777
07 декабря 2019 в 11:12
Омук култууратын кэрэһиттэрэ
“Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” фестиваль аҕыс сыл устатыгар бэрт кыра тэрээһинтэн араас элбэх ураты тыыннаах үгэстэрдээх, ыҥырыллыбыт ыалдьыттардаах регион култууратын брендигэр тиийэ үүннэ, дойду кыһыҥҥы туристическай айаннарын аһааччы үс ахсааныгар киирдэ. Бүгүн бу киэҥ хабааннаах бэлиэ түгэн 1-2 эрэ күн ыытыллыбат, нэдиэлэни быһа салҕанар, ол түмүгэр сылтан сыл Саха сиригэр кэлээччи турист ахсаана улаата турар.
Быйыл бырагыраамаҕа 60-чэ тэрээһин былааннаммыт. Фестивальга кытта Россия уонна тас дойдулар биллэр блогердара, туроператордар, шеф-повардар, хаартыскаҕа түһэрээччилэр уо.д.а. үгүс дьон кэлбиттэр. Великий Устюг куораттан айаннаан кэлбит Моруос Оҕонньорго Тымныы бэлиэтин туттарыы уонна киин куорат сүрүн ёлкаларын уматыы курдук үгэскэ киирбит тэрээһиннэртэн ураты “Ниже нуля” экстремальнай фотомарафон, “Муҥха-2019” муус аннынан балыктааһын, “Саха моржтара” кулууп чилиэннэрин муустаах ууга харбааһыннара, «Arctic fashion show-2019» түүлээх таҥаһы көрдөрүү быйыл аан бастаан ыытылыннылар.
«Ниже нуля» фотомарафоҥҥа 17 киһи кытынна — ХИФУ устудьуоннара уонна преподавателлэр, ону сэргэ Дьокуускайга олорор Кытай, Египет, Таджикистан, Словакия, Афганистан, Франция, Киргизия, Япония дьоно. Күрэх кыттыылаахтара, куораты биир гына кэрийэн, “Тымныы куорат сылааһа” (“Тепло холодного города”) диэн темаҕа хаартыскаларынан бэйэлэрин историяларын устуохтаахтар этэ. Кинилэр үлэлэрин ахсынньы 8 күнүгэр диэри сылаас тохтобулларга баар монитордарга көрүөххэ сөп.
Фестиваль историятыгар аан бастаан Нам улууһугар Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев кыттыылаах “Муҥха-2019” муус аннынан балыктааһын тэрилиннэ. Туристарга уонна ыалдьыттарга собо балыгы норуот үгэһинэн муҥханан балыктааһыны көрдөрдүлэр.
Тымныы полюһугар – Өймөкөөҥҥө тэрээһиннэр туспа бырагырааманан буолан аастылар. Манна Тымныы полюһугар кыһыҥҥы туристическай сезону аһыы, Чысхаан сиэрэ-туома, “Муус мааска” театр искусствотын өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивала уо.д.а. ыытылыннылар.
Фестиваль саамай күүтүллэр уонна өрөгөйдөөх түгэнинэн, саарбаҕа суох, “Вкус Якутии” диэн рестораннар икки ардыларыгар куонкурус буолар. 2014 сылтан саҕалаан фестиваль-куонкурус хас да наҕарааданы ылбыта, ол иһигэр атын регионнартан туристары тардар ситиһиилээх бырайыак быһыытынан, Russian Event Awards национальнай бириэмийэни. Быйыл кулинардар күрэстэһиилэригэр киин куорат 10 ресторана кииристэ: «Своя компания», «Карлсон», «Крыша», «Муус Хайа», «Река — Озеро — Лес», «Каре», Kitchen, «Тыгын Дархан», «Атласовтар уһаайбалара» уонна «Махтал». Национальнай бүлүүдэлэргэ фестиваль кыайыылааҕынан жюри санаатынан, бастыҥ амтаннаах аһы бэлэмнээбит «Река — Озеро — Лес» таҕыста. «Фестиваль 6 сыл устатыгар уруккута умнулла быһыытыйбыт бүлүүдэлэри дьоҥҥо сырдатан кэллэ. Ресторатордар былыргы ырысыабы ылан, бүлүүдэни эбии интэриэһинэйдик киэргэтэн биэрэллэр. Маныаха уратыта син биир хаалар. Национальнай куукуна кэрэхсэбили ылар, дьоҥҥо тиийэр», — диэн бэлиэтээтэ Саха сиригэр ыалдьытымсах буолуу Ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Татьяна Тымырова.
202-с микрооройуоҥҥа «Хотугу дьүкээбил” муус пааркатыгар “Саха сирин бриллианнара” муус уонна хаар оҥоһуктарга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһии буолла. Манна олохтоох скульптордар уонна Канадаттан, Белоруссияттан, Кытайтан, Монголияттан, Украинаттан, ону сэргэ Хабаровскайтан уонна Красноярскайтан ыҥырыллыбыт маастардар кытыннылар. Барыта 25 хамаанда. Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка РФ президенин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, вице-премьер Юрий Трутнев салайааччылаах Уһук Илиҥҥи уокурук делегацията куонкурус кэмигэр Муус пааркатыгар сырытта. “Саха сирин бриллианнара” норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус чулуу маастардара муустан оҥорбут карталарыгар боломуочуйалаах бэрэстэбиитэл уонна субъектар баһылыктара Россия уонна бэйэлэрин регионнарын былаахтарын туруордулар.
“Муус фигуралар” категорияҕа “Ох саалаах маастар” композициянан бастакы миэстэни Церэнбат Дашбалжир, Баярсайхан Базарсад (Монголия, Улан-Батор) ыллылар. Иккис миэстэ Красноярскай уонна Донецкай уобаластартан сылдьар маастардар Сергей Асеев уонна Артем Самойлов “Добрыня уонна эриэн үөн” композицияларыгар тигистэ. Дьокуускайтан Николай Петров уонна Степан Пахомов “Хаар королевата” үлэлэринэн үһүс миэстэлэннилэр. Хаар оҥоһуктар куонкурустарыгар Мэҥэ-Хаҥалас оройуонуттан маастардар Архип Скрябин уонна Аполлон Скрябин “Остуоруйа төрөөһүнэ” диэн кыһыл көмүс балыктаах уонна Александр Пушкиннаах композицияларынан бастакы миэстэни ыллылар. Монголияттан сылдьар Дашцэрэн Ганхулег, Нарантуяа Алтаншагай иккис миэстэҕэ таҕыстылар. Дьокуускай маастардара — Игорь Пономарев уонна Николай Алексеев «Чуумпуга» композициянан үһүс буоллулар.
Фестиваль биир ураты кэрэхсэбиллээх түгэнинэн “Саха моржтара” кулууп чилиэннэрэ 202-с микрооройуоҥҥа муустаах ууга харбааһыннара ааҕылынна. Ол курдук, 5 дьахтар уонна 5 эр киһи көрөөччүлэр ытыс таһыныыларын ортотугар тааҥнаах сиргэ уһуннулар.
Фестиваль өссө биир күүтүллүбүт тэрээһининэн Саха сириттэн муода дизайнердарын «Arctic fashion show-2019» кэллиэксийэтин аан бастаан көрдөрүү буолла. Манна ыалдьыт быһыытынан Москваттан “Муода национальнай палаататын” бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Бэйэлэрин үлэлэрин Саха сирин биллэр модельердара Варвара Филиппова, Юрий Лукин, Анна Махарова, Сардаана Заболоцкая, Анжелика Кириллина, Лидия Будищева уонна эдэр, талааннаах дизайнердар көрдөрдүлэр.
Бу көрдөрүүгэ кыттыбыт Ил Түмэн вице-спикерэ Антонина Григорьева худуоһунньуктар, модельердар, айар дьон норуот уус-уран айымньытыгар харыстабыллаах сыһыан төрүтэ, тирэҕэ буолалларын бэлиэтээтэ. «Айар дьарык, муода, кэрэ быһыы, дизайнердар үлэлэрэ, айылҕаттан талааннаах дьон өрөспүүбүлүкэҕэ култуураны саҥардыы дьиҥнээх тирэҕинэн буолалларын бүгүҥҥү тэрээһин өссө төгүл көрдөрдө», — диэтэ кини.
Бэлиэ күннэр өрөгөйдөөх түгэннэринэн киин куорат сүрүн ёлкаларын үгэс курдук уматыы, фейерверк, тоҥ балыгы кыһыы бырааһынньыга буоллулар.
Татьяна ВАСИЛЬЕВА