444

05 октября 2018 в 11:52

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ эһигини Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиир!

 

Ытыктабыллаах учууталлар, үөрэх эйгэтин үлэһиттэрэ, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ эһигини Учуутал күнүнэн эҕэрдэлиир!
Алтынньыга үгэс быһыытынан биһиги үөрэх үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыктарынан чиэстиибит. Учуутал күнэ хас биирдиибитигэр оҕо сааспытын санатар, оскуолатааҕы сылларбытын эргитэр үтүө бырааһынньык буолар. Учууталга махталы биһиги олохпут устата иҥэринэн, бэйэбитин кытта илдьэ сылдьабыт.
«Үөрэх туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн, оҕону иитии уонна үөрэтии саҥа таһымҥа тахсан, оскуола иннинээҕи уонна эбии үөрэтиигэ улахан болҕомто ууруллар. Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэҕэ үөрэх эйгэтин сайыннарыыны сокуоннарынан хааччыйыыга, педагогтар, иитээччилэр социальнай өттүнэн көмүскэллээх буолалларыгар, нэһилиэктэргэ дьоҕус оскуолалары оннунан хаалларыыга утумнаах үлэни ыытар.
Билигин үөрэх эйгэтэ оҕо, ыччат аныгы тэтимнээх олоххо күрэстэһэр кыахтаах, чиҥ билиилээх, дэгиттэр сайдыылаах буолуутугар бэлэмниир соруктаах. Онуоха хаһан баҕарар үөрэтии ис хоһоонугар учуутал быһаарар оруоллаах. Саха сирин педагогтара бу эппиэттээх соругу үрдүктүк тутан, саҥа үйэ киһитин иитиигэ уонна үөрэтиигэ инникитин да ситиһиилээх буолуохтарыгар эрэнэбит.
Эһиэхэ үүнэр көлүөнэни иитиигэ айымньылаах үлэни, үрдүк ситиһиилэри, чэгиэн туругу, дьолу баҕарабыт.

Поделиться