950
15 декабря 2017 в 17:21
Кэлэр сылга туох уларыйыылар күүтэллэр?
РФ пенсионнай фондатын Саха сиринээҕи салаата үгэс курдук ахсынньыга сыллааҕы түмүк таһаарар. Суруналыыстары кытары көрсүһүүгэ Пенсионнай фонда өрөспүүбүлүкэтээҕи салайааччыта Георгий Степанов сыллааҕы үлэ түмүгүн уонна кэлэр сылга күүтүллэр уларыйыылары кэпсээтэ.
— 2017 сыл ахсынньы ыйдааҕы түмүгүнэн уопсайа 272549 пенсионер учуокка турар. Ааһан эрэ сылга бэйэбит клиеннэрбит иннигэр социальнай эбээһинэспитин толордубут. 2017 сылга пенсия, социальнай төлөбүр, ийэ хапытаалын, айан суолун толуйуу быһыытынан барыта 59 млрд. солк. төлөөтүбүт. Итиэннэ социальнай төлөбүрдэр уонна пенсия хойутаабакка кэмигэр төлөннүлэр диэн бэлиэтиэх тустаахпыт.
Уларыйыылар туһунан этэр буоллахха, 2018 сылга Пенсия фондатын үлэтигэр кэккэ уларыйыылар киириэхтэрэ. Ол курдук, бу иннинэ страховой пенсияны инфляцияны сырса олунньуга үрдэтэр эбит буоллахпытына, быйыл пенсия тохсунньу 1 күнүттэн 3,7% үрдүөҕэ. Ол иһин ахсынньы ыйга үрдэтиллибит пенсияны ыытарга бэлэмниибит. Муус устарга, мэлдьи буоларын курдук, социальнай пенсия үрдүөҕэ. Иккиһинэн, страховой пенсия туһунан сокуоҥҥа уларыйыылар киирдилэр. Урукку бэрээдэгинэн үлэлии сылдьар пенсионер үлэтиттэн уурайдаҕына, үһүс ыйыгар эрэ пенсията үрдэтиллэрэ. Билигин пенсионер үлэтиттэн уурайбыт ыйыгар пенсията үрдэтиллэр буолла. Бу уларыйыы пенсионердар бырааптарын көмүскээһин буолара саарбахтаммат.
Социальнай көмүскэлэ суох араҥа өйөбүлүн туһунан. Төгүрүк тулаайахтарга социальнай пенсия ананна. Кинилэр 2018 сыл тохсунньутуттан ый аайы пособие ылар буолуохтара.
2017 сылга Пенсия фондатын үлэтигэр биир суолталаах уларыйыы киирбитэ. Страховой усунуос хомуйуута нолуок сулууспатыгар сүктэриллибитэ. Сыл устата федеральнай нолуок сулууспатын управлениетын кытары үлэ ыытылынна. Ол түмүгэр усунуостар толору хомулуннулар диэн бэлиэтиэххэ наада.
Ийэ хапытаалын туһунан этэр буоллахха, ыалга бу судаарыстыбаннай өйөбүл көрүҥүн 2021 сылга диэри уһатар туһунан президент Владимир Путин иһитиннэрдэ. Итиэннэ 2018 сылтан иккис уонна онтон элбэх оҕоломмут төрөппүт ийэ хапытаалын суотугар оҕото 1,5 сааһын туолуор диэри ыйын аайы төлөбүр ылыан сөп. Ийэ хапытаалын бу курдук туһаныы көрүҥэ төрөппүт бэйэтин көрүүтүгэр. Санатар буоллахха, ийэ хапытаалын үбүн олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга, оҕо үөрэҕин төлөбүрүгэр, пенсия мунньуллар чааһыгар уонна оҕо доруобуйатын чөлүгэр түһэриигэ ыытыахха сөп.
Пенсия мунньуллар чааһын судаарыстыбаннайа суох пенсионнай фондаларга уонна салайар хампаанньаларга ыытар туһунан быйыл 800 эрэ сайабылыанньа киирдэ. Урут маннык хабааннаах сайабылыанньалар 40 тыһыынчаҕа тиийээччилэр. Ол аата пенсия мунньуллар чааһын ырыынага оннун булан, үлэ бэрээдэктэммитин туоһулуур. Пенсия мунньуллар чааһын ыытар хампаанньалары сылын аайы уларытар көдьүүһэ суоҕун, атыннык эттэххэ, бииртэн биир счекка быраҕар буоллахха, ылбыт дибидиэннэр сүтэллэрин киһи эрэ барыта өйдүүр буолуохтаах.
Электроннай өҥөлөргө тохтуохпун баҕарабын. Билигин уочаракка туран өҥөнү ылыы кэмэ сыыйа-баайа ааһар. Электроннай көрүҥүнэн туһанар үйэ кэллэ. Ол сиэринэн Пенсия фондата оҥорор 22 өҥөтүттэн 20-тэ электроннай ньымаҕа көстө. Ол эбэтэр клиент биһиги сайтпытыгар эбэтэр судаарыстыбаннай өҥө сайтыгар киирэн тус кабинет оҥостон, пенсия, ийэ хапытаала уонна да атын өҥө көрүҥнэрин ыраахтан олорон толотторуон сөп. Биллэн турар, ыраах сытар нэһилиэктэр, Интернет мөлтөхтүк үлэлиир нэһилиэнньэлээх пууннар бу өҥөнөн туһаналлара күчүмэҕэйдээх. Ол эрэн куораттарга бу үлэ киирдэ диэн бэлиэтиибин.
Клиеннэрбит күннээҕи олохторун чэпчэтэр иккис үлэбитинэн пенсия фондата үлэ биэрээччини кытары быһаччы үлэтэ буолар. Ол эбэтэр сөбүлэһии түһэрсэммит, үлэһит пенсияҕа тахсар кэмигэр дааннайдара барыта электроннай ньыманан фондаҕа кэлэр. Урукку курдук, докумуоннаах кэлэн, уочараттаан киирэн пенсия анатар кэм ааста.
Томмокко аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир 395 миэстэлээх психолого-неврологическай диспансер тутуллуоҕа. Бу эмиэ ааһан эрэр сыл биир үтүө сонунунан буолар. Хайдах ситистигит диир буоллахха, Пенсия фондатын өрөспүүбүлүкэтээҕи салаата уонна өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата, чуолаан Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ регионнааҕы социальнай бырагыраамаларга кыттан, Саха сиригэр 131 мөл. солк. кээмэйдээх субсидия ананна. Бу үп үөһэ этиллибит диспансер тутуутун түмүктүүргэ ыытыллыаҕа. Билигин олохторугар эрэйи-муҥу көрбүт, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон хаарбах дьиэҕэ олороллор. 2018 сылга саҥа дьиэҕэ киирэллэригэр эрэл баар буолла.