1023
17 ноября 2017 в 16:25
Үп кириисиһэ бэйэтин усулуобуйатын олохтуур
Ил Түмэҥҥэ «2018 сылга уонна былааннаммыт 2019-2020 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бюджетын туһунан» сокуон барылын уопсастыбаннас дьүүллэстэ
Ордук үп-харчы өттүнэн ыктарыылаах уустук кэмҥэ дьон-сэргэ дойду, регион бюджеттара хайдах быһыылаахтык таҥыллан эрэллэригэр интэриэстэрэ үрдүүрүн, ааспыт нэдиэлэҕэ бу боппуруоһунан Ил Түмэҥҥэ буолбут публичнай истиилэргэ саалаҕа лыык курдук киһи мустубута да туоһулаата.
Дьон-сэргэ туора турбакка
Ол курдук, «2018 сылга уонна былааннаммыт 2019-2020 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бюджетын туһунан» сокуон барылын дьүүллэһэр публичнай истиилэргэ норуот депутаттара, бырабыыталыстыба, министерстволар, биэдэмистибэлэр муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллэрэ, Дьокуускай куорат Думатын депутаттара, өрөспүүбүлүкэ уопсастыбаннаһа кыттыыны ыллылар.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбит бюджекка публичнай истиилэри, нулевой ааҕыыны дойдуга биир бастакынан киллэрбитин бэлиэтиибин.
Киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕы парламент бюджекка, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев салайан ыытта.
Маннык мунньах сылы этэҥҥэ туоратар кылаабынай сокуоммутун дьүүллэһиигэ, дьон-сэргэ, уопсастабыннас туора турбакка, санааларын этэллэрэ наадалааҕын учуоттаан тэриллэрэ өйдөнөр.
Инвестиция бырагырааматыгар үп сарбыллар
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы – экономика миниистирэ Михаил Осипов оҥорбут дакылаатыгар өрөспүүбүлүкэ кэлэр сылларга социальнай-экономическай сайдыыта хайдах буолуохтааҕын туһунан сабаҕалааһыны кытта билиһиннэрдэ. Ааһан эрэр сылга баалабай регионнааҕы бородуукта, бу иннинээҕи сылы кытта тэҥнээтэххэ, 3,1% үрдүүрэ, 862 млрд солк. тэҥнэһэрэ күүтүллэр. Оттон промышленность оҥорон таһаарыытын индексэ 103,9% тэҥнэһиэҕэ. Нэһилиэнньэ дохуота 4%, хамнас 0,2% улаатыаҕа. 2020 сылга баалабай регионнааҕы бородуукта 1 трлн солк. тэҥнэһэрэ, 9,5% үрдүүрэ күүтүллэр.
Дойдуга экономическай кириисис улам-улам сытыырхайан иһэрин, этэргэ дылы, бүтэй да эттээх киһи сэрэйэр-билэр буолуохтаах. Маннык ыктарыылаах кэмҥэ үүнэр сыллааҕы бюджет барылын оҥоруу, биллэн турар, үгүс ааҕыыны-суоттааһыны уонна кытаанах хааччахтааһыны эрэйэр.
«2018 сылга уонна былааннаммыт 2019-2020 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бюджетын туһунан» сокуон барылын үп миниистирэ Валерий Жондоров билиһиннэрдэ. Ол курдук, 2018 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетын дохуоттаах чааһа 169,77 млрд солк., оттон ороскуоттаах чааһа 171,3 млрд солк., дефицитэ 1,53 млрд солк., тэҥнэһиэҕэ. Былааннаммыт 2019 сылга ити сыыппаралар туһааннааҕынан манныктар: 156,64 млрд солк. уонна 158,48 млрд солк., 1,84 млрд солк. буолаллара күүтүллэр. Оттон 2020 сылга бюджет дохуоттаах чааһа — 166,68 млрд солк., ороскуоттаах чааһа — 168,13 млрд солк., дефицитэ — 1,45 млрд солк.
Ити сылларга өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджетын дефицитэ иннинээҕи сыллары кытта тэҥнээтэххэ, биллэрдик аччыахтааҕа көстөр. Ол курдук, ааһан эрэр 2017 сыл бюджетын дефицитэ 6,4 млрд солк.
Туох барыта тэҥнэбилгэ ырылыччы көстөн кэлэр. Үп-харчы кириисиһэ дириҥээн иһэрэ өрөспүүбүлүкэ инвестиция бырагырааматын үбүлээһиниттэн ырылыччы көстөн кэлэр. Ол курдук, үүнэр 2018 сылга ити сыалга 8,9 млрд солк., 2019 сылга — 5,5 млрд солк., 2020 сылга — 5,5 млрд солк. үп-харчы көрүллүөҕэ. Оттон 2016 сылга бу сыалга-сорукка 25 млрд солк. көрүллүбүтэ. Кэлэр сылга бу сыалга-сорукка көрүллэр үп, ааһан эрэр сылы кытта тэҥнээтэххэ, 9 млрд солк. аччаан биэрбит. Күндү ааҕааччым, тэҥнээн көр, төһөлөөх суума сарбыллыбытый?
2017 сылга инвестиция бырагырааматыгар көрүллүбүт үп-харчы улахан аҥаара саахалланар туруктаах олорор дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматын олоххо киллэриигэ тыырыллыбытын туһунан бэлиэтиибин.
__________________________________
Дойду Президенин ыам ыйынааҕы Ыйааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн бюджет эйгэтин үлэһиттэрин хамнастара үрдээри турар. 2018 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджетыгар ити сыалга-сорукка үп-харчы тыырыллан турар.
__________________________________
Ураты хаачыстыбабытын уһугуннаран
Саха дьоно биир ураты хаачыстыбалаахтар. Үчүгэйгэ да, куһаҕаҥҥа да түмсэн, саба түһэн дьыаланы үмүрүтэр үтүө үгэс. Өрөспүүбүлүкэҕэ үп-харчы кырыымчык кэмнэригэр тыа сиригэр үтүө дьыала хамсааһынынан үгүс тутуу ыытыллыбыт холобура баар. Санатар эбит буоллахха, «2000 сылга — 2000 үтүө дьыаланы» диэн бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын 1999 сыл ахсынньы 17 күнүгэр төрүттэммитэ. Бу күн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президенэ Михаил Николаев норуот хамсааһынын тэрийэр туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Ыйаах баттаммыт күнүгэр Михаил Ефимович өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар анаан араадьыйанан: «Былыр-былыргыттан сахаларга үтүө үгэс баар. Саамай кытаанах кэмҥэ туохтан да иҥнибэккэ-толлубакка, харытын ньыппарынан баран уопсай дьыала, бэйэтин уонна кэнэҕэски көлүөнэ туһугар судаарыстыбаны кытта тэбис-тэҥҥэ эппиэтинэһи сүксэр, үлэлэһэр үгэс. Ол тыыннаах туоһуларынан, кэнники сылларга дьон олоҕор олус наадалаах, тыын суолталаах тутуулар — үөрэҕирии, доруобуйа харыстабылын, култуура объектара норуот күүһүнэн тутуллан ааннарын тэлэччи астылар. Олорор куораттарбыт, бөһүөлэктэрбит, сэлиэнньэлэрбит көрүҥнүүн тубустулар, киэркэйдилэр. Мантан сиэттэрэн «2000 сылга —2000 үтүө дьыаланы» диэн норуот хамсааһыныгар өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо кыттыа диэн эрэнэбин», – диэн эппитэ.
Ытык киһибит этиитэ тыын суолталанар кэмэ, хомойуох иһин, ыга анньан тиийэн кэллэ. Үп-харчы өттүнэн ыктарыылаах кэмнэргэ омук быһыытынан ураты хаачыстыбабытын уһугуннаран, тыа сиригэр тутуу тохтоон хаалбакка, норуот күүһүнэн салҕанан барыаҕар эрэнэбин.
«Лишь немногие начинания кончаются хорошо или плохо, большинство же — ничем» диэн Н.Векшин этэн турардаах. Кырдьык, саҕаламмыт эрэ барыта тиһэҕэр тиэрдиллибэт, толкуйдаммыт эрэ барыта олоххо киирбэт. Биир эмэ хамсааһыны, саҥа сүүрээни норуот бэйэтигэр чугастык ылынар. Оттон үтүө дьыала хамсааһынын, сүүрбэччэ сыл ааспытын кэннэ ырыҥалаан көрдөххө, улахан түмүктээх саҕалааһын диир хайа баҕарар кыахтаахпыт.
Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха депутат Марфа Филиппова үп миниистириттэн үтүө дьыала хамсааһыныгар төһө үп көрүллүбүтүн туһунан туоһуласта. Онуоха миниистир бу сыалга-сорукка 150 мөл. солк. тыырыллыбытын туһунан хоруйдаата. Ити хайысхаҕа олус кыра үп-харчы көрүллүбүт дии саныыбын.
Бырагыраама ахсаана аччыыр
Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэбит 2012 сылга дойдуга биир бастакынан судаарыстыбаннай бырагыраамалартан турар бюджеты таҥан оҥорбута. 2011 сылга тус сыаллаах бырагыраамалар өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан 16% үбүлэммит эбит буоллахтарына, 2012 сылга ити сыыппара 95% тиийбитэ. Ол курдук, 2013 сыллаах бюджеппыт барыта 37 судаарыстыбаннай бырагырааматтан таҥыллыбыта. 2014 сылтан саҕалаан сорох судаарыстыбаннай тус сыаллаах бырагыраамалары холбооһун түмүгэр, 35 бырагыраама баар буолбута. Оттон ааһан эрэр сылга өрөспүүбүлүкэҕэ маннык 36 судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлээн кэллэ. Ити курдук хайысхалаах үбүлэнии экономика салааларыгар, социальнай эйгэҕэ судаарыстыбаттан өйөбүлү оҥорууга хайы-үйэ көдьүүстээҕин көрдөрбүтэ. Итини таһынан үп-харчы ороскуоттааһынын хонтуруоллуурга ордук табыгастааҕа билиннэ.
Экономикаҕа уустук быһыы-майгы судаарыстыбаннай бырагыраамаларбытыгар эмиэ улахан охсууну оҥорбута көһүннэ. Ол курдук, 36 судаарыстыбаннай бырагыраамабытыттан 23-һэ хаалыаҕа. Үүнэр 2018 сылга тустаах бырагыраамалары үбүлээһиҥҥэ 156 мөл. 502 тыһ. солк., 2019 сылга — 146 мөл. 045 тыһ. солк., 2020 сылга — 147 мөл. 630 тыһ. солк. тыырыллыаҕа.
Ааспыт сыллаахха өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Егор Борисов официальнай сайтыгар: «Биһиги үп-харчы үгүөрү түһүмэх кэмин аастыбыт. Бастатан туран, үбүлээһин хамнаһы төлөөһүҥҥэ уонна нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буолуутугар тыырыллыаҕа», — диэн иһитиннэрбитэ.
Ити кэриэтэ үүнэр сыллардааҕы өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджета социальнай хайысхалаах буолуоҕун санатабын.
Биллэрин курдук, дойду Президенин ыам ыйынааҕы Ыйааҕын олоххо киллэрии чэрчитинэн бюджет эйгэтин үлэһиттэрин хамнастара үрдээри турар. 2018 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджетыгар ити сыалга-сорукка үп-харчы тыырыллан турарын үп миниистирэ дакылаатыгар бэлиэтээтэ. Үүнэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн атын категория үлэһиттэр хамнастара эмиэ 4% үрдүүрэ күүтүллэр. От ыйын 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоммут намыһах хамнаһы олох олоруу алын кээмэйигэр тиэрдиигэ үлэ салгыы ыытыллыаҕа.
Интернеккэ үлэһиттэр ахсынньы ыйдааҕы хамнастара кыайан төлөммөт диэн сурах тарҕанна. Ити сымыйа иһитиннэрии буоларын үп миниистирэ Валерий Жондоров бу күннэргэ бигэргэттэ.
__________________________________
Экономикаҕа уустук быһыы-майгы судаарыстыбаннай бырагыраамаларбытыгар эмиэ улахан охсууну оҥорбута көһүннэ. Ол курдук, 36 судаарыстыбаннай бырагыраамабытыттан 23-һэ хаалыаҕа.
__________________________________
Аан бастаан көрсөр буолбатахпыт
Биһиги экономикаҕа маннык уустук кэмнэри аан бастаан көрсөр буолбатахпыт. Ааҕааччыларга санатар эбит буоллахха, 1998 сыллааҕы дефолт кэмэ — экономикаҕа ордук уустуга. Аан дойду экономиката бүтүннүү айгыраабыта. Бюджет эйгэтин үлэһиттэрэ хастыы эмэ ыйдаан хамнастарын ылбаттара. Бу сылга биһиги өрөспүүбүлүкэбит трансфера 2 трлн солкуобайтан 1 трлн 180 млрд солкуобайга диэри түспүтэ. Россия 53 субъегын трансферын барытын аччаппыттара. Ити үпкэ-харчыга кытаанах кэми өрөспүүбүлүкэбит салалтата уонна Ил Түмэн депутаттара киин былааһы кытта сөптөөх үлэни ыытаннар, этэҥҥэ аһардыбыппыт.
2008-2009 сыллары өйдөөн-санаан ааһыаҕыҥ эрэ. Аан дойдуга үп кириисиһэ бүрүүкээн, экономикаҕа балаһыанньа тосту уларыйбыта. Ити, биллэн турар, Россияны уонна кини субъектарын эмиэ хаарыйбыта. Өрөспүүбүлүкэбит бюджетын барылын оҥоһуута, хаһааҥҥытааҕар да кытаанах хааччахтааһыны эрэйбитэ. Алмааска уонна таас чоххо сыана уларыйан, өрөспүүбүлүкэ тус бэйэтэ киллэрэр дохуота биллэрдик аччаабыта.
Чугас эргиннээҕи сыллары ылан көрөр эбит буоллахха, 2013 сыллаахха, этэргэ дылы, үп-харчы өттүнэн өлгөм дьыл кэлэн ааспытын бэлиэтиибин. Сүрдээх туруктаах бюджет ылыллыбыта. Ол курдук, инвестиционнай программаҕа да, трансферка да олус элбэх үп көрүллүбүтэ. 2014, 2015, 2016 сыллар бюджеттара эмиэ куһаҕана суохтарын бэлиэтиибин. 2014 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар аан дойду макроэкономикатыгар баар уустук быһыы-майгы быһаччы дьайбыта.
Оттон 2015 сыллааҕы регион бюджетыгар дойдуга экспорт, ону кытта кини конъюнктурнай сыаната таҥнары түһүүтэ, маны тэҥэ бөдөҥ промышленнай предприятиеларбыт ыытар үлэлэрин үпкэ-харчыга түмүктэрэ түргэн тэтиминэн намтаан киирэн барыылара дьайыылаах буолбуттара.
Ити сыллары үгүстэр экономикаҕа уустук кэмнэринэн аахпыттара. Ол эрээри туох барыта тэҥнэбилгэ ырылыччы көстөр. Этэргэ дылы, үпкэ-харчыга дьиҥнээх уустук кэмнэр иһэллэрин олохпут-дьаһахпыт көрдөрөр.
Көҕүлээһиннэр үбүнэн өйөнүөхтэрэ
Ааһан эрэр сылга өрөспүүбүлүкэ бюджетын биир саҥа сүүрээнинэн олохтоох көҕүлээһиннэри үбүнэн-харчынан өйөөһүн бырагыраамата үлэтин саҕалаабытын бэлиэтиибин. Ол курдук, биэс пилотнай сиргэ-уокка: Уус-Алдан, Хаҥалас, Чурапчы, Үөһээ Бүлүү улуустарыгар уонна Жатайга 32 мөл. солк. көрүллүбүт. Үп миниистирэ бу сүүрээҥҥэ нэһилиэнньэ өттүттэн интэриэс үрдүгүн бэлиэтээтэ.
Кини үүнэр сылга субсидияны биэрии механизмыгар уларыйыылар киириэхтэрин туһунан эттэ. Кэлэр үс сыллааҕы бюджекка ити сыалга-сорукка 500 мөл. солк. көрүллүбүт.
Хамнас, инфраструктура, нолуок, тутуу…
Публичнай истии кыттыылаахтара тустаах боппуруоһу дьүүллэһиигэ актыыбынайдык кытыннылар. Өрөспүүбүлүкэ идэлээх союзтарын Федерациятын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев бюджет эйгэтин уонна гражданскай сулууспалаахтар хамнастарын үрдэтии боппуруоһун туруоруста. Кини: «Гражданскай сулууспалаахтар үлэлэрин төлөбүрэ биэс сыл устата оннунан турар. Ыстаастара суох эдэр үлэһиттэр хамнастара намыһах», – диэн эттэ. Николай Николаевич дойду бюджетыгар федеральнай судаарыстыбаннай сулууспалаахтар хамнастарын 4% индексациялыырга үп-харчы көрүллүбүтүн туһунан бэлиэтээтэ. Онуоха үп миниистирэ Валерий Жондоров тустаах боппуруоһу профсоюз тэрилтэтин кытта бииргэ бырабыыталыстыбаҕа уонна Ил Түмэҥҥэ дьүүллэһэр наадатын туһунан эттэ.
Дьокуускай куорат Думатын бюджекка кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Петров киин куорат депутаттара барыта уон биэс этиини киллэрбиттэрин туһунан бэлиэтээтэ. Ол курдук, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ олорор дьиэ тутталларыгар анаан бэриллибит 3100 сир учаастагын инфраструктуратыгар анаан 689 мөл. солк. тыырыллара наадатын туһунан бэлиэтээтэ. Кини Дьокуускай дьаһалтата тустаах бырагыраама туолуутун үбүнэн-харчынан толору хааччыйар кыаҕа суоҕун туһунан аҕынна.
Маны таһынан Павел Петров Мархаҕа оҕо саадын реконструкциялааһын, 35 №-дээх инклюзивнай оскуола, о.д.а. боппуруостары туруоруста. Маныаха Ил Түмэн бюджекка, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев инвестиция бырагырааматыгар көрүллэр үп-харчы кырыымчыгынан, объектары тутуу өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн интэриэһин учуоттаан ыытыллыаҕын туһунан эттэ.
Ил Түмэҥҥэ уонна киин куорат уокуруктарыттан талыллыбыт депутаттар кыттыһаннар, ааһан эрэ сыл бюджетын дьүүллэһиигэ эмиэ актыыбынай кыттыыны ылбыттарын бэлиэтиири наадалааҕынан ааҕабын.
Мирнэй оройуонун баһылыгын солбуйааччы Георгий Башарин муниципалитеттар кыһалҕалара майгыннаһарын туһунан бэлиэтээтэ уонна нолуогу төлөөһүн судургутутуллубут ситимигэр нолуок ыстаапкатын намтааһына олохтоох бюджет дохуоттаах чааһыгар охсуулаах буолбатын курдук боппуруоһу быһаарыахха сөптөөх дуу, суох дуу диэн ыйыталаста. Юрий Николаев тустаах боппуруоһу бырабыыталыстыба парламеҥҥа киллэрдэҕинэ, дьүүллэһии барыаҕын туһунан эттэ.
Өрөспүүбүлүкэ юкагирдарын Ассоциациятын чилиэнэ Петр Петров табалары атыылаһыыга көрүллэр үп-харчы аччатыллыбыта сыыһа хардыы буоларын туһунан эттэ. Маны таһынан кини Усуйаана улууһун Юкагир сэлиэнньэтигэр оскуола-оҕо саад тутуутун боппуруоһун туруоруста. Экономика миниистирэ Михаил Осипов 35 миэстэлээх оскуола-оҕо саад тутуутун бырайыагын докумуонугар сыананы аччатыыга көннөрүү үлэлэрэ наадаларын туһунан эттэ.
Депутат Владимир Федоров доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор үөрэнэр Дьокуускай куорат 35 №-дээх оскуолатын тутууну үбүлээһин боппуруоһун интэриэһиргээтэ. Экономика миниистирин солбуйааччы Владимир Сивцев ити оскуола тутуутун салгыырга 2018 сылга 746 мөл. солк. көрүллүбүтүн уонна объект 2019 сылга үлэҕэ киириэхтээҕин туһунан эттэ.
Экологическай хамсааһын актыыбынай кыттыылааҕа Матрена Ядрихинская дьарыктаах буолуу киинэ уларыйарынан сибээстээн, үлэтэ суохтары өйүүр тэрээһиннэри үбүлээһин оннунан хааларын дуу, суоҕун дуу туһунан ыйыталаста. Киниэхэ тустаах бырагыраама салгыы үлэлиэҕин туһунан хоруй биэрдилэр. Дьокуускай куорат 2 №-дээх орто оскуолатын дириэктэрэ Алексей Семенов этиитигэр үөрэх тэрилтэлэригэр бухгалтерия үлэһиттэрин хамнастарын субвенциялааһын боппуруоһун таарыйда. Политехническэй лицей дириэктэрэ Надежда Тимофеева уоту кэмчилээһин боппуруоһугар, өҥөнү оҥорооччулар тарифтарын хонтуруоллуур наадатын туһунан эттэ.
М.К.Аммосов аатынан ХИФУ проректора Герасим Павлов устудьуоннары үөрэтии үбүлээһинэ аччатыллыбытын таарыйда. Депутат Леонид Владимиров уматык сыаната үрдээһинэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын бэйэҕэ турар сыанатыгар дьайыан сөптөөҕүн дуу, суоҕун дуу туһунан туоһуласта. Депутат Петр Аммосов уматык сыанатын үрдээһинэ хонтуруолламматын туһунан бэлиэтээтэ. Норуот итэҕэллээҕэ Антонина Григорьева судаарыстыбаннай бырагыраамалар олоххо киириилэрин уонна туһаныллыбатах үп-харчы боппуруостарын таарыйда. Вице-спикер Виктор Губарев доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр төлөбүрдээх өҥөлөр тустарынан интэриэһиргээтэ. Кини аҥаардас биир медицинскэй ыспыраапка сыаната 1600 солкуобайын, боростуой киһи хармааныгар улаханнык охсор сыаналааҕын бэлиэтээтэ. Депутат Дмитрий Саввин Томпо улууһун Тополинай бөһүөлэгэр хочуолунай тутуутун боппуруоһун туруоруста. Миниистир Михаил Осипов ити боппуруоска инвестиционнай бырагыраамаҕа үп-харчы көрүллүбүтүн туһунан эттэ. Норуот итэҕэллээҕэ Иннокентий Васильев аҕалыллар ууну дотациялааһын боппуруоһун көтөхтө.
Публичнай истиилэр түмүктэригэр Ил Түмэн бюджекка, үпкэ, түһээн уонна сыана политикатыгар, бас билии уонна приватизация боппуруостарыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев киирбит этиилэр парламент сис кэмитиэттэригэр дьүүллэһиллиэхтэрин туһунан эттэ.
Былаас уонна уопсастыба биир сүбэнэн үлэлээтэҕинэ, ханнык да уустуктары, харгыстары этэҥҥэ ааһыахпыт, үтүө кэмҥэ үктэниэхпит дии саныыбын.