991
22 февраля 2018 в 12:18
Электроннай, сыыппаранан экономика диэн тугуй?
Кэлиҥҥи 20 сылга аан дойду олоҕо тосту уларыйда. Ол курдук, глобализация, информатизация, аныгы технологиялар балысханнык сайдаллар. Кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыры олохпут-дьаһахпыт ирдиир.
Судургутук быһаарар буоллахха
Күндү ааҕааччым, урукку өттүгэр кулгаахтаан истибэтэх «сыыппаранан экономика» (цифровая экономика) термиммит үгүстүк туттуллар буолбутун бэлиэтии көрөр буолуохтааххын. Дьэ, сыыппаранан экономика диэн туох эбитий?
Сырьевой, инновационнай, ырыынак, оҥорон таһаарар, былааннаах экономика диэн туохтарын үгүстэр билэбит-көрөбүт. Сыыппаранан, электроннай экономика диэн тугун судургутук быһаарар эбит буоллахха, сыыппаранан технологияларга олоҕурбут экономическай үлэ-хамнас буолар.
Интернет ситимин нөҥүө оҥоһуллар өҥөлөр барыта электроннай экономика көрүҥэр киирсэллэр. Холобур, электроннай, кинигэлэри, киинэлэри, музыканы, оонньуулары, электроннай бородууксуйалары атыылааһын, эргинии.
Холобур аҕаллахха
Сыыппаранан экономика бастакы хараҥаччылара аан дойдуга ХХ үйэ бүтэһигэр баар буолбуттарын бэлиэтиибин. Билигин Интернетинэн туһанааччы элбээн, дойдуга экономика бу көрүҥэ тэтимнээхтик сайдан эрэр.
Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр электроннай экономика биир көрүҥүнэн аан бастаан дьарыктаммыт дьон истэригэр бырааттыы Ушницкайдары киллэриэм этэ. Ырыынак сыһыаннаһыыларыгар бастаан саҕалаабыт киһи өрүү барыстаах балаһыанньалаах буолар. Билигин Ушницкайдар «MyTona» тэрилтэлэрэ атаҕар турбут, ситиһиилээхтик үлэлиир-хамсыыр биир предприятиенан буолар. Элбэх киһини үлэнэн хааччыйаллар.
Кинилэр компьютернай оонньуулары айаннар Америкаҕа, Кытайга, Японияҕа, о.д.а. дойдуларга атыылыыллар. Бырааттыы Ушницкайдары батыһаннар саха уолаттара итинник чааһынай тэрилтэлэри тэриммит холобурдара эмиэ баар.
Судаарыстыба таһымнаах өйдөбүл
Системнай администратор, программист оҥорор өҥөлөрө эмиэ электроннай өҥө көрүҥэр киирсэллэр. Юристар, бухгалтердар, психологтар уо.д.а. идэлээх дьон Интернет ситимин нөҥүө оҥорор консультациялара эмиэ итиннэ киирсэр. Кылгастык быһаарар эбит буоллахха, куйаар ситимин нөҥүө оҥоһуллар өҥөлөр сыыппаранан экономика көрүҥэр киирсэллэр.
Сыыппаранан экономика өйдөбүл — киэҥ, бүтүн судаарыстыба, дойду масштабтаах. Билиҥҥи кэмҥэ экономика ити көрүҥэ олоххо-дьаһахха толору киирбит судаарыстыбата суоҕун кэриэтэ. Оннооҕор сайдыылаах Америка итини толору баһылыы-көһүлүү илик. Арай Японияҕа экономика ити көрүҥэ сайдыбыт буолуон сөп. Холобур, 2016 сыллаахха Великобританияҕа Интернет-экономика ис баалабай бородуукта 12% тэҥнэспит. Көрөргүт курдук, улахана суох сыыппара.
Кыра, дьоҕус судаарыстыбаларга сыыппаранан экономика түргэнник киириэн сөбүн бэлиэтиибин.
Өрөспүүбүлүкэбитигэр IT технологиялар, сыыппаранан экономика сайдалларыгар усулуобуйа суох буолбатах, баар. Ол курдук, кадр резервэтэ, урутаан сайдыы сирэ-уота, технопарка, венчурнай фонда, инвестиционнай сайдыы Агентствота, Саха сирин сайдыытын корпорацията уо.д.а. тэриллибиттэрэ.
Толору электроннай экономикалаах
Табаары уонна өҥөлөрү сирэй-сирэйгэ көрсөн атыылааһыны, оҥорууну виртуальнай эйгэ баһыйдаҕына эрэ, дойду толору сыыппаранан экономикалаахпын дэниэн сөп.
Компьютер оонньуутугар астарынааҕар-таҥастарынааҕар үгүөрү үбү-харчыны кутар дьон бааллар, ол кэриэтэ дойду таһымыгар ити эйгэҕэ үгүс үп-харчы кутуллар буоллаҕына, электроннай экономикалаах судаарыстыба аатырыахпытын сөп. Ол аата киһи барыта аныгы технологиялары толору баһылаатаҕына, көдьүүстээхтик туһана үөрэннэхтэринэ, сыыппаранан экономика түргэн тэтиминэн олоххо киириэҕэ.
Маны таһынан дойдуга сибээс ситимэ, Интернет толору сайдыан наадалаах. Хас биирдии киһи Интернетинэн туһанар, туттар инфраструктурата тэриллиэх, усулуобуйата олохтонуох тустаах. Быраап-нуорма базата баар буолуохтаах. Уонна, биллэн турар, кадрдар.
Куттанар, дьиксинэр табыллыбат
Этэргэ дылы, аныгы технологиялар сайдыылаах кэмнэрэ бэйэтин быраабылатын олохтуур. Ол курдук, IT эйгэ олус түргэн тэтиминэн сайдар. Күн бүгүн компьютера, Интернетэ суох ханнык да дьыала, боппуруос быһаарыллыбат буолбута баар чахчы.
Сыыппаранан, электроннай экономикаттан куттанар, дьиксинэр наадалаах дуо? Суох. Аныгы технологиялар биһиги олохпутун-дьаһахпытын судургутуталлар, сыалбытын-сорукпутун ситиһэрбитин, оҥорон таһаарыыны түргэтэтэн биэрэллэр. Холобур, урукку эбитэ буоллар, дьиэ-уот, коммунальнай өҥө эбэтэр уот иһин, о.д.а. төлөбүрдэри уһун уочаракка тураҥҥын, көмүскэ тэҥнээх бириэмэҕин сүтэрэҥҥин төлүөҥ этэ. Билигин дьиэҕэр эбэтэр үлэҕэр олороҥҥун Интернет ситимин нөҥүө төлөөн кэбиһэҕин. Судаарыстыбаннай өҥөлөр нөҥүө элбэх дьыалаҕын ситиһиэххин эмиэ сөп.
Бары эйгэҕэ
Промышленность, баан, үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, кылгастык эттэххэ, бары эйгэлэргэ ити өйдөбүл баар буолара ирдэнэр. Билигин Госдумаҕа телемедицина туһунан сокуон ылылынна. Киин сир үрдүк квалификациялаах быраастара ыраах сытар сирдэргэ баар коллегаларыгар Интернет ситимин нөҥүө сүбэ-ама буолуохтарын сөп. Биһиги курдук киэҥ сиринэн тайаан сытар нэһилиэнньэлээх пууннардаах сиргэ-уокка телемедицина ордук табыгастаах буолуон сөп.
Оттон үөрэҕирии эйгэтигэр ыраахтан олорон, дистанционнайдык кими баҕарар үөрэтиэхтэрин сөп.
Саҥаны түргэнник ылынар, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, интеллектуальнай потенциала улахан, нэһилиэнньэлээх регион, Саха сирэ, электроннай, сыыппаранан экономика олоххо киириитигэр инники күөҥҥэ буолуоҕар эрэнэбин.
Үлэтэ суох хаалар куттал баар дуо?
Кистэл буолбатах, сыыппаранан экономика диэн термин аан бастаан туттуллар буолбутугар, экономистар, бухгалтердар үлэлэрэ суох хаалыахтара диэн дьиксинэр санаа баара. Итинник идэлээх дьон үлэтэ суох хаалыахтара суоҕа диэн быһаччы этэбин. Ол оннугар кинилэр аныгы технологиялары баһылааһыҥҥа ылсыахтара.
Бу хайысха саҥаны түргэнник ылынар үүнэн иһэр эдэр көлүөнэҕэ ордук барыстаах буолуоҕа.
Дойдуга саҥа сүүрээҥҥэ, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир кадрдары бэлэмнээһиҥҥэ үлэ ыытыллара эрэйиллэр. Биллэрин курдук, ааспыт 2017 сыл от ыйын 28 күнүгэр Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын 1632 №-дээх дьаһалынан «Российскай Федерация сыыппаранан экономиката» биэс хайысханан үлэлиэхтээх бырагыраама бигэргэтиллибитэ. Бу саҥа сүүрээни Сколково үүннүөҕэ-тэһиинниэҕэ.
Ол курдук, Сколково дойдуга электроннай, сыыппаранан экономика киириитигэр 250 мэһэй баарын бэлиэтээбитэ. Саҥа сүүрээн олоххо киирэрин наадатыгар, биллэн турар, нуорма-быраап акталарыгар уларыйыылар киириэхтэрин, ити хайысха сүрүннэниэн наадалаах.
Өрөспүүбүлүкэбит төһө бэлэмий?
Биһиги регион сыыппаранан экономика олоххо киириитигэр төһө бэлэмий диэн ыйытыы үөскээн тахсар. Кылаабынайа, өрөспүүбүлүкэбитигэр ити саҥа сүүрээн олоххо киириитигэр тирэх баар.
Ол курдук, өрөспүүбүлүкэбитигэр күн бүгүн 6 тыһ. км оптоволоконнай сибээс ситимэ тардыллыбыт. Манна 90 нэһилиэнньэлээх пуун холбоммут. Итиннэ өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин 68% олорор. Оттон сотовай сибээс 480 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа баар. Саха сирин 99,27% мобильнай сибээһинэн туһанарын бэлиэтиибин. Ол эрээри сибээс ити көрүҥнэрэ үрдүк хаачыстыбалаахтык үлэлииллэр диир тутах.
Маны таһынан региоҥҥа IT технологиялар, сыыппаранан экономика сайдалларыгар усулуобуйа суох буолбатах, баар. Ол курдук, кадр резервэтэ, урутаан сайдыы сирэ-уота, технопарка, венчурнай фонда, инвестиционнай сайдыы Агентствота, Саха сирин сайдыытын корпорацията уо.д.а. тэриллибиттэрэ.
Саҥаны түргэнник ылынар, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, интеллектуальнай потенциала улахан, нэһилиэнньэлээх регион, Саха сирэ, электроннай, сыыппаранан экономика олоххо киириитигэр инники күөҥҥэ буолуоҕар эрэнэбин.