1155

12 октября 2018 в 10:15

Лира Белолюбская: “Көрдөрөр уонна иһитиннэрэр Дьокуускай”

Саха телевидениетин биэриилэригэр биир бастакынан иһирэх куолаһынан, ис киирбэх бэйэтинэн көрөөччүлэр болҕомтолорун тарпыт дикторынан Лира Тарасовна Белолюбская буолар. Мин Лира Тарасовнаҕа интервью ылар бириэмэбин болдьоору телефонугар эрийэн баран, кини эдэрдии эрчимнээх, ону сэргэ олус кэрэ куолаһыттан бастаан соһуйдум. Оттон көрсүһэн баран, кырдьык, ханнык да дьыллар-хонуктар Лира Тарасовна куолаһын уонна кэрэ бэйэ­тин иннин ылбатахтарын истэн-көрөн үөрдүм.

 

Саха телевидениетэ төрүттэммитэ 55 сыла

 

Дьылҕата  анаабыт   идэтэ

 

Лира Тарасовна, Спартак Яковлевич Белолюбскайдар

Лира Тарасовна Саха сирин норуодунай артыыһа, Национальнай драматическай тыйаатыр дириэктэрэ Тарас Местников кыыһынан буолар. Дьокуускай куоракка 1936 сыллаахха айылҕа тыллар кэмигэр Тарас уонна Мария дьиэ кэргэнигэр үһүс оҕонон күн сирин көрбүт, Местниктовтар биэс оҕоломмуттар.

Куорат 11№-дээх оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, тыҥатынан ыалдьан иккис кылааһы көтүтэн баран, саҥа үөрэх дьылыгар үктэнээт, олоҕун суолугар биир саамай чугас киһитинэн буолбут доҕорун Спартак Белолюб­ска­йы аан бастаан көрбүт. Онтон ыла Лира уонна Спартак үөрэнэр сылларыгар истиҥник доҕордоспуттар, оскуоланы бүтэрээт ыал буолбуттар, икки кыыс уонна уол оҕолору күн сирин көрдөрбүттэр. Лира Тарасовна уонна Спартак Яковлевич Белолюбскайдар бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, тапталларын харыстаан  ыал буолан олорбуттара  быйыл 63 сылын туолбут.

Мин Лира Тарасовна телефонунан олус ыраастык нууччалыы саҥарарын иһин, сахалыы олус билбэтэ буолуо диэн санаалаах тиийбитим. Ол гынан баран бэйэтин кэмигэр кини нууччалыы уонна сахалыы тыллаах диктор буоларын өйдүүрүм. Кэпсэтиэм иннинэ: “Эйигин кытары сахалыы кэпсэтиэххэ сөп дуо?”, — диэн ыйыппыппар, соһуйда. “Кэпсэтэн бөҕө буоллаҕа!”, — диэн саҥа аллайда. Онтон ыла биһиги кэпсэтиибит уу сахалыы барда. Лира Тарасовна төһө да куоракка төрөөтөр, олордор, сахалыы олус ыраастык, баай ис хоһоонноохтук саҥарарыттан мин сөхтүм. “Ийэлээх, аҕам икки тылбытын бииргэ тутан, харыстаан илдьэ сылдьарбытыгар улахан өҥөлөөхтөр”, — диэн кини быһаарда.

 

Мин санаабар, телевидение мин дьылҕам эбит. Тоҕо диэтэххэ, идэбэр бастакы хардыым миигин тутатына бу эйгэҕэ аҕалбыта

 

— “Лира Тарасовна, Саха телевидениетигэр бастакы хардыыларыҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?, — диэн көрдөһөбүн.

— Мин санаабар, телевидение мин дьылҕам эбит. Тоҕо диэтэххэ, идэбэр бастакы хардыым миигин тутатына бу эйгэҕэ аҕалбыта, — диэн кини аа-дьуо кэпсээнин саҕалыыр.

Лира Тарасовна оскуоланы бүтэрээт, тапталлааҕын Спартак Яковлевиһы кытары ыал буолан баран, СГУ филологическай факультетыгар нуучча тылын салаатыгар үөрэнэ киирэр. 20 сааһыгар улахан кыыһын Людмиланы оҕолонор. Үөрэҕин бүтэрэн баран 1963 сыллаахха бииргэ үөрэнэр дьүөгэтэ, норуот суруйааччыта Николай Якутскай кыыһа Лина Золотарева сүбэтинэн САССР радиокомитетыгар үлэ көрдөһө тиийбит. “Оччолорго радиокомитет дириэктэрэ Феодосий Семенович Донской этэ. Ол гынан баран, мин үлэ көрдүү тиийэрбэр кини командировкаҕа сылдьара. Солбуйааччыта Кирилл Егорович Захаров баара. Дьэ, бу икки улахан дьоһун дьон, миигин, бэҕэһээ үөрэҕин бүтэрбит кыыһы, үлэҕэ ылбыттара, бу санаатахха, олус сөхтөрөр. Араадьыйа тиһэх сонунун кэрэспэдьиэнэ буола түстүм. Баҕар, аҕам үтүө аатын санаан ылбыттара буолуо диэн кэлин анааран көрөбүн. Өссө Кирилл Егорович: “Хамнаһыҥ бастаан кыччыгый, акылаатыҥ 90 солк. буолуоҕа, чэ, арыылаах килиэпкэ тиийиэҕэ”, — диэбитигэр, мин 29 солк. стипендия ыла сылдьыбыт киһи, ону мыына истиэм дуо?! Олус үөрбүппүн өйдүүбүн. Онон бастакы хамнаспын 126 солк. ылбыппын бу курдук өйдүүбүн.

Бастакы үлэм күнүгэр ох курдук оҥостон тиийдим. Арай оҕо биэриилэрин редактора Варвара Павловна Склярова оҕолонон уоппускаҕа барар буолбутунан, миигин кылгас кэмҥэ кэрэспэдьиэннээбит киһини, кинини солбуйтардылар. Дьэ, үлэбин олус сөбүлүүбүн, үлэлии аҕай сырыттахпына, ол сыл күһүнүгэр “Орбита” ситиминэн Саха телевидениетин студиятын биэриилэрэ арыллар буоллулар. Улахан Телекиин тутуллубута. Миигин ыҥыран ыллылар уонна: “Бастакы быһа биэриигэ эн ыытааччы, диктор буолаҕын”, — диэтилэр. Кэлин истибитим, радиокомитет кылаабынай худуоһунньуга Николай Дмитриевич Николаев камераҕа тупсаҕайдык көстүөҕэ диэн миигин боруобалыырга сүбэлээбит эбит. Дьэ, долгуйуулаах Саха телевидениетин  студиятын арыйыы күнэ — алтынньы 8 күнэ үүнэн кэллэ. Мин сахалыы, кэллиэгэм Юрий Федорович Дерфель нууччалыы ыыттыбыт.   Биэриибит киэһэ 18 чаастан саҕаланна. Студияҕа ыҥырыылаах ыалдьыттар элбэхтэр – баартыйа чилиэннэрэ, артыыстар, суруналыыстар, ырыаһыттар, култуура, тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, тутааччылар. Оччолорго билиҥҥи курдук сирэй-харах, бүрүчүөскэ оҥорботтор. Мин харахпын харандааһынан сотуннум, уоспун тэтэртим эрэ. Аны, оператордар олус чорбойбот өҥнөөх таҥаһы кэтээр диэн эппиттэрин иһин, саһархай былааччыйалаахпын, арыый уһун буоларын иһин, ол биэриини ыытар күммэр кылгатан, бүүрүктээн баран кэтэн кэлбиппин өйдүүбүн. Биэриибит саҕаланна. Мин долгуйарым ханна барыай?Уот-күөс бөҕө, камера иннигэр бастаан турабын. Ол эрээри, туох баар холкубун киллэрэн, үөрэппит тиэкиспин умнубат буола сатыыбын. Аны итиччэ элбэх ыалдьыттар ааттарын, арас­паанньаларын төбөҕө хатыахха наада. Мин куоракка төрөөбүтүм-үөскээбитим көмөлөстөҕө, аҕам култуура үлэһитэ буолан, улахан үлэһиттэр ааттарын, араспаанньаларын аҕабыттан истэрим, саҥа көрөр дьонум буолбатахтара. Дьэ, бу курдук бастакы холонуум этэҥҥэ ааспыта”, — диэн Лира Тарасовна 55 сыл анараа өттүгэр буолбут биир историческай күнү санаата.

 

“Лира,   тоҕо мичээрдээбэккин?”

 

Магадааннааҕы ТВ студията ыалдьыттыыр. Хаҥастан уҥа: Афанасий Филиппов, Муся Ларьяновская, Лира Белолюбская

Дьэ, ити күнтэн ыла Лира Тарасовна телевидение биэриилэригэр дикторынан үлэтэ саҕаламмыт. “Диктор диэн универсальнай киһи этэ. Кэрэспэдьиэннэр, режиссердар биэриилэрин оҥорон, тиэкистэрин суруйан биһиэхэ туттараллара. Ханнык да биэрии буоллун, барытын диктордар ыыталлара. Ону мин испэр саныырым, биэриини бүөбэйдээн, кыһаллан оҥорбут дьон бэйэлэрэ ыыталлара буоллар, олох атын буолуо этэ диэн. Тоҕо диэтэххэ, биһиги култуура, тыа хаһаайыстыбатын, оҕо биэриилэрин барытын ыытарбыт. Мин, холобура, “Тыа хаһаайыстыбатын чааһа” биэриини олус үчүгэйдик ыытабын дии санаабатым. Ыанньыксыт үлэтин билбэтим, от төһө оттонуохтааҕын туһунан өйбөр да суоҕа. Билбэт тиэмэбэр куолаһым уота-күөһэ суох буолуоҕа диэн куттанарым. Итиэннэ биирдэ летучкаҕа дириэктэрбит: “Лира, биэрии ыытаргар тоҕо мичээрдээбэккин?”, — диэн соһутта. Мин, кырдьык, олус мичээрдии сылдьыбат этим. Ол эрээри тиэкиспин истиҥник ааҕарга, кэпсииргэ кыһалларым, туох да оҥоһуута суох. Баҕар, ону бэлиэтии көрбүттэрэ буолуо, арай, телестудия аһыллыбыт сылын эһиилигэр кыһын Томскай телевидениетин дириэктэрэ Георгий Александрович Ельцов уонна режиссер Тамара Габерева кэллилэр,биэриилэрбитин көрдүлэр, летучкаҕа сырыттылар. Онно Георгий Александрович миигин Томскайга квалификациябын үрдэтинэрбэр ыҥырда уонна категория аныахпыт диэн эттэ. Миигин Томскайга практикаҕа ыыттылар. Миэхэ оннооҕу үлэһити, Галина Шинкоренко диэн дикторы, сыһыардылар, кини олус үчүгэйдик барытын көрдөрдө, үөрэттилэр. Томскай куоратынан оннооҕор экскурсиялаттылар. Томскайтан кэлбитим кэннэ Владивостокка Сибиир уонна Уһук Илин регионнар диктордарын семинардарыгар ыыттылар. Семинары Москваттан киин телевидение диктора Виктор Балашов ыытта. Онно биһигини камера иннигэр олордон саҥардан, видеоҕа уһулан улахан экраҥҥа көрдөрдүлэр уонна үлэбитин ырыттылар. Национальнай телевидениеттэн соҕотохпун быһыылааҕа, ол иһин миэхэ болҕомто бөҕө. Онно саныы­бын, туораттан ким да бэйэтин сөбүлүү көрбөтө биллэр. Онуоха Виктор Балашов: “Ити мэлдьи оннук буолар, биир да диктор бэйэтин телевизорынан көрөн сөбүлээбитэ суох”, — диэбитин өйдүүбүн”, — диэн Лира Тарасовна үлэтин биир кэрчик кэмин санаан ааста.

 

Бииргэ үлэлээбит дьоннорбун олус ахтабын, саныыбын. Хомойуом иһин, үгүстэрэ билигин биһиги аттыбытыгар суохтар. Кинилэри наһаа ахтабын.

 

 

Сүһүөҕэр   турар кэмигэр

 

Диктордар Лира Белолюбская уонна Людмила Олешко

Лира Тарасовналыын кэпсэтэ олорон Саха телевидениетэ сүһүөҕэр турар кэмигэр улахан да үлэ барбыт эбит дии саныыбын. Чуолаан эттэххэ, атын регионнар телестудияларын үлэлиир уопутун атастаһыы өттүнэн. Ол курдук, Лира Белолюбскаяны, эмиэ оччотооҕу биллэр диктордар Георгий Дьячковскайы, Георгий Васильевы кытары Уфаҕа, Читаҕа, Кызылга, Красноярскайга ыыппыттар. “Биһиги бэйэбит биэриилэрбитин илдьэ баран, онно көрдөрөрбүт. Уһулан илдьэр тиэхиникэбит суох буолан, биэриилэрбит артыыстара, ырыаһыттара барсаллара. Биир кэмҥэ кэнсиэрбит нүөмэрин толорор артыыс­тар Ольга Иванова, Геннадий Сидоркевич сылдьыспыттара. Ити курдук иккилии ый курдук квалификацияны үрдэтии курсугар сылдьарбыт, уопут атастаһарбыт. Москваҕа киин телестудияҕа практикабытын барбыппытын саныыбын. Онно ССРС киин телевидениетин улуу диктордара Валентина Леонтьеваны, Нонна Бодрованы, Нина Кондратованы кытары алтыһан үлэлээбиппит.

 

 

«Чугас   доҕотторум уонна   кэллиэгэрим барахсаттар»

 

Тапталлаах балта, үрдүк категориялаах режиссер Мария Местникова уолун Антону кытта

Лира Тарасовна бииргэ үлэлээн ааспыт дьонун туһунан санаан ис-иһиттэн сырдыыр, ону кытта хараастыы күлүгэ хараҕар түһэр. “Мин 82 сааспар сылдьабын, телестудияҕа кэлбит күммүттэн элбэх күн-дьыл ааста. Бииргэ үлэлээбит дьоннорбун олус ахтабын, саныыбын. Хомойуом иһин, үгүстэрэ билигин биһиги аттыбытыгар суохтар. Кинилэри наһаа ахтабын. Биир дьиэ кэргэн курдук үлэлиирбит, киэҥ билиилээх, үтүө да дьону кытта үлэлии сылдьыбытым. Ааттарын ааттыахпын баҕарабын. Телевидение студиятын дириэктэрэ Иван Афанасьевич Петров хас биирдии үлэһитин  туһугар кыһаллар да этэ, үлэбит хаачыстыбатын үрдэтэргэ бары күүһүн уурара, кылаабынай редакторбыт, ССРС Геройа Николай Алексеевич Кондаков, режиссердар, сценаристар, худуоһунньуктар, оператордар, Афанасий Федоров, Степан Дадаскинов, Николай Ефремов, Гавриил Ушницкай, диктордар Игорь Гурьев, Виктория Максимова уонна да атыттар. Биир киһи ситиһиититтэн бары үөрэрбит, кыһалҕа тыҥаатаҕына, бары сомоҕолоһорбут. Олус да үчүгэй кэмнэр этэ!

Билигин тапталлаах “Саха” көр­дөрөр-иһитиннэрэр хампаанньам биэриилэрин сөбүлээн көрөбүн. Сылтан сыл биэриилэр таһымнара үрдүүр, аныгылыы технологиялар да биэриилэри олус тупсараллар. Ыытааччылартан олус астынабын, ис киирбэх бэйэлэринэн киһини үөрдэллэр, күлэн-үөрэн, мичилийэн олус үчүгэйдик ыыталлар. Ол эрээри, кэлин социальнай ситимнэринэн дьон кириитикэлииртэн ордубат буолан эрэр. Тоҕо итинник гыналларын олох өйүм хоппот. Биһиги саҕана да сыыһа-халты саҥарарбыт, туттарбыт баар суол этэ. Ол гынан баран, көрөөччүлэрбит биһигини өйдүүллэрэ, чугас дьонноругар курдук сыһыаннаһаллара, куһаҕаннык саҥарар диэн кириитикэлииллэрин санаабаппын. Биири өйдүүбүн, пенсияҕа тахсыбыппытын кэннэ уопсастыбанньык Александра Маедо тэрийэн биһигини, Саха телевидениетигэр үлэлээбит дьону, Эдьигээҥҥэ Кыстатыам сэлиэнньэтигэр көрөөччүлэрбитин кытары көрсүһүүгэ илтилэр. Олохтоохтор хайдах курдук истиҥник, чугастык көрсүбүттэрин көрүө этигит! Дьон тапталын онно билбиппит”, — диэн ахтар.

 

«Кэргэмминэн, оҕолорбунан, сиэннэрбинэн дьоллоохпун»

 

Лира Тарасовна 57 сааһыгар үлэлээн бүппүт. “Биһигини, Саха телевидениетин бастакы үлэһиттэрин, үгүспүтүн биир кэмҥэ биэнсийэҕэ ыыппыттара. Ол гынан баран, бастакы сылларга ыҥыран араас биэриилэри ыыттарар этилэр. Биирдэ тиэкиспин ааҕа олорон хааным баттааһына тахсыбытыгар, эдэрдэр үлэлиир кэмнэрэ кэлбитин туһунан санаатым. Онтон ыла дьиэбэр олоробун. Үлэлиир сылларбар бириэмэм  тиий­бэтинэн, кэргэммэр, оҕолорбор, сиэннэрбэр ситэри биэрбэтэх болҕомтобун, тапталбын толору биэрэ сылдьабын, онон дьоллоохпун. Кэргэн, ийэ, эбээ оруола наһаа үчүгэй!”, — диэн кини күлэр.

Саҥа дьыллааҕы биэрии. Лира Белолюбская, Валерий Долгих нуучча тыйаатырын артыыстарын кытта

Лира Тарасовна кэргэммэр, оҕолорбор болҕомтом аҕыйаҕа диэн үлүннэрэн этэр дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, хаартыскалаах альбому арыйталыы олорон, мин Белолюбскайдар дьоллоох олохторун көрөбүн. Авиация училищетын студена Спартак уонна Лира бастакы кыыстарын көтөҕөн олороллор, эчи кыраһыабайдарын! Оттон 1963 с. диэн дааталаах хаартыскаҕа ийэ эһээхиччэ уолун Диматын иэдэһиттэн сыллыы олорор. Биир хаартыскаҕа Лира Тарасовна тапталлаах балтын, эмиэ Саха телестудиятын үрдүкү категориялаах режиссерун Мария Тарасовнаны уонна кини уола Антону, кэргэнин Спартагы, оҕолорун Люданы, Диманы, Лираны кытары бары биир улахан дьиэ кэргэн буолан даачаҕа сылдьаллар. Самаан сайын чаҕылхай күнүн анныгар бары дьоллоохторо өтө көстөр…

“Мин дурдам-хаххам — кэргэним Спартак Яковлевич. Иркутскайдааҕы авиатехническай училищены бүтэр­битэ, кадровой офицер званиелаах, Москва аннынааҕы Люберцыга, Украинаҕа, Белоруссияҕа сулуу­спалаабыта. 1968 сыллаахха Киевтааҕы гражданскай авиация институтун бүтэрбитэ, авиация инженерин идэтин баһылаабыта, авиация ветерана. Чөл олох холобура, “Дьулуур” сүүрүүктэр кулууптарын бэрэссэдээтэлин солбуйбута, марафонскай сүүрүүнэн дьарыктанара. Мин билигин атаҕым ыалдьан онно-манна сылдьарым ахсааннаах, Спартагым маҕаһыыҥҥа сылдьар, массыынанан миигин таһар. Бииргэ кырдьан иһэр доҕорбор махталым муҥура суох… ”, — диир Лира Тарасовна.

Мин Белолюбскайдар сылаас-истиҥ эйгэлээх дьиэлэриттэн санаам олус өрө көтөҕүллэн таҕыстым. Таптал, ытыктабыл, идэҕэ бэринии диэн өйдөбүллэри өссө күүскэ билбитим маныаха төрүөт буоллаҕа…

Поделиться