796

11 декабря 2017 в 12:49

Үп-харчы туруга дьиксиннэрэр

Билигин үөрэх, наука, култуура уонна доруобуйа харыстабыла ханнык баҕарар ньыманан барыһы ылыыга туһуланар үлэҕэ кубулуйда, ол экэниэмикэ сокуонунан судаарыстыба өйөбүлүн эрэйэр. Оттон биһиэхэ киһи төрүөҕүттэн олохтон барыар диэри – барытын бэйэтэ төлүүр.

Кыахтаах дойдуларга оннук буолбатах. Үөрэх, наука, култуура, доруобуйа харыстабылын хоромньутугар бюджет биэрэр өлүүтэ биһигиннээҕэр үс-түөрт төгүл үрдүк.
“Үрдээһин бюджета” (кэнники 5 сылга аан бастаан) диэн ааттанар 2018 сыллааҕы федеральнай бюджет ханнык эмэ эрэли үөскэтэр. Иккис ааҕыыга үөрэххэ, култуураҕа, наукаҕа уонна доруобуйа харыстабылыгар 10-нуу млрд солкуобай эбии көрүлүннэ.
Кэнники икки сылга инфляция (сыана үрдээһинэ) күүскэ түһэн, 2016 сыл түмүгүнэн сыана үрдээһинэ 15 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит буоллаҕына, билигин ити 2 төгүл аччаата.
Ол эрээри өссө биир куттал баар: инфляция дефляцияҕа (сыана намтааһына) кубулуйдаҕына, Россияҕа экономика үүнүүтэ тохтуон сөп. Оччоҕуна нэһилиэнньэ биир киһитигэр тиксэр туһаныы көрдөрүүлэринэн Россия Арҕаа Европа дойдуларыттан хас да төгүлүнэн хаалыаҕа. Бүгүҥҥү күҥҥэ Россия бырабыыталыстыбата дефляцияны утары охсуһар кыаҕа суох. Биһиги инфляцияны аан дойдутааҕы уопсай орто таһымҥа тутуохтаахпыт, оччоҕуна солкуобайы туруктаах оҥорон, бюджеты тэҥниир кыахтаныахпыт. Харчы маассатын үүнүүтэ сөбүгэр соҕус буолуо, ол экономикаҕа үүнүү, оҥорон таһаарыы сайдыытын уонна инвестиция кээмэйэ улаатыытын суотугар ситиһиллиэҕэ.


Мин билгэлээһимминэн, 2018 сылга инфляция 4-5% таһымыгар буолуоҕа, доллар сыаната 64-68 солк. тэҥнэһиэҕэ, ньиэп биир баррелын сыаната — 50-60 солк.
Кириисис кэнники түөрт сылыгар, мин сабаҕалааһыннарым сүнньүнэн туоллулар диэн этиэххэ сөп.
Бүгүҥҥү күҥҥэ үгүс дойдулар түһээни төлөөһүн прогрессивнай шкалатыгар (дохуот төһөнөн элбэҕий да, түһээни төлөөччү бырыһыана соччонон үрдүк) көстүлэр. Кыахтаах, баай дьон дьадаҥылары кытта үллэстэллэрин баҕарбаттар, тү­һээнтэн куотунуохтара (ол аата кэтээн көрөр уорганнар баай дьон дохуоттарын хонтуруоллуур кыахтара суох буолан тахсар) диэн сылтахтанан, Россия итиннэ көспөтө.
Түһээн прогрессивнай шкалата туһаныллара буоллар, бюджекка эбии 2-3 трлн солкуобай киириэхтээҕэ — бу сүүнэ үбү дьадайыыны утары охсуһууга ыытыахха сөп этэ.
Бүгүҥҥү Россия сокуоннара Хара муораны Хотугу Муустаах муораттан, Арктиканы Краснодарскай кыраайтан арааран көрбөттөр. Ол түмүгэр биһиги, хотугу дьон, РФ Төрүт Сокуонунан мэктиэлэнэр бырааптарбыт күөмчүлэнэллэр.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр аһара уустук, ыарахан усулуо­буйаҕа дьон сүөһү, сылгы, таба иитэр. Биһиги уулуссаҕа тахсан миитиннээн, хаамсан, хаһыытаан-ыһыытаан бырачыастаабаппыт. Ол эрээри Россия сенатордарыттан биири көрдөһүөхпүт этэ: сокуоҥҥа уларытыы киллэрэн, тыйыс климат усулуобуйатыгар олорорбутунан, киһи хамнаһыттан тутулуга суох, ол иһигэр пенсионердары киллэрэн туран, оройуоннааҕы коэффициент оннугар биир ыйга 50 тыһыынча солкуобайдаах олохтоммут сууманы төлүүллэригэр. Ааҕыы-суоттааһын көрдөрөрүнэн, итиннэ улахан ороскуот ирдэммэт, ол оннугар сиэрдээх сыһыан туругуруо этэ. Биһиги бары, президеннэр, миниистирдэр, депутаттар, санитаркалар, дьиэ сууйааччылар биир салгынынан тыынабыт, биир тэҥ аһара уустук усулуобуйаҕа олоробут, онон бары тэҥ толуйуу харчыны ылыах тустаахпыт.
Саха сирэ төһө да кытаанах, тыйыс айылҕалааҕын иһин, Россия бигэ тирэхтээх, үтүө туруктаах, күннэтэ сайда турар субъега буолар.
Өрөспүүбүлүкэ социальнай олоҕун-дьаһаҕын уонна экэниэмикэтин сайдыытын сүрүн көрдөрүүлэринэн Уһук Илиҥҥи региоҥҥа эрэ буолбакка, бүтүн Россияҕа бастыҥнар кэккэлэригэр киирэр. Холобур, В.В.Путин ыам ыйынааҕы ыйаахтарын то­лорууга Саха сирэ Татарстан, Москва уобалаһын кэнниттэн үһүс миэстэҕэ сылдьар.
Мин, пенсиялаах, саастаах киһи быһыытынан, бэйэм санаабын аһаҕастык уонна көнөтүк этэбин. Е.А. Борисовы уонна А.Н.Жиркову кытта 30-ча сылы быһа бииргэ үлэлээбиппэр бэйэм дьылҕабар махтанабын. Бүгүҥҥү күҥҥэ Е.А.Борисов — Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр билиниллибит лидер, биһиги өрөспүүбүлүкэбит солбуллубат Ил Дархана, В.В.Путин хамаандатын актыыбынай чилиэнэ.
А.Н.Жирков Саха Өрөспүү­бүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин быһыытынан, Россия сокуону оҥорооччуларын, Судаарыстыбаннай Дума, Федерация Сэбиэтин салалтатын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторун ортолоругар улахан аптарытыаттаах.
Биһиги олус уустук кэмҥэ олоробут. Политикаҕа тыҥаа­һыннаах быһыы-майгы, ырыынак сыаната халбаҥнааһына, экономика туруга суох буолуута судаарыстыба салайар эйгэтигэр сыһыаннары уустугурдар. Хотугу Корея, Америка, Сирия уонна Украина иннилэригэр турар уустук соруктары быһаарыы түмүгэ ыйдаҥардыллыбат. Билиҥҥи уустук кэмҥэ В.В.Путин солбуллубат лидер, Россия уонна аан дойду бигэ туругун мэктиэһитэ буолар.
Бэйэбит өрөспүүбү­лүкэ­битигэр биһиги лидербит, уопуттаах, муударай профессионал, Саха сирин уонна Россия дьиҥнээх патриотун Е.А.Борисов тула түмсүөхтээхпит.

Александр Уаров,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин биэс ыҥырыытыгар норуот дьокутаата, Ил Түмэн Хонтуруоллуур кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, бюджет кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта.

Поделиться