865

14 августа 2015 в 12:06

Ийэ хапытаала

Атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи дааннайынан, сыл саҕаланыаҕыттан, Арассыыйа биэнсийэҕэ фондатын управлениеларыгар өрөспүүбүлүкэ куораттарыттан уонна улуустарыттан ийэ хапытаалын ылыыга 4483 сайабылыанньа киирбит. 2007 сылтан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 60151 сэртипикээт бэриллибит. Бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн ийэ хапытаалын кээмэйэ 453,26 тыһ. солкуобайга тэҥнэһэр.

Ийэ хапытаала сүнньүнэн дьиэ кэргэн олорор усулуобуйатын тупсарыыга туттулар. 28939 дьиэ кэргэн ылбыт ийэ харчытын ити сыалга ыыппыт. 7 тыһыынча кэриҥэ ыал ийэ хапытаалыттан көрүллэр 20 тыһ. солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүрүнэн туһаммыт.

Поделиться