656
15 февраля 2019 в 18:49
“Сайсары” ырыынагар ас-үөл элбиир
Саха сиригэр оҥоһуллубут
“С аха сиригэр оҥоһуллубут” диэн бэлиэнэн олохтоох бородууксуйа киэҥник тарҕанар буолла. Ону туоһулаан бу күннэргэ “Сайсары” бааһынай ырыынагар олохтоох аһы-үөлү атыылыыр эбии туочукалар аһылыннылар.
“Сайсары” ырыынак куорат олохтоохторугар күннэтэ сибиэһэй, бэйэбитигэр оҥоһуллубут аһы-үөлү, табаары атыылыырынан биллэр. Эбии олохтоох бородууксуйаны эргитэр саҥа туочукалары арыйыы үөрүүлээх түгэнигэр Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай политикаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин кытынна. “Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн “Саха сиригэр оҥоһуллубут” бренд иһинэн олохтоох аһы-үөлү тарҕатыы тэтимнээхтик барар. Ол курдук, бүгүн “Сайсары” ырыынакка эбии 10 атыы-эргиэн туочукалара аһылыннылар. Куорат олохтоохторо Мэҥэ Хаҥалас, Горнай, Амма, Чурапчы, Уус Алдан, Хаҥалас, Нам, Дьокуускай тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарар кооперативтарын сибиэһэй, хаачыстыбалаах астарын атыылаһар кыахтаахтар. Олохтоох аска-үөлгэ дьон олус наадыйар, онон кинилэр бородууксуйалара долбуурдарыгар өр туруо суоҕа диэн сабаҕалыыбын”, — диэн Андрей Находкин санаатын үллэһиннэ.
Сардаана КУЗЬМИНА