгар хас да кинигэтэ тахсан баран, 27 сыл устата бэчээттэммэтэх. Кини: “Сахам ааҕааччытыгар 30-40 сыл хойутаан кэллим. Айар, суруйар былааным элбэх. Суруйааччы үлэтэ ыарахан, олоҕо уустук. Сорох дьон өйдөөбөт да буолуохтарын сөп. Алтыспыт, ытыктыыр, билигин суох суруйааччыларым Василий Саввин, Сергей Васильев, Василий Протодьяконов – Кулантай, Николай Босиков олохторун, айар үлэлэрин туһунан, кинилэр уустук, ол эрээри норуот туһугар анаммыт дьылҕаларын норуоппар тириэрдиэхтээхпин. Ханнык эрэ өрүтүнэн мин кинилэр олохторун салҕыыр, сиппэтэхтэрин ситэриэхтээх эппиэтинэстээхпин дии сананабын”, – диэбитин мустубут дьон поэт олоҕун соругун быһыытынан сөпкө өйдөөбүттэрэ буолуо.
Бу бэлиэ күҥҥэ норуодунай поэт айар үлэтин тэҥэ, олоҕун кэрчиктэрин кэпсиир быыстапканы сэҥээрэн көрдүм. Кэлбит дьон да бары үмүөрүһэ 5 түһүмэҕинэн – “Поэт норуотугар таптала”, “Олоҕу истиҥник туойан”, “Кэрэҕэ кынаттыыр поэзия”, “Коллекция”, “Ийэм, аҕам дьиэтиттэн” стендэлэри кэрэхсээтилэр. Хас биир экспонат поэт Бороҕоннооҕу оҕо сааһын, Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа, Москватааҕы үрдүкү литературнай институкка үөрэммит сылларын, дьиэ кэргэнин, айар үлэтин туһунан уонна араас сылларга нуучча, саха уо.д.а. омуктар биллиилээх суруйааччыларын, литератордарын кытта алтыспыт кэмнэрин саҥата суох ырылыччы кэпсиир курдуктар. Иван Васильевич оҕо эрдэҕиттэн билиҥҥигэ диэри сөбүлүүр дьарыга – коллекциятын быыстапката, кырдьыга да, элбэҕинэн, араас хайысхалааҕынан сөхтөрдө. Поэт бу күн ыалдьыттарга экспонаттар, кинигэлэр историяларын туһунан кэпсээбититтэн элбэх билбэтэхпин биллим, саҥаны арыйдым диэхпин сөп. Аны Иван Васильевич сөҥ, дорҕоонноох куолаһынан кэпсиирэ, тыла-өһө дьоҥҥо тиийимтиэтэ, ис киирбэҕэ, дьайар күүһэ улахана… Истэ олорон, 6 сыллааҕыта кини Эдьигээҥҥэ ааҕааччыларын кытта көрсүһүүлэрэ хайдахтаах курдук күргүөмнээхтик, интэриэһинэйдик ааспыттарын санаан кэллим.
“Кустуктар куустуннар алааспын” поэзия дьоро тэрээһинэ Кулантай музейын чараҥынан хаймыыламмыт киэҥ тусаһатыгар майгынныырдыы холку, сырдык араҥаччылаах, ол да буоллар, ити күн түспүт сиккиэр тыал сипсиэринии, биир күдьүс өрө көтүтэр тыыннаах барда. Сарсыардаттан оҕо-уруу мустан, сахалыы симэнэн, ыам лыаҕыныы туорахтана көтө-дайа сылдьаллара, хоһоон ааҕан чуопчаараллара Иван Мигалкин оҕо поэта буоларын бигэргэтэр курдуктар. Тэрээһин программатынан оҕолор ортолоругар поэт хоһооннорун ааҕыыга саастарынан арааран – дьыссаат, алын сүһүөх кылаастар, орто-улахан кылаастар диэн түһүмэхтэринэн куонкурус ыытылынна. Салгыы «Оһуор ойуу оҥоойук» видеоҕа устуу күрэҕин иккис түһүмэҕэ көрүүгэ турда. Элбэх оҕо кыттыбытыттан ордук чорботон бэлиэтээтилэр: дьыссааттарга Вера Готовцеваны, Сережа Васильевы; алын сүһүөх кылаастарга Алгыс Васильевы, Мичил Петухову, Диана Бурцеваны; орто-улахан кылаастарга Алина Лебедеваны, Мүрү орто оскуолатын 8 кылааһын уолаттарын, Лөгөйтөн Аня, Айгыына, Айыына Бурнашевалары уо.д.а. Ону таһынан импровизациялааһыҥҥа Тумултан 1-кы кылаас үөрэнээччилэрэ “Ийэ уонна Алаа Моҕус” туруоруулара, Чараҥтан “Кустук” бөлөх “Чараҥ суугуна” диэн дьүһүйүүлэрэ бэлиэтэннилэр.
Дьоро күн кэлбит, мустубут дьон, кэлэктииптэр Иван Мигалкин хоһооннорун доргуччу ааҕан, ыллаан, тыл этэн иһитиннэрдилэр. Интэриэһинэйэ диэн, манна эмиэ күрэхтээҕэ буолла. Онон сорохтор тутатына тахсан толордулар, атыттар эрдэттэн бэлэмнэнэн кэлбиттэр. Биир бэйэм маннык көрүҥнээх күрэҕи диэххэ дуу, толоруу да диэтэххэ сөп, сэҥээрдим. Ону көрөөччүлэр да, дьүүллүүр сүбэ да көрөн сыаналаатылар. Ол курдук, улуустааҕы кииннэммит библиотека кэлэктиибин «Оҕо этим – отон этим» дьүһүйүүтэ, Екатерина Рыкулова «Художник уута кэлбэт» дьүһүйүүтэ, «Чараҥ» литературнай түмсүүттэн Саргылана, Диана Бурцевалар дьүһүйүүлэрэ, «Куорсун», «Уһуктуу» литературнай түмсүүлэртэн Матрена Матвеева, Сардана Сыроватская, Акулина Попова – Кыыс Хотуйук, ырыаһыт Зульфия Афонская, «Умсулҕан» коллекционердар түмсүүлэриттэн Станислав Луковцев, Семен Бурцев толоруулара, Михаил Санников ырыалара уо.д.а. кэрэхсэннилэр. Көрөөччү биһирэбилин поэт бииргэ төрөөбүт быраата Михаил Мигалкин ылыан ылла – убайын хас да хоһоонун өйтөн дорҕоонноохтук ааҕан доргуппута Мигалкин аҕа ууһа бөҕө ситимин бэлиэтээтэ, Уус-Алдан улууһун, ону ааһан саха норуотун дьылҕаларыгар, историяларыгар ураты суолталанар, ааттара харысхал бэлиэлээх аймах тыына күүстээҕин көрдөрдө.
Алексей МАТВЕЕВ,
Чараҥ-Дьокуускай