944
15 декабря 2017 в 17:13
Ураты наадалаах тутуулары чопчулуохха баара
Үп-харчы кырыымчык кэмигэр депутаттар сөптөөх этиини оҥороллор
Тохсунньу 11 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ «2018 сылга уонна былааннаммыт 2019-2020 сс. Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бюджетын туһунан» сокуон барылыгар инвестиционнай бырагырааманы дьүүллэһэр сөбүлэҥ хамыыһыйатын мунньаҕа буолла.
Мунньах биэс аҥаар чаас устата барбытын бэлиэтиибин. Биллэн турар, үп-харчы кырыымчык кэмигэр үгүс мөккүөр, санаа атастаһыыта тахсара кимиэхэ баҕарар өйдөнүллэр. Тэрээһини парламент экономическай, инвестиционнай, промышленнай политикаҕа, предпринимательствоҕа, туризмҥа уонна инфраструктура сайдыытыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Виктор Федоров салайан ыытта.
Бэйэ сиригэр-уотугар ким кыһаллыбат буолуой?
Тутуу — сайдыы бэлиэтэ. Ордук социальнай суолталаах тутуулартан олохпут-дьаһахпыт таһыма улахан тутулуктаах. Онон инвестиционнай бырагыраамаҕа улахан суолта бэриллэн, болҕомто ууруллан эрдэҕэ.
Санатар эбит буоллахха, үүнэр 2018 сылга инвестиционнай бырагыраамаҕа 8,9 млрд солк., 2019 сылга — 5,5 млрд солк., 2020 сылга — 5,5 млрд солк. үп-харчы көрүллүөҕэ. Үүнэр сылга бу сыалга-сорукка көрүллэр үп ааһан эрэр сылы кытта тэҥнээтэххэ, 9 млрд солк. аччаан биэрбит. Оттон 2016 сылга бу сыалга-сорукка 25 млрд солк. көрүллүбүтэ. Дойдубутугар кытаанах үп-харчы кириисиһэ ыган кэлбитэ бу сыыппаралартан ырылыччы көстөн кэлэр.
Ил Түмэн депутаттара өрөспүүбүлүкэ үс сылы хабар инвестиционнай бырагырааматыгар эбии барыта 70 этиини киллэрдилэр. Норуот итэҕэллээхтэрэ бэйэлэрин уокуруктарыгар туох кыһалҕа баарын, ханнык тутуу ыытыллара наадатын кимнээҕэр да ордук билэллэрэ-көрөллөрө өйдөнүллэр.
Кистэл буолбатах, сөбүлэҥ хамыыһыйа мунньаҕар үгүс мөккүөр таҕыста. Этиилэри көрдөххө, барыта наадалаах тутуулар. Ол эрээри урукку курдук үпкэ-харчыга өлгөм сыллар ааспыттара. Депутаттар Владимир Прокопьев уонна Юрий Николаев: «Инвестиционнай бырагырааманы таҥыыга ситим суох. Анал хамыыһыйа тэрийэн, Дьокуускай куораты уонна улуустары туспа тутан, ырытан, дьүүллэһэн ураты наадалаах объектары чопчулуохха, быһаарыахха баара. Оччоҕо маннык мөккүөр тахсыа суох этэ», — диэн ыллыктаах санааны эттилэр.
Биллэн турар, ким төрөөбүт-үөскээбит сиригэр-уотугар, үлэлиир уокуругар кыһаллыбат буолуой, оскуола, балыыһа, кулууп, спортивнай саала, хочуолунай туттарыан баҕарыа суоҕай? Онон киллэрбит этиилэрин ылыннараары кытаанах мөккүөр, киирсии тахсара өйдөнүллэр. Ол иһин да мунньах биэс аҥаар чаас уһаатаҕа. Ордук дойду экономическай балаһыанньата уустук кэмигэр анал хамыыһыйа тэриллэн, биир сүбэнэн өрөспүүбүлүкэҕэ ураты, ордук наадалаах тутуулары чопчулуур саамай сөптөөх дии саныыбын.
Этэргэ дылы, кыра да үбү-харчыны саталлаахтык аттарынан туһаннахха, көдьүүһэ улахан буолара чуолкай.
Бу суруйуубар мунньах кыттыылаахтарын болҕомтолорун тарпыт этиилэргэ тохтуом.
35 №-дээх оскуола тумнуллубат
Дьокуускай куорат уокуруктарыттан депутаттар Евгения Михайлова, Александр Сусоев, Леонид Владимиров Дьокуускай куорат 35 №-дээх оскуолатын тутарга 288 мөл. 357 тыһ. солк. инвестиционнай бырагыраамаҕа көрөргө туруорсубуттар. Сөбүлэҥ хамыыһыйатыгар кыттыыны ылбыт Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы – экономика миниистирэ Михаил Осипов бу боппуруос быһаарыллыаҕын, оробуочай бэрээдэк быһыытынан үөһэ этиллибит суума буолбакка, 200-250 мөл. солк. көрүллүөҕүн туһунан эттэ.
Бу оскуола тутуутугар үөһэ ааттаныллыбыт депутаттары таһынан, Антонина Григорьева, Владимир Федоров, Алена Атласова, Александр Уаров күүстээх болҕомтолорун ууралларын бэлиэтиибин. Ол курдук, Антонина Григорьева уонна Алена Атласова инвестиционнай бырагыраамаҕа бэйэлэрэ туспа этиилэри бэлэмнээн киллэрбиттэр.
Маны таһынан Дьокуускай куорат уокуруктарыттан депутаттар киин куорат нэһилиэнньэтэ, оҕо ахсаана сыллата эбиллэ турарынан, дойду аҕа баһылыгын үөрэнээччилэри биир сменанан үөрэтэр туһунан Ыйааҕын толорор инниттэн, саҥа оскуолалары туппакка, бэлэм тутуулары үөрэх кыһатыгар сөп түбэһэр гына уларыттаран, атыылаһан ылар этиилэри киллэрбиттэрин бэлиэтиибин. Сөбүлэҥ хамыыһыйа бу боппуруоска тутааччылары кытта бырабыыталыстыба, парламент бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах мунньах ыытарга быһаарда.
Мархаҕа — оҕо саада
Эмиэ үөһэ ааттаталаабыт Дьокуускай куорат уокуругуттан депутаттар Мархаҕа Мелиоратордар уулуссаларын 6/2 баар объегы 240 миэстэлээх оҕо саада гынар сыалтан уларытан тутарга 100 мөл. 372 тыһ. солк. инвестиционнай бюджеттан тыырарга туруорсаллар.
Норуот итэҕэллээхтэрэ Марха кэҥии, нэһилиэнньэтэ эбиллэ турарын бэлиэтииллэр. Ол курдук, икки СОТ эбиллибит, олорор дьиэ бөҕө тутуллубут. Оҕолорун ыраах куорат киинигэр таһааччылар, кыһалҕаны көрсөөччүлэр үгүстэр эбит.
Хорулаҕа, Элгээйигэ — балыыһалары
Депутаттар Владимир Прокопьев уонна Антонина Григорьева Ньурба улууһун Хорула сэлиэнньэтигэр учаастактааҕы балыыһа тутуутун, бу сыалга инвестиционнай бюджеттан 80 мөл. солк. туруорсубуттар.
Киинтэн ыраах сытар кырыы бөһүөлэккэ балыыһалара саахалланар туруктаах эбит. Маны таһынан бу нэһилиэнньэлээх пуун уратыта диэн ракета тобоҕо түһэн, дьон-сэргэ доруобуйатын айгыраппыт. Ракета хас эмэ түһүмэх кытаанах ирдэбиллээх анал бэрэбиэркэлиир, хонтуруоллуур хамыыһыйалары ааһан, көтүтүүгэ көҥүллэммитин үрдүнэн саахалланар, алдьанар түбэлтэлэрэ баар суол. Саахал буолбут сирдэригэр Ийэ айылҕа өтөрүнэн оһоруммат киртийиитэ, алдьаныыта тахсар. Биллэн турар, итинник сиргэ-уокка дьон-сэргэ доруобуйата айгырыыр. 90-с сылларга диэри Саха сирин үрдүнэн гептил уматыктаах космическай ракеталар сүһүөхтэрэ арахсыыларын үгүстэр билбэт этибит.
1966, 1975, 1987 сылларга Хорула сириттэн-уотуттан үгүс көтөр-сүүрэр, ойуур улахан кыылларын, дьиэ сүөһүлэрин өлүктэрин булуталаабыттара биллэр. Туох аанньаттан ити тыынар тыыннаахтар маассабайдык өлбүттэрин бүтэй эттээх да киһи сэрэйиэн сөп. Гептил сүлүһүнүттэн суорума суолланнахтара.
Норуот итэҕэллээхтэрэ Хорулаҕа искэн ыарыылаахтар элбэхтэрин, экологическай өттүнэн кирдээх сир-уот буоларын, бу сэлиэнньэҕэ ураты күүстээх болҕомто наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Балыыһа тутуута «Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн ыытыллыан сөптөөҕүн дуу, суоҕун дуу туоһуластылар. Экономика миниистирэ Михаил Осипов, хомойуох иһин, доруобуйа харыстабылын объектара анал ирдэбиллээхтэринэн, үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн тутуулара кыайан ыытыллыбатын быһааран биэрдэ. Кини бюджет таһынааҕы үбүлэнииттэн тустаах боппуруос быһаарыллыан сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. «АЛРОСА-Ньурба» акцияларын атыылааһынтан киирбит үптэн балыыһаны тутуохха сөп диэн санаа эмиэ этилиннэ.
Сунтаартан төрүттээх депутаттар Александр Уаров, Семен Березин, Жанна Егорова уонна Иннокентий Васильев Элгээйигэ ситэ тутуллубатах балыыһаҕа эбии үп көрөрү туруорустулар. Учаастактааҕы балыыһа улуус уон биир нэһилиэгин хааччыйар эбит. Ити нэһилиэктэргэ барыта 7555 киһи олорор.
1952 сыллаахха тутуллубут, 65 сыл устата сулууспалаан кэлбит балыыһа дьиэтэ эргэрбитэ биллэр.
Депутаттар Дмитрий Саввин уонна Константин Борисов Томпо улууһун Тополинай бөһүөлэгэр үс сыл устата кыайан тутуллубатах хочуолунайга инвестиционнай бюджеттан 80 мөл. 119,051 тыһ. солк. тыырары туруорсубуттар. Маныаха дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба уонна энергетика миниистирэ Данил Саввинов «Дьиэ-уот, коммунальнай хаһаайыстыба» ГУП инвестиционнай бюджетыттан бу сыалга-сорукка 52 мөл. солк. көрүллэрин туһунан иһитиннэрдэ.
Үтүө дьыалалар үбүлэниилэрин улаатыннарары
Үөһэ этэн аһарбытым курдук, депутаттар сүрүннээн социальнай суолталаах объектары: оскуолалары, балыыһалары, оҕо саадтарын, кулууптары, библиотекалары, хочуолунайдары тутууну туруорсаллар.
Итилэри таһынан норуот депутаттара Юрий Николаев, Юрий Баишев, Александр Корякин, Александр Уаров, Василий Местников, Гаврил Алексеев «Сахам сирэ ХХI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһын үбүлэниитин 500 мөл. солк. тиэрдэри туруорсаллар. Биллэрин курдук, тустаах сокуон барылыгар ити сыалга-сорукка 150 мөл. солк. эрэ көрүллэ сылдьар.
Үтүө дьыала хамсааһынын чэрчитинэн тыа сиригэр араас тутуулар дьэндэстилэр. Аҥаардас 2000 сыллаахха, хамсааһын саҕаламмыта бастакы сылыгар 66 спорт саалата, 63 спорт площадката, 34 оскуола, 31 культурнай-спортивнай комплекс, 19 кулууп, 17 оҕо саада, 3 тустуу саалата, 2 эрчиллэр дьиэ тутуллубуттара. Биир сыл иһигэр сөҕүмэр тутуу ыытыллыбыта. Улуус-улуус ахсын бүтүн объектары бэйэлэрин күүстэринэн тутарга ылыммыт үлэһиттэр, тэрилтэлэр, нэһилиэктэр баар буолбуттара.
Үлэ-хамнас, саҥа дьыала саҕаланнаҕына, араас көстүүлэр үөскээн-төрөөн тахсаллар. Норуот күүһүнэн тутууларга киин куоракка олорор биир дойдулаахтар көмөлөһөллөр. Меценаттар, спонсордар баар буоллулар. Бөһүөлэктэргэ дьон-сэргэ түөлбэнэн түмсэр. Үтүөнү үтүө батыһар дииллэрэ чахчы.