669
01 марта 2019 в 18:04
Тыа сиригэр көмө буолларбыт диэн
Экономикаҕа түһүү-тахсыы усулуобуйатыгар бизнес ситиһиилээх буолуута үгүс өттүгэр сөптөөх суолу-ииһи тобулартан тутулуктаах. Билигин тас дойдуттан киирэр табаары хос атыылааһын улахан барыһы биэрбэт буолла. Онуоха төрүөт элбэх – геополитическай да, экономика да өттүнэн. Хампаанньалар бүгүн ырыынак усулуобуйаларыгар муҥутаан сөп түбэһэ сатыыллар, бэйэлэрин бородууксуйаларын, өҥөлөрүн элбэтэргэ, саҥалыы уларыта тутарга дьулуһаллар, саҥа технологиялары көрдүүллэр.
Дойдуга балайда өр кэмҥэ экономика сырьеҕа олоҕуран сайдыбытын түмүгэр атын салаалар бүтэһигинэн үбүлэнэр, сүрүннэнэр үгэстэрэ олохсуйбута. Исписэлиистэр ааҕалларынан, судаарыстыба политикатын бизнес диэки хайыһыннардахха, арыый судургутук уонна табыгастаахтык салайдахха, экономика үгүс сектордарыгар баһырхай ситиһиилэр баар буолуохтарын сөп. Оччоҕуна Россия атын дойдулар өттүлэриттэн хааччахтааһыннар кэмнэрин этэҥҥэ аһаран, күүһүрэн уонна сайдан тахсыаҕа. Дойдуга, регионнарга да бүгүн саҥа бырамыысыланнас политиката хаһааҥҥытааҕар да ирдэнэр.
Импортан — экспорга
Олунньу 12-15 күннэригэр Москваҕа үрдүк таһымнаах түгэн – Aquatherm Moscow-2019 норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапка буолан ааста. Бу быыстапкаҕа ититиигэ, уунан хааччыйыыга, инженернэй-сантехническэй ситимнэргэ, салгылатыыга, бассейннарга, сауналарга, о.д.а. аналлаах оборудованиелар көрдөрүлүннүлэр. 30 дойдуттан 770 бөдөҥ хампаанньа олох-дьаһах, коммерческай хайысхалаах уонна бырамыысыланнас объектарыгар анаан үлэлэрин көдьүүстээх түмүктэрин билиһиннэрдилэр. Манна араас регионнартан кыттыбыт национальнай павильоннар ортолоругар “Саха Липснеле” хампаанньа бэйэтин дьоһун миэстэтин ылла.
Бастаан импортан саҕалаан баран, 2016 сылга Литваттан партнердарын кытары (UAB “VAKARO RASA”) “Хаҥалас” индустриальнай паарка” урутаан сайдыы сиригэр-уотугар (ТОСЭР) сылга 2500 хочуолу оҥорон таһаарар кыамталаах собуот үлэтин саҕалаабыта. Онуоха кинилэр экономикаҕа уһаабыт таҥнары түһүүнү уонна санкциялар усулуобуйаларыгар тулуһан кэлбиттэрин ааһан, бачча кылгас кэм иһигэр хочуоллары бырамыысыланнай кээмэйинэн таһаарар кыахтаммыттара сөхтөрөр.
Биһиги “Саха LIEPSNELE” хампаанньа салайааччыта Пуд Тимофеевы кытта Москваҕа сылдьар кэмигэр сибээстэстибит.
—Үлэҕит бастаан туохтан саҕаламмытай? Өрөспүүбүлүкэҕэ кытаанах оттугунан үлэлиир хочуоллары оҥорон таһаарыы ким идеята буоларый?
—“Саха Липснеле” ХЭТ хампаанньа 2013 сылтан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр Европатааҕы LIEPSNELE мааркалаах уһуннук умайар кытаанах оттукка аналлаах патеннаммыт хочуолу атыылааһыҥҥа дилер статуһун аныыр туһунан сөбүлэһиигэ илии баттааһынтан бэйэтин үлэтин саҕалаабыта. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 950-тан тахса хочуол туруоруллан үлэлиир.
—Биһиги курдук киинтэн ыраах баар өрөспүүбүлүкэҕэ олус наадалаах хочуоллары бырамыысыланнай кээмэйинэн таһаарыыны хайдах олоххо киллэрдигит? Бу дойдуга кризис салҕана турар кэмигэр ураты түгэнинэн сыаналаныан сөп.
—Саарбаҕа суох, маннык кээмэйдээх оҥорон таһаарыыны тэрийии уустук сорук: былааннааһынтан саҕалаан производственнай дьиэни тутууга диэри. Ол эрээри “Якутия” технопаарка” ГАУ уонна “Хаҥалас” ТОСЭР ИП бары өттүнэн өйөөбүттэрин, көмөлөрүн түмүгэр биһиги бырайыакпытын олоххо киллэрдибит.
Хочуоллары сүнньүнэн киин ититии уонна гаастааһын суох сирдэригэр тыа сирин нэһилиэнньэтэ атыылаһар. Кинилэргэ урукку кирпииччэ оһохторун биһиги хочуолларбыт солбуйдулар, маныаха дьон харчыта уонна бириэмэтэ кэмчилэнэр. Онуоха эбии маннык уһун уонна тымныы кыһыннаах климат усулуобуйалара аан дойдуга ханна да суохтар. Аны туран, Саха сиригэр хочуоллары оҥорон таһаарыы ситиһиллэн, таһыттан аҕалыллар маннык хочуоллары кытта тэҥнээтэххэ, сыаната 30% намтаата. Сыана намтааһына оҥоһуллар бородууксуйа хаачыстыбатыгар дьайбат, хас биирдии бородууксуйа хаачыстыбаны хонтуруоллуур икки сүһүөхтээх системаны ааһар: аэродинамическай уонна гидравлическай тургутуу оҥоһуллар. Хочуоллары оҥорууга сырье Россияҕа атыылаһыллар, онон импорт толору солбуллар.
—Суол-иис суох уонна киһи тиийэригэр эрэйдээх миэстэлэргэ сылааһы биэрэр атын источниктары сайыннарыы хаһааҥҥытааҕар да сытыы суолталаах. Ыраах сытар улуустарга хочуоллары туруоруу нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбатын тупсарыыга туох түмүктэри аҕалла?
—Хотугу улуустары ылан көрөр буоллахха, 2015-2016 сс. СӨ “Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарын кэлимник тупсарыы” судаарыстыбаннай бырагырааматынан “Саха Липснеле” ХЭТ “Теплокомфорт” МИП ХЭТ кытта дьиэ иһинээҕи ититэр системалаах 55 хочуолу Өймөкөөн уонна Булуҥ оройуоннарыгар туруорбута.
Бырайыакпытын олоххо киллэрии саамай улахан түмүгүнэн тыа сирин нэһилиэнньэтин, ол иһигэр эдэр ыаллар уонна кырдьаҕас дьон олохторун хаачыстыбата тупсуута буолар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга олорор дьиэ фондатын 90-тан тахса бырыһыанын хаптыбыт, сэлиэнньэлэр ититиигэ наадыйыылара толору быһаарылынна. Үлэлэтэр кэмҥэ олохтоохтор үтүө сыанабыллара ылылынна. Ол курдук, Өймөкөөн оройуонугар, оһоҕунан оттунууну кытта тэҥнээтэххэ, оттук маһы кэмчилээһин ортотунан 1,5-2 төгүлгэ тэҥнэстэ. Маныаха оһоххо маһы биирдэ бырахтахха, ортотунан 24 чаас устатыгар умайар, оттон оттук сезонугар саамай намыһах температура -67°С бэлиэтэммитэ. Онон биһиги хочуолларбыт киһи олорор уонна үлэлиир аан дойдуга саамай тымныы миэстэтигэр, Тымныы Полюһугар тургутууну аастылар.
Хоту сир усулуобуйаларыгар, ол иһигэр Тымныы Полюһугар хочуоллары үлэлэтии уопутун уонна туһанааччылар сыанабылларын учуоттаан, собуот 2018 сылга LIEPSNELE ARCTIC мааркалаах хочуол саҥа көрүҥүн оҥордо. Бу хочуол уратыта диэн оттуга универсальнай, конструкцията ордук эрэллээх, оттугу кэмчилээһинэ улахан. РФ патенын ылыыга сайаапка биэрдибит.
—Үгүс нэһилиэктэргэ социальнай объектар киин ититиигэ холбоноллор итиэннэ муниципальнай тэриллии бюджетын аҥаара коммунальнай хаһаайыстыба өҥөлөрүн төлөөһүҥҥэ барар. Онон нэһилиэктэр баһылыктара кытаанах оттугунан үлэлиир, кэмчилиир хочуоллар көрүҥнэрин көрдүүллэр. Эһиги хочуолларгытын бу сыалга туһаныы холобурдара бааллар дуо?
—Сөпкө этэҕин, билигин тыа сирин оройуоннарыгар кииннэммит ититиигэ сылаас энергиятыгар тарыыптар олус үрдүктэр. Липснеле хочуолларын ситиһиилээхтик туһаныы үтүө холобурдара биһиэхэ бааллар. Холобур, Горнай оройуонугар 800 кв. м диэри иэннээх эргиэн кииннэрин офистары кытта, Үөһээ Бүлүү оройуонугар фельдшер-акушер пууннарын дьиэлэрин сылытыыга, Өлүөхүмэ оройуонугар – олохтоох дьаһалта дьиэтигэр. Саарбаҕа суох, хочуолу уонна оборудованиены табан таллахха, автономнай ититии кииннэммиттэн хас эмэ төгүл чэпчэки, маныаха суол-иис суох уонна кэлии оттугу тиэрдии уустуктардаах усулуобуйаларыгар кини эрэллээх.
—Соторутааҕыта эһиги Москваҕа норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа кытынныгыт, хочуолларгытын атын регионнар сэҥээрдилэр дуо?
—Быыстапкаҕа 30 дойдуттан 770 кыттааччы муһунна, кинилэр презентацияҕа саҥа оҥоһуктарын аҕалбыттар. Оттуктара өр умайар хочуоллаахтартан биһиги соҕотох бэрэстэбиитэл этибит. Хочуолларбытын Россия хампаанньаларын таһынан, омук дойдулара эмиэ кэрэхсээтилэр. Сорохтор оннооҕор Саха сирэ хочуол төрөөбүт сиринэн буолуохтаах диэтилэр. Өр умайыытын технологиятыгар, автоматизациятыгар уонна хочуол конструкциятыгар ыйытыылар бааллара. Сорохтор ордук хочуоллар хантан төрүттээхтэрин туоһуластылар. Биһиги Москваттан уонна Россия регионнарыттан эрэ буолбакка, СНГ үгүс дойдуларыттан исписэлиистэри кытта элбэх көрсүһүүлэри ыыттыбыт. Бородууксуйабытыгар үтүө сыанабылы таҥааччылартан, кууһунан атыылаһааччылартан, тас дойдуттан киллэрээччилэртэн, бэдэрээтчиттэртэн, ону сэргэ быһаччы туһанааччылартан ыллыбыт. “Саха Липснеле” ХЭТ Россия уонна чугастааҕы омук дойдуларын ырыынактарыгар бородууксуйатын таһаарарыгар “Aquatherm Moscow” быыстапка бэртээхэй былаһаакканан буолла.
—Инникитин туох былааннардааххытый?
—Хампаанньа чугастааҕы омук дойдуларыгар – Монголияҕа, Казахстаҥҥа экспорт ырыынагар тахсар, итиэннэ Россияҕа дилерскай уонна батарар кииннэри тэрийэр былааннаах. Батарыы ырыынагын сайдар кыаҕа олус үрдүк, ханна барытыгар гаас уонна кииннэммит ититии баар буолбатах. Ону сэргэ бородууксуйабытын Сахабыт сиригэр күүскэ киллэрэр былааннаахпыт. Онно сүрүн сыалбытынан тыа сиригэр олох хаачыстыбатын үрдэтии буолар.
—Ситиһиилэри баҕарабын!
Тыа дьоно олус астыналлар
Татьяна Итегелова, Өймөкөөн оройуона, Биэрэк Үрдэ:
— Биһиги сэлиэнньэбитигэр 13 ыал Липснеле хочуоллары туруорда, онно маһынан да, таас чоҕунан да оттуохха сөп. Биһиги өссө 2015 сылга туруорбуппут, кыһын устата 1 прицеп маһы ороскуоттуубут. Урут быдан элбэҕи оттор этибит – 3-4 приеп маһы, онон балайда кэмчилиир эбит диэн астынныбыт. Дьиэҕэ мэлдьи сылааһын ааһан, сылаас уу баар. Соҕотох итэҕэһэ – уот бардаҕына, хочуол умуллан хаалыан сөп.
Семен Сивцев, Хара Тумул учаастагын олохтооҕо:
— Биһиэхэ Арктика сылыгар пилотнай бырайыагынан эксперимент быһыытынан Липснеле хочуоллары туруорбуттара. Олус сөбүлээтим, дьиэм иэнэ улахан, онуоха эбии гараж сылытыллар. Урут суукканы эргиччи бэйэм дьиэбэр хачыгаардыырым, хардаҕастары быраҕартан соло булбатым. Билигин маһы сарсыардаттан быраҕан баран атын дьыаланан көҥүллүк дьарыктаныахха сөп. Ону ааһан 2-2,5 төгүл кэмчилиир. Онон биһиги, Хоту сир дьоно, Липснеле курдук кэмчилиир уонна эрэллээх хочуолу оҥорон таһаарааччыларга махталбыт улахан!
Елена Аммосова, Биэрэк Үрдэ сэл.:
— Липснеле хочуолунан үһүс сылын туһанабыт. Улахан тымныыга суукка устатыгар сылааһы тутар, оттон -30-40 кыраадыска икки да сууккаҕа дьиэ сылаас. Олус кэмчилиир уонна тыа дьонугар табыгастаах, системаҕа сылаас уу баар буолан, сууккаҕа хаһан баҕарар душтаныахпытын, таҥас сууйуохпутун сөп. Астынабыт.