560

04 ноября 2017 в 10:00

Сэтинньи 4 күнэ – норуоппут биир сомоҕо күүһүн кэрэһилиир бэлиэ күн

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ эһигини дойдубут биир сүрүн бырааһынньыгынан — Норуот сомоҕолоһуутун күнүнэн эҕэрдэлиир!

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо!

Сэтинньи 4 күнэ — Россия хас биирдии олохтооҕор историябыт үйэлээх үгэстэрин, норуоппут биир сомоҕо күүһүн кэрэһилиир бэлиэ күн. Дойдубут туһугар бэриниилээх буолуу, эйэҕэс сыһыан, баай култуура – бу барыта судаарыстыба сайдарыгар сүрүн тирэҕинэн буолаллар.
Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэлбит патриотическай өйү-санааны, духуобунаспыт тулхадыйбат сыаннастарын харыстыах тустаахпыт. Эдэр ыччат сайдыыга, билиигэ, үрдүктэн үрдүк чыпчааллары дабайарга дьулуһуохтаах.
Быйыл биһиги улахан суолталаах түгэни — Саха сирэ Россия састаабыгар киирбитэ 385 сылын бэлиэтиибит. Сахабыт сиригэр 130-тан тахса омук дьоно сомоҕолоһоммут, өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут бигэ туруктаах буоларын туһугар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьабыт, инникибитигэр эрэллээхпит.
Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнэ эһиэхэ дьолу, чэгиэн доруобуйаны, үтүө туругу, эйэни, өйдөһүүнү уонна ситиһиилэри баҕарар.

Поделиться