657
10 июня 2019 в 16:49
Оптовай ырыынакка киирии туох уларыйыыны аҕалыай?
ЕЭС России» РАО тэриллиэҕиттэн ылата, дойдубутугар электроэнегияны кууһунан (оптовай) эргинии Федеральнай электроэнергия уонна кыамта (мощность) оптовай ырыынагар саҕаламмыта. Ол курдук, ити сүүрээн Россияҕа 2003 сыл сэтинньи 1 күнүттэн саҕалаан олоххо киирэн барбыта.
Оттон Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын 2018 сыл ахсынньы 8 күнүнээҕи 1496 № уурааҕынан Саха сирин Киин уонна Арҕаа оройуоннара 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Илин» холбоһуктаах энергоситимигэр (ОЭС «Восток») киллэриллибиттэрэ. Тустаах уураах энергетика эйгэтигэр ханнык уларыйыылары аҕалла? Ааспыт нэдиэлэҕэ Ил Түмэҥҥэ депутаттар уонна бу эйгэ үлэһиттэрэ ити боппуруоһу дьүүллэспиттэрэ, санаа атастаспыттара.
Технологическай кэһии таһаарыллыбатах
Уһук Илиҥҥи регион ырыынакка конкуренцията суох буолан, сыана сүрүннэммэтэх зонатыгар (неценовая политика) киирсэр. Үүммүт сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Якутскэнерго» тэрилтэ «Илин» холбоһуктаах биир кэлим энергоситимигэр ситиһиилээхтик киирбитэ. 220 кВ «Томмот-Майа» уонна «Аллараа Куранах-Өлүөхүмэ» энергоситимнэригэр холбонуу ыытыллыбыта. Аллараа Куранах подстанцията өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүн уонна Уһук Илиҥҥи регион холбоһуктаах ситимнэрин кытта сибээстиир. Ити икки ситиминэн Уһук Илиҥҥи региоҥҥа электроэнергияны экспортыыллар.
«Якутскэнерго» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ, норуот депутата Александр Слоик этэринэн, холбонуу кэмигэр уонна кэнниттэн генерация кэмчититтэн биир даҕаны уоту араарыы курдук технологическай кэһии таһаарыллыбатах.
Российскай Федерация бырабыыталыстыбатын 2018 сыл ахсынньы 8 күнүнээҕи 1496 № уурааҕынан Саха сирин Киин уонна Арҕаа оройуоннара 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн «Илин» холбоһуктаах энергоситимигэр (ОЭС «Восток») киллэриллибиттэрэ.
Тохсунньуттан туох уларыйда?
Урукку өттүгэр Арҕаа уонна Киин энергооройуоннар территориальнай электроэнергетическай ситимтэн ойдон олорооччуларынан ааҕыллаллара. Билигин Хотугу энергооройуон эрэ итинник ойдон олорор ситиминэн ааҕыллар. Кинини «Сахаэнерго» уотунан уонна сылааһынан хааччыйар. Оттон Соҕурууҥҥу энергооройуон билигин Киин уонна Арҕаа оройуоннар курдук, уруккуттан оптовай ырыынакка сыана сүрүннэммэтэх зонатыгар киирсэрэ.
Арҕаа уонна Киин энергооройуоннар оптовай ырыынакка киирбиттэрин кэннэ, тарифка ханнык уларыйыылар таҕыстылар? Тустаах уларыйыы тэрилтэлэргэ уонна урбаанньыттарга туһуланарын бэлиэтиибин. Тохсунньу 1 күнүгэр диэри электроэнергия генерациятын сыаната 5 солк. 46 харчыга тэҥнэһэрэ. Тариф итиччэ буолара «Якутскэнерго» «Сахаэнерго» тэрилтэни кытта хааччыйарын кытта сибээстээҕэ. Манна уоту биэрии сыаната уонна поставщик олоххо-дьаһахха (бытовой) надбавката эбиллэрэ. Итилэр эмиэ олус үрдүктэрин бэлиэтиибин. Ол кэнниттэн федеральнай субсидиялааһын сууммата көҕүрэтиллэрэ. Субсидия сууммата генерация сыанатын аһара барара. Онон тэрилтэлэргэ уонна урбаанньыттарга тариф 3 солк. 63 харчыттан саҕалаан 3 солк. 92 харчыга диэри халбаҥныыра.
Тохсунньуттан манна туох уларыйда? Ити кэмтэн ылата «Якутскэнерго» электроэнергия генерациятын сыанатын бигэргэтэрин тохтотто. Ол курдук, генерация тариба бу кэмҥэ ханнык электростанциялар ордук күүскэ үлэлииллэриттэн көрөн, быһыллар эбит. Оттон уоту биэрии тариба аччаан биэрбит. Олох-дьаһах надбавката уруккутунан хаалбыт. Инфляциянан сибээстээн, олох кыратык эбиллибит. Өссө итиннэ инфраструктура иһин эмиэ кыра суумма эбиллэн биэрэр эбит.
Соҕурууҥҥу, Арҕаа уонна Киин энергооройуоннарга урукку өттүгэр федеральнай бюджеттан көрүллэр тарифтары тэҥнээһиҥҥэ көрүллэр субсидия сотуллубут. Билигин «Якутскэнерго» тэрилтэ уоту биэрии уонна олох-дьаһах надбавкатын тарифтарын эрэ быһаарар, олохтуур. Оттон генерация тариба үөһэ этэн аһарбыппыт курдук, оптовай ырыынакка олохтонор.
Урукку өттүгэр тэрилтэлэргэ уонна урбаанньыттарга электроэнергия иһин төлөбүр сылга биирдэ эрэ уларыйара. Оттон билигин сыана ый ахсын уларыйыан сөптөөх. Билиҥҥи кэмҥэ алта сыана категорията баар буолбутун тоһоҕолоон бэлиэтиибин. Манны тэрилтэлэр салайааччылара уонна урбаанньыттар болҕомтоҕо ылыахтарын наадалаах. Ити категориялартан көстөрүнэн, суукканан буолбакка, хас чаас ахсын төһө уоту туттубуккун учуоттуур тэриллээхтэр барыһырыахтарын сөп эбит. Ордук бөдөҥ предприятиелар. Ити тэрилтэлэргэ уоту кэмчилиири учуоттуур, ааҕар-суоттуур сулууспалар тэриллэллэрэ барыстан атыны аҕалбата көстөр. Урукку өттүгэр уоту туттуу күнүһүн уонна түүнүн туттуу категорията баара. Оттон билигин хас биирдии чаас ахсын уоту туһаныы категорията кытта баар буолбут.
Тэрилтэлэр бэйэлэрэ ханныкка сөп түбэһэллэринэн көрөннөр, категорияны талыахтарын сөптөөх. Биллэн турар, талан уонна былааннаан электроэнергияны туһаналлара барыстан атыны аҕалбата чуолкай. Предприятие категорияны талбакка, этэргэ дылы, төбөтүн ыарытыннарбакка эрэ, биир сүрүннэммит сыананан уотун эмиэ төлүөн сөптөөх. Ол эрээри итиннэ тэрилтэ сүүйтэриилээх хаалыан эмиэ сөп.
Өрөспүүбүлүкэ сыанаҕа политикатын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова сайыҥҥы ыйдарга тариф биллэрдик аччыаҕын бэлиэтиир. Кини оптовай ырыынакка киириинэн сибээстээн, электроэнергия иһин төлөбүр 40% курдугунан намтаабыт.
Сыана намтаабыта бэлиэтэнэр
Үүммүт 2019 сылга оптовай ырыынакка киирбэтэх Хотугу энергооройуоннарга электроэнергияҕа базовай тариф 4 солк. 69 харчыга тэҥнэспит. Ыаллыы регионнары кытта тэҥнээтэххэ, биһиэхэ тариф намыһаҕа бэлиэтэнэр. Ити оптовай ырыынакка киирбит Соҕурууҥҥу, Арҕаа уонна Киин энергооройуоннарга туһуламмат.
«Якутскэнерго» тэрилтэ тохсунньу ыйга барыллаабыт электроэнергияҕа сыанатынааҕар, Уһук Илин региоҥҥа баар саамай бөдөҥ Бурейскай электростанцияҕа саахал таһаарыллан, атын кыра кыамталаах станциялар уоту биэрэннэр, үрдээн тахсыбыт. Маны таһынан биллэрин курдук, кыһыҥҥы ыйдарга уоту таһынан сылаас бэриллэр буолан, сыана эмиэ улаатан биэрэр.
Сайыҥҥы ыйдарга оптовай ырыынакка гидростанциялар холбононнор, сыана түһэр, аччыыр эбит. Тарибы көрдөххө, хас ый ахсын кыра кыралаан түһэн иһэрэ көстөр. Өрөспүүбүлүкэ сыанаҕа политикатын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова сайыҥҥы ыйдарга тариф биллэрдик аччыаҕын бэлиэтиир. Кини оптовай ырыынакка киириинэн сибээстээн, электроэнергия иһин төлөбүр 40% курдугунан намтаабыт.
* * *
Тэрилтэлэр салайааччылара уонна урбаанньыттар оптовай ырыынакка кииринэн сибээстээн, электроэнергия иһин төлөбүрдэр уларыйбыттарын ымпыгын-чымпыгын үөрэтэннэр, уот иһин төлөбүрү кэмчилииллэрэ, сайдыыны кытта тэҥҥэ хаамаллара — бүгүҥҥү күн ирдэбилэ.
Людмила НОГОВИЦЫНА