1940
08 июня 2018 в 12:00
Бастыҥ регион аатын сүгүөхпүт дуо?
Аны күһүн Сахабыт сирин инники дьылҕатыгар, кэскилигэр бөдөҥ суолталаах быыбардар буолаары тураллар. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын уонна Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Ил Түмэн депутаттарын талыахпыт. Маны таһынан ахсынньыга киин куораппыт Дьокуускай баһылыгын быыбардыахпыт.
Саха сирэ — ураты субъект
Саха сирэ — ураты регион. Күммүт-дьылбыт, килиимэппит, сирбит-уоппут, сиртэн хостонор баайбыт, киинтэн ыраах арыыланан сытарбыт, төрүт култуурабыт, нэһилиэнньэбит кырата — барыта ураты. Онон, биллэн турар, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар эмиэ ураты болҕомтолоох сыһыан наада.
Этэргэ дылы, ылла да, түбэһиэх киһи кыайан салайбат, дьаһайбат регионабыт. Федеральнай киин үрдүкү салалтата да итини учуоттаата дии саныыбын. Онон Ил Дарханынан, биллэн турар, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, инникини өтө көрөр, итини тэҥэ норуокка туох сырдык өй, саҥа санаа үөскээбитин кыраҕатык кэтээн көрөн, үлэтигэр-хамнаһыгар таба туһанар киһи буолуохтаах.
Өрөспүүбүлүкэбит былааһыгар урут дуу, хойут дуу уларыйыы буолуохтааҕа биллэрэ. Онон нэһилиэнньэ итиннэ бэлэмнээх этэ. Ол эрээри ким кэлэн, салайара биллибэтэ.
Үп-харчы, экономика боппуруостарыгар чэпчэкитэ суох кэмҥэ былаас уруулун финансист идэлээх, араас таһымҥа салайар үлэҕэ үлэлээбит, толоруулаах да, бэрэстэбиитэллээх да былаас үлэтин-хамнаһын иһиттэн билэр, аныгылыы көрүүлээх, дириҥ билиилээх-көрүүлээх, эдэр, эрчимнээх Айсен Николаевка туттарбыттарыгар, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо сэмээр үөрдүлэр, астыннылар. Нэһилиэнньэ үгүс өттө киниэхэ эрэнэрин биллэрдэ. Айсен Николаев үөһэ этэн аһарбыт лидер хаачыстыбаларыгар толору эппиэттэһэр дии саныыбын.
Тус бэйэм бу үөрүү-астыныы өр үйэлэниэн баҕарабын. Өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччуну анааһын, этэргэ дылы, дьыала төбөтө эрэ. Дьыала төрдө — балаҕан ыйыгар буолар быыбарга сытар. Ол курдук, кэлэр быыбардар хойох хостоһуутугар кубулуйбаккалар, Саха сирин дьоно-сэргэтэ түмсэр, сомоҕолоһор хампаанньата, түһүлгэтэ буоларыгар үгүстэр ыраланаллар. Быыбар уопсастыбаны хайытыа суохтаах, төттөрүтүн норуоту түмүөхтээх, сомоҕолуохтаах. Быйылгы өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын уонна Ил Түмэн депутаттарын быыбардарын хампаанньатыттан итини күүтэбит.
Компас курдук, таба суолунан эрэ
Ааспыт бээтинсэҕэ, бэс ыйын 1 күнүгэр Российскай Федерация Президенин Уһук Илин регионнарга боломуочунайа-вице-премьер Юрий Трутнев бырабыыталыстыба 1 №-дээх дьиэтин овальнай саалатыгар Айсен Николаевы норуот депутаттарыгар, уопсастыбаннаска официальнайдык билиһиннэрбитэ. Тэрээһин Ил Түмэн Сэбиэтин киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕын чэрчитинэн ыытыллыбытын бэлиэтиибин. Бу суруйуубар бу мунньах тула эрэ тохтуом суоҕа, быыбардарга уонна өрөспүүбүлүкэбит инники кэскилигэр эмиэ санааларбын этиэм.
Юрий Трутнев дойду Президенин анааһыныттан астыммыта-дуоһуйбута настарыанньатыттан өтө көстө сылдьарын бэлиэтиибин.
Боломуочунай Судаарыстыбаннай сүбэһит Егор Борисовка бииргэ үлэлээбит кэмнэрин ахтан туран, киниэхэ махтанна. Кини Айсен Николаевтан дьыала иһигэр, үлэ үөһүгэр киирэригэр уһун бириэмэ ирдэммэтин ыйда. Ол курдук, Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу — барытын иһиттэн билэ-көрө сылдьарын, уопуттааҕын, билиилээҕин-көрүүлээҕин бэлиэтээтэ. Кини: «Айсен Николаевы өйүөҕүм уонна көмөлөһүөҕүм диэн бигэ тылын биэрэрин эттэ. Кини сыалы-соругу ситиһэргэ дьулуура, дьүккүөрэ, эрчимэ өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторугар туһаттан атыны аҕалбатыгар эрэнэбин», — диэн Юрий Трутнев этиитин, тэрээһиҥҥэ мустубут дьон астына истибиттэрэ чуолкай.
Боломуочунай Айсен Николаевка муммакка-тэммэккэ, таба суолу-ииһи тутуһан сылдьарыгар, компас — символическай бэлэҕи туттаран, үгүстэр болҕомтолорун тардыан тарта. Ол эрээри ити ураты бэлэх, өрөспүүбүлүкэ, регион инники олоҕор судургута суох кэм иһэрин эмиэ туоһулуон сөптөөх.
Лидер тула түмсэн, мөкү кэмэлдьини киэр илгэн
Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев инники үлэтигэр ханнык чопчу соруктары туруоруохтааҕын кытта билиһиннэрдэ. Бастатан туран, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо түмсэрбит, сомоҕолоһорбут наадатын туһунан эттэ.
«Ойуурдаах куобах охтубат» диэн өбүгэлэрбит мээнэҕэ эппэтэхтэрэ. Оттон улуу нуучча норуота «Один в поле не воин» диэн эмиэ дириҥ өс хоһоонноохтор. Бу уустук кэмнэргэ итэҕэһи-быһаҕаһы эрэ көрдүү, була сатаабакка, лидер тула түмсэн, өрөспүүбүлүкэбит туһа диэн биир өйүнэн-санаанынан үлэлээтэхпитинэ-хамсаатахпытына, үүнүөхпүт-сайдыахпыт, инникигэ эрэлбит улаатыа.
Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха Айсен Николаев хас биирдиибит өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар тус кылааппытын киллэриэхпитин, дойдубут олоҕор кыттыыны ылан, сайдыы суолун-ииһин тэлиэхтээхпит туһунан бэлиэтээбитэ.
Буолаары турар Сахабыт сирин инники олоҕор, дьылҕатыгар улахан суолталаах быыбардарга хаһааҥҥытааҕар да, түмсүүлээхпитин, сомоҕолоһуулаахпытын көрдөрүөхпүтүн наадалаах. Ол курдук, Айсен Николаев быыбардааччылар баһыйар үгүс куоластарын ылан, норуотун итэҕэлигэр тирэҕирэн, өрөспүүбүлүкэбит үүнэрин-сайдарын, дьон-сэргэ олоҕо уйгулаах-быйаҥнаах буоларын туһугар салгыы таһаарыылаахтык үлэлииригэр-хамсыырыгар кыах биэриэхпитин наада.
Оттон норуокка тирэҕирэр, кини өйөбүлүн уонна итэҕэлин ылар буоллаҕына, судаарыстыбаннай былаас күүһэ-күдэҕэ улаатар. Ити суох буоллаҕына, үлэлииргэ-хамсыырга хайдах курдук уустугун инники олохпут-дьаһахпыт көрдөрдө. Эдэриттэн саҕалаан эмэнигэр диэри былааһы үөҕэн-мөҕөн, ыыстаан, киһи хомойор-хоргутар күннэрэ-дьыллара аастылар. Ити хатыламматар ханнык.
Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха Айсен Николаев: «Былаас норуокка аһаҕас буолуохтаах. Инники үлэбэр-хамнаспар итини тумнубатым, салгыы да оннук үлэлиэҕим. Нэһилиэнньэ этиилэрин учуоттаан, улахан быһаарыныылары ылыныахпыт. Сайдыы — хас биирдиибититтэн тутулуктаах», — диэн эттэ.
Саха дьонугар улуустаһыы, түөлбэлэринэн арахсыы диэн мөкү кэмэлдьи, кыдьык баар. Аныгылыы көрүүлээх салайааччы, политик Айсен Николаев бу кэмэлдьини киэр илгиэ, өрөспүүбүлүкэбит бас-көс дьонун, Саха сирин олохтоохторун түмүө диэн үгүстэр эрэллээхтэр. Ким эрэ, хаһан эрэ өр сылларга сымала курдук сыстыбыт кыдьыкпытын туора сотуохтаах буоллаҕа. Итиннэ тоҕоостоох кэм-кэрдии кэллэ.
Саҥа быыбардаммыт өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана бу мөкү хаачыстыбаны туора сотон, норуоту сомоҕолоотоҕуна, аата-суола Саха сирин историятыгар кыһыл көмүс буукубаларынан суруллуо этэ дии саныыбын.
Маны таһынан былаас олоххо-дьаһахха улахан сабыдыаллаах олохтоох бэйэни салайыныы ситимигэр тирэҕирдэҕинэ, үлэтэ-хамнаһа, дьайыыта өссө күүһүрэрэ биллэн турар. Онон Айсен Николаев бэйэни салайыныыга департамены сөргүтэн тэрийэрэ саамай сөптөөх.
Өйү-санааны уларытан
Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев: «Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Уһук Илин регионнар ортолоругар эрэ буолбакка, дойдуга биир бастыҥ үлэлээх субъект буолуохтаах. Онно итэҕэйэбин. Итини ситиһэргэ биһиэхэ барыта баар, дириҥ билиилээх-көрүүлээх дьонноохпут, сир баайдаахпыт, ханна да суох айылҕалаахпыт, үрдүк култууралаахпыт, үтүө үгэстэрдээхпит, туруктаах экономикалаахпыт. Манна биир санаанан түмсэн үлэлиирбит-хамсыырбыт улахан оруоллаах», — диэн этиититтэн мустубут дьон астыммыттарын, ытыс тыаһынан туоһулаатылар.
Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу билигин күөнтэһии кэмигэр олорорбутун, олох балысханнык сайдарын бэлиэтээтэ. Маныаха өйү-санааны уларытан үлэлиир наадалааҕын, докумуоннарынан, отчуоттарынан көмүллүү суох буолуохтааҕын, идэни баһылааһын, чиэһинэй буолуу хаачыстыбалара үрдүктүк тутуллуохтаахтарын ыйда. Саамай сөптөөх этии, сорук. Ити бюрократическай көстүүлэр үлэни-хамнаһы хайдах курдук атахтыылларын, хаачыстыбаҕа охсууну оҥороллорун билэн-көрөн кэллибит.
Кини өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бюджета туолуутугар быраабыталыстыба чилиэннэрэ, Ил Түмэн депутаттара, улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара, бары кыттыыны ылаллара наадатын бэлиэтээтэ.
Биллэрин курдук, өрөспүүбүлүкэ үп-харчы өттүнэн дэлэйэ суох, уустук кэмҥэ олоробут. Сааскы халаан үгүс ороскуокка тэппитин эмиэ билэбит-көрөбүт. Билигин өрөспүүбүлүкэбит бюджетыгар 13-15 млрд солк. тиийбэт. Этэргэ дылы, саҥа Ил Дарханы таллыбыт эрэ, халлаантан үп-харчы кэлэн түһүө суоҕа. Онон хас биирдии кэппиэйкэни кэмчилээн, баар үбү-харчыны көдьүүстээхтик туһанан, саҥа инвестициялары көрдөөн, переработканы сайыннаран үлэлээтэхпитинэ, аа дьуо, аҕыйах сылынан инники күөҥҥэ тахсыахпытын сөптөөх. Кырыымчык да дохуоттаах ыал харчыларын кэмчилээн, туруктаахтык олороллорун курдук, өрөспүүбүлүкэ эмиэ итинник дьаһанар кэмэ кэлбитин, билиҥҥи баар балаһыанньа көрдөрөр. Сатаан дьаһаннахха, экономикабыт өрө көтөҕүллүүтэ, кыаллыбат сыал-сорук буолбатах.
Биһиэхэ сүрүн итэҕэспитинэн үп-харчы үчүгэйдик сүрүннэммэтэ, ороскуоттааһын үөһэттэн салайыллыбата, тута хонтуруолламмата буолар. Үп министерствота баар үбү-харчыны көдьүүстээхтик сүрүннүөх, салайыах тустаах.
Айсен Николаев 2030 сылга диэри өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар туһулуммыт стратегиятыгар Российскай Федерация Президенэ 2024 сылга диэри туруорбут соруктара учуоттаныллыахтааҕын ыйда. Кини дойду аҕа баһылыгын ыам ыйынааҕы Ыйааҕын олоххо киллэрэр кыахтаахпыт туһунан бэлиэтээтэ. Ил Түмэнтэн, уопсастыбаннай палаататтан, муниципальнай тэриллиилэртэн, түмсүүлэртэн этиилэри күүтэрин туһунан эттэ.
Биллэрин курдук, Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев каадыры аттаран туруорууга, үлэ систиэмэтигэр, экономикаҕа, үп-харчы ороскуотун аччатыыга хайы-үйэ дьайыылаах үлэни-хамнаһы саҕалаабытын бэлиэтиибин. Ол курдук, Ил Дархан дьаһалтатын уонна бырабыыталыстыба үлэһиттэрин ахсааннарын сарбыйыыга, үтүмэн үгүс ахсааннаах бырааһынньыктары, командировкалары аччатыыга бастакы дьаһаллар ылылыннылар. Маны таһынан кини РБК Интернет сайтыгар «АЛРОСА» хампаанньа өлүүтүн атыылыа суоҕун, акция дивиденнэрэ өрөспүүбүлүкэ социальнай-экономическай сайдыытын быһаарарга төһүү буолалларын туһунан иһитиннэрбитэ.
* * *
Народнай суруйааччыбыт Василий Яковлев-Далан: «Үйэлэр тухары историческай уопут өрдөрөрүнэн, норуот бастыҥ дьоно, кини өйүн-санаатын сүмэтэ — интеллектуальнай элитата — норуоту сомоҕолуур күүһүнэн буолар», – диэн этэн турардаах. ¥өһэ этэн аһарбытым курдук, Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев ытык киһибит эппитинии, дьонун-сэргэтин түмэн, үлэни-хамнаһы тэтимнээхтик ыытан, өрөспүүбүлүкэбит дойду бастыҥ региона ааты сүктэр диэн ыраас ыралаах суруйуубун түмүктүүбүн.
Александр Жирков, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын Ил Түмэнин бэрэссэдээтэлэ:
— Российскай Федерация Президенин Уһук Илин регионнарга боломуочунайа Юрий Трутнев Ил Түмэҥҥэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаевы официальнайдык билиһиннэрдэ. Саха сирин салалтатыгар уларыйыылар буолуохтарын туһунан кэпсэтии саҕаламмыта ыраатта. Ити түгэн буолбутун кэннэ, Российскай Федерация Президенэ Владимир Путин эрдэ бу үрдүк дуоһунаска үлэлиэн сөптөөх диэн ааттаммыт дьонтон, үгүстэр кэтэспит кандидатураларын ааттаата.
Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев бастакы этиитигэр өрөспүүбүлүкэни салайан кэлбит Егор Борисовка уонна ситэриилээх былаас уорганыгар ытыктабыллаах сыһыанын бэлиэтээтэ. Маны таһынан кини ханнык стратегическай сыалы-соругу саҥа састаап быһаарыахтааҕын туһунан чуолкайдык эттэ. Ити чопчу сыалыгар Российскай Федерация Президенэ быыбар кэнниттэн дуоһунаһыгар киирэригэр туруорбут соруктарыгар уонна өрөспүүбүлүкэ интэриэһин уратыларыгар олоҕурарын бэлиэтиибин.
Кырдьык, саҥа дуоһунаска киирэн, оннуну буларга, бэлэмнэнэргэ бириэмэ суох. Быйылгы 2018 сыллаах өрөспүүбүлүкэбит бюджета уустук. Ити докумуон дьүүллэһиитэ билиҥҥэ диэри салҕанан бара турар. Парламент кэлэр ыҥырыыта эмиэ бу сыллааҕы бюджекка үлэлэһэрэ күүтүллэр. Маны тэҥэ билигин кэлэр 2019 сыллааҕы өрөспүүбүлүкэ бюджетын сүрүн өттө бэлэмнэнэ сылдьарын бэлиэтиибин. Эмиэ чэпчэкитэ суох, уустук бюджет. Онон Айсен Сергеевич бэйэтин этиитигэр билигин өрөспүүбүлүкэ парламена уонна ситэриилээх былааһа биир сүбэнэн үлэлииллэрэ наадатын бэлиэтээтэ.
Бэс ыйын 8 күнүгэр буолуохтаах Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын уонна парламенын быыбардара ыытыллар дааталара ананыаҕа. Балаҕан ыйыгар буолуохтаах Ил Дархан быыбарга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо Айсен Николаев кандидатуратын өйүөхтэрэ дии саныыбын. Кини төһө да сааһа эдэрин иһин, салайар, маны таһынан уопсастыбаннай уонна политическай үлэҕэ баай уопуттаах. Айсен Сергеевич парламеҥҥа депутаттыы сылдьыбытын, толоруулаах былаас уорганыгар, миниистиринэн, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, Дьокуускай куорат мэринэн үлэлээбитин билэбит. Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэбит биир саамай бэлэмнээх эдэр лидеринэн буолар.
Парламент билигин да, инникитин да ситэриилээх былаас уорганын кытта көдьүүстээх төрүккэ олоҕуран, биир сүбэнэн үлэлэлиэҕэ. Биһиги сүрүн сыалбытынан-сорукпутунан чиэһинэй, аһаҕас быыбардары ыытыы уонна быыбар хампаанньатын кэмигэр өрөспүүбүлүкэ биир сүбэнэн үлэлиирэ уонна туруктаах буолуута буолар.
Виталий Басыгысов, төрдүс ыҥырыылаах Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ:
— Айсен Николаев Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччунан ананыыта, эрдэттэн көһүтүллүбүт өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар уларыйыы дии саныыбын. Биһиги, аҕа саастаах көлүөнэ саҥа эдэр күүстэр кэлэннэр, экономика сайдыытыгар саҥа ньымалар булуллуохтарын, үүнүүнү-сайдыыны күүтэбит. Промышленность сайдыытыгар саҥа суол-иис көстүө дии саныыбын. Ол курдук, кэлиҥҥи кэмҥэ промышленнай предприятиелар бэйэлэрэ-бэйэлэригэр бүгэн үлэлии олороллор, өрөспүүбүлүкэттэн тэйэн эрэллэр. Итини мин төрдүттэн сыыһанан ааҕабын. Ол гынан баран ити кыһалҕаны быһаарарга күүстэр бааллар. Инникитин буолуохтаах быыбардарга өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо түмсүүлээхтэрин көрдөрүөхтэрин наада.
Ольга Балабкина, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Өрөспүүбүлүкэҕэ Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччуну официальнайдык билиһиннэрии аан маҥнайгытын ыытыллынна. Тустаах региоҥҥа маннык бастакы уопут практиката олохтоммутун бэлиэтиибин. Киэҥ ыҥырыылаах мунньахха Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ инники сайдыахтаах чуолкай соруктарын кытта билиһиннэрдэ.
Екатерина Никитина, үһүс ыҥырыылаах Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
— Ил Түмэҥҥэ депутаттыы сылдьан, өрөспүүбүлүкэбит Ил Дарханын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаевы кытта үп миниистиринэн үлэлии сырыттаҕына, ыкса алтыһан үлэлээбиппит. Кини туохха барытыгар систиэмэлээх үлэни ыытарынан, баар кыһалҕалары олох кылгас кэм иһинэн көдьүүстээх быһаарыныы ылынан быһаарарыгар, хамаанданан үлэлиири сатыырынан үгүстэртэн уратылааҕын бэлиэтиибин. Ил Дархан эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччу быһыытынан ылыммыт бастакы быһаарыныыларыттан астыммыппын бэлиэтиибин. Кэлэр быыбарга өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтэ аныгылыы көрүүлээх салайааччы, лидергэ Айсен Николаевка баһыйар үгүс куоластарын биэрэллэригэр итэҕэйэбин.
Марфа Филиппова, Ил Түмэн мандаакка уонна регламеҥҥа хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ:
— Российскай Федерация Президенин быыбарын кэнниттэн биһиги өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар улахан уларыйыы буолла. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын быстах кэмҥэ толорооччу Айсен Николаев Сахатын сирин олохтоохторун иннигэр сүрдээх улахан эппиэтинэһи сүкпүтүн бэлиэтиибин. Политическай партияларынан арахсыбакка, бука бары биир сыалга-сорукка үлэлээммит, Айсен Сергеевичка күүс-көмө, өйөбүл буолуохтаахпыт.
Елена Голомарева, Ил Түмэн аҕыйах ахсааннаах норуоттар боппуруостарыгар уонна Арктика дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын эбээһинэһин быстах кэмҥэ толорооччунан, бары өттүнэн сиппит-хоппут, эдэр, эрчимнээх Айсен Николаев ананна. Интернет ситимиттэн да көрдөххө, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо киниэхэ төрөөбүт-үөскээбит дойдубутун сайыннарыа, олохпутун-дьаһахпытын туруктаах оҥоруо, онно билиитин-көрүүтүн, күүһүн-уоҕун ууруо диэн эрэнэллэрин биллэрэллэр. Аны күһүн буолуохтаах быыбардар «Дойдубут туһа» диэн биир санаанан салайтаран, сүрдээх иллээхтик, түмсүүлээхтик, холкутук ааһыахтарыгар бүк эрэнэбин.