807

10 июня 2019 в 17:02

Россия күнэ — көҥүл, эйэ, доҕордоһуу, сомоҕолоһуу бырааһынньыга

 

 

 

Гражданнар бигэ туруктаах, байы­лыат олохторо ситиһиилэх буолалларын туһугар

 

 

Россия судаарыс­тыбаннаһын бэлиэлэрэ үс: Россия гимна, гиэрбэтэ уонна былааҕа буолар. Үрдүкү салалта бэлиэлэри сөпкө туһанар уонна көмүскүүр сыалтан федеральнай сокуоннарга уларытыылары уонна эбиилэри киллэрбитэ. Сүрүннээн дойду судаарыстыбаннаһын бэлиэлэрин сыыһа туттар, биитэр күлүү-элэк оҥостор дьоннорго сокуонунан туох миэрэ ылылларый? Бу туһунан уонна да атын сыһыаннаах матырыйааллары Россия күнүгэр бэчээттиибит. 

 

Дойду олохтоохторо Россия сүрүн суолталаах судаарыстыбаннай бырааһынньыгын — Россия күнүн бэлиэтиирбит   быйыл 29 сылын туолар. Санатар буоллахха, 2002 сылга диэри бу бырааһынньык Арассыыйа судаарыстыбаннай суверенитетын туһунан Декларацияны ылыммыт күн быһыытынан бэлиэтэнэрэ. Бу күнтэн Россия туспа судаарыстыба буолбута. Эмиэ ити күн, ол эрээри 1991 сыллаахха, дойду Президенин  быыбарыгар элбэх куолаһынан Борис Ельцин Президент буол­бута. Кини 1994 с. таһаарбыт Ыйааҕынан бэс ыйын 12 күнэ судаарыстыбаннай суолталаммыта, Россия федерациятын судаарыстыбаннай суве­ренитетын туһунан Деклара­ция ылыныллыбыт күнүн бырааһынньыга олох­томмута. Ол курдук, РФ үлэ уонна дьарыктаах буолуу федеральнай сулууспата (Роструд) иһитиннэрбитинэн Россия күнүнэн сибээстээн кылгас үлэ нэдиэлэтэ күүтэр. Бэс ыйын 12 күнэ сэрэдэҕэ түбэһэр — өрөбүл күнүнэн ааҕыллар. Онон оптуорунньукка үлэ күнэ биир чаас эрдэ бүтүө.

Россия Президенэ Владимир Путин бэлиэтээбитинэн, бу докумуонтан историяҕа саҥа кэрдиис кэмэ, сокуоҥҥа уонна гражданскай көҥүлгэ олоҕурбут демократическай судаарыстыба историята  саҕаламмыта. Кини сүрүн ис хоһооно — ситиһиилээх буолуу уонна гражданнар бигэ туруктаах, байы­лыат олохторо.

 

Россия гимнэ, былааҕа, гиэрбэтэ

Flag of Russia with coat of arms

Россия судаарыстыбаннай  былааҕа уонна гимнэ россияннарга сүдү оруоллаах уонна суолталаах бэлиэнэн буолар, бу туһунан дойду  46% нэһилиэнньэтэ бэлиэ­тиир. Мантан атын ураты өйдөбүллэри кытта бу бэлиэлэргэ чуолаан сы­һыа­раллар: норуот уонна  сомоҕолоһуу (8%), күүс уонна модун (4%), Кремль уонна Кыһыл болуоссат (3%) уо.д.а.  Ити курдук дьоҕус киэн туттар санаа­лар Россия олохтоохторугар күүһүрэр: 71% — РФ былааҕын, 72% — гиэрбэтин  көрдөхтөрүнэ, 75% — гимн ырыатын иһиттэхтэринэ, 11% – үтүө сыһыаннаах, эмиэ оччо бырыһыана – аахайбат. Гражданнар 1% эрэ Россия былааҕыттан уонна гиэрбэтиттэн кыйаханаллар диэн ВЦИОМ ыыппыт ыйытыгар  эппиэт  хомуллубут.

 

Россия гиэрбэтин — кэтэр таҥаска, сувенирга

 

Россия судаарыстыбаннаһын бэлиэлэриттэн биирдэстэрэ — гиэрбэ – киһи кэтэр таҥаһыгар, дьиэ тээбиринигэр уонна сувенирга туһаныллар кыахтаах. Туһааннаах сокуон барылын Госдума сэтинньи 24 к. бастакы ааҕыыга ылбыта. Оттон билигин гражданнар, уопсастыбаннай түмсүүлэр, тэрилтэлэр гиэрбэни официальнай сыалга эрэ туһаналлара көҥүллэнэр. Сыала — Россия дьонун патриоттуу өйүн-санаатын көтөҕүүгэ туһуланар.  Госдумаҕа быһаарбыттарынан, судаарыстыба гиэрбэтин, ол иһигэр кини ойуутун гражданнар, уопсастыбаннай түмсүүлэр, тэрилтэлэр сокуонунан көрүллүбэт да түгэннэргэ туһаныахтарын сөп.

Маассабай тэрээһиннэргэ, спортивнай оонньуулары ыытыыга, уопсастыбаннай түмсүүлэр съезтэригэр, сувениры оҥорууга туһуланар. Ол эрээри итини кытта сорохтор соччо сөпсөспөттөр.Сокуон барылын ааптарыттан “гиэрбэни күлүү-элэк гыныы” диэни чопчулуулларыгар  көрдөспүттэр. Ол курдук, холобур, гиэрбэлээх туруусугу кэтэ сылдьыы эмиэ күлүү-элэк буолар дуо?  Кэнники сылларга судаарыстыба бэлиэлэрин туһунан сокуоннарга көннөрүүлэр хаста да киирбиттэрэ. Холобур, ылыллыбыт сокуон быһыытынан, 2014 с. балаҕан ыйын 1 күнүттэн судаарыстыба былааҕа оскуолалар уонна да атын уопсай үөрэх тэрилтэлэрин дьиэлэрин үрдүгэр мэлдьи ыйанан туруохтаах, маас­сабай тэрээһиннэри ыытар кэмнэригэр өрө көтөҕүллүөхтээх. Ону таһынан, Билии күнүгэр бастакы уруок иннинэ, ону тэҥэ үөрэх тэрилтэлэрэ ыытар судаарыстыбаннай уонна муниципальнай бырааһынньыктарга анаммыт үөрүүлээх тэрээһиннэрин кэмигэр Россия гимнин толоруу булгуччулаах буолуохтаах.

Россия дьонун судаарыстыба бэлиэлэригэр ытыктабыллаах сыһыана сылтан сыл күүһүрэн иһэр, онуоха судаарыстыба бэлиэ­лэрин – былааҕы, гимни уонна гиэрбэни киэҥник туһанарга сокуоҥҥа киирбит көннөрүүлэр кыах биэрэллэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, атын дойдуларга үгүс өттүгэр судаарыстыба бэлиэлэрэ араас сувенирдарга – футболкаларга, спортивнай таҥаска, ырбаахыга туһаныллар.

 

Россия гиэрбэтин сөпкө туһаныҥ

 

“РФ Судаарыстыбаннай гиэр­бэтин туһунан” Федеральнай сокуон 3-с ыст. судаарыстыба гиэр­бэтэ туруоруллуохтаах бланкаларын кэрискэтин туһунан этиллэр. Оттон 4-с ыстатыйаҕа Россия гиэрбэтэ докумуоннар чопчу быһаарыллыбыт кэрис­кэлэригэр баар буолуохтааҕын туһунан суруллар. Чуолаан, итиннэ паспорт, гражданин кимин-тугун бигэргэтэр докумуоннар уо.д.а. судаарыстыбаннай былаас уорганнара биэрэр уопсай судаарыстыбаннай көрүҥнээх докумуон­нара киирэллэр.

Эмиэ итиннэ сокуон бы­һыытынан, ханнык тэрилтэлэр бэчээттэригэр гиэрбэ баар буолуохтааҕа ыйыллар. Ити, бас­татан туран, былаас уорганнара, ону сэргэ бас билии көрүҥүттэн тутулуга суох араас тэрилтэлэр. Испииһэккэ бүтэһигинэн — ЗАГС уорганнара. Сокуоҥҥа ахтыллыбатах атын докумуоннарга уонна бэчээттэргэ гиэрбэни туруорар табыллыбат.

Онон икки төбөлөөх хотой ойуутун иһин ити кэрискэҕэ киирбэтэхтэр ыстараап тө­лүөх­тээхтэр: гражданнар – 2-3 тыһ. солк., дуоһунастаах дьон – 5-7 тыһ. солк., юридическай сирэйдэр – 100-150 тыһ. солк.

Судаарыстыбаннай бэлиэлэри көмүскээһин туһунан

 

Судаарыстыба институттарын уонна бэлиэлэрин Интернет ситимигэр үөҕүү (хараардыы)  иһин  Роскомнадзор ирдэбилинэн иһитиннэриилэри  тохтотор бырааптаннылар.

Докумуоҥҥа суруллубутутан судаарыстыба бэлиэлэрин уонна институтта­рын үөҕүүнү (хараар­дыыны) утары үлэлиир: иһитиннэрии нуорма таһынан араас көрүҥүнэн киһи санаатын түһэрии, уопсастыбаҕа киһи майгытын-сигилитин хараардан кэ­һии,  уопсастыбаҕа, РФ официаль­най судаарыс­тыбаннай бэлиэлэригэр, РФ Конституция­тыгар, эбэтэр РФ былаас уорганнарыгар убаас­табыла суох сыһыаҥҥа  тиэрдии.

Көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимнэргэ, ол иһигэр Интернетка ыйыллыбыт сибидиэн­ньэлэри  буллахтарына генеральнай про­курор эбэтэр кини солбуйаач­чылара иһитиннэриини суох оҥорорго уонна миэрэ ылылларыгар Роскомнадзорга ирдэбил ыытыахтара. Ирдэбил толо­руллубат түгэнигэр — көҥүл киирэн көрөр, истэр, тарҕатар кыахтара маннык ресурстарга хаач­чахтанар.Ол курдук, Роскомнадзор ирдэбилинэн хостинг провайдерыгар күнүн, бириэмэтин ыйан туран сөптөөх миэрэ ылылларыгар ирдэбил биллэриини  ыытар.  Сокуону кэспит матырыйааллары суох оҥорорго провайдер тутатына ресурс хаһаайыныгар иһитиннэрии оҥоруохтаах. Ол кэннэ ресурс хаһаайына суукка иһигэр ирдэбили толорбот түгэнигэр провайдер сайт үлэтин тохтотор. Онтон провайдер ирдэбили сатаан толорботоҕуна сибээс операторыгар  ыытыллар.

Ресурс хаһаайына иһитин­нэриини сотор түгэнигэр булгуччу  Роскомнадзорга биллэриэхтээх, ол кэннэ сайт бэрэбиэркэни ааһан суһаллык сибээс операторыгар үлэлэтэригэр биллэрэр.

Административнай быраап кэһиитин кодексыгар 20.1. ыст. судаарыстыбаннай бэлиэлэри үөҕүү (хараардыы) иһин бастаан  30-100 тыһ. солк., иккиһигэр суума кээмэйэ  100-200 тыһ. солк. диэри улаатар, оттон быраабы кэһии иккиттэн элбэхтэ оҥоруутугар ыстараап кээмэйэ 200-300 тыһ. солк. диэри тиийэр. Атыныгар дьаһалта бэрээдэгинэн буруйданааччы 15 суккаҕа диэри хаайыллар.

Сымыйа сонуннары тарҕатыы уонна судаарыстыбаннай бэлиэлэри үөҕүү (харардыы) иһин утары охсуһуу үлэтигэр сокуон бырайыак­тара Госдумаҕа былырыын ахсынньы 12 күнүгэр киирбиттэр. Сокуон бырайыагын ааптардара Федерация Сэбиэтин Конституционнай сокуоннарыгар  кэмитиэт салайааччыта Андрей Клишас, кини бастакы солбуйааччыта Людмила Бокова уонна Госдума депутата Дмитрий Вяткин буолаллар.

Мантан сиэттэрэн сокуону хонтуруолга ылары ситиһэргэ  Россия суруналыыстарын Союһа мэктиэ биллэрбитэ. Ол курдук Союз салайааччыта Владимир Соловьев: “Сокуону тутуһарга Россия суруналыыс­тарын Союһа биир кэм кэтиир үлэни ыытыахпыт”, — диэн иһи­­тиннэрбитэ. Кини этэринэн, быраабы туту­һарга араас ыарахаттар көс­түөхтэрин сөп.

“Суруналыыс сокуоннайа суох накаастанар түгэнигэр,  кини быраабын көмүскүөхпүт уонна көҥүл тыл иһин туруулаһыахпыт” диэн Соловьев бэлиэтиир.

 

 

Василий ПРОКОПЬЕВ

Поделиться