839

10 июля 2017 в 11:02

Экономикабыт сайдарыгар кыах улаатта

Уот тариба ыараханын, итинтэн инвестицияны тардыыга, аччыгый уонна орто бизнес сайдарыгар мэһэйдэр үөскүүллэрин туһунан кэпсэтии барбыта ыраатта. Россия историятыгар Уһук Илиҥҥи региоҥҥа аан бастаан электроэнергия тариба от ыйын 1 күнүттэн аччаата.

Ааспыт нэдиэлэҕэ бу боппуруос тула суруналыыстарга анаан пресс-конференция буолан ааспыта. Тэрээһини өрөспүүбүлүкэ Сыана политикатыгар судаарыстыбаннай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова салайан ыытта.

Үгүс мэһэйдэри үөскэппитэ

Өрөспүүбүлүкэбитигэр энергетика салаатын сүрүн кыһалҕатынан уот тарибыгар дизельнэй энергетикаҕа перекрестнай субсидияны көрүү этэ. Итини хайдах быһаарыахха сөбүй? «Якутскэнерго» тэрилтэ «Сахаэнерготтан» электроэнергия тарибын атыылаһар. Ити кэнниттэн гидростанция, киин станциялар тарифтара булкуһаллар. Промышленнай предприятиеларга тариф орто көрдөрүүттэн өссө улаатан биэрэрэ. Дьиҥэ, бары ирдэбиллэр быһыытынан промышленнай предприятиеларга орто көрдөрүүттэн намыһах буолуохтаах эбит. Перекрестнай субсидиялааһын суоҕа эбитэ буоллар, электроэнергияҕа тариф быдан намыһах буолуохтааҕа.
Перекрестнай субсидиро­ваниеттан сылтаан, өрөспүү­бүлүкэбитигэр үлэлии сылдьар бөдөҥ промышленнай предприятиелар төлүүртэн аккаастанан бараллара баар суол. Аны тарибы көрө-көрөлөр атын саҥа промышленнай предприятиелар кэлбэттэр, оптовай ырыынакка тахсаллар. Онон ити «Якутскэнерго» тэрилтэҕэ уонна, уопсайынан, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан охсуулааҕа.

Өр сыллаах туруорсуу кэнниттэн

Өссө 2005 сыллаахха өрөс­пүүбүлүкэ салалтата ити энер­гетикаҕа баар кыһалҕаны бы­һаарар туһунан боппуруоһу феде­ральнай кииҥҥэ туруорбута. Итинтэн ылата бу проблеманы быһаарыыга үгүс үлэ ыытыллыбыт. Араас таһымҥа үгүс мунньахтар буолбуттара.
Өрөспүүбүлүкэ салалтата туруорсуутун Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев өйөөбүтэ. Боппуруоһу быһаарыыга Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук субъектара бары кыттыбыттара. Юрий Трутнев дойду Президенигэр Владимир Путиҥҥа Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук субъектарыгар электроэнергия тарибын түһэрэр туһунан боппуруоһу быһаарыыны ылынарга этии киллэрбитэ.
Тустаах этиини дойду аҕа баһылыга Владимир Путин 2016 сыл ахсынньы 16 күнүгэр өйөөбүтэ. Оттон Судаарыстыбаннай Дума «Электроэнергетика туһунан» федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр туһунан» сокуон барылын бүтэһиктээх ааҕыыга ылыммыта.


Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана тустаах сокуоҥҥа уларыйыы күүһүгэр тохсунньу 1 күнүттэн киирбитинэн сибээстээн, саҥа тарибы 2017 сыл от ыйын 1 күнүттэн буолбакка, 2017 сыл тохсунньу 1 күнүттэн киллэрэргэ этии оҥорбута. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата тариф перерасчетын юридическэй сирэйдэргэ эрэ буолбакка, предпринимателлэргэ эмиэ оҥорору туруорсубута. Бу этиилэр Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев, дойду монополияны утары сулууспатын уонна Уһук Илин сайдыытыгар министерство өйөбүллэринэн дойду бырабыыталыстыбатынан өйөммүттэрэ. Онон электроэнергия тариба аччаабыт көдьүүһүн тустаах тэрилтэлэр уонна предпринимателлэр тута билиэхтэрэ.
Тарибы тэҥнээһин түмүгэр, өрөспүүбүлүкэбитигэр 15,6 млрд солк. субсидия көрүллүөҕэ. Ол курдук, үүммүт сыл тохсунньу 1 күнүттэн уот тариба 58% аччыаҕа.
Электроэнергия тарибыгар уларыйыылар киириилэринэн сибээстээн, өрөспүүбүлүкэ Сыана политикатыгар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ, биллэн турар, үгүс ааҕыы-суоттааһын үлэтин көрсүбүтүн бэлиэтиибин.

Нэһилиэнньэҕэ дьайбат

Ол курдук, билигин Уһук Илин федеральнай уокурук субъектарыгар электроэнергетика тариба дойду киин регионнарын тарибын кытта тэҥнэстэ. Тустаах сокуоҥҥа уларыйыылар киирэннэр, перекрестнай субсидиялааһын суох буолбутун түмүгэр, бу сыалга федеральнай да, өрөспүүбүлүкэ да бюджеттарыттан эбии үп-харчы тыырыллара наадата суоҕун бэлиэтиибин.
Манна ааҕааччым сыыһа өйдүөххүн сөп. Ол курдук, нэһилиэнньэҕэ уот тариба аччатыллыбат. Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата нэһилиэнньэҕэ эмиэ электроэнергия тарибын түһэрэр туһунан боппуруоһу туруорсубута да, дойду бырабыыталыстыбата ити этиини өйөөбөтөҕүн бэлиэтиибин. Ити Уһук Илиҥҥи регион олохтоохторугар көрүллүбүт уот тариба онто да суох намыһаҕынан матыыптаммыта.


Ол эрээри тустаах тэрилтэлэргэ уокка тариф аччаабытынан сибээстээн, нэһилиэнньэҕэ квартира иһин төлөбүрдэригэр тымныы, итии ууну туһаныыга, уопсайынан, 59 коммунальнай тарифка тохсунньу 1 күнүттэн перерасчет оҥоһуллуоҕа.

Бизнес сайдара саарбаҕа суох

Кимнээххэ уот тариба ач­чыа­ҕай? Ол курдук, электроэнергия тариба бөдөҥ предприятиеларга, орто уонна аччыгый бизнеһинэн дьарыктанааччыларга кыччатыллыаҕа. Өрөспүүбүлүкэ тэрилтэлэригэр ити суума 11,1 млрд солк. (15,6 млрд солкуобайтан) тэҥнэһиэҕэ. Хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр уонна индивидуальнай предпринимателлэр ороскуоттара 2,6 млрд солк. аччаан биэриэҕэ.
Бөдөҥ промышленнай пред­приятиеларга уонна орто, аччыгый бизнеһинэн дьарыктанааччыларга ороскуоттара кыччаан биэрдэҕинэ, өҥө уонна бородууксуйа себестоимоһа (бэйэҕэ турар сыаната) намтыыра ситиһиллиэҕэ. Маны таһынан, биллэн турар, олохтоох оҥорон таһаарыы үүнүүтүгэр-сайдыытыгар төһүүнэн буолуоҕа. Ааҕааччыларга өрөспүүбүлүкэ салалтата олохтоох оҥорон та­һаарыыны үрдэтиини инники күөҥҥэ тутуллар сорук оҥосторун санатабын.
Тустаах уларыйыы киирбитэ өрөспүүбүлүкэбитигэр аччыгый уонна орто бизнеһи күүскэ сайыннарара саарбаҕа суох. Бизнеһинэн дьарыктаныан баҕалаахтар кэккэлэрэ хаҥыаҕа дии саныыбын. Маны тэҥэ саҥа үлэ миэстэлэрэ таһаарыллыахтара. Үлэтэ, дьарыга суох дьоммут ахсааннара аччыаҕа.
Итини таһынан уот тариба аччаабытыттан, өрөспүүбүлүкэ бюджетын ороскуота 4,1 млрд солк. кыччаан биэриэҕэ. Ити босхоломмут үп-харчы социальнай боппуруостары быһаарыыга тыырыллыаҕа.
Бу электроэнергетика салаатыгар уларыйыы киириитэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай сайдыытыгар үтүө өттүнэн дьайара саарбахтаммат. Регион инвестицияны тардыыта күүһүрүөҕэ уонна үөһэ этэн ааспытым курдук, аччыгый уонна орто бизнес күүскэ сайдыаҕа, олохтоох оҥорон таһаарыы улаатыаҕа.

 

Поделиться