881

10 января 2020 в 10:11

Олохтоох үлэһити уонна социальнай эппиэтинэһи тумнубаттар

 

Үөһээ Мууна алмааһын сүүрбэттэн тахса сыл устата хостуохтара

 

 

Үөһээ Мууна бөһүөлэгэ тус хоту Өлөөн улууһугар баар. Удачнай куораттан чугас сытар. Биллэрин курдук, 2016 сыллаахха ити нэһилиэнньэлээх пуунтан 24 км сиргэ бөдөҥ алмаастаах сири булбуттара.

 

 

Саамай  бөдөҥ инвестиция  бырайыага

 

Бу алмаастаах сир «АЛРОСА» хампаанньа биир саамай бөдөҥ инвестициялыыр бырайыагынан буолар. Аҥаардас ити сиртэн хостонор баайдаах миэстэни бэлэмнээһиҥҥэ инвестицията 16 млрд солк. тэҥнэспитэ. Оттон алмаастаах сири чинчийэргэ 60 млрд солк. үп-харчы угуллубута.

Үөһээ Муунаттан сылга ортотунан 1,8 мөл. карат алмааһы хостуур былааннаахтар. Алмаастаах сир исписэлиистэр ааҕалларынан-суоттуулларынан, барыта 38 мөл. карат саппаастаах. Ити саппааһа сүүрбэттэн тахса сыл, 2043 сылга диэри хостонуохтаах. Биллэрин курдук, «Мир» карьер саахалланан «АЛРОСА» хампаанньа үлэтин көрдөрүүтэ намтыы сылдьыбыттаах. Итини Үөһээ Мууна алмаастаах сирэ оһоруохтаах.

Бу сиртэн алмааһы хостооһун 2018 сыл алтынньы 31 күнүттэн саҕаламмыта. Сыл­лааҕы былаан аһара туолбут. Ааҕаач­чыларбар Үөһээ Мууна үлэҕэ киирэригэр телемост тэриллибитин, онно дойду Президенэ Владимир Путин уонна Россия Федерациятын бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы — үп миниистирэ Антон Силуанов кыттыыны ылбыттарын санатабын.

Тустаах хампаанньа Саха сиригэр хостуур алмаастара Мирнэй куоракка суордунан араарар Кииҥҥэ ыытыллаллар. Оттон Үөһээ Муунаттан хостоммут алмаастар маҥнайгы суордунан араарыыны итиннэ ааһаллар уонна Москваҕа анал тэрилтэҕэ утаарыллаллар.

 

–––––––––––––––––––––––
Хоту сиргэ суолу-ииһи тутар чэпчэкитэ суоҕа биллэр. Хампаанньа суолу тутуон иннинэ дьиикэй табалар ханан ааһалларын кэтээн көрбүтэ. Суол табалар сиртэн сиргэ көһөллөрүгэр мэһэйдэппэттэрин курдук суоттанан-учуоттанан оҥоһуллубута.
––––––––––––––––––––––

 

Ирдэбиллэр тутуһуллаллар

 

Миэстэҕэ бырамыысыланнас сайдара экономическай өттүнэн туһалаах эрээри, син биир тулалыыр эйгэҕэ охсуулаах. Олохтоохтор бу боппуруоска долгуйаллара оруннаах. Өлөөн улууһун салалтата уонна дьокутааттара тустаах боппуруоска күүстээх болҕомтолорун уурбуттара. Улуус Сугулаанын оройуоннааҕы Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, 35 сыл устата дьокутаат мандаатын илдьэ сылдьан, төрөөбүт-үөскээбит Өлөөнүн туһугар үгүс көмүс көлөһүнүн тохпут Зоя Григорьева ити туһунан кэпсээн турардаах.

— Улууспут баһылыга Александр Степанович Иванов бу боппуруоһунан сүрдээх күүскэ дьарыктанарын бэлиэтиибин. Дьокуускайга Ил Түмэҥҥэ буолуохтаах мунньах иннинэ, дьокутааттар алмаас хостонуохтаах Үөһээ Мууна диэн сиргэ бара сылдьыбыппыт. Хампаанньа ыытар үлэтин-хамнаһын кытта билсибиппит, салалтаны кытта кэпсэппиппит, — диэн кини кэпсээбитэ.

«АЛРОСА» хампаанньа уонна Өлөөн улууһа сөбүлэһиигэ илии баттаспыттара. Итиннэ этиллэринэн, хампаанньа хас сылын ахсын улууска социальнай боппуруостары быһаарарыгар анаан 100 мөл. солк. тыырыахтаах.

Соторутааҕыта бу улууска «АЛРОСА» хампаанньа үбүгэр-харчытыгар таас култуура киинэ үлэҕэ киирэн, олохтоохтор үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ үксээбитэ. Маны таһынан 100 миэстэлээх оҕо саада уонна квартальнай хочуолунай тутуллубуттара.

Биллэрин курдук, Өлөөн улууһугар «АЛРОСА» хампаанньа уонна «Нижнеленскэй» хампаанньалар өҥөлөрүнэн табаһыттар хамнастара атын улуус­тардааҕар үгүөрү. Ол курдук, иллэрээ сылга диэри ити улууска табаһыт ыйга 35 тыһ. солк. аахсара.

Хоту сиргэ суолу-ииһи тутар чэпчэкитэ суоҕа биллэр. Хампаанньа суолу тутуон иннинэ дьиикэй табалар ханан ааһалларын кэтээн көрбүтэ. Суол таба­лар сиртэн сиргэ көһөллөрүгэр мэһэйдэппэттэрин курдук суоттанан-учуоттанан оҥоһуллубута.

Итини таһынан GPS навигатор көмө­түнэн дьиикэй табалар оҥоһуллубут суолунан ааһар кэмнэригэр техникалар сырыыларын тохтотор гына хампаанньа дьаһаммыта. Онон Удачнай — Үөһээ Мууна суолун тустаах хампаанньа биир саамай экология өттүнэн куттала суох суолунан-ииһинэн ааҕыныан ааҕынар.

Биллэрин курдук, Өлөөн улууһугар Дьэлиҥдэ бөһүөлэгин аттыгар баар Томтор диэн сиргэ сэдэхтик көстөр ниобий, иттрий, скандий, лантан, церий, празеодим, неодим, европий, самарий курдук металлар саппаастара бааллар. Ити металлар ракетаны, магниты, электродвигателлэри, күн уотунан, тыалынан үлэлиир электростанциялары, компьютердары, мобильнай төлөпүөннэри, химическэй промышленноска туттуллар оборудованиелары, медицинаҕа анаан аныгы тэриллэри оҥорууга туһаныллаллар эбит. Онон билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ стратегическай суолталаах бырамыысыланнас салаата тэриллэрэ күүтүллэр.

2014 сыллаахха ыам ыйыгар Том­тордооҕу хостонор баайдаах сири туһанарга анаммыт аукциоҥҥа «Восток Инжиниринг» ХЭТ кыайбыта.

— Актыыбынай дьонтон уопсастыбаннай инспектордары талбыппыт. Анал балаһыанньа ылыммыппыт. Кинилэргэ анал дастабырыанньа оҥотторбуппут. Онон оробуочай бөлөх чилиэннэрэ дастабырыанньаларын көрдөрдүлэр эрэ, «Восток Инжиниринг» тэрилтэни кытта хайа баҕарар боппуруоска үлэлэһэр кыахтаахтар. Тустаах тэрилтэ улуус олохтоохторун диэки хайыста, — диэбитэ Зоя Давыдовна.

Бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ экология быраабылаларын, ирдэбиллэрин тутуһар уонна социальнай эппиэтинэстээх буоллахтарына, субъекка туһаттан атыны аҕалбаттара чуолкай.

 

Бу алмаастаах сир «АЛРОСА» хампаанньа биир саамай бөдөҥ инвестициялыыр бырайыагынан буолар. Аҥаардас ити сиртэн хостонор баайдаах миэстэни бэлэмнээһиҥҥэ инвестицията 16 млрд солк. тэҥнэспитэ. Оттон алмаастаах сири чинчийэргэ 60 млрд солк. үп-харчы угуллубута.

 

800  үлэ миэстэтэ

 

Үөһээ Муунаҕа үлэ вахта ньыматынан ыытыллар. «АЛРОСА» хампаанньа олохтоох кадрдарга анаан 800 үлэ миэстэтин таһаарбыта. Кинилэргэ анаан олорор-үлэлиир усулуобуйаны толору тэрийбитэ.

Хампаанньа олохтоох ыччакка стипендия төлөөн, Мирнэйгэ уонна Удачнайга араас оробуочай идэлэргэ үөрэттэрбитэ. Билигин манна өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан кэлэннэр үлэлии-хамсыы сылдьаллар.

Хостонор баайдаах хоту сиргэ алмаас таас үүнүү-сайдыы аартыгын тэлэччи арыйдаҕа буолуохтун диэн этиинэн суруйуубун түмүктүүбүн.

 

 

Людмила НОГОВИЦЫНА

 

 

Парламент хаhыата № 1 (2112) Тохсунньу 10 күнэ, 2020 сыл

Поделиться