1018

07 марта 2018 в 11:09

Инники уон сылга былаан

Кулун тутар 1 күнүгэр Госдума Сэбиэтэ оробуочай бөлөҕү тэрийэр туһунан быһаарыы ылынна. Ити бөлөх кулун тутар 22 к. диэри РФ Президенэ Федеральнай Мунньахха Анал этиитин сокуонунан хааччыйыы былаан-графигын бигэргэтиигэ этиилэри киллэриэхтээх. Бу туһунан Госдума Бэрэссэдээтэлэ Вячеслав Володин Госдума Сэбиэтин мунньаҕын түмүгэр иһитиннэрдэ.

«Президент Анал этиитэ стратегическай майгыннаах, — диэтэ В.Володин. – Онон туһаайан этиини олоххо киллэриигэ оробуочай бөлөҕү тэрийэр сөптөөх. Анал этии чэрчитинэн сокуону оҥорооччуларга чопчу сорудахтар иһилиннилэр, биһиги бу үлэҕэ төһө кыалларынан түргэнник кыттыһары наадалааҕынан ааҕабыт».
Вячеслав Володин санаатынан, «Анал этии дойдубутугар олус суолталаах. Бу көннөрү этии буолбатах. Бастакынан киһи, Россия норуота, дойдубут тураллар – судаарыстыбабыт сайдыытын, Россия норуотун харыстааһын уонна гражданнарбыт олохторун уйгутун үрдэтии туһунан этиллэр». Госдума Бэрэссэдээтэлэ бу Анал этиигэ чопчу сыаллар-соруктар туруоруллубуттарын, олору олоххо киллэриигэ үбүлээһин туһунан этиллибитин бэлиэтээтэ.
Владимир Путин бэйэтин этиитигэр дойдубут көмүскэнэр кыаҕын үрдэтиигэ уонна сэрии сэбин саҥа системаларын тупсарыыга оҥоһуллубут барыта норуоттар икки ардыларынааҕы сөбүлэһиилэри утарбатын итиэннэ АХШ ракетаны утары көмүскэнии туһунан Сөбүлэһииттэн тахсыытыгар уонна Америка ПРО системаларын тэнитиитигэр харданан буоларын быһаарда.
«Россия сэрии сэбин саҥа системаларын уонна саҥа көрүҥнэрин оҥорор кыахтаммыта. Бу үлэни Президент тус бэйэтэ сүрүннээбитэ, оборона промышленноһын кылаабынай конструктордарын кытта сү­рүн хайысхалары быһаарсыбыта», – диэн бэлиэтээтэ Госдума Бэрэссэдээтэлэ. Володин этэринэн, сэрии сэбин саҥа көрүҥнэрэ гражданнар олохторун туруктаах оҥорууга уонна экономика сайдыытыгар соруктары олоххо киллэриигэ тирэх буолуохтара.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ дойдубут көмүскэллээх, экономиканы сайыннарыан, кини саҥа көрүҥнэрин, ол иһигэр цифровой экономиканы үөскэтиэн сөп. Саамай кылаабынайа – гражданнар боппуруостарын быһаарыы. Президент Анал этиитигэр туруоруллубут соруктар сокуонунан хааччыллыахтара. Госдума депутаттара кырата 30 сокуон барылын ылыныахтарын наада. Ити нолуок да, демография да боппуруостарын, атын да темалары таарыйар», – диэн иһитиннэрдэ Госдума Бэрэссэдээтэлэ.
Кулун тутар 22 к. диэри депутаттар чуо­лаан ханнык көҕүлээһиннэри бастакынан ылынары ырытан көрүөхтэрэ. «Оччоҕуна сокуон барылларын кэрискэтэ баар буоллаҕына, ону Бырабыыталыстыбаны кытта дьүүллэһиэхпит», – диэтэ Вячеслав Володин.

 

РФКП фракциятын салайааччыта Геннадий Зюганов Россия Сэбилэниилээх күүстэрин саҥа сэрии сэбинэн хааччыйарга ыҥырда.

Геннадий Зюганов Президент Федеральнай Мунньахха армия уонна сэрии сэбин сайдыытыгар сыһыаннаах этиитигэр болҕомтону туһаайда. «Көрдөрүллүбүттэн Америка дьоно өйдөнүөхтэрэ. Кинилэр ПРО Сөбүлэһиититтэн тахсыбыттара ыраатта, биһигини базаларынан эргитэн баран, ядернай кыахпыт суолтатын түһэрэргэ суоттаммыттара. Биһиги ситиһиилэрбит кинилэр стратегияларын имири сотон таһаарда», – диэтэ Г.Зюганов. Маныаха кини сэрии сэбин саҥа көрүҥнэрин конвейерга туруорар, олору аармыйаҕа биэрэр туһунан бэлиэтээтэ.
КПРФ лидерэ Анал этиигэ сорук­тар, бастакы суолталаах хайысхалар быһаарыллыбыттарын, биир сүрүн боппуруоһунан Анал этии пууннарын олоххо кил­лэриини үбүлээһин буоларын эттэ.

 

РЛДП фракциятын салайааччыта Владимир Жириновскай санаатынан, Россия бэйэтин бас билэр сирин-уотун сөптөөхтүк туһаныахтаах, тырааныспары, ордук регионнарга сайыннарыахтаах. «Саҥа суоллары тутуохха наада. Экономика тырааныспарга олоҕуруохтаах, бу конкуреннар иннилэригэр биһиги ордуктаах уратыбыт буолар», — диэн бэлиэтээтэ кини.

Владимир Жириновскай маннык ыраах сирдэрдээх уонна суоллаах дойду атын ханна да аан дойдуга суоҕун эттэ. Россия таһаҕаһы Чуумпу акыйаантан Атлантическай акыйааҥҥа диэри тиэйиини хааччыйар кыахтаах, онуоха анаан уонунан тыһыынча килэмиэтир тимир суоллары, массыына суолларын тутар, оптоволоконнай сибээһи сайыннарар наадалаах. Бу бастакы суолталаах соруктар ахсааннарыгар киириэхтээх. «Биһиэхэ сүүнэ киэҥ сирдээхпитин учуоттуохтаахпыт. Ону сэргэ энергоресурсаларбыт да элбэхтэр. Итиннэ ордук болҕомтону ууруохтаахпыт. Ону таһынан, ас-үөл эйгэтин туһунан толкуйдуохтаахпыт. Биһиги дойдуну барытын аһатыахпытын, онтон ордугун экспорга ыытыахпытын сөп», — диэн түмүктээтэ Владимир Жириновскай.

 

Госдума Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, “Биир ньыгыл Россия” фракциятын салайааччыта Сергей Неверов: “Президент Анал этиитэ – бу кэлэр уон сылга улахан хардыы былаана. Сүрүн сорук – Россия гражданнарын олоҕун хаачыстыбатын, хас биирдии киһи олоҕун уйгутун үрдэтии. Этии саҥа технологияларга, технологическай өрөбөлүүссүйэҕэ анаммыт чааһа болҕомтону тардар. Маныаха Президент чуолкайдык ыйбытынан, экономикаҕа үүнүү саҕаламмытын үрдүнэн, гражданнар олохторун хаачыстыбата өссө да хаалан иһэр. Онон чугастааҕы уон сылга итиннэ болҕомто ууруллуохтаах”, — диэн бэлиэтээтэ.

«Президент ханнык хайысхаларга болҕомто уурар наадалааҕын чопчу быһаарда. Ити, дьиҥинэн, уон сыллаах былаан буолар. Бу уон сылга биһиги гражданнарбыт социальнай көмүскэллээх буолууларыгар инники диэки улахан хардыыны хааччыйыах тустаахпыт. Онуоха анаан демографияҕа, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ чопчу дьаһаллар этилиннилэр. Ити соруктары олоххо киллэриигэ экономика саҥа укулаата үлэлиэҕэ, ол иһигэр – аччыгый уонна орто бизнеһи өйөөһүн саҥа системата уо.д.а. Номнуо бу сыл аҥаарыгар биһиги сорох сокуон аакталарыгар кэккэ уларытыылары киллэриэхтээхпит, олор чуолаан Президент Анал этиитин олоххо киллэриигэ туһаайыллыахтара», – диэтэ С.Неверов.
Фракция салайааччыта бэлиэтээбитинэн, депутаттар «күн сарсыҥҥыттан регионнарга барыахтара, быыбардааччылары кытта көрсөн, Президент хас биирдии хайысхаҕа этиитин актыыбынайдык дьүүллэһиэхтэрэ уонна гражданнар ыйытыыларыгар хоруйдуохтара». Чуолаан депутаттары кытта көрсүһүүлэргэ дьон дойду куттала суох буолуутун туһунан элбэх ыйытыыны биэрэр, аан дойду балаһыанньатыттан уонна Россияҕа хабыр сыһыан баарыттан дьиксинэллэр. «Президент бүгүн долгуйумаҥ, биһиэхэ баар аныгы сэрии сэбэ ханнык баҕарар саба түһүүнү тохтотор кыахтаах диэтэ. Бу саба түһүү сэбэ-сэбиргэлэ буолбатах, бу дойдубут куттала суох буолуутун хааччыйар сэрии сэбэ», — диэн бэлиэтээтэ кини.

 

“Сиэрдээх Россия” фракциятын салайааччыта Сергей Миронов: «Биһиги нация лидерин этиитин иһиттибит, кини сөптөөх, бастатан туран, социальнай соруктары туруорар. Социальнай көмүскэл, демография, гражданнарбыт олохторун хаачыстыбатын тупсарыы соруктарын. Президент норуоту харыстааһын ханнык баҕарар дойду салайааччытын сүрүн соруга буоларын туһунан эттэ», – диэтэ.

С.Миронов бэлиэтээбитинэн, Россияҕа арҕааҥҥы дойдулар өттүлэриттэн экономическай хааччахтааһыннар күүтүллүбүт түмүктэри биэрбэтилэр. «Арҕааҥҥы дойдулар Россияны кытыннарар кыаллыбат, кинини суох оҥоруохха диэн быһаарбыттара. Бүгүн биһиги истибиппитинэн, ити кыаллыбат. Биһиги бэйэбит кэскилбитин, социальнай өттүнэн сиэрдээх олоҕу тутарбытыгар күүс-уох баар. Саамай сүрүнэ – норуот сомоҕолоһуута баар», – диэн санаалаах Миронов.

Поделиться