971

07 марта 2019 в 16:05

Дьахтар хамсааһына — сүдү күүс

Кулун тутар 2 күнүгэр Ил Түмэн мунньахтыыр саалатыгар улуус, Дьокуускай куорат дьокутаат дьахталлара түмсэн, «Сокуону оҥорууга оройуон сэбиэтин дьокутааттарын кыттыыта» диэн бастакы семинары ыыттылар. Тэрээһини Ил Түмэн наукаҕа, үөрэххэ, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Феодосия Габышева иилээн-саҕалаан ыытта.

Семинарга Анаабыртан, Амматтан, Үөһээ Дьааҥыттан, Муоматтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Горнайтан, Намтан, Кэбээйиттэн, Чурапчыттан, Мэҥэ-Хаҥаластан, Хаҥаластан уо.д.а. улуустартан, Дьокуускай куорат Дууматыттан 120 дьокутаат дьахтар кыттыыны ылла.

Дьокутаат-дьахталлары туох долгутар эбит? Тө­рөөбүт дойдуларыгар, улуустарыгар туох үлэни ыыталлар? Бу туһунан биһиги хаһыаппытыгар санаа­ларын үллэстэллэригэр көрдөстүм.

 

Нинел Бурнашева, Бүлүү улууһун дьокутаата, Бү­лүү­тээҕи Кэт­ти Марс­ден ааты­нан психоневрологическай ин­тер­­нат дириэктэрин солбуйааччыта: “Уопсайа аҕыс киһи буолан кэллибит. Улууска туох кыһалҕа баарын туруорса сатаатыбыт. Үп боппуруоһа, хамнас үрдээһинэ, сарбыллыы — олохтоохтору долгутар боппуруостар. Ил Түмэҥҥэ маннык семинары тэрийбиттэрэ наһаа үчүгэй. Түмсэн, төбүрүөннээн олорон олох-дьаһах, национальнай бырайыактар олоххо киириилэрин тула истиҥ сэһэргэһии буолла.

Сомоҕолоһуу сылынан сибээстээн, биһиги тэрилтэ үлэһиттэрэ, ыарыһахтара, итиэннэ олохтоохтор, оскуола оҕолоро буолан, бэс туорааҕын хомуйан, нэһилиэнньэ, дьон доруобуйатын тупсарарга туһуламмыт биир бырайыагы олоххо киллэрдибит. Ол курдук, бэс туорааҕыттан чэй, барыанньа оҥорон дьон-сэргэ дьүүлүгэр таһаардыбыт. Бэс туорааҕа киһи доруобуйатыгар туһата муҥура суох. Дьаҥҥа-дьаһахха утары­лаһарга, иммунитеты бөҕөргөтөргө олус үчүгэй. Бэс туорааҕын тыынар уорганнар, сүһүөх ыарыыларыгар, эти-хааны ыраастыырга туһаналлар. Маны таһынан бу бырайыак туспа соруга дьону түмүү, сомоҕолооһун буолар. Ыарыһах дьон социализацията олус уустук. Онон бүттүүн айылҕаҕа тахсан, бииргэ түмсэн үлэлээһин дьон-сэргэ икки ардыгар үтүө сыһыаны олохтуурга сүдү олук буолар. Ыарыһахтар ойуурга сылдьан олус диэн көнньүөрэн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн төннөллөр. От­тон нэһилиэнньэ маннык дьоҥҥо сыһыана уларыйар, хардарыта өйдөһөргө көмө буолар. Бу социальнай бырайыакпыт киэҥ эйгэҕэ биһирэбили ылан, салгыы сайдыа диэн эрэлбит улахан”.

 

Саргылаана Скрыбыкына, Уус-Маайа дьокутаата, улууска дьахтар сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ: «Быйыл дьокутаакка саҥа талылынным. Култуура начаалынньыгынан үлэлиирим быһыытынан, “Култуура” национальнай бырайыагы ымпыктаан-чымпыктаан үөрэппиппит ыраатта. Бу бырайыак олохпутугар хайдах дьайыаҕын, сабыдыаллыаҕын дьэҥкэ көрөрбүт ирдэнэр. Биһиги улууска бу бырайыак олоххо киириитэ быһаччы биһигиттэн тутулуктааҕын билэбит, онно төһө үп-харчы наадатын кэллиэгэлэрбин кытта быһаарсыбыппыт. Биллэн турар, үп бөҕө ирдэнэр. Ол гынан баран сөптөөх туһаайыыны ылан, сөптөөхтүк дьаһаннахха, биһиги былааннарбыт олоххо миэстэлэрин булуохтара диэн эрэнэбит.

Бу тэрээ­һиҥҥэ уопсайа аҕыс киһи буолан делегациянан кэллибит. Дьахтар хамсааһына нэһилиэк, улуус олоҕор улахан оруоллаах. Бөһүөлэги тутар сүдү күүс да диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Үлэбит-хамнаспыт, биллэн турар, олохтоохтор кы­һалҕаларынан сирдэтэн барар. Бу бүгүҥҥү курдук улахан тэрээһиннэргэ кэлэн, сүбэлэһэн, санаа атастаһан, эбии күүс-күдэх ылынан, саҥа санааны, идеяны истэн, сааһыланан барарбыт олус үчүгэй. Өрөспүүбүлүкэ үрдү­нэн кыһалҕаларбыт биир — сүрүннээн үлэ суоҕа, оҕо иитиитин боппуруостара, арыгылааһын — сытыытык тураллар. Ол иһин оройуоммутугар сөптөөх суолу талан, күүскэ үлэлиир-хамсыыр сорук турар”.

 

Варвара Ва­си­льева, Үөһээ Бү­лүү Үөдүгэй нэ­һи­лиэгин Ку­ду учаас­тагын ос­куо­­латын ди­­­­­риэктэрэ, дьо­­­­­кутаат: «Мин бас­­­такы сылбын  улуус дьокутаа­ты­­нан үлэлиибин. Ол иннинэ нэһилиэккэ икки ыҥырыыга дьокутааттаабытым. Бу буолан ааспыт форумҥа аан бастакы сырыым. Сүрдээх элбэх дьон кыттыыны ылла. Тэрээһиҥҥэ араас хайысхаттан министиэристибэлэр  кылгастык, чуолкайдык иһитиннэрии оҥордулар. Ол кэннэ ыраахтан-чугастан кэлбит дьокутаат дьахталлар элбэх ыйытыылары биэрдилэр, санааларын этиннилэр. Тыа сирин олоҕор-дьаһаҕар, ийэ киһи күннээҕи көрсөр кыһалҕаларыгар тиийэ олус сэргэх кэпсэтии таҕыста. Бэрт тэрээһин буолан баран, мин саныахпар, олус кылгас буолла.

Дьахтар олоҕу хамсатар күүс диэн дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо. Санаабытын этэр, туруорсар боппуруостарбыт, биллэн турар, дьиэ кэргэҥҥэ ордук сыһыаннаахтар. Ол курдук, элбэх оҕолоох ийэлэргэ диэн араас чэпчэтиилэргэ санаабын этиэм этэ. Кыаммат ыал араҥатыгар киирсибэт элбэх оҕолоох ыал социальнай өҥөнөн туһаммата сыыһа дии саныыбын. Холобур, бэйэбинэн охсон көрдөххө, түөрт оҕолоохпун, ол гынан баран биирдэ да элбэх оҕолоохторго диэн ааттаммыт көмөнү туһана иликпин. Оҕолорум улаатан, элбэх оҕолоох ийэ ахсааныттан тахсарым чугаһаата. Уот, дьиэни ититэр ситим төлөбүрүгэр чэпчэтии диэн суох. Ыйга ортотунан 17-20 тыһ. төлүүбүн. Хамнаһым аҥара онно бүтэр. Социальнай босуобуйа да, оскуола таҥаһыгар да харчы көрүллүбэт. Оҕолорум оскуолаҕа босхо аһынан хааччыллыбаттар. Итинник кыһалҕа элбэх дьиэ кэргэни хаарыйар. Элбэх оҕолоох ийэлэргэ (кыамматтары киллэрбэккэ туран) туһунан бырагыраама баара буоллар, этэҥҥэ олоруон баҕалаах, үчүгэйдик үлэлии-хамсыы сылдьар дьиэ кэргэҥҥэ улахан өйөбүл, судаарыстыба демографическай бэлиитикэтигэр сөптөөх сыһыан баар буолуо этэ. Аны бу түбэлтэҕэ бааннартан кредит көрдөөрү гыннахха, элбэх оҕолоох ийэ кыаммат ахсааныгар киирсэрэ баар суол. Бу баан билэрин социальнай харалта билбэт. Бу икки тэрилтэ киһи дохуотун тус-туһунан көрөрүн киһи өйдөөбөт. Киһи дохуотун, кыанарын-кыамматын быһаарарга биир, тэҥ критерийдэр олохтоноллоро буоллар”.

 

Өрөспүүбүлүкэҕэ дьахталлар хамсааһыннара сэбиэскэй былаас бастакы сылларыттан саҕаламмыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ бу хамсааһыны салайбыт дьахталларынан буолаллар: Татьяна Парфеньевна Дмитриева, Александра Тихоновна Корнилова, Секлетея Алексеевна Курчатова, Светлана Ефимовна Николаева, Валентина Ивановна Кириллина уо.д.а.

 

Александра Седалищева, Чурапчы улууһун дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, Чу­рапчы улууһун киин балыыһатын медицинскэй реабилитация отделыгар кылаабынай бырааһы солбуйааччы: «Дьахтар – уопсастыбаны сайыннарар сүдү күүс. Биһиги улуус сэбиэтэ 2016 сылтан үлэлээн кэллэ. Улуус дьахтарын уопсастыбаннай  үлэтин  араас эйгэҕэ үлэлиир 12 киһиттэн састааптаах сүбэ салайар. Сыл ахсын пленумнары тэрийэбит. Ааспыт сылга дьахтар сүбэтин үлэлэрин хайысхаларыгар, түмсүүлэр сыллааҕы үлэлэригэр балаһыанньалары ылыныыга, дьахталлары кытта үлэҕэ сыаллары, соруктары тобулуу, дьахтар күннээҕи кыһалҕаларыгар, суорумньу кулууп үлэтин тула боппуруостар көрүллүбүттэрэ. Бары 17 нэһилиэккэ дьахтар түмсүүлэрэ тэриллэн, көдьүүстээхтик  үлэлииллэр. Араас хабааннаах “төгүрүк остуоллар”, маастар-кылаастар, санаа атастаһыылара тиһигин быспакка көхтөөхтүк ыытыллаллар. Биһиги сыалбыт эдэр  кыргыттары уопсастыбаннай олоххо тардыы, лидер кыргыттары иитэн таһаарыы буолар. Дьахтар түмсүүлэрэ эдэр ийэлэргэ “төгүрүк остуоллары”, куонкурустары, эдэр ийэлэр бэйэлэрин истэринэн интэриэһинэй тэрээһиннэри ыыталлар. Араас хабааннаах акциялар, фри-маркеттар, кырдьаҕастарга, инбэлииттэргэ, элбэх оҕолоох ыалга көмө тэриллэллэр. Биирдии акцияҕа 140 тыһыынчаҕа тиийэ хомуллан, сорох дьон харах уулаах махтаналлара киһини долгутар. Нэһилиэккэ  субуотунньуктар дьахтар сүбэлэринэн тэриллэн ыытыллаллара олус хайҕаллаах. Бу барыта бэрэссэдээтэллэр көҕүлээһиннэринэн  тэриллэр, кинилэр бэйэлэрэ иилээн-саҕалаан ыыталлар.

Бу саас халаан уута Чурапчыга алдьархайы оҥоро сыспытыгар улуус дьоно бүтүннүү сомоҕолоһон, быһыкка үлэлээн, дьахталлар түүннэри кумаҕы кууллаһан, ас астаан дьону аһатан, бородуукта биэрэн, Мырылаҕа ыытан, сүҥкэн үлэ оҥоһуллубута.

“Дьахтар доруобуйатын бөҕөргөтүү” бырайыактаахпыт. “Белая роза” медицинскэй Кииҥҥэ дьахталлары илдьэн, 2018 сылга улуустан 134 дьахтар көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэ  дьахтар сойууһун бырайыагар кыттыһан, улуустан икки дьахтар Бэс Чагдаҕа эмтэнэн, сынньанан кэллилэр. Бэйэм быраас буоларбынан, дьахтар куһаҕан дьаллыкка ылларыытын чугастык ылынабын. Бу кыһалҕаны аччатарга тус сыаллаах үлэни нэһилиэктэргэ дьахтар сүбэлэрин бэрэссэдээтэллэрин, дьиэ кэргэн исписэлиистэрин, нарколог бырааһы кытта сөҥнөһөн ыытабыт, ол түмүгэр көнөр суолга киирбиттэри үлэбит биир улахан кыайыытынан ааҕабыт.

Барыгытын кэлэн иһэр маҥнайгы сааскы бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин! Кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэ этэнҥэ буолууну, ситиһиини баҕарабын!”.

 

Поделиться