650

05 августа 2019 в 12:08

«Инвестициялар көдьүүһү биэриэхтээхтэр»

Социальнай эйгэҕэ судаарыстыбаннай уонна муниципальнай тэрилтэлэри тупсарыынан сибээстээн, бу күннэргэ өрөспүүбүлүкэҕэ былаас бары таһымнарын бэрэстэбиитэллэрин дьүүллэһиилэрэ бара турар. 202 №-дээх уурааҕы көтүрэн, өрөспүүбүлүкэ салалтата бюджет үбүн арыый көдьүүстээхтик ороскуоттааһын ирдэбиллэрин тэҥэ муниципалитеттар наадыйыыларын учуоттуур быһаарыылары ыла сатыыр.

 

Итиниэхэ анаан тэриллибит бырайыак бөлөҕөр бырабыыталыстыба чилиэннэрин таһынан, Ил Түмэн депутаттара киирдилэр. Бу бөлөх табыгастаах моделы булар соруктаах. Үлэ хайдах барарын туһунан кэпсииригэр биһиги бөлөх чилиэниттэн, Ил Түмэн тутууга, ДьУоКХ уонна энергетикаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Ефимовтан көрдөстүбүт
— Бу чахчы да судургута суох үлэ, хас биирдии улуус эрэ буолбакка, ону ааһан хас биирдии нэһилиэнньэлээх пуун биирдиилээн бэрээдэгинэн көрүллэр. Ааспыт сэрэдэҕэ биһиги Таатта, Бүлүү уонна Ленскэй оройуоннарын баһылыктарын иһиттибит. Ити иннинэ – Томпо, Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Нерюнгри уонна Уус-Алдан оройуоннарын.
СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов ыытар, оройуоннар баһылыктара, бары тутаах министиэристибэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах мунньахтар иннилэринэ, үгэс курдук, тэрилтэлэр ситимнэрин бэрээдэктээһиҥҥэ улуустар бэйэлэрин этиилэрин хас биирдии туһааннаах министиэристибэни кытта ырыталлар. Маныаха улуус бүтүннүүтэ, нэһилиэнньэлээх пуун эрэ буолбакка, хас биирдии балыыһа, оскуола, кулууп, библиотека уо.д.а. көрүллэр. Маннык ымпыктаан-чымпыктаан үлэни Владимир Викторович бэйэтинэн саҕалаан, бары мөккүөрдээх түгэннэри, санаа хайдыһыытын быһаарсар диэххэ наада.
Тэрилтэ төһө көдьүүстээхтик үлэлиирин өйдүүр туһугар туох барыта болҕомтоҕо ылыллар. Холобур, оҕо саада буоллаҕына, бөлөхтөрүнэн оҕо ахсаана, иэнэ, биир оҕоҕо ороскуоттар уо.д.а. Оттон оскуола туһунан этиллэр түгэнигэр, ЕГЭ түмүктэрэ, о.д.а. көрүллэллэр. Түмүгэр премьер мунньаҕар чуолкай хартыынаны ылар кыаллар. Санаа хайдыһыыта суох буолбатах. Түмүк быһаарыыларга диэри өссө ыраах – билигин тугу уонна хайдах уларытар туһунан дьүүллэһии барар.
— Яков Ананьевич, сорох бөһүөлэктэр кулууба, оскуолата, балыыһата уо.д.а. суох хаалыахтара дуо?
— Биллэн турар, итинник тахсыа суоҕа. Барыларыгар булгуччулаах федеральнай ирдэбиллэр бааллар. Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэригэр сыһыаннаан дойду президенэ чуолкайдык эппитэ: нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 100 киһи олорор буоллаҕына, онно ФАП баар буолуохтаах диэн.
Оттон үбү көдьүүһэ суох ороскуоттааһын – атын дьыала. Холобур, нэһилиэнньэлээх пууҥҥа оскуола баар, оттон үөрэнээччилэрэ суоҕун кэриэтэ: 50 оҕо үөрэнэр, маныаха улахан кылаастарга биирдиилээн оҕо, эбэтэр 11-с кылаас ончу да суох. Онон харчыны арыый көдьүүстээхтик туһаныы бары барыйааннара көрүллэллэр, ол иһигэр 9 кылаастаах оскуолаҕа уларытыыга тиийэ.
Ол икки ардыгар бары өйдүүбүт: улахан кылаастары суох оҥордоххо уонна оҕолору атын оскуолаҕа көһөрдөххө, интернат аһыллыахтаах, туһааннаах усулуобуйалар тэриллиэхтээхтэр. Оттон бу – саҥа ороскуоттар. Ол иһин билигин бары барыйааннар үөрэтиллэллэр.
— Кадрдары сарбыйыы өттүгэр оройуоннарга ити быһаарыылар төһө ыарыылаах буолуохтарын сөбүй?
— Биллэн турар, штаты сарбыйыыта суох табыллыбат, ордук юридическай сирэйдэри, холобур, оскуоланы оҕо саадын кытта холбуур түгэҥҥэ. Икки директортан биирэ хаалыаҕа. Ол эрээри, сорох улуустар номнуо итини оҥорор наадатын өйдөөн, бырагыраамалары оҥорбуттара ырааппыт. Холобур, Таатта оройуонугар үөрэх тэрилтэлэригэр ороскуоттары бэрээдэктээһиҥҥэ үлэ 2014 сылга саҕаламмыт. Ааспыт мунньахха биһиги Сунтаар улууһун истибиппит. Онно ити үлэни олус түргэнник бүтэрбиттэр, улуус эрдэттэн бары туһааннаах министиэристибэлэри кытта боппуруостары быһаарбыт, онон санаа хайдыһыыта тахсыбатаҕын кэриэтэ. Оттон босхолонор үлэһиттэри салгыы үөрэтэн, үлэҕэ олохтооһун боппуруостара көрүллэллэр.
Саарбаҕа суох, миэстэтигэр эмискэччи уларыйыылартан куттаналлар. Дьон оҕо саада туспа, оскуола туспа буоларыгар үөрэнэн хаалбыт. Биһиги бары да олохтоммут үгэстэри тутуһабыт, ол эрээри экономика өттүттэн көрүүгэ уларытыыта суох сатаммат балаһыанньа баар буолар. Оттон оскуолалары уонна оҕо саадтарын холбооһун ханна барытыгар буолуо суоҕа. Үгүс муниципальнай тэриллиилэр баһылыктара атын көрүүлээхтэр. Онон бу билигин дьүүллэһиллэр эрэ.
— Оройуоннар уратылара учуоттанар дуо?
— Биллэн турар. Ыраахтара да, киһи тиийэригэр уустуктааҕа да. Хас биирдии нэһилиэнньэлээх пуун тырааныспар инфраструктуратын өттүттэн үөрэтиллэр: ханна олохсуйбута, федеральнай эбэтэр олохтоох суолталаах массыына суола баара. Оройуон уонна бөһүөлэк демографиятын көрдөрүүлэрэ төһө улааталлара, намтыыллара болҕомтоҕо ылыллар.
Бу дьүүллэһии кэмигэр сарбыйыы-быһыы туһунан эрэ буолбакка, оройуоннарга наадалаах саҥа объектары тутуу туһунан эмиэ этиллэр. Билигин баар тутулу бэрээдэктээһин сыала инвестициялар механизмнарын хаттаан көрөн, олору муҥутуур көдьүүстээх оҥорууга итиэннэ оройуоннар ордук сытыы кыһалҕаларын быһааралларыгар ыытыыга сытар.

Елена ВОРОБЬЕВА

Поделиться