722
06 апреля 2018 в 14:24
Ил Түмэн депутаттарын быыбарыгар болҕомтолоохтук сыһыаннаһыаҕыҥ
Россия Президенин быыбара санаа хоту ааста. Атын кандидат кыайбыта буоллар, дойдубут экономикатын, олоҕун-дьаһаҕын оҥкула эмиэ тиэрэ-маары баран, балаһыанньа ыарыыр кутталлаах этэ диэн олоххо, политикаҕа уопуттаах дьон ырылхайдык өйдүүр буолуохтаахтар.
Улуу судаарыстыба сайдар суолун атын идеологияҕа, туһунан политическай хабааннаах экономикаҕа уларытыы – оҕо оонньуута буолбатах. 20-чэ сыл оҥоһуллубут уонна иннин диэки баран иһэр сайдыы суолун уларыта тутуу, үөһэ-аллара ыстаҥалааһын боростуой дьон үрдүнэн барыа этэ. Дойдуга экономическай кризистээҕэр, политическай кризис содула быдан охсуулааҕын араас сылларга салалтаҕа сылдьыбыт дьон бэйэлэринэн билбиттэрэ.
Президент Владимир Путин ыам ыйын 7 күнүгэр инаугурациятыгар дойдуну сайыннарыы кэскиллээх былааннарын иһитиннэрэрин туһунан эппитэ, ханнык даҕаны былаас итэҕэһэ суох буолбат быыбар хампаанньатын кэмигэр утарылаһааччыларын кытары көрсүһүүтүгэр нэһилиэнньэ туруорбут кириитикэлээх этиилэрин учуоттуом диэбитэ. Сүрүнэ, ол итэҕэстэри туоратыыга, сайдыы саҥа кэрдиис суолугар тахсарга салалтаны тула нэһилиэнньэ санаата түмүллэрэ наада.
Аны күһүн биһигини Ил Түмэн депутаттарын быыбара кэтэһэр. Онно билиҥҥиттэн сөптөөх депутаттар талыллыыларыгар улахан болҕомтону уурар наада. Дьон-сэргэ быыбар суолтатын өйдүүр буолан иһэр, урукку өттүгэр, кырдьыгынан эттэххэ, сорох уокуруктарга Ил Түмэҥҥэ депутаты быыбардааһыҥҥа көтүмэх сыһыан баара. Билсии-көрсүү, аймахтаһыы, хомойуох иһин, оруолу оонньуура. Ол түмүгэр сорохтор кураанах тылынан сылдьар, кыаллыбат эрээри, киһи санаатын оонньотор саарбах идеялары куоһур оҥостор кандидаттары талар түбэлтэлэрэ элбэх буолара. Онтон кэнники, быыбардааччылар эрэллэрин толорботохторун биллэхтэринэ, хомойон «төбөлөрүн тутталлара». Ил Түмэн үлэтин-хамнаһын иһиттэн билбит киһи быһыытынан, буолаары турар быыбарынан сибээстээн, бэйэм санаабын этэргэ сананным.
Республика парламена Саха сирин сайдыытыгар оруола сүдү улахан, толорор былааһы кытары бииргэ үлэлээн, республика сайдар суолун тобулсар. Кыратык уруккуну ахтар буоллахха, Ил Түмэн биэс ыҥырыылаах депутаттарын састааба сүнньүнэн бэйэлэрин сыалларын толорон кэллилэр. I, II, III ыҥырыылаах Ил Түмэн ордук ыарахан экономическай, политическай кризис кэмнэригэр таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Депутаттар олоххо киэҥ көрүүлээхтэрэ, үлэҕэ уопуттаахтара, үгүстэрэ дьыаланы билэн-көрөн туран ырыталлара, балаһыанньаны көннөрүүгэ сөптөөх суолу ыйаллара, иҥнэн-толлон турбакка сессияларга бэйэлэрин санааларын, быыбардааччылар интэриэстэрин көмүскээһиҥҥэ күүскэ этэллэрэ. Наадалаах сокуоннар оҥоһуллан, дьүүллэһиллэн олоххо киирэллэрэ.
Президент быыбара ситиһиилээхтик барбытынан, дойду сайдыытыгар саҥа кэрдиис кэм кэлбитин өйдүүбүт. Онон сибээстээн Ил Түмэн депутаттарын аны күһүҥҥү быыбарыгар олус эппиэттээхтик сыһыаннаһарбыт эрэйиллэр. Ил Түмэн республика Конституциятын балаһыанньаларын көмүскүүрэ, киин былаас уонна республика боломуочуйаларын тыырсыыга болҕомто ууруллара наада буолла. 1995 сыллаахха ылыллыбыт Дуогабарга республикаҕа сүктэриллибит боломуочуйалар сорох олус наадалаах пууннарын сүтэрдибит. Ити ордук 2000 сыллар ортолоруттан саҕаламмыта. Билигин государственноспытын харыстааһыҥҥа, экономическай өттүттэн бэйэни хааччыныыны күүһүрдүүгэ улахан болҕомто ууруллара наада. В.В. Путин автономиялар государственностарын бөҕөргөтөллөрүн, экономическай өттүнэн бэйэни хааччыналларын ситиһэллэрин утарбытын билбэппин. Оттон боппуруоһу оруннаахтык быһааран, күүскэ туруорустахха ити боппуруостары дойду салалтата, Госдума ылыныа этэ дии саныыбын. Ол ханнык боппуруостарый?
- Суверенитет диэн тыл, дьиҥинэн, дойду куттала суох буолуутун таарыйбат. Ити суолтата экономическай суверенитет туһунан этиллэр. Биһиги Россия Федерациятын састаабыгар киирэрбит туһунан ити докумуоннарга чуолкайдык сурулла сылдьар. Республикалар, регионнар экономическай өттүнэн кыахтаах буолуулара, дьиҥинэн, Россия сайдыытын төрдө буолар, умнаһыт, бэйэтин кыаммат регион ол бүтүн Россия сайдыытын таҥнары тардара өйдөнүөх тустаах.
- Государственноһы булгуччу көмүскүөххэ наада. Онно-манна регионнары бөдөҥсүтүөххэ, холботолуохха диэн тыллар иһиллэллэр. Манна киирэн биэрэр олох табыллыбат. Государственноспыт биһиги омук быһыытынан хааларбытыгар, сайдарбытыгар бүтэһик дурдабыт буолар.
Сүтэрбит боломуочуйаларбытын төнүннэрэр наадатын кэм-кэрдии көрдөрдө. Ол түмүгэр урукку курдук бюджеппытын бэйэбит кыахпытынан оҥосторбут суох буолла, саамай улахан дотацияны киин бюджеттан ылар тутулуктаах региоҥҥа кубулуйдубут.
Айылҕа баайын туһаныыга «икки күлүүс» диэн бириинсип үлэлиирэ. Ол быһыытынан сир баайын туһаныы нолуогун аҥаара республикаҕа хаалара. Онтон билигин үс гыммыттан биирэ эрэ хаалар буолла.
Кэлин айылҕа сирин баайа барыта Россия киин былааһын бас билиитэ буолла. Урут сир баайын туһаныыга куонкуруһу кыттыһан ыытар буоллахтарына, билигин Россия Федерациятын Айылҕа харыстабылын министерствота соҕотоҕун дьаһайар. Республика куонкурус ыытыллыытыгар кыттыбат буолан, лицензионнай сөбүлэһии оҥоһуллуутугар эмиэ орооспот. Онон айылҕа баайын туһаҕа таһаарыы тэрээһиниттэн туоратыллыбыт буоламмыт, айылҕа баайын хостооччулар республика иннигэр социальнай эппиэтинэстэрэ төрүт докумуоннарга суох. Нефть, гаас салаатыгар үлэлиир хампаанньалар республика иһигэр кыттыгас тэрилтэни арыйартан куотуналлар.
Биһиги экономическай суверенитеппытын сүтэрбиппит түмүгэр, төһө даҕаны Россия бюджетыгар саамай улахан донор буолбуппут иһин, бюджеппытын бэйэбит кыахпытынан оҥосторбут табыллыбат буолла. Онон Россия Үбүн уонна Экономикатын министерстволарын чунуобунньуктара сылаас харахтарынан көрөллөрүн маныыбыт. Бу кэлиҥҥи 10 сылга биһиги улахан сүтүкпүт.
Инники өттүгэр хайдах буолуой? Аан дойдуга экономическай кризис Россия экономикатыгар охсуута улахан. Оччоҕуна биһиги республикабыт билигин ылар дотацията эмискэ аччаан хаалыа суоҕа дуо? Оннук буолар түбэлтэтигэр балаһыанньаттан хайдах тахсабыт? Итинник боппуруоһу ырааҕы көрөр государственнай деятель, политик бэйэтигэр мэлдьи бэринэр уонна эрдэттэн сөптөөх дьаһаллары ылары толкуйдуур буолуохтаах. Ити хайысханан Ил Дарханы кытары тэҥҥэ Ил Түмэн салайааччылара толкуйдуохтаахтар. Россия Конституциятын ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, киин былааһы кытары республика сиртэн хостонор баайын туһаныыга, боломуочуйаларын үрдэтиигэ күүстээх үлэни ыытар наада буолла.
Онон сибээстээн, Ил Түмэн буолаары турар быыбарыгар чахчы тигинэччи, айымньылаахтык үлэлиир кыахтаах депутаттары таларга быыбардааччылар санааларын түмэр наада. Билиҥҥи депутаттар истэригэр айымньылаахтык үлэлии сылдьар, салгыы талыллан үлэлиир кыахтаахтар аҕыйаҕа суохтар: Виктор Федоров, Алексей Еремеев, Владимир Прокопьев, Юрий Николаев, Александр Корякин, Антонина Григорьева, Евгения Михайлова, Владимир Федоров, Ольга Балабкина, онтон да атыттар. Кырдьыгы кистээбэккэ эттэххэ, депутаттар ортолоругар аат эрэ харата, уота-күөһэ суох үлэлээбитэ буолааччылар эмиэ бааллар. Онон кэлэр быыбарга депутаттар састааптарыгар улахан уларыйыы наада. Ол эрээри, Ил Түмэн үлэтин ким баһылыырыттан парламент кыаҕа тутулуктааҕын умнар табыллыбат. Билигин үлэлии сылдьар Александр Жирков спикер быһыытынан биир эрэ болдьоххо үлэлээтэ. Кинини чахчы кыахтаах, дьулуурдаах, толкуйдаабытын тиһэҕэр тириэрдэр салайааччы быһыытынан биллибит. Александр Жирков сессиялары бэлэмнээһини, ыытыыны тас өттүнэн Россия Госдуматын, Федерация Сэбиэтин уонна Россия регионнарын парламеннарын кытары сибээһи үрдүк таһымҥа таһаарда, ити элбэх өрүттээх үлэҕэ республика интэриэһин көмүскээһиҥҥэ уонна сөптөөх түмүгү ситиһэргэ үрдүк дьоҕурдааҕын көрдөрдө.
Олус уустук уонна сыралаах үлэни эрэйэр республика экономикатын сайдыытыгар боломуочуйаларын хаттаан ситиһиигэ сөптөөх үлэни ыытарга Александр Жирков кыаҕын төлө туппат наада. Кини үөскээбит уустук политическай, экономическай балаһыанньаҕа Ил Түмэн саамай кыахтаах салайааччыта буолуо этэ диэн сылыктыыбын уонна буолаары турар быыбарга депутатынан ситиһиилээхтик талыллан, VI ыҥырыылаах Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин эппиэттээх дуоһунаһыгар хаттаан талылларыгар баҕарыам этэ.
Балаһыанньаны уустугурдуон сөптөөх Ил Дархан 2019 сыллаах быыбарын умнарбыт табыллыбат. Ил Дарханынан ким талылларыттан тутулуга суох, былаас саамай эппиэттээх салаатыгар сокуону таһаарар уонна хонтуруоллуур уорган салайааччытынан бэрэбиэркэлэммит, эрэллээх государственнай деятель уонна политик талыллыахтаах.
Климент Иванов,
общественнай-политическай деятель,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык киһитэ,
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Бочуот Знага», «Үлэ Кыһыл Знамята», «Норуоттар доҕордоһуулара» уордьаннар кавалердара.