791

25 января 2019 в 16:25

Сахабыт сирэ – сайдыы суолугар!

Толорор былаас

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа министиэристибэтин 2018 с. отчуота, инники былааннара

 

Тохсунньу 23 күнүгэр СӨ инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияҕа министиэристибэтэ үрдүкү салалта иннигэр отчуотун иһитиннэрдэ. Миниистир Анатолий Семенов ааспыт сыл түмүктэрин таһаарда уонна инники былааннарын кытта билиһиннэрдэ.

 

Интернет ситимэ

2018 сылга оптоволоконнай сибээс инфраструктуратын сайыннарыыга улахан бырайыактар түмүктэннилэр:

— Мииринэй – Сунтаар – Ньурба – Үөһээ Бүлүү – Бүлүү («Ростелеком»);

— Дьокуускай – Эргэлээх – Хоҥор Биэ – Саҥа Кальвица – Сангаар («ТЦТР»).

Бүгүҥҥү туругунан Саха сиригэр  «Вилюйский экспресс» уонна «Кобяйский экспресс» бырайыактары ахсааҥҥа киллэрэн туран,  оптоволоконнай сибээс  157 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа тиийдэ. Барыта өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн нэһилиэнньэ 79,14% түргэн тэтимнээх Интернет хабар (сибээс линиятын уһуна 2000 км).

Businessman reading business or finacial report on smart phone concept via internet connection

Мобильнай сибээс

Региоҥҥа  мобильнай сибээс 2G зона ситимигэр нэһилиэнньэ 99,3% хабар (480 нэһилиэнньэлээх пуун). Оттон 3G зонаҕа — 77,61% (126 нэһилиэнньэлээх пуун).

Ааспыт сылга мобильнай сибээс баар улуустарыгар «МТС» оператор  базовай станциялара  4G (LTE) стандартка көстүлэр, ол иһигэр:

– Сунтаар сэл.;

– Ньурба к. (тест);

– Сангаар бөһ. (тест);

– Үөһээ Бүлүү сэл. (тест);

– Бүлүү к. (тест).

Мобильнай сибээс 4G (LTE) стандартаах зоната нэһилиэнньэ 64,69% хабар (45 нэһилиэнньэлээх пуун).

 

Спутнигынан көстөр тэлэбиидэнньэ   

 

Өрөспүүбүлүкэҕэ цифровой тэлэбиидэнньэ хаппат сиригэр 255 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 2018 с. ыам ыйыгар  «Орион-экспресс» ХЭТ уонна  «НТВ плюс» ХЭТ оператордарын кытта спутнигынан телевидение биэриилэрин хааччыйыыга сөбүлэһии түһэрсилиннэ.

Бу докумуон чэрчитинэн спутнигынан көстөр телевидение тэрилин атыылаһыыга 40% чэпчэтии көрүллэр, ону таһынан босхо пакеттар холбонуохтара.

 

“112 суһал көмө” системата

 

Дойду регионнарыгар  “112 суһал көмө” системата үлэҕэ киириитэ түмүктэнэн эрэр. Уопсай “112” нүөмэргэ эрийэн, 01, 02, 03, 04 уонна диспетчерскай сулууспа суһал көмөлөрүн ыҥырар тиһик үлэҕэ киириэ.

2018 с. ахсынньы ыйыттан Дьокуускай к. уонна Жатай бөһ. “112 суһал көмө” система  холбонон  үлэтин саҕалаата, ону таһынан СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалынан “112” сулууспа үлэһиттэрин штата бигэргэннэ.

Сыл иккис аҥаарыгар “112” суһал көмө системата өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар холбонон түмүктэнэрэ былааннанар.

Электроннай өҥөнү оҥоруу

 

Биир кэлим идентификациялыыр уонна аутентификациялыыр системаҕа Саха сиригэр регистрацияламмыт дьон ахсаана 40% үрдээтэ, ол курдук 2018 с. ахсынньы 24 күнүнээҕи туругунан 585 239 киһи регистрацияны ааста (14 сааһыттан үөһэ саастаах киһи ахсаана 78% тэҥнэстэ).

Ону таһынан онлайн-төлөбүр көрдөрүүтэ, холобур, e-yakutia.ru портал нөҥүө оҕо саадыгар – 5,5 төгүл, ДьУоКХ өҥөлөрүгэр – 3 төгүл үрдээтэ.

Биллинговай система 2017 с. көрдөрүүтүттэн ДьУоКХ өҥөлөрүн  төлөбүрүгэр 17% элбэх,  4 трлн солк. суума харчы киирдэ.

Судаарыстыбаннай электроннай өҥөлөрү оҥорор портал нөҥүө булт билиэтин  ылыыга 9 төгүл элбэх киһи бэлиэтэннэ.

2018 с. e-yakutia.ru портал нөҥүө булт көҥүлүгэр лицензияны  ылыыга  электроннай уочаракка сурутуу  саҕаланна. Бу өҥөнөн былырыын барыта 500 киһи туһанна.

Маҥнайгы кылааска оҕону суруттарарга 7000 электроннай сайабылыанньа  киирдэ, ол иһигэр 5220 сайабылыанньа — Дьокуускай куоракка.

 

Мобильнай  сыһыарыы

 

Электроннай өҥө нэһилиэнньэҕэ сөптөөхтүк тиэрдиллэригэр туһуланан, саҥа мобильнай сыһыарыы баар буолла. Сүрүн өҥөлөр:

– «Бэрээдэк быһыытынан оскуола иннинээҕи оҕо тэрилтэлэригэр киирэр оҕолору учуокка ылыы, сайабылыанньа хомуйуу уонна ылыы»;

– оҕо саадыгар уочаракка туруу;

– Дьокуускайдааҕы оскуола иннинээҕи оҕо тэрилтэлэригэр  приемҥа сурутуу.

Цифровой ТВ

 

Быйыл дойду үрдүнэн  цифровой телевидениеҕэ  көһүү түмүктэниэхтээх. Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ телевидение аналоговай уонна цифровой көрүҥүнэн көстөр. Аналоговай көрдөрүүнү араарыы от ыйын 3 күнүгэр былааннанар.

«2009-2018 сылларга Российскай Федерацияҕа телевидениенэн уонна араадьыйанан биэриилэри сайыннарыы» анал федеральнай бырагыраама чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн барыта 211 станция тутуллан, цифровой телевидение 390 нэһилиэнньэлээх пууну хабар.

 

Электроннай бырабыыталыстыба

 

Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай электроннай өҥөлөрү оҥорууга Электроннай бырабыыталыстыба биир кэлим информационнай-технологическай платформата  тэриллэн үлэлиир. Манна сүрүн уларыйыылар: beta.e-yakutia.ru  судаарыстыбаннай уонна муниципальнай электроннай өҥөлөрү оҥорор портал gosuslugi.ru портал тас көрүҥүн дизайныгар тэҥнэниитэ буолар, ону таһынан РФ Бырабыыталыстыбатын 2016 с. кулун тутар 26 күнүнээҕи 236 №-дээх Уурааҕар олоҕуран араас уларыйыылар киирдилэр.

 

Электроннай докумуон эргиирэ 

 

2018 с. Биир кэлим электроннай докумуон эргиирин системата  оҥоһулунна. Бу системаҕа быйыл тохсунньу 1 күнүттэн судаарыстыбаннай былаас бары уорганнара, оттон олунньу 1 күнүттэн олохтоох салайыныы уорганнара уонна муниципальнай тэриллиилэр уо.д.а. холбонон үлэлииллэрэ ирдэнэр.

2018 с. 9 ыйын түмүгүнэн электроннай докумуон эргиирин өлүүтэ 80% тэҥнэстэ.

 

«Өйдөөх куорат» бырайыак

 

“Өйдөөх куорат” бырайыагынан куораттар хаһаайыстыбаларын цифровизациялыыр уонна дорожнай карталары оҥорор наадалааҕын туһунан  Россия тутууга уонна ДьУоКХ миниистирин солбуйааччы Андрей Чибис сорудахтаабыта.Билиҥҥи туругунан Саха сиригэр оробуочай бөлөх тэриллэн үлэлиир. «Өйдөөх Дьокуускай куорат» бырыайак сүрүн хайысхалара:

  • куорат олохтоохторун кытта интерактивнай хардарыта дьайсыы;
  • куораты салайар ньымалар;
  • куттал суох буолуута уонна бэрээдэги тутуһуу;
  • тырааныспар;
  • ДьУоКХ;
  • экология;
  • тобохтор;
  • социальнай өйөбүл;
  • аһаҕас көрдөрүүлэр уонна өҥө ньымаларын тиэрдии;
  • куорат иһитиннэриилэрин ресурсалара;
  • үөрэх;
  • доруобуйа харыстабыла

 

Иһитиннэриилэри көмүскүүр дьаһаллар

 

СӨ Ил Дарханын от ыйын 10 күнүнээҕи Ыйааҕынан СӨ Сибээскэ министиэристибэтин аатыгар СӨ сибээскэ уонна информационнай технологияларга министиэристибэтэ диэн уларытыы киирбитэ. Алтынньы ыйга министиэристибэ саҥа тутула бигэргэммитэ, ол иһигэр 6 салаалаах. Саҥа тутулунан эбии 2 саҥа салаа тэриллибитэ: иһитиннэриилэри көмүскүүр уонна инновация сайдыытын салаалара. Билигин 4 үлэһит тустаах анал үөрэҕи бүтэрдэ, 30 үлэһит кылгас кэмнээх кууруһу ааста.

Судаарыстыбаннай кистэлэҥи көмүскүүр үлэҕэ барыта 26 үлэ ыытылынна.

 

Улуустааҕы IT-кииннэр

 

Атырдьах ыйыгар Сунтаар улууһугар бастакы «Korobka» IT-киин «Ростелеком» дьиэтигэр арыллан үлэлээтэ. Эдэр урбаанньыттарга, ону таһынан саҥа технологиялары баһылыыр эйгэҕэ үлэлиир эдэр исписэлиистэргэ босхо үлэ миэстэтэ ананар уонна Интернетинэн туһаныы көҥүллэнэр. Инникитин IT-технология боппуруостарыгар видеоконференциялары, вебинардары, консультациялары, куурустары уонна  семинардары ыытар былааннаахтар.

Маны таһынан, Мэҥэ Хаҥалас  улууһун Алын Бэстээҕэр бизнес-инкубатордар базаларыгар саҥа IT-киин уонна IT-оскуола аһылыннылар.

Быйыл 5 IT-киин арыллара күүтүллэр, 3 киин — сыл 1-кы кварталыгар  Нам нэһилиэгэр уонна Ньурба, Орто Халыма куораттарыгар.  2024 сылга  барыта 17-тэн аҕыйаҕа суох саҥа IТ-киин арыллан үлэлииллэрэ былааннанар.

 

IT-паарка

 

Ааспыт сылы үөрүүлээхтик түмүктээһин ахсынньы 29 күнүгэр ИТ-паарканы арыйыыны кытта сибээстээх. Паарка иэнэ 9,5 тыһ. кв. м тэҥнэһэр. Былаан быһыытынан паарка иһинэн офиснай хостор, IT-оскуола, коворкинг зона, конференц-саала, акселератор, фуд-корт, араас лабораториялар (VR, ырыа устар студиялар, анимация лабораторията уо.д.а.), ону таһынан коллективнай FabLab мастарыскыай үлэлиэхтэрэ. Билигин ИТ-пааркаҕа 26 резидент ылылынна, 20-тэ — чэпчэтиилээх усулуобуйаҕа, 6-та — төлөбүрдээх. Быйыл кинилэр ахсааннарын 40-ҥа тиэрдиэхтэрэ, оттон салгыы 2021 сылга – 65, 2024 сылга – 100. Стартаптары таһаарыыга уонна инвестициялары тардыыга Уһук Илиҥҥэ соҕотох акселерационнай бырагыраама оҥоһулунна. Маны таһынан, быйыл резиденнэртэн 250 мөл. солк. суумалаах барыс ылыллара күүтүллэр, салгыы 2024 сылга үлүннэрэн миллиард солк. диэри тиэрдиллиэ диэн сабаҕалыыллар.

 

2019 сылга министиэристибэ сүрүн соруктара

 

  1. Цифровой телевидениеҕэ көһүү үлэтин тиһэҕэр тиэрдии;
  2. Саха сиригэр “112 суһал көмө” систематын үөскэтии үлэтин ыытыы;
  3. Оптоволоконнай сибээһи уонна 4G сайыннарыы;
  4. Өрөспүүбүлүкэҕэ 5 IT-киин арылларын ситиһии;
  5. Цифровой көрүҥүнэн судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥө көрдөрүүтүн 18% диэри тиэрдии;
  6. Биир кэлим электроннай докумуоннарынан эргиир системаны судаарыстыбаннай былаас бары уорганнарыгар уонна муниципальнай тэриллиилэргэ киллэрии;
  7. «Саха сирэ» уонна «Якутия» өрөспүүбүлүкэтээҕи хаһыаттары төлөбүрдээх көрүҥҥэ көһөрүү.

 

Бэлэмнээтэ Василий ПРОКОПЬЕВ.

 

Поделиться