1041
24 июля 2017 в 10:12
Инники кэскилин учуоттаан
Киэҥ Ньурба, күөх Ньурба, алмаастаах Ньурба…Кырдьыга, киэн тутта иһиллэр уонна этиллэр ааттар. Ааспыт үйэ ортолоругар алмааһы арыйбыт албан ааттаах-суоллаах Амакинскай эспэдьииссийэ, оччотооҕуга аҥаардас тыа хаһаайыстыбатынан эрэ дьарыктанар оройуон киинэ Ньурба сэлиэнньэтигэр олохсуйуоҕуттан, олох-дьаһах тигинии түспүтэ.Киэҥ Ньурба, күөх Ньурба, алмаастаах Ньурба…Кырдьыга, киэн тутта иһиллэр уонна этиллэр ааттар. Ааспыт үйэ ортолоругар алмааһы арыйбыт албан ааттаах-суоллаах Амакинскай эспэдьииссийэ, оччотооҕуга аҥаардас тыа хаһаайыстыбатынан эрэ дьарыктанар оройуон киинэ Ньурба сэлиэнньэтигэр олохсуйуоҕуттан, олох-дьаһах тигинии түспүтэ.
60-с сыллар саҥаларыгар Ньурба оробуочай бөһүөлэк анал туругун (статуһун) сүкпүтэ. 12-14 тыһыынча киһи нэһилиэнньэлэммитэ, мантан аҥаарын кэриҥэ кэлии дьон этэ. Москваттан быһаччы салаллар уонна үбүлэнэр модун кыахтаах эспэдьииссийэни хааччыйар бөдөҥ авиапредприятие тэриллибитэ. Ньурбаттан Уркуускайга, Новосибирскайга, Москваҕа, о.д.а. улахан киин куораттарга быһалыы көтөр салгын суола олохтоммута. Оччотооҕу Сэбиэскэй Сойууска улаханынан иккис миэстэлээх бөртөлүөт паарката тэриллибитэ.
Ньурба бөртөлүөччүктэрэ Саха сирин тас өттүнэн, Арҕаа Сибиир ньиэбин уонна гааһын үөс турбалара тардыллыытыгар улахан кылааттарын киллэрбиттэрэ. Ньурба авиапредприятиетын бастыҥ лүөччүктэрэ «Хотугу полюс» наука ыстаансыйаларын бары наадалааҕынан хааччыйыыга өр сылларга сыраларын биэрбиттэрэ. Авиапредприятиеҕа Бүлүү сүнньүнээҕи бары оройуоннар аэропортара бас бэринэллэрэ, ол иһигэр 70-с сылларга диэри, Мииринэй оройуонун авиапредприятиета кытта.Ньурба бөһүөлэгэр итинник киэҥ эйгэлээх, ол үөһэ өссө адьас кистэлэҥ үлэлээх-хамнастаах аарыма тэрилтэлэр олохсуйуохтарыттан, киһи-сүөһү ыксары туолуоҕуттан, кырдьык, сайдыы бэлиэтэ биллэ баар буолбута. Ол эрэн, туох барыта икки өрүттээҕин кэриэтэ, ол сайдыы кэлтэгэй этэ. Төрүт олохтоох Ньурба, бэйэтин ол олоҕор олорон хаалбыта. «Амакинка» уонна «Авиапорт» дэнэр икки сүүнэ улахан, сүнньүнэн толору хааччыллыылаах олорор дьиэлээх-уоттаах, маҕаһыыннардаах, остолобуойдардаах, култуура-сынньалаҥ кулууптардаах бөһүөлэк иһинээҕи оройуоннар баар буолбуттара. Балар суоттарыгар Ньурба бөһүөлэгэ килэйэ түспүтэ. Эбии үлэ миэстэтэ тахсыбыта. Олохтоох дьон саба түсүһэн, «килиэптэһэн» барбыта.
Оччотооҕу олохтоох муҥутуур былаастар – хомунньуус баартыйа оройуоннааҕы кэмитиэтэ уонна дьокутааттарын сэбиэтэ – бу аарыма тэрилтэлэр салайааччыларын кытары хайдах-туох майгыннаахтык сыһыаннаһан үлэлээбиттэрин, таайан эрэ көрөн этэр кыах баар. Икки өттүттэн эйэлээх уонна эйэҕэс сыһыан баара чуолкай. Онтон атын буолуон да сатаммат. Москваттан быһаччы дьаһаллан олорор, улахан судаарыстыбаннай кистэлэҥнээх сорудахтаах предприятиелар салайааччыларын үлэлэригэр-хамнастарыгар орооһуохтааҕар буолуох, тумсугун да быктарар кыаҕыҥ суоҕа өйдөнөр суол.
Кыахтаах предприятиелар оройуон оччотооҕу экэниэмикэтигэр чопчу киллэрбит бэйэлэрин кылааттара, дьиҥэр, сэмэй буолуохтаах. Көрдөстөххө, тиэхиньикэ уларсыга баар буолуохтаах. Хойут, 70-с сыллартан, шефтээх көмө диэн хамсааһын үөдүйбүтэ. Биир кэмнээх көмө (сүнньүнэн күһүҥҥү хомуурга), үчүгэйин үчүгэй буолуо эрээри, экэниэмикэҕэ киллэриллибит кылаат быһыытынан сыаналанар кыаҕа суох.
Биир оройуон киинигэр, тастан киирэн, үөр дьон күргүөмүнэн олохсуйуута, төһө да баҕарбыт иһин, нарылаабыт кылааккай сыһыаны эрэннэрэр кыаҕа суоҕа. Геология үрдүк үөрэхтээх исписэлиистэрэ, киин сиргэ үөрэммит, үлэлээбит култууралаах, интэлигиэн дьон, уратылаах кааста бэрэстэбиитэллэрэ – лүөччүктэр олохтоох ыччакка аҥаардас тас көстүүлэринэн, тутта-хапта сылдьалларынан, идэлэрэ умсугутуулааҕынан сүрдээх улахан сабыдыалы оҥорбуттара туох да саарбаҕа суох. Ньурба ыччаттарыттан геология, хайа дьыалатын уһулуччулаах исписэлиистэрэ уонна салайааччылара, авиация үгүс ахсааннаах лүөччүгэ уонна тиэхиньигэ үүнэн тахсыбыттара. Саамай суолталааҕа, олохтоох оробуочай кылаас баар буолбута.
Иннэ күлүмүрдээбит мэтээл, хараҥа кэтэх эмиэ өттүлээх этэ. Омуктар икки ардыларынааҕы уустук сыһыан Ньурба ыччатыгар ыар охсууламмыта. Сытыы-хотуу, кыанар соҕус ыччата маассабайдык хаайыы дойдуламмыта. 17-25 саастаах ыччата. Оскуола үрдүкү кылааһын уолаттара сууттанан түбэһиилэрэ, сөҕүөх иһин, ырааҕынан сэдэҕэ суох буолара. Сокуон тыйыс эрээри, сокуон буоллаҕа дии. Ол эрээри, Ньурба оччотооҕу сокуона ала-чуо олохтоох ыччакка хаҕыһын бэлиэтиир наадалаах буолуоҕа. Оройуон салалтата, судьуйа, борокуруор, милииссийэ – барылара саха дьоно. Атын омук бэрэстэбиитэлин, кини буруйдааҕын да иһин, холуобунай дьыалаҕа тардардааҕар, олоххо туох да уопута суох бэйэ ыччатын хаайыы дьиэлиир судургу буоллаҕа. Интернационалист, сокуону кытаанахтык тутуһар киһи аатырыаҥ. Инники карьеҕар иҥнигэс суох буолуоҕа. Чэ, ити курдук…
Алмаас тэрилтэтиттэн саҕалаабыппыт, алмааспытыгар төннүөҕүҥ. «Алроса-Ньурба» аахсыйатын 10%-наах бакыата бу сылга приватизацияланар былааҥҥа киирэр диэн бырабыыталыстыба быһаарыыта тахсан турар. Ньурба улууһун Ил Түмэҥҥэ дьокутаата Владимир Прокопьев бу боппуруоска туох санаалааҕын умдаардаан көрөр сыаллаах, утарыта көрсөн олорон кэпсэтэргэ холоннум. Владимир Михайлович эдэр сааһыттан улууһугар салайар үлэҕэ уһуннук үлэлээбит, баһылыктаабыт, өрөспүүбүлүкэ баай-дуол сыһыаннаһыытыгар миниистирин 1-кы солбуйааччытынан үлэлээбит, икки ыҥырыыга Ил Түмэҥҥэ дьокутааттыы сылдьар дьоһун киһи. Саамай суолталааҕа, Накыын алмааһа эрэспиэскэлэнэр, арыллар, хайа-байытар кэмбинээт төрүттэнэр уонна үлэлиир кэмигэр, кини улууһугар үлэлии олорбут, «Алроса-Ньурба» аахсыйатын 10%-наах бакыата Ньурба улууһугар “бэлэхтэнэр» дьыалатыгар элбэхтик сүүрбүт-көппүт, турууласпыт киһи буолар.
— Владимир Михайлович, 10%-наах бакыат хайдах быһыылаахтык, туох төрүккэ олоҕуран, Ньурба улууһун дьаһалтатыгар бэриллибитэй?
— Арааһа, ырааҕынан эргитэн, тэнитэн эппиэттээн көрөрүм сөп буолуоҕа. Бастатан туран, Ньурба сиригэр-уотугар алмаас көстүбүтүгэр, 1997 с. улуус баһылыга Никифоров В.И. сорудаҕынан, бастакы сөбүлэһии барылын оҥорбутум. Ол докумуон АЛРОСА компания уонна улуус икки ардыларыгар түһэрсиллибитэ уонна инники өттүгэр сыһыаннаһыыларга улахан төрүөт буолбута. Ол курдук, каадыры бэлэмнээһин, үлэҕэ ылыы, уонна улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар көмөлөһүү, инникитин бу боппуруоска бииргэ үлэлэһии курдук кэскиллээх, төһүү буолар хайысхалар бигэргэммиттэрэ.
1997 сыл от ыйыгар, оччолорго улуус сир эрэпиэрмэтигэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, улуус мунньаҕын дьокутаата, сир боппуруостарыгар, сир анныгар уонна экологияҕа бастайааннай хамыыһыйа бэрэссэдээлэ киһи, баһылык Варвара Андреевна Петроваҕа «Алроса-Ньурба» АУо-ны тэрийии боппуруостарыгар Туспа санааларым» диэн сурук киллэрэн турабын. (Суругун куопуйатын көрдөрөр. – П.И.). Ол сурукпар РФ бырабыыталыстыбата уонна АЛРОСА АК салалтата аһаҕас тииптээх саҥа уопсастыбаны тэрийиигэ, предприятие устааптаах фондатыгар 100% үбү уган туран, соҕотох тэрийээччилээх оҥорорго суоттанарын туһунан эппитим. «Итинник түбэлтэҕэ СӨ бырабыыталыстыбатын, улуус дьаһалтатын уонна нэһилиэнньэтин саҥа предприятие устааптаах хапытаалыгар өлүүлэһэр, аахсыйаҕа тиксэр, ол аата дибидиэҥҥэ тииһинэр бырааптара сарбыллан тахсар. Алмаас улахан компанията улуус туруорар усулуобуйатын ылыныар диэри, «Алроса-Ньурба» АУо эрэгистирээссийэлиири тохтоторго. Оттон ол офшор зонатыгар эрэгистирээссийэлэнии туһунан суоһурҕаныы, таах боруоста тылынан куттааһын буолар, өскөтө оннук дьаһанар түбэлтэлэригэр, биһиги конституционнай бырааппытын уонна интэриэспитин аһаҕастык көмүскээн, бэйэбит улууспут сиригэр-уотугар компания ыытар үлэтин бүттүүн бырачыастыырбытыгар кыах үөскүүр.
Оттон аһаҕас уопсастыба өлүүтүн суотугар, улууска аахсыйа төһө эрэ сорҕотун биэрии туһунан экэнэмиичэскэй сөбүлэҥи түһэрсии эмиэ албынныырга холонуу биир көрүҥэ. Предприятие ыарахан экэнэмиичэскэй балаһыанньатыгар сигэнэн туран, хаһан баҕарар ол сөбүлэҥиттэн аккаастанан кэбиһэр кыахтаах.
Улуус саҥа тэриллэр аһаҕас уопсастыба устаабыгар уонна тэрээһин дуогабарыгар 15%-тан итэҕэһэ суох түмүллүбүт хапытааллаах, толору бырааптаах тэрийээччи быһыытынан киирэрин ситиһиэхтээхпит. Улуус дьаһалтатын баһылыга, аһаҕас уопсастыба кэтээн көрөр сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы дуоһунаһыгар, сэбиэт сыыһа быһаарыытыгар бобуу уурар бырааптаах, киирэрин ситиһиэхтээхпит. Маны таһынан, кэтээн көрөр сэбиэккэ улуус нэһилиэнньэтин бэрэстэбиитэлэ баар буолуохтаах. Ньурбаттан төрүттээх, хостуур бырамыысыланнаска үлэлии сылдьар бастыҥ исписэлиистэрбит саҥа компания салалтатыгар тардыллалларын боппуруоһун туруорсуохтаахпыт.
Улуус өлүүтэ сорох аахсыйатын нэһилиэнньэҕэ тарҕатар туһунан боппуруоһу туруоруохха. Хостуур лицензияны ыларга сөбүлэҥ, баайдаах сир эрэспиэскэтэ бүппүтүн, экологическай эспэртиисэ ыытыллыбытын, улуус туруорсар усулуобуйалара толорууга ылыныллыбыттарын эрэ кэннэ бэриллиэхтээх». Улуус баһылыгар киллэрбит ураты санаам ис хоһооно итинник этэ.
Маны таһынан, Ньурба улууһун дьонун-сэргэтин интэриэһигэр үлэлиир көҕүлүүр бөлөх аатыттан өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнэ Михаил Николаевка, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Валентин Федоровка суруктары ыыппыппыт. Улуус баһылыга Варвара Петрова өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнигэр, бырабыыталыстыбатыгар, АЛРОСА АК салалтатыгар ыытар үгүс суруктарын бырайыактарын тус бэйэм элбэхтик бэлэмнээбитим. Биллэрин курдук, 1997 сыллаахха «Алроса-Ньурба» ААУо икки сүрүн тэрийээччилээх: улахан АЛРОСА (87%) уонна Ньурба улууһун дьаһалтата – СӨ судаарыстыбаннай былааһын уорганын быһыытынан (10%) аахсыйа өлүүлэрдээх тэриллибитэ.
— Ньурба улууһун нэһилиэнньэтин интэриэһин туруулаһыы быһыытынан, аахсыйа 10%-наах бакыата ситиһиллибит курдук өйдөөн олоробун. Сирин-уотун хостуур бырамыысыланнаска толук биэрбит улуус дьоно-сэргэтэ туохха эрэ эрэҥкэдийэ быһыытыйар санаатын-оноотун өйдүөххэ эмиэ сөп курдук.
— Сыыһа өйдүүгүн. СӨ судаарыстыбаннай былааһын уорганын устуруктууратыгар киирэр Ньурба улууһун дьаһалтатыгар, аахсыйа 10%-наах бакыата бэриллэр. 2003 сылга, олохтоох салайыныыга киирии бэрээдэгинэн, улуустар муниципальнай тэриллии ыстаатыстаналлар. Бэйэтин кэмигэр судаарыстыбаннай былаас уоргана – Ньурба улууһун дьаһалтата – муниципальнай тэриллиигэ кубулуйбутун кэннэ, аахсыйа бакыата кини бас билиитигэр бэриллибэтэҕэ. Өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр хаалбыта.
— Ол саҕана улуус баһылыктарынан үлэлээн сылдьыбыт кэккэ дьонтон хайалара аахсыйалаах бакыаты өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар «даллах» гынан туран биэрбитин уорбалаан, үгүстүк хаһыакка суруйа сылдьыбыттара. Бэл, Варвара Андреевна бэйэтинэн, олохтон барыан эрэ иннинэ, эмиэ хаһыатынан хардарсан турар.
Улуус аахсыйата 2003 сылга «былдьанар». Олохтоох салайыныыга биһиги Арассыыйаҕа олох хойутаан, тиһэҕинэн, Чечня эрэ иннинэ киирэн турабыт. Тугу эрэ тобулунарга бириэмэ баар курдук этэ. Былаас муниципальнай уоргана буолуон иннинэ, Ньурба улууһун дьаһалтата сокуоннай бырааптаах аахсыйатын ким да былдьаспатыныы, юридическай сиилэлээн улууска хаалларар кыахтааҕа дуо? Аны туран, муниципальнай тэриллии – олохтоох былаас уоргана. Кини эмиэ бэйэтэ бырааптаах уонна боломуочуйалаах. Аахсыйатын биэрэртэн аккаастанар кыахтаах этэ дуо?
— Өссө төгүл тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ, 10% акция государство — өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр хаалбытыгар Петрова В.А. да, Дмитриев Р.Г. да буруйдара суох. Барыта федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран, государство бэйэтин баайын илдьэ хаалбыта, муниципальнай бас билиигэ бэриллибэтэҕэ. Онон кэккэ дьон, элбэх сыл бу боппуруоһунан соруйан дьону бутуйаллара олох сыыһа быһыы.Улуус баһылыгынан үлэлии олорон, өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыгар, онтон Ил Түмэн дьокутаата буоларбынан, 2015 сыл кулун тутарыгар өрөспүүбүлүкэ Баһылыга аахсыйа 10%-наах бакыатын бүттүүнүн эбэтэр ол кыаллыбат буоллаҕына, сорҕотун «Ньурба улууһа» МТ бас билиитигэр бэриллэр боппуруоһун көрөрүгэр көрдөһөн суруктары суруйбутум.(куопуйаларын көрдөрөр — П.И.)
— Владимир Михайлович, ааспыт 90-с сыллар ортолоруттан саҕалаан, Ньурба алмааһа улуус социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар өйөбүллээх буолуутугар, ол иһигэр олохтоох дьон-сэргэ интэриэһин туруулаһыыга чахчыта харыгын ньыппарынан туран үлэлэспит эбиккин. Дөкүмүөннэр, суруктар ону толору кэрэһэлииллэр.Сөп. Хайҕаллаах дьыала. Ол эрэн, ити барыта ааспыт суол буоллаҕа дии. Салгыы тугу толкуйдуур буолаҕын, туох этиилээххиний?
— Норуот дьокутаатын быһыытынан, бэйэм этиилэрбин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар киллэрэн турабын. Аахсыйа бакыата судаарыстыба, биһиги балаһыанньабытыгар өрөспүүбүлүкэ бас билиитэ буолара мөккүөргэ турбат. 2003 сылга диэри олохтоох салайыныы уоргана муниципальнай тэриллии диэн өрөспүүбүлүкэҕэ суоҕа. Ол быһыытынан, муниципальнай бас билии диэн эмиэ суоҕа. Ол кэнниттэн элбэх уу устан ааста. Улууска баһылыгынан үлэлиир кэммэр, аахсыйа бакыатын улуустааҕы муниципальнай тэриллии бас билиитигэр биэрэр туһунан боппуруоһу өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтатыгар элбэхтэ туруорбутум. Итинник туруорсуу төрүтэ суох буолбатах. Билиҥҥи сокуон итинник кыаҕы көрөр.Билигин түһэрсиллэн сылдьар сөбүлэһии чэрчитинэн, бэйэлэрин үтүө көҥүллэринэн киллэрэр уонна Ньурбатааҕы ХБК-га үлэлиир улуус олохтоохторуттан киирэр дуона суох нолуоктан ураты, улуус бюджетыгар АЛРОСА үлэтиттэн-хамнаһыттан нолуок дохуота киирбэт. Оттон улуус социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньата өссө сэбиэскэй кэмнэртэн улахан проблемалардаах харгытаан хаалбыта. Уонунан уһун сылларга улууска сэниэлээх тутуу барбатаҕа. Күн бүгүн Ньурбаҕа подстанциялаах Сунтаар – Ньурба 220 кВт үрдүк күүрүүлээх электро-лиинньийэ тутуллуутун боппуруоһа өр кэмҥэ кыайан быһаарыллыбакка турар. Авиапорт көтөр-түһэр балаһатын реконструкциялааһын проблемата 50 сыл устата сыһыллар-соһуллар. Улууһу гаастааһын дьыалата быһаарыллара уустуктардаах. Сырыыны-айаны улаханнык туорайдыыр Түүкээн үрэҕин уонна Бүлүү өрүһүн муосталааһын кыһалҕата турар. Хорула, Хатыы, Маалыкай курдук кытыы олохтоох нэһилиэктэргэ массыына сылдьар суолун тутуу боппуруоһа турар.
Ньурба 1997 сылтан куорат анал туруктаммыта. Канализация-ыраастыыр тутуута суох олорор. Социальнай хайысхалаах эбийиэктэр, бастатан туран, балыыһа комплексын иккис уочарата, техникум үөрэтэр баазата, физкултуура-чэбдигирдэр комплекс, тыйаатыр дьиэтэ, оскуолалар, оҕо саадтара тутуллуулара – бу бүгүҥҥү кыһалҕа сорҕото эрэ буолар. 1966 сыллаахха төрүттэммит Ньурба тыйаатыра күн бүгүнүгэр диэри анал дьиэтэ суох үлэлии олорор.Аҥаардас бу ахтыллар проблемалары быһаарыыга элбэх миллиард үп-харчы наада. Дьыала уустугун ким барыта өйдүүр суола. Ол эрэн, Ньурба улууһа Саха сиригэр хостонор алмаас таас чиэппэрин биэрэ олороро, ол үөһэ хостуур бырамыысыланнаска өссө инники улахан кэскиллээҕэ булгуччу учуоттаныахтаах этэ. Күн бүгүн улуус сиригэр-уотугар хостонор алмаас дохуота уонна онно эбиитин 10% аахсыйа бакыатын дибидиэнэ өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар киирэр. Бу 10%, 2002 сылга улуус дьаһалтатыттан өрөспүүбүлүкэҕэ ылылларыгар, дибидиэнэ 10 мөл. солк. тэҥнэһэр этэ. Күн бүгүн – 1 млрд. 400 мөл. солк.
Кистэл буолбатах, биһиги алмаастаах, ол барыһыттан тииһинэр улуус аатыраммыт, өрөспүүбүлүкэ сайдыытын (инибэстииссийэ) бюджетыгар киирдэхпитинэ эрэ киирдибит диибит. Хас эмэ уонунан уһун сылларга бөдөҥ социальнай-экэнэмиичэскэй проблемалара кыайан быһаарыллыбатах улууска, кини төрүт бырааптаах сорох бырыһыанын хаалларар сөп этэ.Оттон бырабыыталыстыба быһаарыыта олоххо киирэр түбэлтэтигэр, маннык этиилэрдээхпин: аахсыйаны атыылаһааччынан булгуччу АЛРОСА АК (ПАО) буолуохтаах. Ол үп-харчы, бастатан туран, Ньурба улууһун сайдыытын стратегиятынан быһаарыллыбыт эбийиэктэр тутууларыгар уонна олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыыга туһуланыахтаах. «Алроса-Ньурба» ААУо юридическай сирэй быһыытынан, Ньурбаҕа эрэгистирээссийэтэ оннунан хаалыахтаах. Ньурба улууһа АЛРОСА АК (ПАО) кытта социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы боппуруостарыгар өр болдьохтоох сөбүлэһиигэ уонна 2007 сылтан «Алроса-Ньурба» ААУо лицензията дьайар кэмин устата түһэрсиллибит сөбүлэһиитигэр илии баттаһар усулуобуйатын туруорарга. Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээти «Алроса-Ньурба» ААУо састаабыгар биэрэргэ.