409

09 февраля 2018 в 14:56

Таптыыр сахам тылынан

Сир үрдүгэр биирдиилээн норуоттар тыллара симэлийэ, сүтэ туралларын туһунан этэллэр. Тыла эстибит эрээри, көстөр тас дьүһүнүнэн ордон хаалбыт норуоту хайдах ылыныахха сөп эбитэ буолла? Оттон хаан буккуһуутуттан сиэнчэрдэнэн, омугун уратытын сүтэрэн симэлийэн эрэр норуоту ким диэн ааттыыбыт?

Ахсаан быһаарар оруоллаах?

Маннык проблема аҕыйах ахсааннаах норуоттары эрэ таарыйара ханнык да мөккүөргэ турбат. Бу гынан баран, «аҕыйах ахсааннаахтар» диэн өйдөбүлү кэҥэтэр наада буолла быһыылаах. Баара-суоҕа 1 эбэтэр 10 тыһ. ахсааннаах омук диэн, бу дьыала олох дьэҥкэ, судургу өттө. Манна туох да боппуруос турбат. Оттон 500 тыһ., 1,5 мөл., бэл 2 мөл. киһилээх норуокка, арыый атыннык да буоллар, проблемалар күөрэйэн тахсыахтара. ХНТ норуоттары аҕыйах ахсааннаахтарга киллэрэр классификацията чуолкай курдук эрээри, олохпут түргэн тэтимин, быыстала суох уларыйа-тэлэрийэ турар майгытын дьиҥ баар кырдьыгыттан тэбинэр ордук буолуоҕа. Холобурдаан эттэххэ, 500 тыһ. киһи нэһилиэнньэлээх куо­рат, бүгүн аан дойду таһымыгар, баара-суоҕа дьоҕус куоратынан ааҕыллар. 1,5-2 мөл. киһилээх куорат – эмиэ ол курдук, дьоҕус мегаполис. Аны бу чахчыны судаарыстыба таһымыгар ыллахха, өссө кыччаан биэриэҕэ, оттон проблемата улаатан кэлиэҕэ.
Биллэн турар, аҕыйах тыһыынча киһилээх омукка симэлийии суоһа-суодала адьас субу ааҥнаан турар алдьархай буоллаҕына, мөлүйүөн ахсааннаах норуокка ити чарапчыланан көрөр ыраахтан суоһуур куттал буолар.
Омук итэҕэлин, тылын, бэйэтин уратытын туруулаһан илдьэ сылдьарыгар, кини ахсаана булгуччу быһаарар оруоллаах буолбатах. История тыйыс ыйааҕынан, дьэбир дьаһалынан уонунан үйэлэргэ бэйэ судаарыстыбаннай тэриллиитэ суох, бэл «төрөөбүт дойдубут бу баар» диэн этэр эбэтэр ыйар кыахтарын уонна бырааптарын сүтэрэ сылдьыбыт норуоттар бааллар. Ол үрдүнэн тылларын, итэҕэллэрин тыыннаах илдьэ кэлбиттэрэ киһини сөхтөрөр.

Норуоттан бэйэтиттэн тутулуктаах

Ааспыт күһүн Арассыыйа национальнай өрөспүүбүлүкэлэригэр, төрөөбүт тылы кытта сибээстээх, балачча сүпсүлгэн тахса сырытта. Ол иһигэр биһиэхэ эмиэ. Кэмиттэн кэмигэр, былаас өттүттэн, итинник кыралаан ыгыылаах хамсаныылар баар буолуохтаахтара күүтүллэр суол.
Онон, төрөөбүт тылгыттан киэр этиниэхтээххин диэн буолбатах. Тоҕо эрэ Хапкаас өрөспүүбүлүкэлэрэ федеральнай былаас ити «хамсаныытыттан» кыратык эмэтик долгуйбуттара төрүкү даҕаны биллибэт курдук. Хайдахтаах да быһыыга-майгыга ити өрөспүүбүлүкэлэр бэйэлэрин тылларын уонна итэҕэллэрин сүтэрэр турукка тиийиэхтэрэ диир санаа киһи өйүгэр батан киирбэт. Төрөөбүт тыл дьылҕата сүрүннээн норуоттан бэйэтиттэн тутулуктаах: кини чокуур курдук кытаанах буоллаҕына, ийэ тылын тутан сылдьыаҕа.
Татаардар, башкирдар Арассыыйа адьас сүрэҕэр элбэх үйэҕэ бииргэ олорон кэллилэр. Тыл, итэҕэл өттүнэн сүтэрии, симэлийии суох. Инникитин даҕаны оннук сүтүккэ тиийиэхтэрэ суоҕа. Оттон бэйэлэрин өрөспүүбүлүкэлэрин олохтоохторо, омугуттан тутулуга суох, национальнай тыллары үөрэтиэхтээхтэрин ирдээһин, биир өттүнэн, кинилэр кыаҕырбыттарын туоһулуур. Атын өттүнэн, аһара түһүүлээх хамсаныы буолар. Бэл, төрөөбүт тылы булгуччулаахтык билиини ирдээһин – күһэйии биир көрүҥэ буолар.
Оттон «олохтоох былаас ону турууласпата, маны утарсыбата» диэн буруйдааһын – туораттан этэргэ судургу. Судаарыстыбаннай анал туруктаах чунуобунньук, дуоһунаһыттан тутулуга суох, судаарыстыба ыытар бэлиитикэтин утары барар кыаҕа суох. Маныаха өссө кини карьераҕа, хамнаска, былаас үтүө сыһыаныгар, о.д.а. тустаах интэриэстэригэр тохтообокко туран, сулууспалаах ээтикэтэ, эппиэтинэһэ уонна иэһэ киниттэн бэриниилээх буолууну ирдиир. Оттон судаарыстыба хайа эрэ туһааннаах бэлиитикэтэ уопсастыба олоҕун нуормаларын утарар түгэнигэр, кини чиэһин-суобаһын дьыалатынан ааҕан ону ылыммат түбэлтэтигэр, бэйэтэ өйдөөн-санаан туран талан ылбыт суола буолуоҕа.
Бэйэбит ыырбыт иһигэр киирдэххэ, хайа да балаһыанньаҕа биһиги биир суолу төбөбүтүттэн түһэриэ суохтаахпыт. Саха тыла тыыннааҕын тухары, дьүдэйэр, кэхтэр, симэлийэр уонна сүтэр кутталтан хаһан да төлөрүйүө суоҕа. Үгүс ахсааннаах бары кыра норуоттар тылларын курдук, тапталлаах сахабыт тыла хайа айыллыаҕыттан анаммыт төлкөтө итинник. Ол онуоха аҥаардас аҕыйах ахсааммыт эрэ төрүөт буолар диэн бигэргэтииттэн туттунабын.

 

XXI үйэҕэ нуучча тылын таһынан, атын омуктар тыллара боруоста тоҕу анньан киирдилэр уонна киирэ тураллар. Киирии тыл салгыы өссө хайдах «байытыаҕын» санаатахха, этиҥ сааһа аһыллар.

 

 

Аһара сахатыйан хаалыахха сөп дуо?

«Аһара сахатытыы бара турар» диэн буруйдааһын элбэхтик иһиллэр буолла. Ол «аһара сахатытыы» диэн тугуй? Ол үчүгэй өттүгэр ыытыллар дуу, куһаҕан соллуктаах дуу? Бэйэм санаабар, төрөөбүт тылбытыгар сыһыаннаан, «аһара сахатытыы» баар буолуон хайдах да сатаммат. Сыыһа, алҕас, дубук туттуу, халы-мааргы сыһыан, кырдьык, элбэх.
Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар саха тылын кырамаатыкатыгар Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин иннигэр нууч­чаттан киирбит тыллар сахалыы саҥарыллалларынан, онтон кэлин киир­бит тыллар нууччалыы олохторунан суруллуохтаахтар диир быраабыла баара. Дьэ, санаан көрүҥ, сэбиэскэй былаас туругуран турбута 76 сылын устата төһөлөөх саҥа тыл лиэксикэбитин байыппыта буолуой?! Аны туран ол процесс сэбиэскэй былаас сууллуутун кытта тохтоон хаалбыт буолбатах эбээт. 21 үйэҕэ нуучча тылын таһынан, атын омуктар тыллара боруоста тоҕу анньан киирдилэр уонна киирэ тураллар. Киирии тыл салгыы өссө хайдах «байытыаҕын» санаатахха, этиҥ сааһа аһыллар.
Тыл тылы байытар, өскөтө ол процесс сүрүннэнэр буоллаҕына. Оттон дьаалатынан уһуннардахха, лаппа куһаҕан содулланар. Санаан көрүҥ, бэл нуучча курдук улуу тыл дьүдэйиитэ түргэн тэтиминэн бара турар диэн, анал үөрэхтээхтэр уонна исписэлиистэр улаханнык долгуйаллар. Арай биһиги, сахалар, кыһаммат уонна наадыйбат курдукпут. Бэркэлээтэҕинэ, «саха тыла муора далайын курдук баай» диэн хаһан эрэ былыр этиллэн хаалбыты биир кэм үтүктэн чоргуйабыт. Били наар сирбит киэҥинэн киһиргэнэн тахсарбыт курдук.
1917 кэнниттэн саха тылыгар туттууга киирбит тыллартан буолбакка, бу кэлиҥҥи 20-30 сыллар усталарыгар байбыт уонна байыппыт тылларбыт нууччалыы суруллууларын уларыппакка, сахалыы этиилэрдэ оҥорон көрүҥ эрэ. Ону-маны кыратык эмэтик удумаҕалатар киһи бэйэтэ куттаныаҕа. Хайа баҕарар кыра омук тыла олус уйанын, намчытын үөһэ, бэйэтин көмүскэнэр кыаҕа төрдүттэн суоҕун кэриэтэ буолар. Ол кини туттуллар эйгэтэ онто да суох муҥутуур кыараҕаһын үрдүнэн, эбии кыараан биэрэн иһэрин кытта сибээстээх.
Глобализм бүгүҥҥү олохпутугар түбэһиэхчэ күөрэйбит көстүү буолбатах эбээт. Уот тыыннаахтар, улаҕалаах өйдөөхтөр аан дойдуну саҥалыы баһылыырга уонна үллэстэргэ сорунар албастара диэтэхпитинэ, улаханнык сыыстарыахпыт суоҕа. Глобализм туругуруутун бэлиитикэтигэр тыл оруола уһулуччу улаатар. Бүгүн аан дойду бүттүүнэ аангылыйалыы саҥарар. Оттон глобализмҥа бэйэтин утары туруорар Арассыыйа тыла дьадайа турар, эйгэтэ кыараан иһэр. Маннык түбэлтэҕэ кыайыы ким өттүгэр буолуоҕун таайарга улахан өй наадата суох. Эгэ кэлэн, ол ханнык эрэ атах-бытах, оторой-моторой тыллар диэхтээн, бүгүн бааллар – сарсын суохтар.

Тыл өлөр — норуот эстэр

Тус бэйэм, сахаҕа киэҥник биллэр-көстөр дьонтон, «саха тыла эстэр» диэн туох да саарбахтааһына суох, бэрт эрэллээхтик уонна ол курдук кытаанахтык этиллибит тыллары иститэлээн турабын. Мин даҕаны бэҕэһээҥҥи уол буолбатахпын, олохпор син арааһы истэн кэллэҕим буолуо. Ол тыллартан ончу соһуйбатаҕым. Арай санаабар тутан хаалбытым, бу дьон төрөөбүт тылларын ыар дьылҕатын туһугар кыырпах да саҕа курутуйар, аһынар санаа кыыма сыстан ылбатыттан. Ытаан ньолҕоруйбатыннар, түөстэрин кырбамматыннар, ол наадата суох. Кыл түгэнигэр мунчаарар санаа кыыма кыламнаан ылыан сөп эбитэ ини. Оччолорго, сэбиэскэй кэмҥэ, омуга суох биир уопсай сэбиэскэй наассыйа туһунан түөрүйэ күннээн турара. Дьиҥнээҕэ, уопсай нууччатытыы бэлиитикэтэ этэ. Сэһэргэһэр дьолломмут, улахан үөрэхтээх, өйдөөх баҕайы дьонум, туох-ханнык иннинэ атах-бытах кыра норуоттары дьоллуохтаах ол түөрүйэни хайы-үйэ эттиин-хаанныын ылына охсубут бэрт “ньымса ньургуттар” быһыылааҕа.

Тыл дьылҕата ийэттэн тутулуктаах

Ийэ тыл. Тоҕо итинник ааттыылларый? Төрөөбүт төрүт тылы, эмиийин үүтүн кытта ийэ оҕоҕо иҥэрэр. Өссө иһин түгэҕэр илдьэ сылдьан, кэнэҕэски ийэ ымманыйа кэпсэтэрин үөскэх истэр диэн бигэргэтэллэр. Ким эрэ буолбакка, ийэ оҕотун көрөр-истэр, төрүт тылынан таптыыр, кэпсэтэр, биһик ырыатын ыллаан утутар. Оҕо төрөөбүт тылын ийэтиттэн күннэтэ истэр, бастакы саҥата ийэтигэр ананар. Бары норуоттарга итинник.
Билигин ийэ буолуу уустуктарын ааҕан сиппэккин. Ону эридьиэстии барымыаҕыҥ. Бүгүн саха дьахтара оҕотугар туох кыалларынан уонна бэйэтин кыаҕын иһинэн төрөөбүт тылынан иитиини биэрэр. Маны таһынан, сахаларга оҕону хара төрүөҕүттэн нууччалыы тылынан иитии үгэһэ бигэтик олохсуйбута быданнаата. Урут сүрүннээн куоракка маннык көстүү баара, билигин ол «истиэнэ» сууллубута ыраатта. Билигин кыыс үксэ икки-үс үрдүк үөрэхтээх. Дьахтар айылҕатынан тылга ордук сыстаҕас уонна дьоҕурдаах буолар. Онон хастыы да омук тылын хардырҕаччы билэрин саарбахтаабаккын. Мантан антах саха кыргыттара, дьахталлара оҕолорун нууччалыы буолбакка, биһиктээх эрдэхтэриттэн улахан омуктар тылларынан иитэр буолуохтара. Саха эрдэриттэн төрөппүт, буор саха дьүһүннээх оҕолорун.
Уопсайынан, туох да өһүргэһэ суох, оҕону төрөөбүт тылынан иитиигэ билиҥҥи дьахтар элбэх сыыһаны-халтыны оҥорор. Ардыгар ситэ өйдөөбөтүттэн, сороҕор наһаа таһымнаан, дьалкыйан хааларыттан. Оҕону төрөөбүт тылынан иитии улуу суолтатын уонна эппиэтинэһин олох чуолкайдык өйдүөхтээхпит. Төрөөбүт норуоппут иннигэр ол бүттүүммүт иэспит уонна эппиэтинэспит буолар.
Омуктар аналлара буолбут кыргыттарбыт туһунан тугу эмэ ситэрэн этэргэ тыл тиийбэт. Биир тылынан, үөрэбит уонна дьоллонобут эрэ. Көр, биһиги, сахалар обургулар, аан дойду норуоттарыгар өрүһүлтэлээх илиибитин уунан эрдэхпит! Мин көлүөнэм кыргыттарыттан биир эмит үөрэхтээхтэрэ, сайдыылаахтара нуучча боростуой киһитигэр эргэ таҕыстаҕына, дьүөгэлэрэ ымсыырар аҕай буолар этилэр. Оттон билигин хайа омук күтүөппүт суоҕуй. Дьэ, сайдыы диэтэҕиҥ! Хомолтолооҕо, бу тус дьоллоох дьахтар төрөөбүт норуотугар, Сахатын сиригэр туох да туһата суох, эмти тутуллубут тоорохой буолар. Саханы байытыахтаах оҕолоро – туора омук дьоно.
Омугу дьахтар төрөтөр, кини илиитин анныттан норуот ситэн-хотон тахсар. Уруккута маргынаал майгыта баһыйбыт Дьокуускай куоракка саха дьахталлара, ийэлэр оҕолоро төрөөбүт тылынан үөрэнэллэрин туһугар сорунуулаахтык туруналлара уонна туруулаһаллара улаханнык үөрдэр. Ийэлэр турунар буоллахтарына, туох да мунааҕа суох, ол үтүө дьыала.
Оскуола оскуоланан. Дьиэ кэргэн иһинэн, мөлтүүрү-ахсыыры билбэт уонна билиммэт, ийэ тылынан иитии булгуччулаахтык баар буолуохтаах. Ийэ уонна аҕа оҕолорун төрөөбүт тылларынан иитэллэрин тухары, саха тыла өтөрүнэн өлөн-сүтэн биэриэ суоҕа. Төрдө барыта маныаха сытар.

Мин үөрүүм уонна мунчаарыым

Бэйэм сааһыра барбыт киһибин. Төрөөбүт тылым таһынан, наадабын нууччалыы додо курдук быһаарсыахпын сөп. Имигэстик тыынан-тыбыыран буолбакка, көлөттүгэстик саҥаран-иҥэрэн. Ол онтон кыбыстыбаппын, нуучча киһитин хараактырын, кини майгытын удумаҕалатан билэбин. Улахан омук киэҥ көҕүстээх киһитин быһыытынан, эн нууччалыы мөлтөхтүк билэр да буоллаххына, кини онон күлүү-элэк оҥостуо суоҕа. Бэйэтин эппиэттэнэр, тылыгар турар киһини нуучча тэҥнээҕин курдук ылынар үтүө үгэстээх. Хайа да кыра омук киһитэ төрөөбүт тылын билэрин уонна туттарын, дьиҥ нуучча киһитэ абааһы көрбүтэ, элэк-хаадьы гыммыта суох.
Омук тылын билбэппин, ол ону бэрдим диэбэппин. Үөрэтэри дьиҥнээхтик биһириибин. Омук тылын билбэппин итэҕэспинэн билинэбин эрээри, тус иэдээмминэн аахпаппын. Оттон ийэ тылбын билбэтим эбэтэр төрөппүт оҕолорбун матарбытым эбитэ буоллар, итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, бэйэбин да, оҕолорбун да кэлтэгэй дьылҕалаах дьон эбиппит диэх этим.
Олохпор биир сэмэй үөрүүм – ийэ тылбын чуумпутук таптыыбын, кэскилин туһугар мунчаарыым – ситэ эппэтэх санааларым…

Поделиться