593

08 октября 2019 в 10:39

Россияҕа “мэктиэлэнэр пенсия бородууктатын” киллэрэри былаанныыллар

 

Аҕам саастаах дьон күннэригэр

 

Пенсияны мунньунуу саҥа реформатын туһунан

 

Пенсияҕа тахсар сааһы үрдэтии реформата киирбитэ биир сыл ааспытын кэннэ, Россиятааҕы Үп министиэристибэтэ эмиэ салгыы  пенсионнай систиэмэни уларытар туһунан кэпсэтиини ыытар. Чунуобунньуктар пенсияны мунньунуу систиэмэтин саҥардары былаанныыллар. Биэдэмистибэ иһитиннэрбитинэн, “мэктиэлэнэр пенсия бородууктатын” докумуонун сүрүн ис хоһооно  – пенсияны мунньунуу систиэмэтигэр гражданнары уһулуччу баҕа өттүнэн сыһыарыы бэрээдэгэ буолар. Россия дьоно бу кэннэ Европа пенсионердарыгар тэҥнэһэн олоруохтаахтар. Онон,   пенсияҕа харчыбытын хайдах мунньунарбытын, кырдьар сааспытыгар дьоһуннаах олоҕу ситиһэрбит туһунан сиһилии бу саҥа сокуон тула ыытыллар кэпсэтиилэри ырытан көрүөхпүт.

 

 

Саҥа бородууктаны көҕүлээһин сүрүн соруга

 

Үп министиэристибэтин пресс-сулууспата бэлиэтээбитинэн, докумуон оробуочай аата  “О гарантированном пенсионном продукте” (мэктиэлэнэр пенсия бородууктатын туһунан) диэн. Билиҥҥи туругунан, докумуон Үлэ министиэристибэтигэр сөбүлэһиннэриигэ ыытыллыбыт. Бырайыак чэрчитинэн, чунуобунньуктар үлэлии турар пенсионнай систиэмэни уларыппат былааннаахтар. Аҕам саастаахтах судаарыстыбыннай пенсиялара оннунан хаалар. 2014 сылга “тоҥоруллубут” урукку булгуччулаах мунньунуу систиэмэтэ эмиэ. Үп министиэристибэтигэр кырдьар сааска диэри харчы уурунарга эбии үп көрүҥүн оҥорору былаанныыллар. Биир сыл анараа өттүгэр докумуон атын ааттаах этэ – «индивидуальный пенсионный капитал» диэн, ол гынан сүрүн идеята уларыйбатах.

«Сокуон барылын сүрүн сыала – гражданнарга баҕа өттүнэн пенсияны мунньунууну мэктиэлиир судаарыстыбаннай систиэмэни оҥоруу. Корпоративнай пенсионнай бырагыраамалары сайыннарары таһынан, үлэһиттэргэ баҕа өттүнэн пенсияны мунньунууну көҕүлээһини ситиһии», — диэн Үп министиэристибэтигэр бэлиэтэнэр.

Саҥа бородуукта сүрүн соруктара – кырдьар сааска Россия дьоно байалларыгар туһуламмыт бородууктаны үлэлэтии. Атыннык эттэххэ, үлэлиир дьону, сүрүннээн орто кылаас бэрэстэбиитэллэрин, европатааҕы дойдулар быраактыкаларыгар чугаһатыы. Маны таһынан, саҥа сокуон барыла дойду финансовай систиэмэтин сайыннарарга уонна пенсия кээмэйин үрдэтэргэ туһуланар диэн ыйыллар.

Ыйытыы үөскүүр. Нэһилиэнньэ пенсияны мунньунуу систиэмэтигэр киирэригэр  ордук харчы көстүө дуо? Билигин Россия үрдүнэн бастакы күөҥҥэ тутуллар боппуруоһунан дьадайыыны утары охсуһарга саҥа ньымалары булуу уонна үөрэтии соруга турар. Соторутааҕыта Ил Түмэҥҥэ нэһилиэнньэ дьадайыытын таһымын кыччатыы туһунан кэпсэтиигэ Ил Түмэн вице-спикерэ Виктор Губарев: «Нэһилиэнньэ дьадайыытын таһымын намтаппакка, төрдүттэн суох оҥорору ситиһэргэ. Хомойуох иһин, билигин уопсастыба арахсыыта, баайга-дуолга тэҥэ суох буолуутун кыраныыссата таһымныыр», – диэн бэлиэтээбитэ. Тутатына европатааҕы дойдулар быраактыкаларыгар төннүөххэ, вице-спикер этэринэн, бастакы уочарат,  бэйэни хааччынан олоруу алын кээмэйигэр тиийбэт дохуоттаах дьон нолуоктан босхолонуохтаахтар, оттон сиэри таһынан дохуоту ылар урбаанньыттар үрдүк нолуогу төлүөхтээхтэр. Манна холбуу, дьадайыы таһымын кыччатыы соруктарын дьаһалларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ киһи айах ииттэн олорор алын кээмэйин 25 тыһ. солк диэри үрдэтэр туһунан этиилэр киирбиттэрэ. Бу ылыллыбыт дьаһаллар түмүктэригэр нэһилиэнньэ ылар дохуотун алын таһыма ырыынак сыанатыгар чугаһыырын ситиһиэхтээхтэр.

Ыспыраапка

 

Россияҕа билигин икки таһымнаах пенсионнай систиэмэ үлэлиир. Кини страховой уонна мунньунуу чааһыттан турар.

Страховой чааһа. Хамнас 22%-на дойду Пенсионнай фондатын бюджетыгар киирэр. Кини пенсияҕа тахсар аҕам саастаах дьоҥҥо бу харчыны үллэрэр. Оттон биирдиилээн дьоҥҥо пенсионнай бааллар ааҕыллаллар. Бу ахсаана киһи орто хамнаһыттан уонна ыстааһыттан тутулуктаах. Пенсияҕа тахсар түгэнигэр бу бааллар харчыга уларытыллаллар.

Мунньунуу чааһа. Бу көрүҥ 1967 с. төрүөх уонна онтон эдэр гражданнарга көрүллэр. 2013 сыл бүтүөр диэри хамнастан 6% хас биирдии киһи Внешэкономбааҥҥа арыллыбыт анал счетугар  биитэр судаарыстыбаннайа суох пенсионнай фондаларга ыытыллара. Алта сыл анараа өттүгэр уурунуу харчы бырыһыанын тоҥорбуттара. Счеттарга билигин мунньуллубут харчы хамсаабакка сытар. Управляющайдар билигин бу харчыны сыаналаах кумааҕыларга угаллар уонна бырыһыан ылаллар. Киһи пенсияҕа тахсар түгэнигэр ылыллыбыт суума 252 ыйга түҥэтиллэр (киһи муҥутуур олорор сааһыгар диэри) уонна ый ахсын страховой чааска эбиллэр.

 

Саҥа реформа наада дуо?

 

 

Дьиҥэр, пенсияны мунньунуу систиэмэтэ дойду үрдүнэн баар. Манна чунуобунньуктар эбии атын барыйааны киллэрэри былаанныыллар. «Мунньунар харчылар судаарыстыбаннайа суох пенсионнай фондаларга харайыллыахтара. Киин баанынан мэктиэлээх  пенсионнай бородуукталара анал кэтэбили уонна хонтуруолу ааспыттарын кэннэ бу фондалар үлэлииллэригэр көҥүл ылыахтара», – диэн биэдэмистибэ бэлиэтиир. Пенсияҕа уурунар харчы чопчу мэктиэлээх буолуохтаах. Барыл быһыытынан, нэһилиэнньэ уурунуу харчыта 30 сылтан үөһэ кэмнээх баан депозитыгар тэҥнээх. Уурунуу харчы депозита ортотунан 1,4 мөл. солк. тэҥнэһэр. Ону тэҥэ саҥа систиэмэнэн страховкаланар суума кээмэйинэн күөмчүлэммэт. Санатар буоллахха, билигин судаарыстыбаннайа суох пенсионнай фонда моҥкурууттуур түгэнигэр киһи ууруммут харчытын алын кээмэйин эрэ ылар, оттон мунньуммут бырыһыаннара умайар. Сокуон барылынан, саҥа мунньунар пенсионнай систиэмэҕэ ким баҕалаах 1-тэн 6% диэри хамнаһыттан биэриэн сөп. Киһи бэйэтин баҕатынан. Манна киирэргэ үлэ биэрээччигэ сайабылыанньа суруллар.

2018 сыл түмүгүнэн өрөспүүбүлэҕэ нэһилиэнньэ бородууктаҕа дьиҥнээх ороскуотун суумата 16511 солк. этэ,  оттон быйыл сыл аҥаарыгар ити суума 17126 солк. тэҥнэспитэ. Статистиканы ыллахха, орто үлэһит хамнаһын кээмэйэ ортотунан 30 тыһ. солк. буолар, кини бородууктаҕа, коммунальнай төлөбүрдэргэ уонна араас кирэдьиитин ороскуоттарын киллэрэн туран, саҥа систиэмэҕэ киирэригэр харчы ордуо дии санаабаппын. Бу иһигэр элбэх оҕолоох ыаллары этэ да барыллыбат. Ол курдук, балаҕан ыйын 23 күнүгэр “РФ Президенэ РФ Федеральнай Мунньаҕар 2018 сыл кулун тутар 1 күнүгэр оҥорбут анал этиитигэр дьадайыы таһымын кыччатыы соруктарын туһунан дьаһаллары Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олоххо киллэрии” диэн тиэмэҕэ парламент истиилэригэр Ил Түмэн дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова кыаммат ыаллартан атын 200-300 солк. куоһарар дохуоттаах учуокка турбат ыаллар эмиэ бааллар диэн бэлиэтээн эппитэ. Маны көрдөххө, хамнастан 6% тиийэ эбии харчы уурунар туһунан санаалар хантан үөскүөхтэрэй. Оттон судаарыстыбаннайа суох пенсионнай фондалар дуогабардарыгар маннык ньымалар көрүллэллэр: нолуоктан көҕүрэтиилэр, нэһилиэстибэнэн харчыны анааһын, дуогабар болдьоҕо туолуон иннинэ уонна киһи пенсияҕа тахсар кэмигэр сууманы барытын биирдэ эрдэ ылыы. Атыннык эттэххэ, судаарыстыбаттан киэҥ мэктиэлэри ылары таһынан эбии чэпчэтиилэр бэриллэллэрэ былааннаммат. Тутатына боппуруос үөскүүр, судаарыстыбаттан эбии чэпчэтиилэрэ суох дойду экономикатыгар көмөлөһөр уонна  баҕа өттүнэн харчы мунньунары нэһилиэнньэҕэ көҕүлүүр наада дуо?

 

 

Уларыйыы хаамыытын кэтээн көрүөхпүт

 

Сотору кэминэн биэдэмистибэ сокуон барылын уопсастыба көрүүтүгэр уонна экспердэр холбоһуктарыгар таһаарар былааннаах. Ол кэннэ сокуон барыла Россия Бырабыыталыстыбатын көрүүтүгэр бэриллиэҕэ. Киин Баан бэрэссэдэтээлэ Эльвира Наибуллина РБК иһитиннэрэр агенствотыгар анаан, Россия Баана дойдуга 2014 сылтан тоҥоруллубут пенсия харчытын мунньунууну саҥардар уонна саҥа пенсияны мунньунуу систиэмэтин киллэрэргэ бэлэмэ суоҕун бэлиэтээбитэ. Кини этэринэн, билигин баар систиэмэни уларытыыга, ол иһигэр баҕа өттүнэн пенсионнай схемалары, пенсияны мунньунуу мэхэньиисимин сайыннарарга сүрүн болҕомтону ууралларыгар ыҥырар. Эрдэтинэ иһитиннэрэр-көрдөрөр хампаанньалар суруйбуттарынан, Генеральнай Борокуратуура судаарыстыбаннайа суох пенсионнай фондалар дьон быраабын кэһэн мунньуммут пенсионнай уурунууларын көһөрөллөрүн бэрэбиэркэлиир. Бэрэбиэркэ түмүгэ биллэ илик. «Бу түгэҥҥэ проблемалар көстүөхтэрэ, биһиги ити кыһалҕалары көрөбүт. Мин соторутааҕыта Пенсионнай фонда салайааччыларын кытта пенсияны мунньунуу харчыны көһөрүүгэ проблемалар баалларын туһунан кэпсэппитим. Ылыллыбыт сокуон баарын үрдүнэн, быраактыкаҕа быраабы кэһии түгэннэрэ тахса тураллар: клиеннэри угуйан ылыы, клиеннэргэ уурунуу харчы дохуота түһүүтүн туһунан сөптөөх иһитиннэриилэри тиэрдибэт түгэннэрэ, – диэн Эльвира Набиуллина ыйбыта.

Пенсионнай систиэмэҕэ пенсияҕа тахсар саас туһунан реформа киирбитин кэннэ, аны билигин киирээри турар уларыйыылары учуоттаан, биһиги маннык саҥардыылары ыараханнык ылынабыт, ону таһынан бу эйгэҕэ тугу эмит уларытар, саҥардар, мин санаабар, оруна суох. Салгыы уларыйыы хаамыыларын кэтээн көрүөхпүт.

Чуолаан, Үп министэристибэтэ киллэрбит этиилэрин Бырабыыталыстыбаҕа үөрэтэ сылдьаллар. Бүтэһик быһаарыы ылылла илик.

 

Василий ПРОКОПЬЕВ

 

Парламент хаhыата № 39 (2086) Алтынньы 4 күнэ, 2019 сыл

 

Поделиться