887
03 ноября 2017 в 09:48
Владимир Путин быыбарга кыттыа дуо?
Кини дойду аҕа баһылыгын быыбарыгар кыттарыгар сокуон быһыытынан, толору бырааптаах
Үүнэр 2018 сыл кулун тутар ыйыгар Российскай Федерация Президенин быыбара ыытыллыаҕа. Бу аан дойду отуора алдьаммыт, этэргэ дылы, киһи инникитин тымтыктанан кыайан көрбөт буолбут уустук кэмигэр судаарыстыбабыт аҕа баһылыгынан ким буолара хас биирдиибитин долгутара саарбахтаммат.
Күүтэбит
Биллэрин курдук, Россия Президенин алта сыллаах үлэтин болдьоҕо түмүктэнэн эрэр. Ити иннинэ дойду аҕа баһылыгын үлэлиир болдьоҕо түөрт сыл этэ. Российскай Федерация Төрүт Сокуонугар көннөрүү киирэн, итинник уларыйыы буолбута.
Буолаары турар Россия Президенин быыбарыгар билигин дойдуну салайан олорор Владимир Путин төрдүс болдьоххо барыа дуо диэн ыйытыы үгүстэри үүйэ-хаайа тутар. Билиҥҥитэ кини итиннэ хардатын биэрэ илик. Күүтэбит, кэтэһэбит…
2008 сыллааҕы дойду аҕа баһылыгын быыбарын өйдөөн-санаан кэллим. Бу быыбарга эмиэ Владимир Путин кыттыа дуу, кыттымыа дуу диэн таабырыннаан аҕай биэрбиппит. Кинини үһүс болдьоххо барыах тустаах диэн айдаан өргө диэри уҕараабатаҕа. Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлии олорор Сергей Миронов: «Дойду Төрүт Сокуонун 84 ыстатыйатын уларытыахха, биир киһи Российскай Федерация Президенинэн үс болдьох олоруон сөп гына», — диэн эппитэ-тыыммыта. Өрөспүүбүлүкэбитигэр «Петербург» диэн Адвокаттар коллегияларыгар үлэлиир Анна Михалютина Российскай Федерация Конституционнай суутугар «Путин бастаан Ельцин болдьоҕун ситэрэн биэрбитэ, онон 2008 сылга иккис болдьоҕун курдук быыбарга кыттар бырааптаах» диэн үҥсүү түһэрбитэ. Ити кэмҥэ президеммит дойдубут Төрүт Сокуонун ытыктаан, быыбарга кыттартан аккаастаммыта.
Оччолорго Төрүт Сокуон кини туһатыгар утары буоллаҕына, билигин, атын балаһыанньа. Сокуон быһыытынан дойду Президенин быыбарыгар кыттар толору бырааптаах, бэйэтэ официальнайдык сөбүлэҥин биэриэн эрэ наада.
Атырдьах ыйын 4 күнүгэр Владимир Владимирович Россия Президенин быыбарыгар Владимир Жириновскай, Геннадий Зюганов, Григорий Явлинскай уонна Ксения Собчак кыттар буоллахтарына, кандидатуратын туруоруоҕун сөбүн туһунан этэн турардаах. Бу ааттаммыт дьон бары быыбарга кытталларын туһунан иһитиннэрдилэр. Онон мантан сылыктаатахха, Владимир Путин кэлэр сыллааҕы дойду саамай улахан суолталаах политическай түгэнигэр кыттыыны ылыан сөп.
2012 сыллааҕы Российскай Федерация Президенин быыбарыгар Владимир Путин фаворит буолара эрдэттэн биллэрэ. Оччолорго быыбардааччылары дойдубут аҕа баһылыгын талар быыбар иккис түһүмэхтэниэ дуо диэн ыйытыы үүйэ-хаайа туппута. Манна төрүөтүнэн Госдума быыбара «айдааннаахтык» барыыта буолбута. Ол курдук, быыбар түмүгэр итэҕэйбэппит диэн Москва болуоссатыгар үгүс ахсааннаах киһи кыттыылаах миитин ыытыллыбыта. Ити гынан баран, дойду аҕа баһылыгын быыбара биир түһүмэҕинэн түмүктэммитэ.
Владимир Путин бу быыбарга кыттыыны ылбат буоллаҕына, кини оннугар президент буолуохтаах киһини (преемнигын) аныан эмиэ сөп.
Кимнээх кыттыахтарын сөптөөҕүй?
Дойду Президенин быыбарыгар кимнээх кыттыахтарын сөптөөҕүй? Кыттарга баҕаларын биллэрбиттэр олус элбэхтэр. Бу суруйуубар кинилэргэ барыларыгар тохтуом суоҕа. Политическай өттүнэн «ыйааһыннаахтарга» болҕомтобун ууруом. Ол курдук, бастатан туран, бөдөҥ политиктартан РЛДП политическай партиятын лидерэ Владимир Жириновскай кыттыыны ылбатаҕына, этэргэ дылы, киһи соһуйуон сөптөөх. Кини алтыс төгүлүн маннык таһымнаах быыбарга кыттыыны ылыаҕа.
Хас да сыллааҕыта Россия араадьыйатын «От первого лица» биэриитигэр Владимир Жириновскайтан: «Президеҥҥэ кандидатынан тураргыттан хал буолбаккын дуо?» – диэн ыйыппыттара. Онуоха Владимир Вольфович: «Быыбардааччылары кытары быыбар хампаанньаларыгар эрэ ыкса ситими тутуһабын, санаа атастаһабын. Политика диэн олимпиада курдук. Политик спортсмен курдук дьулуурдаах, азартаах эрэ буоллаҕына тугу эмэ ситиһэр», – диэн хардарбыта. Кырдьык, политическай партиялар лидердэрэ маннык улахан быыбардарга кыттаннар партияларын рейтинин үрдэтэллэрэ саарбахтаммат.
Жириновскай: «Дьон былаастан сылайда. Уларыйыы киириэн баҕарар. Президент буоллахпына, хамнаһы, пенсияны уонна стипендияны үрдэтиэм диэн эппэппин. Ити кыаллыбатын билэбин, дойду хааһынатын кураанахтыам дуо?», – диэн «Россия» ханаалга Владимир Соловьев биэриитигэр эппитэ.
______________________________________________
Буолаары турар Россия Президенин быыбарыгар билигин дойдуну салайан олорор Владимир Путин төрдүс болдьоххо барыа дуо диэн ыйытыы үгүстэри үүйэ-хаайа тутар. Билиҥҥитэ кини итиннэ хардатын биэрэ илик. Күүтэбит, кэтэһэбит…
______________________________________________
Кини судаарыстыба Президенинэн талыллар түгэнигэр, дойдуга Дональд Трамп ыытар миграционнай политикатын ыытар, бөдөҥ промышленноһы национализациялыыр, табахха уонна итирдэр утахтарга судаарыстыба монополиятын тэрийэр, аччыгый уонна орто бизнеһы өйүүр, ону сэргэ дойдуга субъектар ахсааннарын аччатар былааннаах.
Иккиһинэн, РФКП лидерэ Геннадий Зюганов сыл саҥатыгар тустаах быыбарга кыттарга баҕалааҕын туһунан иһитиннэрбитэ. Биллэрин курдук, кини хас дойду Президенин быыбарын ахсын иккис миэстэттэн түспэт. Геннадий Зюганов быыбар иннинээҕи бырагыраамата хаһан да уларыйбат. Ол курдук, айылҕа ресурсаларын национализациялааһын, олигархтары кулаахтааһын, приватизация түмүктэрин хос көрүү уонна НДС суох оҥоруу. Федеральнай хаһыаттар, Интернет ситимэ кэлиҥҥи сылларга кини электората аччаабытын туһунан бэлиэтииллэр. Итиннэ сөпсөһөр табыллыбат дии саныыбын. Төттөрүтүн, кэлиҥҥи кэмҥэ сэбиэскэй кэми ахтааччы-санааччы ахсаана элбиир.
Уһун тохтобул кэнниттэн «Яблоко» партияны төрүттээччи Григорий Явлинскай дойду Президенин быыбарыгар илин-кэлин түсүһэргэ быһаарынна. Явлинскай бу быһаарыныытыгар Москва муниципальнай быыбардарыгар «яблоколар» хас да оройуоҥҥа кыайбыттара төһүүнэн буолбута саарбаҕа суох. Кини бүтэһигин маннык таһымнаах быыбарга 2000 сыллаахха кыттыыны ылбыта. Манна кини бочуоттаах үһүс миэстэҕэ тиксибитэ. Григорий Явлинскай дойду аҕа баһылыга буолар түбэлтэтигэр судаарыстыба тас политикатын курсун уларытар, регионнары үбүлээһин ситимин реформалыыр уонна Федерация Сэбиэтин чилиэннэрин быыбарынан талар гына оҥорор баҕалаах.
«Сиэрдээх Россия» политическай партия лидерэ Сергей Миронов дойду аҕа баһылыгын быыбарыгар кыттара-кыттыбата өссө биллэ илик. Ахсынньы 25 күнүгэр буолар партия съеһэ президеҥҥэ кандидат боппуруоһун бүтэһиктээхтик быһаарыахтаах.
Сергей Миронов маннык таһымнаах быыбарга икки төгүллээн кытта сылдьыбыта эрээри, этэргэ дылы, бүтэһик миэстэттэн өнүйбэтэҕэ. Кини хамнаһы үрдэтэргэ, үөрэҕирии үтүө үгэстэрин чөлүгэр түһэрэргэ, ЕГЭ-ни туттарыы булгуччулаах буолбатын уонна капитальнай өрөмүөн иһин усунуоһу тохтотору туруорсар.
Суут президеҥҥэ кандидаттан тохтоппотоҕуна, ыччат ортотугар аптарытыатынан туһанар, оппозиционер Алексей Навальнай быыбарга кыттыыны ылыан сөп. Кини быыбар иннинээҕи бырагыраамата, этэргэ дылы, киэҥ. Ол курдук, экономическай өттүнэн тэҥэ суох буолууну суох оҥоруу, коррупцияны утары охсуһуу, суут реформата, о.д.а.
Алтынньы ортотугар Ксения Собчак дойду Президенин быыбарыгар кыттарын туһунан иһитиннэрбитэ. Кини быыбарга кыттыыны ылар баҕатыгар бүлүтүөҥҥэ «барыларын утары» диэн норуот сөбүлүүр графата суох буолбута төһүүнэн буолбутун туһунан бэлиэтиир. Ксения Собчак бырачыастыыр электорат киниэхэ куоластыырыгар ыҥырар. Киниэхэ чуолкай быыбар иннинээҕи бырагыраамата да, хамаандата да суоҕа атахтыахтарын сөп. Үгүстэр Собчак президент быыбарыгар кыттыыны ылыан баҕалааҕын туһунан иһитиннэрбитигэр күлүү-элэк гынан киирэн барбыттара. Ол эрээри, сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаххын сөп диэн этии баар. Собчак дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэринэн, өйө-санаата киэҥинэн уонна кэрэ аҥаардары өрө туруордаҕына, этэргэ дылы, тыаһы таһаарар кыахтаах.
Политик тылын-өһүн көрүнүөхтээҕин, биир сыыһа-халты тыллаһыы инники суолун-ииһин сабан кэбиһиэн сөбүн туһунан суруйууларбар өрүү бэлиэтээччибин. Ксения Собчак Крымы Украина сирэ-уота диэбитэ үгүстэри соһутта. Кини ити этиитэ быыбарга кыттарыгар туорай маһа буолуон эмиэ сөп.
Биир интэриэһинэй президеҥҥэ кандидатынан Камбоджаҕа бэйэтэ бас билэр арыылаах, космонавт буолар баҕата туолбатах Сергей Полонскай буолар.
Онон үлэлии-хамсыы олорор дойду Президенэ Владимир Путин кыттарыттан-кыттыбатыттан быыбар түмүгэ улахан тутулуктааҕа саарбахтаммат.