306

26 октября 2018 в 17:41

Петр Гоголев: парламент Уопсастыбаннай палаатаны кытта үлэлииргэ бэлэм

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) Бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев алтынньы 23 к. өрөспүүбүлүкэ Уопсастыбаннай палаататын V уочараттаах пленарнай мунньаҕар кыттыыны ылла.

Мунньах кыттыылаахтара Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев быыбар иннинээҕи бырагырааматын олоххо киллэриигэ өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһын уонна Уопсастыбаннай палаататын оруолун, итини сэргэ хамыыһыйалар 2018 с. үс кыбартаалыгар үлэлэрин түмүгүн уонна Уопсастыбаннай палаата саҥа тутулун дьүүллэстилэр. Маны таһынан, 2017 сылга былаас судаарыстыбаннай толорор уорганнара уопсастыбаннай түмсүүлэри кытта хардарыта үлэлээһиннэрин сыаналааһын туһунан иһитиннэрии уонна да атын кэккэ боппуруостар болҕомтону ыллылар.
Бэбиэскэ чэрчитинэн, Саха Өрөспүү­бүлүкэтин народнай депутатынан талыллыбытынан сибээстээн, Петр Гоголев СӨ Уопсастыбаннай палаататын чилиэнин быһыытынан боломуочуйаларын тохтотор туһунан сайабылыанньата көрүлүннэ. Парламент спикерин кытта Уопсастыбаннай палаата чилиэнин боломуочуйаларын болдьоҕун иннинэ тохтотор туһунан сайабы­лыанньаны Ил Түмэн тутууга уон­на дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыт Яков Ефимов биэрдэ.
Мунньах кыттыылаахтарын иннигэр тыл этэригэр, парла­мент спикерэ Саха сирин Уопса­стыбаннай палаататын уонна Судаарыстыбаннай Мунньах (Ил Түмэн) икки ардыларыгар 2016 с. кулун тутар 23 к. сөбүлэһии түһэрсиллиэҕиттэн саҕаламмыт бииргэ үлэлээһин салгыы ыытыл­лыа­ҕын бэлиэтээтэ. Суолта­лаах соруктартан биирдэстэ­ринэн ылыллар сокуоннар хаачыс­тыбаларын тупсарыы уонна олору олоххо киллэриини хонтуруоллааһын эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин, “нулевой” ааҕыылары ыытыы, экспердэр үлэлэрэ буолуоҕа. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын норуокка туһуланар бырагырааматын дьүүллэһии чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ парламенын аадырыһыгар элбэх этии киирбитин истэргэ үчүгэй. Ил Түмэн Уопсастыбаннай палаатаны кытта үлэлииргэ мэлдьи бэлэм. Биһиги өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай киин сокуоннарын тупсарыыга, аһаҕас парламент бириинсиптэрин олоххо киллэриигэ уонна да атын үгүс сытыы суолталаах темаларга этиилэри күүтэбит”, — диэн түмүктээтэ кини.
СӨ Уопсастыбаннай палаататын бэрэссэдээтэлэ Алексей Сергучев парламент спикерин этиилэрин өйөөтө. Кини, бэйэтин өттүттэн, Петр Гоголевка Уопсастыбаннай палаата чилиэнин быһыытынан ситиһиилээх үлэтин иһин махтанна итиэннэ салгыы көхтөөхтүк уонна таһаарыылаахтык бииргэ үлэлииргэ эрэнэрин биллэрдэ.
СӨ Уопсастыбаннай палаататын V уочараттаах пленарнай мунньаҕын түмүктэринэн уураах барыла ылылынна, онно Саха сирин Уопсастыбаннай палаататын саҥа тутула бигэргэннэ. Ол курдук, түөрт хамыыһыйа тэри­линнэ: экономическай сайдыыга, экологияҕа уонна ДьУоКХ; гражданскай уопсастыба сайдыытыгар; социальнай политикаҕа уонна тыа сирин уонна Арктикатааҕы сир-уот сайдыытыгар.
Бу хамыыһыйаларга хас биирдиилэригэр тус-туһунан туһаайыыларга үлэлэһэр солбуйааччылар ананыахтара. Бастайааннай хамыыһыйалары таһынан саҥа структураҕа хамыы­һыйалар икки ардыла­ры­нааҕы оробуочай уорганнар: «Антикоррупция» уопсастыбаннай сүбэ, этикаҕа, регламеҥҥа уонна палаата үлэтин тэрийиигэ хамыыһыйа, экспердэр сүбэлэрэ уонна өҥөлөрү оҥоруу усулуобуйаларын хаачыстыбатын тутулуга суох сыаналааһыҥҥа уопсастыбаннай сүбэ.
Саҥа структура үлэни күүһүрдүүгэ уонна көдьүүһүн үрдэтиигэ тирэҕинэн буолуо диэн Уопсастыбаннай палаата чилиэннэрэ эрэнэллэр.

Поделиться