895
18 августа 2017 в 15:10
Анатолий Добрянцев табаһыттар конгресстарыгар кытынна
Швеция Йоккмокк диэн табаһыттар олохторун-дьаһахтарын өрүттэрин үчүгэйдик көрдөрөр сааамскай муниципалитет биир улахан куоратыгар атырдьах ыйын 16-20 күннэригэр VI-с Табаһыттар аан дойдутааҕы конгресстара буола турар.
Конгресска циркумполярнай Хоту сир 29 табаһыттар оройуоннарыттан 400-чэ табаһыт кыттыбыт. Ыалдьыттарынан араас дойду, регион бэрэстэбиитэллэрэ, култуура деятеллэрэ, учуонайдара буолбуттар. Маны таһынан VI-с Табаһыттар аан дойдутааҕы конгресстарыгар саха киһитэ Михаил Погодаев бэрэссэдээтэллээх Табаһыттар аан дойдутааҕы ассоциацияларын 20 сыллаах үбүлүөйэ бэлиэтэнэр. Конгресс түөрт сыл буола-буола ыытыллар. Бу иннинэ 2013 сыллаахха Кытайга табаһыт эбэҥкилэр олорор Аолугуйя сиригэр буолбут.
Конгресска СӨ судаарыстыбаннай мунньаҕын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Анатолий Добрянцев кытынна уонна Саха сирин аатыттан тэрийээччилэри, кыттааччылары, ыалдьыттары эҕэрдэлээтэ.
Ил Түмэн бастакы вице-спикера Саха сиригэр таба иитиитэ былыр-былыргыттан төрүт олохтоохтор олохторун укулаатынан буоларын бэлиэтээтэ. Билиҥҥитэ Саха сиригэр 88 төрүт олохтоохтор общиналара таба иитиитинэн дьарыктаналар. 1850 киһи, ол иһигэр 200 көс олохтоох ыаллар. Кинилэр үгэс дьарыгы байытан, сайыннаран кэлбиттэр.
Табаны иитии үлэ салаатынан эрэ буолбат, бу – этнокултуура, үгэс уонна абыычай. Дириҥ историялаах, баай култууралаах, харыстанар үгэстээх Арктическай, циркумполярнай цивилизация биир көрүҥүнэн буолар. Онон бу култуураны сүтэрбэт туһугар өрөспүүбүлүкэ сүрүн эппиэтинэстээх.
“Таба иитиитин салаатын култууратын, үгэһин сайыннарар политика өрөспүүбүлүкэ соругунан буолар. Ол туһуттан бу салааны өйүүр миэрэлэр ылыллаллар. Саха сиригэр 157 тыһыынча дьиэ табата баар. Таба иитиитин хаһаайыстыбатын көҕүлүүр саҥалыы мэхэниисимнэр киирэллэр, төбө ахсаанын элбэтэр усулуобуйалар оҥоһуллаллар”, — диэн эттэ Анатолий Добрянцев.
Иһитиннэриитин түмүгэр Анатолий Добрянцев конгресска ылыллыбыт быһаарыылар дойдулар бииргэ үлэлииллэригэр көмөлөһүөхтэрэ, култуурунай сибээһи күүһүрдүөхтэрэ диэн эрэнэрин эттэ.
“Аан дойдуга табаны иитии салаата сайдан Хоту сир төрүт норуот олохторун үгэс укулаатын сүппэтигэр тирэх буолуоҕа диэн эрэнэбин”, — диэтэ депутат.
Аан дойдутааҕы конгресс тэрээһиннэрин иһинэн “Дьон уонна кыыллар доруобуйалара”, “Килиимэт уларыйыыта уонна харыстанар сирдэр”, “Үөрэх уонна наука”, “Ыччат уонна ас-үөл култуурата” диэн семинардар ыытыллаллар. “Таба иититигэр – оҕолор” диэн оҕо уруһуйдарын быыстапката, арканы быраҕыы күрэҕэ буолаллар.
Конгресс түмүгүнэн аан дойду табаһыттарын үлэлэрин соругун уонна баар кыһалҕалары быһаарар декларация оҥоһуллара былааннанар.