648

14 сентября 2018 в 09:56

Россияҕа ким элбэх хамнаһы аахсарый?

Росстат сыл аҥаарынааҕы дааннайдара туоһулуулларынан, Россия саамай үптээх-харчылаах дьоно хоту эбэтэр Москваҕа олороллор, салгын эбэтэр космос тырааныспарыгар үлэлииллэр.

Дойдуга орто хамнас 42 тыһыынча 555 солк. быһыллыбыт эбит буоллаҕына, Ямало-Ненецкэй автономнай уокурук олохтоохторо ортотунан 100 тыһ. 617 солк. хамнастаахтар, Чукотка автономнай уокуругар – 98 тыһ. 291 солк., Москваҕа – 82 тыһ. 729 солк., Магадан уобалаһыгар – 82 тыһ. 471.

Экономика салааларын ортотугар саамай барыһы биэрэр салааларынан салгын уонна космос тырааныспарын эйгэлэрэ буолаллар. Онно дьон ыйга ортотунан 161,7 тыһ. солк. ылаллар. Оттон сиикэй ньиэби уонна айылҕа гааһын хостооччуларга ортотунан 123,1 тыһ. солк. төлүүллэр. Табаҕы оҥорон таһаарааччыларга – 111,2 тыһ. солк.

Алтай кыраайын олохтоохторо саамай кыра хамнастааҕынан ааҕыл­лыбыттар – ортотунан 24 тыһ. 402 солк., Карачаево-Черкесияҕа – 24 тыһ. 481 солк., Чечняҕа – 24 тыһ. 873 солк., Ивановскай уобаласка – 24 тыһ. 874.

Оҥорон таһаарааччылартан таҥас тигэр исписэлиистэргэ саамай кыра хамнас төлөнөр – ыйга 20,8 тыһ. солк., миэбэл оҥорооччуларга – 23,4 тыһ. итиэннэ тириини таҥастаан, араас оҥоһуктары тигээччилэргэ – 24,5 тыһ. солк.

 

 

Уһук Илиҥҥи  федеральнай уокурукка

9111.ru юридическай социальнай ситим матырыйаалларынан, 2018 сыл ыам ыйынааҕы туругунан УИФУо орто хамнас 57 тыһ. 835 солк. тэҥнэспит. Регионнарынан ыллахха хамнас таһыма маннык:

Саха Өрөспүүбүлүкэтэ – 77 тыһ. 581 солк.

Камчатка кыраайа – 82 тыһ. 355 солк.

Приморскай кыраай – 43 тыһ. 384 солк.

Хабаровскай кыраай – 48 тыһ. 744 солк.

Амур уобалаһа – 42 тыһ. 394 солк.

Магадан уобалаһа – 94 тыһ. 497 солк.

Сахалин уобалаһа – 78 тыһ. 171 солк.

Еврейскай АУо – 39 тыһ. 901 солк.

Чукотка АУо – 105 тыһ.183 солк.

Поделиться