789
02 марта 2018 в 11:50
Бэрэстэбиитэллээх уорганнар депутаттарын мунньаҕар: депутаттар кэпсииллэр
Сэбиэттэр аптарытыаттарын үрдэтиэххэ
Андрей Находкин, “Мэҥэ-Хаҥалас” МТ депутаттарын оройуоннааҕы Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Урут Бэрэстэбиитэллээх уорганнар ассоциациялара биһигини түмэр этэ. Бэйэбит көҕүлээһиммитинэн үлэлээбиппит 15 сыл буолла, ол иһигэр элбэх үлэ барда. Билигин бэрэссэдээтэллэр бары сибээстэһэн, түмсэн, ити резолюцияҕа киирбит пууннар: семинардар да буоллун, бэрэссэдээтэл хамнастаах буолуутун туруорсуу да өттүгэр, быыбарга быһаччы үлэлээһин хайысхатыгар, ассоциация тэриниигэ уо.д.а. олоххо киирдилэр. Урукку өттүгэр ити сүгэһэри барытын ассоциация ылынан кэлбитэ. Онтон бу сийиэс тэриллэн, улахан историческай суолталанна. Өскөтүн нэһилиэк баһылыктарын сийиэстэрэ сыл аайы буолар эбит буоллаҕына, биһиэхэ бу бастакы сийиэспит. Онон бу тэрээһин кэннэ үлэбитигэр-хамнаспытыгар сүүнэ хардыы оҥоһулунна. Хас биирдии нэһилиэккэ резолюцияны, үлэни-хамнаһы тиэртибит. Инньэ гынан депутаттарбыт статустара үрдээбитин билэн, кинилэргэ болҕомто уурулларын уонна ханнык хайысхаҕа тугу туруорсуохтаахтарын өйдөөн эрэллэр. Быраап, докумуон өттүгэр доҕолоҥнуурбут элбэх. Бу кистэл буолбатах. Резолюция туолуутугар бары көмөлөөн үлэлиибит. Ил Түмэн, оройуон уонна нэһилиэк депутаттара — бары норуоттан талыллыбыт дьон. Бүгүн Ил Түмэн иһинэн сэбиэт тэриллибитэ уһулуччу суолталаах. Бары бииргэ үлэлиирбитигэр сөптөөх тэҥ усулуобуйа тэрилиннэ, биир таһымнаах кыах бэрилиннэ. Уопсастыбаннас түмсэн, күргүөмүнэн үлэлииригэр бу улахан кыах. Онон оройуон, нэһилиэк депутаттара сүргэбит көтөҕүлүннэ.
Николай Софронеев, Кэбээйи улууһун депутата:
— Сүрүн кыһалҕалаах боппуруос бу бүгүн таарылынна — кыра нэһилиэктэргэ, суола-ииһэ суох сиргэ олохтоох сэбиэккэ депутаттары талыы. Декларация туттарыытыттан үгүс дьон куттанар. Ыраах сытар нэһилиэктэр кыайан туттарар кыахтара суох буолар, барарга-кэлэргэ күчүмэҕэйдэри көрсөллөр. Бу өттүгэр үлэ бара турар. Ол гынан баран ити түргэтиэн наада. Эһиил элбэх улууска быыбар барар. Онно бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ ыытыллар. Арассыыйа Бэрэсидьиэнин быыбара буоларынан, атын өттүгэр тардылынныбыт. Урукку өттүгэр итиннэ бэлэмнээх буолааччыбыт. Үлэлии олорор, туруорунар да депутаттарга туһаайан этиэм этэ — бэйэлэрин өрөспүүбүлүкэлэрин интэриэһин куруук туохтааҕар да үрдүктүк тутуох тустаахтар. Оччоҕо эрэ сайдар, туһааннаах суолу тобулар кыахтанабыт. Арассыыйа сорох сокуона биһиэхэ сөп түбэспэт. Холобур, 44 федеральнай сокуону ылан көрүөх. Биһиги курдук кылгас сайыннаах сиргэ атыыны ыытар күчүмэҕэйэ элбэх, харчыны ыыта охсор дэбигис кыаллыбат.
Үлэлиир усулуобуйа тэрилиннэ
Александр Шарин, Таатта улууһун Депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— Бу бастакы сийиэс резолюцията биһиги улууспутугар сыыйа киирэн иһэр. Элбэх сүбэ мунньахтар ыытылыннылар, түмсэн, депутат статуһун үрдэтии тула кэпсэтии тахсар. Чуолаан сэбиэт бэрэссэдээтэллэрэ туһунан бэчээттээх, туһунан илии баттааһыннаах буолалларын туһугар үлэлэһэллэр, туруорсаллар. Сылтан сыл маннык түмсүүлэр хото бараллар. Ил Түмэн депутаттара куруук кэлэн, нэһилиэк депутаттарын кытта көрсөн, үлэни торумнаан, элбэх ыйытыыга хоруйдаан, сүбэлээн-амалаан бараллар. Онон олохтоох дьон тустаах боппуруоска депутат тугу гыныахтааҕыттан саҕалаан, нэһилиэнньэ этиитин ылсарга, көмүскүүргэ, туруорсарга тиийэ үөрэнэллэр. Холобур, сокуон барылын ханна түһэриэхтээҕин, онтон ол докумуон ханна барарын уо.д.а. дьыала-куолу үлэтигэр сыстан иһэллэр. Нэһилиэнньэ да ыккардыгар сырдатар үлэ күүскэ барда. Туруорсууну бастаан депутакка киллэрэри, дьон-сэргэ көмүскэллээх буолуута депутаттан быһаччы тутулуктааҕын өйдүүр буолан эрэллэр. Бүгүҥҥү мунньах быһаарыытын кытта толору сөпсөһөбүн. Бэрэстэбиитэллээх уорганнар өрөспүүбүлүкэтээҕи түмсүүлэрэ хайаан да баар буолуон наада. Син биир дьүөрэ кыһалҕалары быһаара сырыттахпыт дии. Сэбиэт үлэтэ ситиһиилээх буолуо диэн эрэнэбин.
Галина Алексеева, Анаабыр улууһун депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Сааскылаах орто оскуолатын дириэктэрэ:
— Сийиэс резолюциятын биһиэхэ киллэрэр ыарахан. Үөһэттэн өйөбүл баар эрэ буоллаҕына толору туолуоҕа. Тоҕо диэтэр, нэһилиэнньэбит ахсаана баара-суоҕа 4000 эрэ киһи. Туох баар ноҕуруускабыт, үлэбит буор-босхо, бэйэбит көҕүлээһиммитинэн. Мин санаабар, төһө да аҕыйах нэһилиэнньэлээх буоллун, улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ улууска иккис киһи оруолун толоруохтаах. Баһылыгы кытта сэргэстэһэ олорон, алтыһан, биир тэҥҥэ толкуйдаан үлэлиэхтээх. Онуоха сүрүн үлэбэр мэһэйдэтэбин. Онон бэрэссэдээтэл миэстэтигэр тутулуга суох, үлэтиттэн босхоломмут киһини олордуох тустаахпыт. Итиэннэ сэбиэттэр аптарытыаттарын үрдэтиэххэ наада.