675

01 ноября 2019 в 10:51

Тутуу сыл бүтүөр диэри быһаарыллыан сөп

Новости РИА интервью биэрэригэр, Саха сирин баһылыга Айсен Николаев Өлүөнэни туоруур муоста бырайыага туһааннаах биэдэмистибэлэр уонна бырабыыталыстыба өйөбүллэрин номнуо ылбытын, онон тутуу туһунан быһаарыы сыл бүтүөр диэри ылыллыан сөбүн туһунан иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн, бу бырайыак РФ президенэ Владимир Путин илии баттыахтаах 2025 сылга диэри Уһук Илин сайдыытын национальнай бырагырааматыгар биир тирэх докумуонунан буолар. Регион баһылыга муоста тутуута тоҕоостооҕун туһунан боппуруоска, ону сэргэ кинини тутууну көрүүлэргэ дойду бырабыыталыстыбатын кытта Саха Сирэ “толору өйдөһөрүн” туһунан эттэ.
«Бүгүн бу муостаны тутуу тоҕоостооҕун туһунан министиэристибэлэртэн уонна биэдэмистибэлэртэн сөбүлэһэр түмүктээһин баарын ааһан, вице-премьер Максим Акимов таһымыгар бу бырайыагы дойду тырааныспарга инфраструктуратын саҥардыы кэлим былааныгар киллэрэр наадалааҕын туһунан бырайыактыыр офис быһаарыыта номнуо баар. Уһук Илиҥҥэ президент боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев бырайыагы өйүүр туһунан быһаарыыта баар», — диэтэ Айсен Николаев.
Регион баһылыга кэпсээбитинэн, бу массыына айанныыр муостата буолуоҕа, бырайыакка тимир суол чааһа көрүллүбэт. Кини этэринэн, муоста Саха сирин арҕааҥҥы киэҥ сирин-уотун дойдуну кытта сибээстиэҕэ. Кэнэҕэс, Айсен Николаев бэлиэтииринэн, 2030-с сылларга Иркутскайтан Магадаҥҥа диэри массыынанан тиийэр кыаллыаҕа, оттон дойду Чуумпу акыйааҥҥа тахсар өссө биир массыына суолун ылыаҕа.
«Биллэн турар, мэлдьи баар боппуруос: харчыны хантан ылабыт? Дойду бырабыыталыстыбатын кытта, ол иһигэр бастакы вице-премьер Антон Силуановы кытта, биһиги ити боппуруоһу быһаарыахпыт уонна муоста тутуута саҕаланыаҕа диэн эрэнэбит. Муостаны тутуу туһунан быһаарыы бу сыл устатыгар ылылыннаҕына, 2025 сылга бу муостанан айанныахха сөп буолуоҕа”, — диэтэ Саха сирин Баһылыга.
Өлүөнэ муостата Амурдааҕы-Саха сиринээҕи тимир суолу, “Бүлүү”, “Халыма” уонна “Лена” массыына суолларын, 5 регионнааҕы массыына суолларын, Дьокуускайдааҕы өрүс пуордун уонна “Дьокуускай” норуоттар икки ардыларынааҕы аэропорду холбуоҕа. 2025 сылга муостаны киллэрии түмүгэр региоҥҥа сылы эргиччи тырааныспар тииһимньилээх буолуута 20,9%-тан 83% диэри улаатыаҕа.

Поделиться