667

28 сентября 2018 в 12:17

Бүддьүөт дохуоттаах чааһын улаатыннардылар

Бала­ҕан ыйын 24 күнүгэр буол­бут Саха Өрөспүүбүлү­кэтин Бырабыыталыстыбатын мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн дохуоттаах чааһыгар уларытыы киллэрэр туһунан сокуон барылын көрдүлэр.

Мунньахха “2018 сылга уонна 2019-2020 сс. былааннаммыт кэмҥэ СӨ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан” СӨ сокуонугар уларытыы киллэрэр туһунан” сокуон барыла көрүлүннэ.

Дакылааты үп миниистирэ Валерий Жондоров оҥордо. Ол курдук, кини иһитиннэрбитинэн, 2018 сылга Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуотун уопсай кээмэйэ 14 млрд 575 мөл. солкуобайынан улаатыннарыллара былааннанар. Билгэлээһининэн, быйылгы сыллааҕы бүддьүөт дохуоттаах чааһа 208 млрд 526 мөл. солк. тэҥнэһиэҕэ. Валерий Жондоров бэлиэтээбитинэн, бүддьүөт дохуоттаах чааһын уларытыы 2018 сылга өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын көрдөрүүлэрин чопчулааһыны кытары уонна нолуоктан ураты киирэр дохуоту, дотацияны, субсидиялары уонна атын киирэр үптэри үллэриини кытары сибээстээх. Нолуоктан киирэр дохуот 3 млрд 438 мөл. солк. улааппыт уонна 104 млрд 672 мөл. солк. тэҥнэһэрэ сабаҕаланар.

 

Чопчулааһын

Сокуон барылыгар сурулларынан, 292 мөл. солкуобайы гражданнар сорох категорияларын эминэн хааччыйыыга ыытыахтара. Хамнас алын кээмэйин үрдэтиигэ уонна бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтиигэ эбии 1,527 млрд солк. ыытыахтара. Суол фондатыгар эбии 1,473 млрд солкуобайы көрүөхтэрэ. Коммунальнай өҥөнү оҥорор тэрилтэлэргэ төлөнүөхтээх иэстэргэ 7,439 млрд солк., 329 мөл. солк. оҕо ыйдааҕы босуобуйатыгар, 1,796 млрд солкуобайы булгуччулаах медицинскэй страховкаҕа ыытыахтара.

 

 

Үп миниистирэ этэринэн, сорох бырамыысыланнас тэрилтэлэрин барыстара үрдээн, сүрүн эбиллии барыс иһин нолуоктан киирбит – 6 млрд 480 мөл. солк. Оччотугар бүддьүөккэ барыс иһин нолуоктан 47 млрд 875 мөл. солк. киирэрэ сабаҕаланар. Маны таһынан солкуобай долларга сыһыаннаан түспүтүгэр үбү эргитэр тэрилтэлэртэн киирэр нолуок улааппыт. Бу хайысханан 12 млрд 202 мөл. солк. киирэрэ сабаҕаланар.

Нолуоктан ураты, атын сиртэн киирэр дохуот 9 млрд 782 мөл. солк. улаатара былааннанар уонна уопсайа 26 млрд 215 мөл. солк. тэҥнэһэрин туһунан  Валерий Жондоров иһитиннэрдэ. “Үрдэтии сүрүн суумата – 9 млрд 549 мөл. солк. “АЛРОСА” АХ дибидиэнин политиката уларыйан, онтон үп киирэрэ былааннанар. Ону таһынан “АЛРОСА” АХ 2017 сыллаах үлэтин түмүгүнэн ыытыллыбыт мунньахха дибидиэни чопчулааһын түмүгэр бүддьүөккэ киирэр үп кээмэйэ кыратык улаатта”, — диэн Валерий Жондоров эттэ. Хампаанньаттан  босхо (безвозмездный) киирэр үп 1 млрд 353 мөл. солк. улаатыннарыллыбыт уонна 77 млрд 638 мөл. солк. тэҥнэспит.

 

 

Киин сайт суруйарыттан

Аан дойдуга саамай бөдөҥ алмааһы хостуур “АЛРОСА” Акционернай хампаанньа Владивостокка бөдөҥ кээмэйдээх алмаастары балаҕан ыйыгар буолбут аукциоҥҥа атыылаабыт. 10,8 караттаах алмаастар кэбэҕэстик атыыламмыттар.
Барыта уопсай 2003 карат кээмэйдээх 108 алмаас атыыламмыт, атыыттан 12,6 мөл. доллар киирбит. Атыылаһыыга Арассыыйаттан, Кытайтан, Гонконгтан, АХШ-тан, Израильтан, Бельгияттан, Индияттан уонна ХАЭ-тан уопсайа 76 хампаанньа кыттыбыт.
“Уһук Илин Кытайы кытары үлэлэһиибит далааһынын кэҥэтэрбитигэр көмөлөһөр. Владивосток былаһааккатыгар быйыл ыыппыт аукциоммут ситиһиилээхтик ааста. Онон бастыҥ хаачыстыбалаах 100-тэн тахса алмааһы атыылаатыбыт. Кэлэр аукциону алтынньы бүтэһигэр – сэтинньи саҥатыгар ыытары былаанныыбыт”, — диэн “АЛРОСА” АХ бырабылыанньатын чилиэнэ Евгений Агуреев иһитиннэрбит.
Владивостокка “АЛРОСА” АХ филиала 2016 сыллаахха тэриллибит. Хампаанньа алмааһын атыылыыр аукциона аан бастаан 2016 сыл атырдьах ыйыгар ыытыллыбыт.

 

 

Оттон бүддьүөт ороскуоттаах чааһа хайдах эбитий? 2018 сылга судаарыстыбаннай бүддьүөт ороскуота 14 млрд 582 мөл. солкуобайынан улааппыт уонна 210 млрд 239 мөл. солк. тэҥнэспит. 2019-2020 сс. ороскуот уопсай кээмэйэ билиҥҥитэ уларытыллыбатах. Валерий Жондоров эппитинэн, ороскуоттаах чааһы улаатыннарыы сүрүн социальнай боппуруостары кытары сибээстээх, ол иһигэр гражданнар сорох категорияларын эминэн хааччыйыыны, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтиини, хамнас алын кээмэйин улаатыннарыыны уонна суол фондатыгар көрүллүбүт ороскуоттары улаатыннарыыны кытта сибээстээх.

Маны таһынан сокуон барылынан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай иэһэ хаттаан ааҕыллан, 275 мөл. солкуобайынан кыччатыллара уонна 2019 сыл тохсунньу 1 күннээҕи көрдөрүүнэн 52 млрд 532 мөл. солк. буолара сабаҕаланар. Оттон 2018 сылга Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дефицитэ оннунан хаалар – 1 млрд 705 мөл. солк.

Поделиться