566

05 августа 2019 в 12:03

Петр Гоголев: “Саха сирин үгүс көлүөнэ дьонун ыра санаата туолла”

 

Парламент пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев от ыйын 27 к. Аллараа Бэстээх станциятыгар пассажирдары тиэйии саҕаланыытыгар уонна бастакы пассажирдары тиэйэр поезд кэлиитигэр анаммыт үөрүүлээх сиэргэ-туомҥа кыттыыны ылла.

«От ыйын 27 күнэ өрөспүүбүлүкэбит историятыгар ураты бэлиэ күнүнэн хаалыаҕа. Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар бастакы пассажирдары тиэйэр поезд кэлиитинэн Саха сирин үгүс көлүөнэ дьонун ыра санаата олоххо киирдэ.
Биһиги бу түгэни 30-тан тахса сыл күүппүппүт. Тимир суолу тутуу түмүгэр Саха сирэ дойду атын регионнарын кытта сибээстэһиитэ дьиҥ чахчы олохтонно диэххэ наада.
Бастатан туран, биһиги Россия Федерациятын бүттүүн тырааныспарын ситимигэр киирэр кыахтанныбыт. Иккиһинэн, тимир суол – бу кэмчилиир кыаҕы биэрэр уонна куттала суох, хас биирдии киһиэхэ табыгастаах уонна кыаллар сиринэн айан.
Тимир суолу тутуу, массыына суолларын, логистика кииннэрин үөскэтии, олох бары эйгэлэрин цифровизациялааһыны сэргэ сирдээҕи инфраструктура сайдыытыгар биир технологическай баһырхай ситиһиинэн буолар.


Саха сиригэр тимир суол ситимин сайдыыта бүгүҥҥү түгэнинэн хааччахтаныа суоҕа диэн эрэнэбин. Үлэ салгыы ыытыллыаҕа. Ол курдук, тимир суол уонна пассажирдары тиэйии баар буолуута – бу бары быһыыны-майгыны кыайыы итиэннэ регион сайдыытын мэктиэтэ.
Соторутааҕыта мин Белгород уобалаһыгар сылдьан, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Курскай дугаҕа кыргыһыы кыттыылаахтара буойуннар кэриэстэригэр анаммыт тэрээһиннэргэ кытынным.
Бу кыргыһыы түмүк­тэниитигэр, өстөөҕү кыайыыга Старый Оскол куораттан Ржевка диэри муҥутуур кылгас болдьоххо тутуллубут тимир суол суолталаах оруолу оонньообута. Бу стратегическай тутууну 1943 сыл сайыныгар дьахталлар уонна оҕолор оҥорбуттара. 81 км уһуннаах тимир суолу 31 күн устата уурбуттара. От ыйын 18 к. үөрүүлээхтик аспыттара, оттон сарсыҥҥы күнүгэр ити суолунан номнуо таһаҕастаах поезтар айаннаабыттара: Курскай дугаҕа тааҥкалары, орудиелары, боеприпастары, сэбиэскэй саллааттарга аһы-үөлү тиэрдибиттэрэ.
Бу история үгүс чахчыларыттан биирдэстэрэ, ити чахчылар тимир суолу биһиги норуоппут өйүгэр-санаатыгар Кыайыыны кытта ситимнииллэр. Бүгүн биһиги итинник Кыайыыны Саха сиригэр бырааһынньыктыыбыт», — диэ­тэ Петр Гоголев.

Поделиться